ягоды Якутии
проект (подготовительная группа) на тему

Румянцева Мария Юрьевна

ягоды Якутии

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл otonnooh_ongooyuk.docx22.49 КБ

Предварительный просмотр:

Бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар быһаччы үөрэтии дьарыгын былаана

                            Темата: «Отонноох оҥоойук”

Румянцева М.Ю. иитээччи

МБДОУ « №14 «Журавлик» уһуйаан»

Дьокуускай к.

Үөрэтэр уобаластар: билии-көрүү, тылы сайыннарыы.

Сыала: Сир аһын туһунан билиилэрин чиҥэтии.

Соруктара:

Үөрэтэр: Саха сиригэр үүнэр отон арааһын билиини чиҥэтии. Отон киһи        доруобуйатыгар туһатын оҕоҕо тиэрдии.

Сайыннарар: Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы.

Тыл дорҕоонун, сүһүөҕүн састаабын ырытар дьоҕурун сайыннарыы.

Оҕо хоһоону дор5оонноохтук аа5арын, айылҕа кэрэтин хоһуйар дьоҕурун сайыннарыы.

Иитэр: Төрөөбүт дойдуга тапталы, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитии.

Тылы байытыы: Алаас, Аан Алахчын Хотун.

Туттуллар матырыйаал: сыттыктар, оҥоойуктар, салама быата, атласнай ленталар, фишкалар,барыанньа арааһа, өҥнөөх харандаас, о5о ахсаанынан отон ойуулаах лиис кумаа5ы, проектор, слайд, магнитола, 10-нуу от күөх, кыһыл кумааҕы отон.

                                      Дьарык хаамыыта

1.Тэрээһин чаас:

Иитээччи: О5олор бүгүн биһиэхэ ыалдьыттар кэллиллэр. Ыалдьыттары биһиги олус үөрэ көрсөбүт. Ыалдьыттары ханнык тылларынан көрсөбүтүй?

Оҕолор: Үтүө күнүнэн!

Иитээччи: Ыалдьыттары үөрэ көрсүбүппүт иһин, хардатын элбэх мичээри көрдүбүт.

2. Сүрүн чаас.

Иитээччи: Бары сыттыктарга олоруҥ. Билигин мин дьүһүйүү ааҕыам, эһиги хараххытын симэҕит уонна туох ойууланарын хараххытыгар көрөҕүт. (Чуумпу музыка тыаһыыр).

-Кэрэ кэм үгэннээн  турар кэмэ. Алаас саҕатыгар отон арааһа элбэх да эбит. Эчи кэрэлэриэн, нарыннарын. Киһи кэрэхсии, умсугуйа көрөн туруох курдук. Бу кэрэ бэйэлээхтэр сир-дойду киэргэллэрэ, симэхтэрэ буолан туралларыгар киһи эрэ барыта үөрэр, кинилэри харыстыыр.

-Харахпытын аһабыт, ханна кэлбит эбиппитий?(Алааска)

-Ким тугу көрдө?(О5олор эппиэттэрэ).

-Оччоҕо ханнык дьыл кэмэй?(О5олор эппиэттэрэ. Сайын.)

 (Музыка улаатар)

-Айылҕаҕа хайдах сыһыаннаһыахтаахпытый? (Оҕолор эппиэттэрэ)

-Сир дойду барыта иччилээх дииллэр. О5олор Аан Дойду иччитин Аан Алахчыны көрсүөххэйин эрэ. ( Аан дойду иччитэ Аан Алахчын киирэр. О5олор тураллар).

Аан Алахчын: Үтүө күнүнэн оҕолор! Мин Аан дойду иччитэ Аан Алахчын хотун диэн буолабын. Мин Эрэкэ Дьэрэкэ диэн о5олордоохпун, кинилэр тыыннарынан от-мас көҕөрөр, сибэкки тыллар. Мин алаастарбар, халдьаайыбар, солооһуммар элбэх сир аһа ситэр, силигилиир.

Таабырын таайсыы:

Аан Алахчын:Таабырын таайаргытын сөбүлүүгүт дуо? (Оҕолор эппиэттэрэ).

Тыытаайы тыҥырахтаах, тэтэркэй сибэккилээх туох баарый? (Дөлүһүөн)

Күндэлэс күннээх, халлаан күөҕүнэн көрөр, амсайыан да, хаадьылаан айаххын көҕөрдөр баар үһү. (Сугун)

Аалай уот өҥнөөх, дыргыл сыттаах, от быыһыгар үүнэр, минньигэс амтаннаах баар үһү. (Дьэдьэн)

Ойуур иһигэр ойуулаах сон сытар үһү. (Отон)

Иитээччи: О5олор биһиги араас отон туһунан хоһооннору билэбит. Аан Алахчын Хотуҥҥа аа5ан иһитиннэриэххэйин эрэ.

О5олор хоһоон аа5аллар. Т. Дьулустан «Сугун»

Ойуурга алыптаах суугун-

Олустук да үүммүт сугун.

Сөҕө көрүүй хойуу угун,

Үргээ, айаххар да угун.

Ойуурга алыптаах суугун-

Өлгөмнүк да үүммүт сугун.

Сымсатык, сыыдамнык тутун,

Үргээ, оҥоойуккар угун.

С. Петя «Дьэдьэн»                        Быллаар сиргэ, куруҥҥа,

Солооһуҥҥа, халдьаайыга

Оҕо аймаҕы үөрдэн

Өлгөмнүк үүммүт дьэдьэн.

                                                                   Сибэккитэ сиэдэрэй,

Бэйэтэ минньигэсчэй.

Эн дьэдьэннии бараарыый,

Сайын бэлэҕин ылҕаарыый!

 Кирилл М. «Хаптаҕас»          Дьикти сүмэнэн туолан

Оо, хаптаҕас элбэҕиэн!

Кыһыл оҕуруо буолан

Угун тула кыыстаҕыан!

Аһыы амтан да буоллар

Битэмиинэ элбэх ас.

Саахардаатахха туйгун,

Барыанньатыгар бастыҥ!

Жанна С. «Моонньо5он».       Xара харах курдуккун,

Хаарыан отон-моонньоҕон!

Хап-харанан көрбүккүн

Хампа күөҕү быыһынан.

Тоҕо, дьэ, өрүсүһэн

Олус сиикэйдик үргүүллэр,

Ситэ буһан хараараргын

Көһүппэккэ тонууллар?

Аан Алахчын: Маладьыастар о5олор, наһаа үөрдүм, элбэх үчүгэй хоһоону билэр эбиккит.

Салама баайыыта:

Иитээччи: Аан Дойду иччитигэр Аан Алахчыҥҥа махтанан салама баайыаххайыҥ. (Оҕолор салама баайаллар).

Аан Алахчын: Баһыыбаларын оҕолор,айыл5абытын харыстааҥ оту-маһы алдьатымаҥ. Көрсүөххэ диэри.

Оҕолор: Көрсүөххэ диэри!

Тылы дор5оонунан ырытыы:

Иитээччи: Сугун, дьэдьэн, хапта5ас, моонньо5он биир тылынан туох диэн буоларый? (Отон). (Этиттэрэр).

Ханнык дорҕооннор иһиллэллэрий?

Хас дорҕоон иһиллэрий?

Хас сүһүөхтээҕий?

Хас аһа5ас, хас бүтэй дор5оон иһиллэрий?

Отон диэн тыл схематын фишкабытынан көрдөрүөххэ эрэ. (Фишканан үлэ).

Сынньалаҥ: Чэйиҥ эрэ, аны отонно хомуйуоххайыҥ. Бары оҥоойукпутун ылабыт уонна отоннуу барыахха.

                                        Хаҥас диэки барыахха хаптаҕастыахха

                                        Уҥа диэки барыхха сугуннуохха,

                                        Иннибит диэки барыахха дьэдьэнниэххэ,

                                        Кэннибит диэки барыахха моонньоҕоннуохха.

                                        Отонноох оҥоойукпутун

                                        Күн диэки уунуохха.

                                        Хатыҥмыт анныгар ууруохха.

Дид. оонньуу “Барыанньаны таай”:

Иитээччи: Бу хомуйбут отоннорбутуттан араас утах, барыанньа оҥоһуллар.

Биһиэхэ барыанньалар бааллар. Барыанньаны амсайабыт уонна ханнык отонтон оҥоһуллубутун таайабыт. (О5олор амсайаллар уонна таайаллар). Маладьыастар.

Проект «Сугун» Таня Дмитриева:

Иитээччи: Таня саамай битэмииннээх, киһи доруобуйатыгар туһалаах отон сугун туһунан кэпсиирин истиэ5иҥ.

Түмүк: 

Иитээччи: Көрүҥ эрэ, миэхэ араас оҥнөөх отоннор бааллар. Ким саҥаны билбит, ким дьарыгы интириэһиргээбит кыһыл өҥнөөх отону, ким ситэ билбэтэх ситэ илик от күөх отону ылыҥ.

Оҕолор: отоннору талан ылаллар.

Иитээччи:Туох туһунан кэпсэттибит? Эн тугу ордук сөбүлээтиҥ? Баһыыбаларыҥ! Көрсүөххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Исследовательский проект для детей старшей группы "Ягоды Якутии"

•Якутия богата ягодами . Ягодные растения всегда были любимым лакомством якутов. В наших лесах собирают различные ягоды. Ягоды это ароматный дар нашего северного леса. Природа нас кормит , одевает, ле...

проект "Ягоды Якутии"

В конспекте содержится проведение краткосрочного проекта в старшей группе детского сада...

АННОТАЦИЯ к электронным пособиям «Эвенки Якутии» и «Сходства и отличия тюркских народов – якутов, эвенков и чулымцев»

  Электронные пособия «Эвенки Якутии»и «Сходства и отличия тюркских народов – якутов, эвенков и чулымцев»разработаны в формате PowerPoint в виде слайдовых пре...

"Ягоды Якутии"

Несмотря на то что Сибирь славится своим жестким климатом, здесь произрастает большое количество ягод. Некоторые из них обладают полезными для человеческого организма свойствами, а другие, наоборот, м...

Конспект подгруппового НОД в средней группе компенсирующей направленности «В лес пойдем, грибов, ягод соберем» Тема: «Лес. Грибы. Ягоды»

Уточнение и расширение представлений детей о грибах и лесных ягодах, месте их произрастания, отличительных особенностях. Расширение, уточнение и активизация словаря....

День ягод.Развлечение «В гостях у лета !» Праздник ягод. развлечение для детей старшего дошкольного возраста

День ягод.Развлечение «В гостях у лета !» Праздник ягод. развлечение для детей старшего дошкольного возраста...

Задания для закрепления по теме «Садовые ягоды. Дифференциация садовых ягод с лесными ягодами» для группы с ЗПР старшего дошкольного возраста

Данные задания рекомендованы для закрепления материала вместе с родителями дома. Они используются для закрепления тем «Садовые ягоды» и «Лесные ягоды», формирования навыка...