Чобуо, чоргуй дор5ооннор
рабочая программа по развитию речи (средняя группа)

Туортээх о5о тылын саппааьа икки тыьыынча5а, оттон биэьин туоларыгар ус тыьыынча5а тиийэр диэн эппиттээх, элбэх кинигэлэр ааптардара, педагогика билимин кандидата Игнатий Иванович Каратаев. О5о бу сааьыгар торообут тылын, дор5ооннорун эрэ буолбакка, бары грамматическай. Ити оттунэн о5о мэйиитэ со5умэр улэни аьары чэпчэкитик толорор уонна уьулуччулаах дьо5ура биэьин-алтатын диэки хайыы-уйэ симэлийэн, молтоон барар. Бу сааьыгар о5о уксэ тыла унуо5а суох буолар, угус тылы бэйэтин санатынан минньигэстик санарар.

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл chobuo_chorguy_dor5oonnor.docx31.25 КБ

Предварительный просмотр:

Быьаарыы сурук.

Туортээх о5о тылын саппааьа икки тыьыынча5а, оттон биэьин туоларыгар ус тыьыынча5а тиийэр диэн эппиттээх, элбэх кинигэлэр ааптардара, педагогика билимин кандидата Игнатий Иванович Каратаев. О5о бу сааьыгар торообут тылын, дор5ооннорун эрэ буолбакка, бары грамматическай. Ити оттунэн о5о мэйиитэ со5умэр улэни аьары чэпчэкитик толорор уонна уьулуччулаах дьо5ура биэьин-алтатын диэки хайыы-уйэ симэлийэн, молтоон барар. Бу сааьыгар о5о уксэ тыла унуо5а суох буолар, угус тылы бэйэтин санатынан минньигэстик санарар.

Туорт саастаах о5ону чуолкайдык санарда уорэтэргэ ус сорук турар:

-киьи санатын ойдоон истэр уоруйэ5и салгыы сайыннарыы (истэр аппараат улэтин тупсарыы, кыра, улахан, ыраах, чугас сананы, тыаьы араара истии, тыл дор5ооннорун уонна араас интонацияны арааран истии);

- чуолкайдык санарар сатабылы инэрии (санарар аппараат улэтин тупсаран, дор5оону со5отохтуу тылга, этиигэ киьи ойдуур гына чуолкайдык санарыы);

-куолаьы сатаан уларытыы (сонотуу, синньэтии, улатыннарыы, кыччатыы, хоьоонно этии интонациятын сопко тутуьан санарыы).

О5о биллэн туран киьи санатын арааран, бол5ойон истибэт буолла5ына, чуолкайдык санарар кыа5а суох. Вернике учаастагар тыллар соптоох образтара истэр органнар комолорунэн уоскуур. Истэр орган дэгиттэр улэлээбэт буоллагына, бу учаастакка тыллар сыыьа образтара олохсуйаллар, ону кэнники коннорор уустук. Ол иьин истэр органнарулэлэрин тупсарыыга бу группа иитээччитэ ураты бол5омтотун ууран улэлиэхтээх. Итинниэхэ аналлаах оонньуулары салгыы ыытар.

Маны сэргэ бу сааска санарар аппараат былчыннарын сайыннарар улэ утумнаахтык ыытыллар. А.И. Максаков о5о бу сааьыгар санарар аппараатын, ордук тылын былчыннарын сайыннарар, тылы хайа ба5арар балаьыанньа5а туттар гына эрчийэр наадатын кичэйэн бэлиэтиир.

О5о тылын уна-ханас кырыыта имигэстик хамсыыр, кэлин отто таналайга ылба5айдык сыстар буолуохтаах, сынаа5а учугэйдик хамсыыр эрэ буолла5ына, чуолкайдык санарар кыахтаах, ол иьин айа5ы улаханнык атыта уорэтиллэр. Уоьа учугэйдик ырбайар, чорбойор уонна соп со5устук ыпсар буолуохтаах.

Бутэй дор5ооннору анаан уорэттэххэ эрэ, о5олор саналара эрдэ чуолкайданар. Аналлаах дьарыктаныыны ыытыах иннинэ бастаан ол дор5оону о5о то5о кыайан эппэт биричиинэтин быьаарыллар. Онтон санарар аппарааты бэлэмниир, уоьу, тылы араастаан хамсатар эрчиллиилэр, дор5оон этиллиитин чуолкайдыыр уонна дор5оону тылларга, этиилэргэ, хоьоонно сатаан санарда уорэтэр улэлэр ыытыллаллар. О5о группа иннигэр доргуччу, общественнай миэстэ5э, атын дьону мэьэйдээбэт курдук, кыратык, оттон утуйа сытар эбэтэр ыалдьар киьи баар буолла5ына сибигинийэн санара уорэниэхтээх. Ити барыта уорэтии тумугэр ситиьиллэр. Холобур, маннай этиини куукула эрэ истэр гына, кыратык, онтон, о5о барыта истэр гына доргуччу, ол кэнниттэн, ыраах турар киьиэхэ туьаайан улаханнык санарда уорэтэр туьалаах.

Иьиттэн кыра саналаах о5о баар буолар. Оннук о5ону, тэйиччи туруоран баран, улаханнык санарда уорэтиллэр. Оччо5о кини тугу этэрин иьитиннэрээри, улаханнык санара сатыыр, инньэ гынан салгыны э5ирийиитэ кууьурэр, куолаьын силгэлэрэ сайдаллар.

Кыра о5о уксэ сатаан интонациялаан санарбат. Куолаьы сатаан синньэтэргэ уонна соноторго уорэтии хоьоону аа5арга, кэпсээн, остуоруйа геройдарын саналарын оруолларынан утуктэр кэмнэ ордук то5оостоох.

Онтон туорт саастаах о5олорго тэттик хоьооннору уорэтии чуолкайдык, араас интонациялаахтык сатаан санара уорэнэллэригэр ордук туьалаах, табыгастаах буолуо5а.

Сыала: о5олорго тэттик хоьооннору уорэтэн дор5оону чуолкайдык санарар дьо5урдарын сайыннарыы.

Соруга:

-о5олорго дор5оону чуолкайдык санардар инниттэн анал методикалары билсии, аа5ыы;

-хас биирдии о5о тылын сайдыытын учуоттаан, соптоох ньымалары туьанан хоьоону аа5арга уорэтии;

-3-4 саастаах о5олорго дор5оону чуолкайдык санардан тылларын сайыннарга соптоох тылаах-хамсаныылаах, санарар аппарат, истэр органы, тарбах былчыннарын сайыннарар оонньуулары оонньотуу, эрчийии хартыыналары кордоруу.

Саба5алааьын: туорт саастаах о5о хоьоону аа5ан чуолкайдык санарар дьо5ура сайдыан соп оскотун о5о тылын сайдыытыгар соптоох ньыманы туьанан тэттик хоьооннору схеманан сирдэтэн, оонньуу комотунэн, куукулалары ыалдьыттатан, кэпсэтиннэрэн, кундулээн, хаамтаран, куоттаран, сыьыаран о5о тылын имитэргэ араас кыра хоьооннору, корудьуос куппулуоттэри утугуннэрэн уорэтэххэ онно соптоох усулуобуйаны тэрийдэххэ.

Улэ этаптара:

  1. Соптоох литературалары булан аа5ыы, билиини ханатыы, о5олору сыллыктааьын, былаан оноруу;
  2. О5олор таьымнарынан корон тылларын сайыннарар соптоох оонньуулары оонньотуу, хартыыналары кордоруу, бэсиэдэлэри ыытыы, хоьооннору уорэтии;
  3. Л.А. Венгер ньыматын туьанан хоьоону схеманан сирдэтэн чуолкайдык аа5арга уорэтии.

4-5 саастаах о5олор тыллара сайдыытын сылыктааьын «Большая книга тестов» С.Е. Гаврина, Н.Л. Кутявина, И.Г. Топоркова,С.В. Щербина автордаах кинигэлэринэн ыытыллар.

1 сорудах. Этиини чуолкайдык сопко хатылаа.

-Куоска ууту иьэр

-Билисипиэт колуоьэлээх

-Кус ууга уста сылдьар

-Самолет уоьээ котор

Урдук таьым: о5о этиигэ иьиллэр дор5ооннору барытын чуолкайдык санарар, этии тылларын миэстэлэриттэн уларыппакка этэр.

Орто таьым:этиигэ этиллэр дор5ооннору уксун сопко санарар, этиигэ биир-икки тылы миэстэтиттэн уларытар.

Намыьах таьым: о5о этиини чуолкайа суохтук этэр.

2 сорудах. Хартыына5а туох ойууламмытын барытын ааттаталаа.

Урдук таьым: хартыына5а туох ойууламмытын барытын бэйэтэ (бэлиэтэммит дор5ооннору) чуолкайдык ааттыыр.

Орто таьым:бэлиэтэммит бутэй дор5ооннору уонна аьа5астары соро5ун эрэ чуолкайдык ааттыыр.

Намыьах таьым:бэлиэтэммит бутэй дор5ооннору уксулэрин ыарыр5атар, сатаан эппэт.

Улэ былаана

Алтынньы

1 нэдиэлэ

Онньуулар: «Тылчаан», «Минньигэс барыанньа», Куьун туьунан хартыыналары кордоруу, «Куьун» хоьоону билиьиннэрии, схеманан уруьуйдаан уорэтии.

2 нэдиэлэ

О5о тыла уна-ханас, уоьээ-аллараа, имигэстик хамсыырыгар эрчийии, санарар аппараат былчыннарын сайыннарыы

3 нэдиэлэ

Тыллаах хамсанылаах оонньуу: «Курун куобах».

«Куьун» хоьоону биирдиилээн схеманан сирдэтэн аа5арга эрчийии.

Санарар аппараат былчыннарын сайыннарыы.

4 нэдиэлэ

Оонньуу: «Ким санатай?»

 «Куьун» хоьоону бары бииргэ аа5алларыгар эрчийии.

Сатаан истэр дьо5уру сайыннарыы, дор5оону чуолкайдык санарарга эрчийии.

Сэтинньи

1 нэдиэлэ

Байанай ыйыгар аналлаах хоьооннору билиьиннэрии, кыыллар ойууларын, кырааскалатыы, кырааскалаабыт кыылларын туьунан хоьооннору аа5ан иьитиннэрии.

2 нэдиэлэ

Саха сирин кыылларын билиьиннэрии, тарбахтарын былчынын сайыннарыы, дор5оону чуолкайдык санара уорэнэллэригэр эрчийии. «Лыахтар, кетун!» оонньуу нонуо санарар аппараат былчыннарын сайыннарыы.

3 нэдиэлэ

Оонньуу: «Тылчаан», «Чыычаах о5олорун аьатыы». Хоьооннорун биирдиилээн доргуччу аахтарыы. Тыллаах хамсаныылаах оонньуу: «Эьэлээх тыа5а».

Санарар орган былчыннарын сайыннарыы эрчийии.

4 нэдиэлэ

Оонньуу: «Тыал тыаьа». Хоьооннору о5олор иннилэригэр аа5арга эрчийии. Уостарын туруупка курдук чорбоччу туттарга эрчийии. Тыынарын диринник ыларга эрчийии. Тарбах былчыннарын сайыннарыы.

Ахсынньы

1 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуу «Минньигэс барыанньа». Тыл былчыннарын сайыннарыы. Оонньуу комотунэн дор5ооннору чуолкайдык санарарга эрчийии.

2 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуулар «Маятник», «Аттар».О5олорго хоьооннорун ис хоьоонунан уруьуйдаммыт бэлэм уруьуйдары кырааскалатыы, хоьоонорун доргуччу аа5арга уорэтии.

3 нэдиэлэ

Остуол театрын комотунэн остуоруйа кэпсээьин «Ус эьэ». Оонньуу: «Таай ханна тыаьыырый?», «Ким сатаан уорэр?». Остуоруйа комотунэн о5о куолаьын араастаан уларытан санарар дьо5урун сайыннарыы. Истэр дьо5уру, тыл былчыннарын сайыннарыы.

4 нэдиэлэ

«Ус эьэ» остуоруйаны о5олорго бэйэлэригэр оруолларынан арааран кэпсэттэрии. Тыллаах, хамсаныылаах оонньуу «Кутуйах сохсото». О5олор куоластарын сатаан уларытан санаралларыгар остуоруйа комотунэн эрчийии.

Тохсунньу

2 нэдиэлэ

Тылы сайыннарар эрчиллиилэр «Тыал тыаьа» «Чыычаах о5олорун аьатыы». Оонньуу: «Лыахтар, котун». Тыынар орган улэтин тупсарар эрчиллиилэри онотторуу.Аа5арга, эьээлэргэ аналлаах хоьооннору уорэтии.

3 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуулар: «Минньигэс барыанньа», «Тылчаан».Уорэппит хоьооннорун ис хоьоонунан уруьуйдатыы.Хоьооннорун доргуччу биирдиилээн аа5арга эрчийии.Тылы имигэстик хамсатан санарар органнар былчыннарын сайыннарыы.

4 нэдиэлэ

Тылы сайыннарар эрчиллиилэр: «Минньигэс барыанньа», «Ким парохода ордук хаьыытыыр». Куукула Сайаана5а хоьооммутун аа5абыт.Куолаьы араастаан уларытан санарарга эрчийии (улаатыннаран, кыччатан). Ким Сайаана5а элбэх оонньууру таьыа5ай.

Олунньу

1 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуулар: «Ким учугэй туруупканы онорор», «Ат туйа5а тыаьыыр», «Ким сатаан мичээрдиир». Хоьооннору чинэтии. Тылы имигэстик хамсатарга эрчийии.

2 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуулар: «Тылчаан», «Ат туйа5а тыаьыыр», «Пароход». А5аларга, эьээлэргэаналлаах хоьооннору схема комотунэн уорэтии.

Дор5оону чуолкайдык санарарга эрчийии.

3 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр эрчиллиилэри онотторуу: «Минньигэс барыанньа», «Тыал тыаьа», «Ат туйа5а». Куобахчаан торообут кунэ, киниэхэ анаан хоьооннору аа5абыт.

4 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр дор5оон хоьоонноро (а-о-у-ы-и-э) Ийэлэригэр аналлаах хоьооннору схема комотунэн аахтарыы. Ийэлэригэр бэлэх сибэккилэри кырааскалатыы.

Хоьооннору аа5ан дор5оону чуолкайдык санарарга эрчийии.

Кулун тутар

1 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр тылчаан оонньууларын оонньотуу. Хомо5ой хоьооммун ийэбэр аныыбын. Хоьооннорун схема уруьуйунан сирдэтэн аахтарыы.

Оонньуу: «Ким элбэх сибэккини ийэтигэр хомуйар»

Санарар орган былчыннарын эрчийии.

2 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуу эрчиллиилэр: «Ким учугэй туруупканы онорор», «Тиистэрбитин кистиэ5ин», «Лыахтар, котун».Хоьооннорун доргуччу аа5арга салгыы эрчийии.Оонньуу: «Тугуй,таай».Салгыны сопко э5ирийэн уьуннук салгыны урэргэ эрчийии.

3 нэдиэлэ

Оонньуулар: «Тылчаан», «Минньигэс барыанньа», «Ат туйа5ын тыаьа». Хоьооннор ис хоьооннорунан уруьуйдары кырааскалатыы.Санарар орган былчыннарын сайыннарыы Кыра саналаах о5олору хоьоону улаханнык аа5алларыгар эрчийии.

4 нэдиэлэ

Оонньуулар: «Ким парохода ордук хаьыытыыр?» «Минньигэс барыанньа».Хоьоону биирдилээн о5о улаханнык аа5арыгар эрчийии. Оонньуу: «Тугу тыаьатабын таай?» «Булчуттар».О5олору улаханнык санарарга эрчийии.

Муус устар

1 нэдиэлэ

Тылы сайыннарар оонньуулары салгыы ыытыы. Оонньуу: «Бу курдук тогурук», «Тыал тыаьа», «Тылчаан». «Эбэм иьиттэрэ» (чороон, кытыйа, ыа5ыйа, чабычах). Бэлэм кырыллыбыт иьиттэри кырааскалатыы.Салгыны сопко э5ирийэн таска таьаарарга эрчийии

2 нэдиэлэ

Санарар аппараат улэтин сайыннарар оонньуулар: «Минньигэс барыанньа», «Маятник», «Ат туйа5ын тыаьа».Оонньуу: «Тылы ситэр». Хоьооннорун аа5арга сал5ыы эрчийии.Тылы имигэстик хамсатарга эрчийии.

3 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуулары салгыы ыытыы.

Оонньуу: «Маятник», «Тыал тыаьа», «Тылчаан». Эбэм иьиттэрэ хоьооннорун салгыы аа5арга эрчийии.

Санарар органнар былчыннарын сайыннарыы.

4 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуулары оонньотуу: «Минньигэс барыанньа», «Ат туйа5ын тыаьа», «Лыахтар, котун».

Санарар аппараат былчыннарын сайыннарыы. Уорэппит хоьоонорунан «Хомо5ой хоьоон киэьэтэ»

Ыам ыйа

1 нэдиэлэ

Тылы сайыннарар оонньуулары салгыы ыытыы. Оонньуу: «Бу курдук тогурук», «Тыал тыаьа», «Тылчаан». Салгыны сопко э5ирийэн таска таьаарарга эрчийии

2 нэдиэлэ

Санарар аппараат улэтин сайыннарар оонньуулар: «Минньигэс барыанньа», «Маятник», «Ат туйа5ын тыаьа».Оонньуу: «Тылы ситэр». Хоьооннорун аа5арга сал5ыы эрчийии.Тылы имигэстик хамсатарга эрчийии.

3 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуулары салгыы ыытыы.

Оонньуу: «Маятник», «Тыал тыаьа», «Тылчаан». Санарар органнар былчыннарын сайыннарыы.

4 нэдиэлэ

Тылы эрчийэр оонньуулары оонньотуу: «Минньигэс барыанньа», «Ат туйа5ын тыаьа», «Лыахтар, котун».

Санарар аппараат былчыннарын сайыннарыы. Уорэппит хоьоонорунан «Хомо5ой хоьоон киэьэтэ»

Туьаныллыбыт литература:

  1. Гоголева С.В., Лепчикова Л.П., Саввина М.П. Хамсаныылаах оонньуулар, эрчиллиилэр-Дьокуускай, 2001.
  2. Егорова А.А., Захарова М.П. Кэскил-Дьокуускай, 1998.
  3. Иванова А.Н., Егорова Л.Д. Ойуурдаа5ы до5отторбут-Дьокуускай, 2000.
  4. Каратаев И.И. О5ону чуолкайдык санарарга уорэтии уонна грамота5а уорэнэргэ бэлэмнээьин-Дьокуускай, 1993.
  5. Кондратьев А.А. Биэбэйчээннэрим-Дьокуускай, 1998.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

ЧОБУО

оҕоҕо хоһоону мнемотехниканан ылыннарыыга барыл...

Консультация “Җәйге чорга куркынычсызлык кагыйдәләре”

Хэзерге заманда кече яшьтәге балаларның тормышы төрле куркынычларга дучар ителә. Фаҗигаларны булдырмау, кисәтү максатыннан, балалаларны кечкенедән тормыш иминлеге нигезләренә өйрәтү мөһимлеге хәзерге ...

"Парные звуки" ("Маарыннаьар дор5ооннор")

Дидактическое пособие на якутском языке. Сюда вошли парные - фонетически близкие звуки, в которых чаще затрудняются дети. Интересные задания, которые помогут детям работать над четким звукопроизношени...