ЧОБУО
презентация по развитию речи по теме

Попова Марианна Алексеевна

оҕоҕо хоһоону мнемотехниканан ылыннарыыга барыл

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл chobuo_nma.pptx1.9 МБ

Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

Саха Республикатын Үөрэҕириитин Министерствота Ньурба улууһун үөрэҕириитин салалтата ЧОБУО ( оҕоҕо хоһоону мнемотехниканан ылыннарыыга барыл ) Ноговицына М.А. и итээччи А.Г.Габышев аатынан « Биһик» оҕону сайыннарар киин

Слайд 2

Тобул санаа ( идея ) Оҕо хоһоону өйүгэр хатыырыгар көдьүүстээх ньыманы булуу

Слайд 3

Үгүс иитээччи да, төрөппүт да оҕоҕо хоhоону үөрэтэрин ыарырҕатар, мунаахсыйар түгэнэ элбэх буолар. Үксүн биирдии строканы үтүгүннэрэн үөрэтии баар. Ити оҕону түргэнник хал гынар, элбэх бириэмэни ылар, туhата да кыра буолар. Оҕо киhи көмөтүнэн, этэн биэриитинэн син билбиккэ, 1-2 ааҕарга дылы гынар да сотору умнан кэбиhэр. Тобул санаа төрүөтэ (актуальность)

Слайд 4

Хоhоону оҕоҕо үөрэтэр уустук суол. Итиннэ улахан киhи харгыстары көрсөр, бэйэтэ сатаабакка оҕотун сэмэлиир, тиhэҕэр оҕо үөрэтэри батан да кэбиhиэн сөп. Ити харгыстары (проблема, противоречие) туоратар соруктаах бу барыл (проект) оҥоhулунна. Барыл иитээччигэ, төрөппүккэ туhаайыллар. Ыытыллар кэмэ-кэрдьиитэ – биир-икки ый.

Слайд 5

Оҕо хоһоону чиҥник өйүгэр хатыырыгар мнемотехниканы туһаныы С үрүн соруга (цель)

Слайд 6

Сылыктааһын (гипотеза) Өскө: мнемотехниканы иитээччи толору баһылаатаҕына; оҕо хоһоону ылынарыгар тустаах эйгэни тэрийдэххэ; оҕо бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр, кини сэргиир-сэҥээрэр айымньытын таллахха; төрөппүтү үлэ бу хайысхатынан уһуйдахха;

Слайд 7

оччоҕуна оҕо хоһоон тылларын өйүгэр хатыыр дьоҕура тупсар, долоҕойугар судургутук тутар, бэйэтэ ким да көмөтө суох өйүттэн хоһоону ааҕар.

Слайд 8

Аныгы ньымалартан мнемотехника оҕо хоһоону өйгө хатыырыгар улахан көмө, тирэх буолар. Мнемотехниканан оҕо остуоруйаны, кэпсээни, олоҥхону, хоһоону улгумнук ылынар. Мнемотехника диэн уус-уран айымньы ис хоһоонун уруһуйдаан схема быһыытынан оҕоҕо тиэрдиллэр.

Слайд 9

мнемотехника сүрүн төрүттэрин иитээччи баһылааһына; оҕоҕо хоһоону үөрэтии түһүмэхтэрин сөпкө наардааһына; о ҕоҕо хоһоону мнемотехниканан үөрэтиигэ төрөппүтү тардааһына; м немотехникаҕа туһааннаах тэрили оҥостуута (уус-уран айымньы ис хоһоонунан хас биирдии оҕоҕо анал мнемотаблица) Самалык соруктар (задачи)

Слайд 10

х оһооннор темаларынан араас ойуулар, оонньуурдар, урамньы көрүҥнэрэ, ИКТ, экран, интернет; мнемотехниканан оҕоҕо хоһоону үөрэтиигэ анал литература, методикалар; хамсаныылаах оонньууга туттуллар тэриллэр, айылҕа эйгэтэ, суруйааччылар мэтириэттэрэ, хоһооннор ойуулара. педагогтар, специалистар, төрөппүттэр, оҕолор, библиотека, кулууб музыка, урамньы, уруһуй, илиинэн оҥоһук Тирэхтэр

Слайд 11

К. Д. Ушинскай: “Оҕоҕо ойуута биэриҥ, оччоҕо кини саҥарыа”. Ю.В. Юсенко, В.Я. Пропп, Д.Б. Эльконин, Т.А.Ткаченко, Н. В. Бабкина, В. А. Сухомлинскай оҕо өйүн сайыннарыытыга, Л.С. Выготскай тылы сайыннарыыга үлэтэ, XVI үйэлэргэ мнемотехника төрүттээччитэ Петр Рамус, Д. О. Хебб өйгө хатааһын ньымаларын, В.А. Козаренко, М.А. Зиганов мнемотехника туһунан үөрэҕэ уо.д.а. Төрүттэр

Слайд 12

сахалыы тылынан, ойуулаах, схемалардаах мнемотехникаҕа литературата кэмчитэ; оҕо айымньыны чэпчэкитик ылынарыгар иитээччигэ анал ыйынньык, хомуурунньук суоҕа; төрөппүт оҕотунаан хоһоон аахпата, оҕолуун алтыһар кэмэ кэмчитэ, тэрээһиннэргэ соччо кыттыгаһа суоҕа . Сэрэйиллэр харгыстар (угрозы)

Слайд 13

темаларынан анал ыйынньыгы, хомуурунньугу оҥостуу; и итээччи мнемотаблицаны туһаныыта, билиитэ; о ҕо өйгө хатыыр дьоҕурун сайыннарыыга төрөппүтү кытта үлэ бары көрүҥүн туһаныы. Харгыстары туоратыы (устранение угроз)

Слайд 14

Барыл түһүмэхтэрэ () Тэрээһин түһүмэх: үлэни байытыы; төрөппүтү, олохтоох библиотеканы кытта үлэ; оҕо айымньыны ылынарыгар темаларынан араас уруһуйдары, хомуурунньуктары, литературалары булан үлэни торумнаныы;

Слайд 15

төрөппүтү көҕүтүү, мнемотехника тутулун билиһиннэрии, тиэрдии; коллегалары, улахан саастаах оҕолору кытта үлэни дьүөрэлээһин.

Слайд 16

Сүрүн түһүмэх оҕо ийэ тылын баайын тургутуу; м немотехниканы туһанан үөрэтиигэ үлэ барылын ситэрии, көннөрөн биэрии; төрөппүтү, оҕону, улахан саастаах оҕолору, коллегалары, олохтоох (куорат) библиотекатын, методиһы кытта эйгэни тэрийии; о ҕо бэйэтин сааһыгар сөп түбэһиннэрэн айымньылары эйгэтигэр киэҥник киллэрии;

Слайд 17

т өрөппүккэ литературнай кулууп тэрийэн, үөскээбит ыйытыылары, этиилэри көрөн, бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн көрсүһүүлэри, түмсүүнү тэрийии; т ематическай нэдиэлэҕэ хоһооннорунан кинигэ выставкатын, поэт айбыт хоһооннорун туһунан көрсүһүүлэри тэрийии; а раас түһүмэхтээх күрэхтэри ыытыы; о ҕоҕо хоһоону үөрэтиигэ мнемотехниканы төрөппүккэ билиһиннэрии.

Слайд 18

ыйынньыктары, хомуурунньуктары оҥостуу; тургутуу түмүгүн таһаарыы; презентация, мастер-класс (урамньы) көрдөрүү; СМИ-га публикациялаах тахсыы, УМК-ны бэлэмнээһин; ааҕыыларга кыттыы. Түмүк түһүмэх

Слайд 19

Болҕомтоҕут иһин махтал!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Чобуо, чоргуй дор5ооннор

Туортээх о5о тылын саппааьа икки тыьыынча5а, оттон биэьин туоларыгар ус тыьыынча5а тиийэр диэн эппиттээх, элбэх кинигэлэр ааптардара, педагогика билимин кандидата Игнатий Иванович Каратаев. О5о бу саа...