[5] бутэй дор5оон
презентация к уроку (старшая группа)
5 дор5оону чуолкайдык санарарга уерэтии
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Грамота дьарыга [5] бутэй дор5оон | 792.44 КБ |
дьарык кэниспиэгэ | 16.23 КБ |
Предварительный просмотр:
Предварительный просмотр:
Тыл сайдыытыгар дистанционнай үөрэх кэниспиэгэ
Дьарык № 29
Ыытыллар күнэ: кулун тутар 22 күнэ, 2021сыл.
Дьарык тиэмэтэ: [ҕ] бүтэй дорҕоон
Сыала: [ҕ] дорҕоону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии
Туттуллар маллар: дьикти холбука, хартыыналар, камера.
Бэлэмнэнии үлэ: «Горка», «Лаппаакы» эрчиллиилэр, С.Данилов хоһооно.
Саҥа үөрэтиллэр тыллар: баҕана, балаҕан, ытарҕа, саҕа.
Киириитэ:
- Эрчиллии “Күөмэйгин сайҕаа”. Хантаччы туттан, күөмэй сайҕанар курдук саҥа таһаараллар.[ҕ] дорҕоону саҥарарга уос, тиис сэгэйэр, тыл төрдө сымнаҕас таҥалайга барбах сыстан баран тэйэр.
Сүрүн чааһа:
- «Баҕа». Тарбах оонньуута. (Оҕолор илиилэрин баҕа курдук туталлар уонна иитээччи кэнниттэн саҥараллар).
Бах – бах баҕачааммын,
Бадарааҥҥа ойуоккалыыбын,
Бырдаҕы көрөммүн
«Кыбаа – кыбаа” диэн хаһыытыыбын. (П.Петрова)
- “Дьикти холбука” оонньуу. (Сайыына кыыс ыалдьыттыы кэлэр, [ҕ] дорҕоонноох ойуулары көрдөрө – көрдөрө дорҕоону чорботон чуолкайдык эттэрэр.
ҕа-ҕа –ҕа – араҕас саһарҕа
ҕы-ҕы-ҕы – аҕыс саҕынньах
ҕу-ҕу-ҕу – ооҕуй оҕус
ҕо-ҕо-ҕо – соҕотох моҕотой
ҕи-ҕи-ҕи – элбэҕи билэҕин
ҕө-ҕө-ҕө – көтөҕө бөҕө.
Түмүк:
- Дьиэ5э сорудах: [ҕ] бүтэй дорҕоону чуолкайдык саҥарарга дьарыктаныы. Төрөппүтү кытта эбии [ҕ] дорҕоонноох тылы булуу.
Дьарык аналиһа:
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Оонньуу нонуо дор5оону туруоруу
Проект аата:«Оонньуу ніІµі дор5оону туруруоруу» Проект автора: Толстякова Мария Степановна, «Кэнчээри» ОСК логопедаПроблемата: билгин араас дор±оону сыы¤а саІарар о±о ахсаана олус элбээтэ, ол кур...
Консультация для родителей по теме "Дор5оон дуола"
Консультация для родителей...
Кыра белех о5олоругар [Б]ДОР5ООНУ ЧУОЛКАЙДЫК САНАРАРГА УОРЭТИИ
Угуллубут матырыйаалга кыра белех оголоругар [Б] дор5оону чуолкайдык санара уерэнэргэ туттуллар презентация киирдэ...
М дор5оон
М дор5оону кытта билсии, кеме матырыйаал...