«Иэхэй» фольклор абылаҥа
статья
«Иэхэй» фольклор абылаҥа
Төрөөбут тыл киһи үэрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уhуктар, өлбөт уйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тутуллар, айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар.
Дьэ, ол иһин төрүт култуураҕа уhуйарга өбүгэлэрбит үгэстэригэр үөрэтэргэ, төрөөбүт норуотун кутун-сүрүн инэрэргэ, оҕо Киниэхэ естетическэй сайдыытыгар сиэр-майгы өттүнэн иитиллэригэр саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын куруһуогун тэрийиигэ анал бырагырамма оҥоһуллара ирдэниллэр. Саха ыччата оҕо эрдэҕиттэн төрөөбүт буоруттан силистэнэн-мутуктанан иитилиннэҕинэ, норуотун тылын барҕа баайын, кини үтүө үгэстэрин чахчы-бааччы этигэр-тириэ хааныгар иҥириннэҕинэ, амарах сурэҕин, мындыр өйүн, уран тарбаҕын утумнаатаҕына эрэ саха омук омук
быһыытынан чэчирии сайдыахтааҕа саарбаҕа суох.
Оҕоҕо норуот кутун-сүрүн иҥэрэргэ, фольклор айымньыларын араас көрүҥнэрин интириэһиргиирин, дьарыктанан ылынарын таһынан, хайа өттүгэр дьоҕурдааҕынан таба таайан сөптөөх суолга салайан, улахан суолтаны ууруу, куруһуок салайааччытыгар буолар.
Саха былыр төһө да суруга-бичигэ суох буоллар бэйэтин санаатын, баҕарар баҕатын уустаан-ураннаан этэрэ. Ол курдук баҕарар xohoоннору, таабырыннары-чабырҕахтары, олоҥхолору-остуоруйалары бэрт үгүhү айбыта. Үйэттэн үйэҕэ мунньуммут бараммат баай тылын, фольклорын анардас өйгө хатаан, итиччэлээх уhун кэмҥэ умнубакка илдьэ сылдьан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиксэрбитэ. Олоҥхо курдук сүдү айымныльары анардас истэн өйүгэр хатаан үс түүннээх күн устата ханна да мунааранкэхтэн көрбөккө кэпсээн уонна ыллаан толоруута норуот аайы бэриллибэтэх, киһини сөхтөрөр биhиги өбүгэлэрбит сүдү дьоҕурдара буолар.
Дьэ онон саха фольклорын барҕа баай тыыныгар, кини бараммат сүдү күүһүгэр оҕону кыра эрдэҕиттэн угуйуу, уhуйуу, абылааһын бу программа сүрүн сыалынан буолар.
Сыала: Бэйэтин норуотун фольклорын интэриэһиргиир, билэ-көрө сатыыр оҕону иитэн таһаарыы.
Соруктар:
-Норуот уус уран айымньытыгар интэриэһи, өйдөбүлү үөскэтии
-Уус-уран айымньы көмөтүнэн оҕо сэргиир, истэр, саҥарар дьоҕурун сайыннарыы
-Тойук, оһyoxай туһунан өйдөбүллэри биэрии.
-Норуот айымньытын геройдарын үтүө холобурдарын сиэр-майгы өттүттэн иитиигэ көдьүүстээхтик тyhаныы
-Фольклор жанырдарын оҕо истэн араара үөрэнэрин ситиһии
-Фольклор араас көрүннэринэн оҕо ойуулаан-дьүһүннээн толкуйдуур дьоҕурун эрчийии.
Сурүн ирдэбиллэр:
-Дьарыктаныы орто улахан бэлэмниир группаларга киллэриллэр.
-Дьарыктаныы уhуна орто группаларга 15-20 мүнүүтэттэн, улахаттарга 25-30 мүнүүтэттэн таһаарыа суохтаах
-Фольклору билиһиннэрии соруктара аналлаах дьарыктарынар муҥурдаммахха үөрэтии бары көруннэригэр уонна иллэм кэмҥэ ыытыллар apaac үлэлэринэн ситиһиллэр, оҕолор чинэтиллэр, дьоҕурдара чочуллар.
-Саха фольклорун билиhиннэриигэ оҕо активнаһын үрдэтэр сыалтан элбэх көрдөрөн үөрэтэр материаллар техническэй средствалар, дидактическай оонньуулар, хамсаныылаах болҕомтотун тардар,сынньаланнар туһаныллыахтаахтар.
-Дьарыктар бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат, биир халыып буолбахха, туох эрэ уратылаах, интэриэһинэй буолуохтаахтар.
Тойук
Тойук саха норуотун ырыата сахалар олохторун-дьаһахтарын, дьарыктарын, итэҕэллэрин кытта сибээстээх сиэрдэр-туомнар силиктэрин толоруу ырыанан-тойугунан доҕуһуолланара. Тойук дьиэрэтии уонна дэгэрэн мелодиятынан толоруллар. Тойук ыһыахха, сыбаайбаҕа эбэтэр олус тугу эмэ хайҕаатахтарына, сөхтөхтөрүнэ уруйдаан-айхаллаан туойаллар. Норуот ырыаларыгар туох ханнык иннинэ төрөөбүт дойдуну таптааһын, кини кэрэлэрин, үтүө үгэстэрин, ааттаах алаастарын, күөх тыаларын хоһуйаллар.
Мантан окуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго сорох алгыстар, уйгу-быйан олох туһунан тойуктар чугастар. Тойук дьэ-буо диэнинэн саҕаланан, уруйдаан-айхаллаан бүтэрии өйдөтөн туран олоҥхоттон, ohyoкайтан тойугу истэн арааттара үөрэнии эрэйиллэр. Бэлэмнэнии группатыгар тойук араастарын билиһиннэрэбит: алгыс дьоҥҥо сэргэҕэ, олорор олоххо үтүөнү баҕарар тыл күүһүнэн бэйэ баҕатын тириэрдии буолар.
Улахан группа
Тойугу билиhиннэрии, тойук тyhунан бэсиэдэ:
-Саха олоҕун-дьаһаҕын хоһуйуу
-Төрөөбут дойду айылҕатын хoһуйан туойуу
-Тойугу оһуокайтан истэн араарарга үөрэтии
Бэлэмнэнии группа
Тойук - саха норуотун ырыата диэн өйдөбүлү биэрии:
-Тойук «Дьэ-Буо» диэнинэн саҕаланар
-«Уруй айхал» диэн тылларынан бүтэр
Тойук араастарын кытта билиһиннэрии:
-Алгыс
-Ырыа
Дьоллоох оҕо саас, дьоллоох олох, төрөөбүт айылҕа туhунан тойуктары иһитиннэрии.
Олоҥхо
Олоҥхо диэнинэн бухатыырдар геройдуу охсуһууларын хоһуйан көрдөрөр эпическай айымньы.
Саха норуотун уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала-олоҥхо фантазията олус күүстээх, образтара модуннар, ойуулуур дьуһүннүүр ньымалара дьикти баай.
Олоҥхону билиhиннэрии улахан эрэ группаларга ыытыллар. Билиhиннэриэх иннинэ иитээччи олоҥхо композициятын уопсай өйдөбүлүн бэйэтэ билиэхтээх:
1. Олоҥхо киириитэ-бухатыыр төрөөбүт-үөскээбит төрдүн-ууһун, дойдутун-сирин, кини бэйэтин дьуһүнүн-бодотун, таҥаһын-сабын, сэбин-сэбиргэлин хоһуйуу
2. Төрүөт: манна кини ол курдук үчүгэйдик олордоҕуна абаaһы бухатыыра кэлэн саба түһэн уоран-талаан былдьаан барара көстөр.
3. Бухатыыр сырыыта-айана айыы бухатыыра абааһы бухатыырдарын кытта охсуһуута көстөр: охсуһуу араас сирдэринэн барар, араас көрүннэнэр араас быһыыланары-кирбиилэри туоруур. Ол да буоллар айыы хатыыра кэлин уhугар геройдуу кыайар
4. Охсyhуута бүтэн сырыытын-айанын ситэн атын дьонун быыһаан төрөөбүт дойдутугар-сиригэр кэлэр
5. Кинини дьоно айхаллыы көрсөллөр, ыһыах ыһан, улуy үөрүү буолар,
дьоллоох олох эргийэр, тапталлаахтар холбоһон, кићи -сүөһү төрдө
буола олороллор.
Олоҥхону билиһиннэриигэ аан бастаан олоҥхо диэн тугун кэпсэнэр.
Ханнык олоҥхону истэллэрин. Манна кимнээх тустарынан кэпсэнэрин
билиһиннэриллэр. Оҕо истэр дьоҕурун сайыннаран иитээччи сүрүн соругунан буолар. Олоҥхо композициятын чаастарынан арааран истэр
ордук тиийимтиэ буолуон сөп. Онон биир дьарыктаныыга олоҥхону
барытын аахпакка салгыы иллэн кэмҥэ ситэрэн биэрэр ордук.
Олоҥхону истэн баран туох туһунан кэпсэнэрин иитээччи бэйэтин тылынан быһааран биэрдэрэ ордук. Өйдөнүмтүө олоҥхону тылынан билиһиннэриигэ иллюстрацияны көрүү ордук, олоҥхо ис хоһоонун
билэллэригэр, өйдүүллэригэр көмөлөһөр. Олоҥхону иитээччи уустаан-
ураннаан, куолаһын, санарарын темпатын уларытан ааҕар буоллаҕына,
ордук тиийимтиэ. Ол инниттэн иитээччи олоҥхону эрдэттэн билсиэн наада
Ааҕан иһитиннэриигэ
Гаврил Колесов «Эрчимэн Бэргэн»
Константин Туйаарыскай олоҥхо остуоруйатыттан быһа тардыы Быыра-Баадьай
«Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыы:
«Бухатыыр ат»
«Орто дойду оҥоһуута»
«Сорук боллур ырыата»
Программа ис хоһооно
Улахан группа
Олоҥхо туһунан өйдөбүлү биэрии
-Олоҥхо бухатыырдар геройдуу охсyhууларын хоһуйан көрдөрөрүн
Өйдетүү
Олоҥхоҕо күн улууһа- айыы аймаҕа уонна абааһы аймаҕа диэн икки
суолга билиһиннэрии
«Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан иһитиннэрии, ис хоһоонун
өйдөтүү
«Бухатыыр ат»
«Орто дойду оҥoһyута»
«Сорук Боллур ырыата»
Бэлэмнэнии группа
Олоҥхону истэн ис хоһоонун өйдөөһүнүн ситиһии
Олоҥхо саха норуотун тылынан айымньытын чыпчаала буоларын өйдөтүү.
Олоҥхону иһитиннэрии, ис хоһoонун быһаарыы, өйдөтүү.
К. Туйаарыскай «Олоҥхо остуоруйатыттан» быһа тардыы. «Быыра-Бaадьай».
Г. Колесов «Эрчимэн Бэргэн»
Ohyoxай
Саха тылынан уус-уран айымньытын жанрдарыттан биир саамай
улаханнара баайдара, олоҕу кытта тэннэ сайдан иһэринэн оһуокай буолар.
Кини искусство 3 көрүнүн: үнҡүүнү, ырыаны, поэзияны силбэһиннэрэн
түмэн сылдьар. Ыччаты уус-уран тыла кэрэҕэ уhуйар: эстетическай өртунэн
эргиччи иитэр-сайыннарар норуот аймньыта буолар. Ohyокай үҥкүүтэ ритмнээх хамсаныытынан эт-хаан өртүн кытта эрчийэр.
Детсадка оhyокайы үөрэтиигэ оҕо ohyoкай туhунан уопсай өйдөбүлү
ыларыттан уонна саха быраaһынньыгын сүрүн киэргэлэ буоларыттан
саҕаланар. Түбэ диэн тумул иилии эргиччи туран оһyокайдата үөрэтэн өйдөттүлэр.
Улахан группаҕа оhyoкай түһүлгэтэ үс түһүмэҕин туһунан өйдөбүлү
ылар: туойан сабалааһын, хаамыы үнкүү, көтөн үнҡүүлээһин.
Ohyокайга үөрэниигэ аан бастаан ыллаабакка күну батыһа музыкаҕа
доҕуһуоллатан оҕо хаама-көтө үөрэниэхтээх. Үҥкүү тойугун үтүктэ этэ
үөрэниигэ бастаан туох да ис хоhoоно суох үҥкүү тылынан киирии, түмүк
үтүгүннэрэ ыллата үөрэтии наадалаах. Көннөрү «оhyокай, эһиэкэй»
диэн тыллары араастаан мелодиялаан, үрдэтэн-намтатан туойан этэн
туhаныахха сөп.
Программа ис хоһооно
Орто группа
Ohyокай саха норуотун бырaaһынньыга сүрүн киэргэлэ диэн өйдөбүлү биэрии:
-Ohyокай саха бырааһынныыгын сүрүн чааһа
- Ohyокай түhүлгэтэ -түбэтэ диэн көрдөрөн үөрэтии
Улахан группа
Ohyокайы тойугу кытта тэннээн истэн араара үөрэтии
Ohyокай түһүмэҕин үс түһүмэҕэ:
Туойан саҕалаaһын
Хааман үҥкүү
Көтөн үҥкүүлээһин
Ohyокайга ырыа , үҥкүү, поэзия тэҥҥэ дьүөрэлэһиитин өйдөтүү
Бэлэмнэнии группа
Ohyокай араастарын кытта билиһиннэрии улуус-улуус тус-туспа
ohyoкайдаах.
Мелодиятын араастарынан, ohyокай хаамыытынан үс бөлөххө араарыллар
-Бүлүүлүү-Дьокуускайдыы
-Өлүөхүмэлии
-Илин Эҥэр оһуокайа
Оҕону үтүгүннэринэн оһyокайдата үөрэтии.
Туттуллубут литература:
- Андросова Ю.В, Ефимова Д.Г. «Тосхол» бырагымаама – сана кэрдиис кэмнэ методическай босуобуйа. /Федер. Гос уорэх стандарта- сахалыы о5о тэрилтэтигэр. 2014 с.
- Лепчикова Л.П, Татаринова Х.К, Иванова Г.Н «Саха фольклорун детсат о5отугар билиhиннэрии программата». Дьокуускай, 1993с.
3. Чехордуна Е. П, Филиппова Н.И «Олонхо педагогиката : олоххо киллэрии суола ииhэ, ньымалара».Дьокуускай «Дани Алмас», 2007-112с
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
iehey_folklor_abylana_ananeva.docx | 84.93 КБ |
Предварительный просмотр:

По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Без Тукай абый иҗатын яратабыз”
«Без Тукай абый иҗатын яратабыз” ( Воспитатель по обучениюродному языку МБДОУ«Детский сад №6 «Колосок» Хафизова Гульус...
«Без Тукай абый иҗатын яратабыз”
«Без Тукай абый иҗатын яратабыз” ( ...
Муса абый-балаларның якын дусты
Бөек Җиңүнең 70 еллыгы уңаеннан балаларны патриотик шагыйрь Муса Җәлил иҗаты белән таныштыру. Бу сценарийда Шагыйрьнең тормыш юлы, аның сугыш кырларында иҗат иткән һәм балалар өчен язылган шигырьләре ...
Тукай абый
Тукай абый - развлечение для детей дошкольного возраста...
Муса абый балаларның якын дусты
Тема: Муса абый балаларның якын дусты Максат: Муса Җәлил иҗаты белән таныштыруны дәвам итү, шагыйрь турындагы белемнәрен киңәйтү; Тәрбия бурычы: табигат...
Чөл санаалаах, бигэ туруктаах буоларга дьулуһабыт.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн үтүө майгыга - сигилигэ иитии, сиэр майгы өттүнэн ыраас, чэбдик буоларыгар болҕомто ууруу биһиги барыбыт сорукпут....
«Лабыҥкыр күөлгэ умнуллубат абылаҥнаах айан» саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгын торума.
Улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах «Лабыҥкыр күөлгэ умнуллубат абылаҥнаах айан» саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгын торума....