"Үөлэн Хардааччы" С.Васильев
материал

Владимирова Евдокия Николаевна

Чөмчүүк саастаах оҕолорго олоҥхо сценарийа

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл 3.uolen_hardaachchy.docx24.06 КБ

Предварительный просмотр:

Сергей Васильев

“Үөлэн Хардааччы’’

олоҥхо

Оруолларга:

  1. Олоҥхоһут
  2. Үөлэн Хардааччы
  3. Уот Мэҥилэстэй
  4. Күндэлэс Баай Тойон
  5. Күн Намылдьын Хотун
  6. Үүт Мөлбөстүүр
  7. Күөрэгэй чыычаах
  8. Таас Туймаарын
  9. Бэриэт Бэргэн
  10.  Кыыс Нэлэмэнтэй
  11.  Кыталык
  12. Тиит Дьиэһиҥкэй
  13.  Мойбор Дьолуо оҕонньор

Олоҥхоһут:

Үктээтэр өҕүллүбэт,

Баттаатар маталдьыйбат

Орто туруу бараан дойду

Тупсан торолуйан үөскээбитэ үһү.

Бу дойдуга Доргуйа Баай Тойон

Ньиргийэ Баай Хотун

Тиит Дьиэһиҥкэй диэн

Соҕотох уолларын кытта

 Унаар буруону субуйан

Олорбуттар эбит.

Ол уоллара холун этэ хойдуута

Сиһин этэ ситиитэ

Ыал буолар ыратын

Киһи буолар кэскилин тэрийээри

 Сабаҕаллай баай оҕонньор

Сабыйа баай эмээхсин

Кыыс Нэлэмэнтэй диэн кыыстарын

Сулуутун сураһарга

Соруммуттар эбит.

Тиит Дьиэһиҥкэй

Тойон убайын

Күн улууһун күтүр күүстэрин

Айыы аймаҕын аарыма бухатыырын

Үөлэн Хардааччыны

Ийэлээх аҕатыттан көҥүллэтэн,

Аһыыр астарын хааччыйан,

Таҥнар таҥастарын тэрийэн баран

Оҕонньордоох эмээхсин

Алгыстарын ылан

Уһун айаҥҥа турдулар.

Тиит Дьиэһиҥкэй тиийбитэ

Үөһэ абааһы уола

Сүрдээх кэптээх Сүҥ Дьаассын

Күтүөттээри күүтэн

Көнчөйө сытар эбит.

Ол икки ардыгар эмискэ бааччы

Хоту диэкиттэн

Сытыы тыал кыһыгыраччы тыынаатын

Үөл тиит быһаҕаһа торуоскалаах

Модьу моһуоннаах

Үөлэн Хардааччы бухатыыр кэлэн

Үөһэ абааһы  уолун

Үөл тиит торуоскатынан

Үнтү кулаан өлөрөн баран

Үөһэ былыт чугаһыгар

Өрө тэбэн кэбистэ.

Тиит Дьиэһиҥкэй

Кыыс Нэлэмэнтэйи

Кытта холбоһон

Уруу улахана буолар.

Үөлэн Хардааччы:

“Төрөтөр оҕону төлөлөөҥ

Иитэр сүөһүнү күрүөлээҥ”,

Олоҥхоһут:

Диэн алҕаан баран

Кэскил тэринэ

Кэргэн көрдөһө барар.

Ол баран истэҕинэ

Эмискэ этиҥ этэргэ дылы гынна да,

Чаҕылҕан чаҕылыйарга дылы гынна да

Уон оройдоох ,

Отут ураанньыктаах,

Тимир сойуо тумустаах,

Дэгиэ хара тыҥырахтаах

Хара дьаҕыл Уот Мэҥилэстэй кыыл

Биһиги киһибит үрдүгэр

Супту сурулаан түстэ.

Уот Мэҥилэстэй:

Орто дойдуттан холдьохпуккутун,

 Тиэргэҥҥит таһыттан тэлэһиппиккитин

Эттээх хааҥҥытыттан ситиэм.

Үөһэ бииһигэр иитиллэн

Өлбөт бэйэлэнним,

Халлаан чалахайынан аһаан

Тохтубат хааннанным.

Куҥҥут этинэн хонуктаныам,

Үллэр бүөргүтүнэн үтэлэниэм.

Үөлэн Хардааччы:

Үрүҥ күн сириттэн

Үүрүллүбүт үөдэн буолбаккын дуо?

Тыыннаах хаалбыккыттан

Хомойор буоллаххына,

Тумсугун тууруом.

Олоҥхоһут:

Дьэ охсуһуу улаатта,

Кырбаһыы кытаатта,

Биһиги киһибит

Үөл мас сүллүгэһинэн

Өрө тутан биэрэ сырытта.

Уот Мэҥилэстэй обургу

Олус сымса кыыл эбит,

Аһаран биэрэр идэлээх эбит.

Халдьаайы тыаны хардаҕастаатылар,

Куула тыаны кумалаатылар.

Инньэ гынан баран

Күүһүн барытын киллэрэн

Өҥүс баска саайбытыгар

Өлөн быластаан түстэ.

Үөлэн Хардааччы дьэ өрө тыынна,

Көлөһүнүн-симэһинин соттон

Буорун-сыыһын тэбэнэн

Тус соҕуруу барда.

Ол баран, Күндэлэс баай тойон

Күн Намылдьын хотун

Дьиэлэригэр көтөн түстэ.

Үөлэн Хардааччы:

Үс хара тыаны өҥөйөн үөскээбит

Үөлэн Хардааччы диэн буолабын.

Эһиги Үүт Мөлбөстүүр диэн кыыскыт

Сур сураҕын сураан,

Албан аатын ааттаан тиийэн кэллим.

Хара тыаттан хардаҥ эһэлээн,

Буур тайахтаан иитиллибит киһибин.

Эһиги оҕоҕутун

Саннынан дьүдьэтиэм суоҕа,

Иһинэн аччыктатыам суоҕа.

Күндэлэс Баай Тойон: (эмээхсинигэр)

Быһый быһыылаах, модьу моһуоннаах

Күн улууһа бухатыыра кэлбит.

Былыр мин эдэр эрдэҕинээҕибиттэн

Бэрт кыранан намыһах киһи быһылаах.

Чэ, кыыспытын биэриэххэ дуу?

Күн Намылдьын Хотун:

Күтүр өстөөх,

Аныахаҕа дылы киһиргэһиҥ бэрт ээ.

Эйигиттэн баҕас

Биир мутук ордук киһи быһыылаах.

Хата, өйгүн-төйгүн булан

Үксү лэбэрдээбэккэ

Илии охсуһан оҕоҕун холбоо.

Күндэлэс Баай Тойон: (эмээхсинигэр)      

Куруук, саллар сааһыҥ тухары

Миигин холуннарарыҥ бараммат.

Мин оҥорбутум барыта мыыныылаах,

Барыта хоһуулаах.

Саатар эдэр эрдэҕинээҕибин

Баһааҕырдыа суох этиҥ.

(Үөлэн Хардааччыга)

Оҕолоор, бэйэҕит сөпсөһөргүт билиэ.

Олоҥхоһут:

Хаҥас диэкиттэн

Хаппахчы иһиттэн

Таҥара табатын курдук

Чаҕылхай бэйэлээх,

Ыйдааҕар ыраас ньуурдаах

Кыыс дьахтар

Кылбайан таҕыста.

Үүт Мөлбөстүүр:

Дорообо, Үөлэн Хардааччы!

Мин үс төгүл охсуһан

Кыайан өлөрбөтөх кыылбын

Уот Мэҥилэстэйи өлөрөҥ кэлэҥҥин

Үрүҥ күн сирин өлүүттэн быыһаатыҥ.

Аһыныык санаалаах

Аарыма бухатыырга

Аккаастыы туруом дуо?

Кыргыһыыга сылдьыбыт киһи

Кыа хааҥҥа биһиллибитиҥ буолуо.

Мин сөтүөлүүр суорба далайбар

Баран сөтүөлээн кэл эрэ.

Олоҥхоһут:

Биһиги киһибит

Күндэ далайга тиийэн

Умса оонньуу сырыттаҕына

Киит балык айаҕын аппытынан

Устан кэллэ.

Биһиги киһибит киниэхэ

Утары устан тиийбитигэр

Балык, соһуйан, биһиги киһибитин

Кутуругунан охсон кээспитэ –

Хайа тэллэҕэр тура түстэ.

Үөлэн Хардааччы:

Били дьахтар

Соруйан өлөттөрөөрү сөтүөлэппит эбит.

Билигин тиийэн иэнин хастыам,

Ээҕин этитиэм.

(дьиэ диэки сүүрэн лиһигирэйэр.

Утары дьоннор кэлэн атаҕар

Иилистэ түһэллэр, ааттаьаллар).

Дьоннор:

Кыыһырбыккын кыларыт,

Уордайбыккын уҕарыт.

Үүт Мөлбөстүүр төрүүрүгэр

Үрүҥ Айыы тойон

Уокка уйадыйбат,

Ууга тимирбэт

Орто дойду бухатыырыгар

Кэргэн тахсан

Урааҥхайы ууһатаар диэн алҕаабыта.

Ол иьин биһи кыыспыт

Эйиигин сөтүөлэтэн боруобалаабыта буолуо,

Оҕобутун кытта холбоһон

Удьуору ууһатын, кэнчээрини кэҥэтиҥ.

Олоҥхоһут:

Биһиги киһибит

Уоҕа уҕарыйан

Үөрүү үрдүгэ буолла,

Уруу улахана оҥоһулунна.

Түүн буолан

Дьон бары утуйа сыттаҕына

Көмүс тумустаах, күөрэгэй чыычаах

Көтөн киирэн

Тула көтө сылдьан

Киһилии тойуктаах буолла.

Күөрэгэй чыычаах:

Тустаах тойонум Үөлэн Хардааччы

Кийиитиҥ кыыс Нэлэмэнтэй кэллим.

Мин сүктэн тиийбит сирбэр

Аллараа дойду абааһыта

Таас Туймаарын дьону сиэтэ,

Мин күөрэгэй чыычаах буолан

Күрээн эйиэхэ тыллыы кэллим,

Бар дьонум эйиигин өрүһүйдүн дииллэр.

Үөлэн Хардааччы:

(ойон туран кэргэнигэр этэр).

Оттубут уоппут умуллуо суох буоллаҕына

Уол оҕо төрүө этэ.

Оччоҕо Бэриэт Бэргэн диэн ааттаар,

Мин ханна барбыппын

Ончу этээйэҕин,

Мэнигэр тэптэрэн

Эккирэтэн тиийэн былдьаныа.

Олоҥхоһут:

Орто дойду бухатыыра

Айаннаан истэҕинэ

Ооҕуй оҕус курдук аҕыс атахтаах,

Эриэн үөн курдук

Икки салаа тыллаах

Аллараа дойду абааһыта

Таас Туймаарын

Ап өтүөхтэй далайын анныттан

Күөрэйэн таҕыста.

Биһиги киһибит

Дьуру диэн дьулайбата,

Кэри диэн кэхтибэтэ,

Уун утары түһэн

Охсубутунан барда.

Ол күтүр баҕайы

Икки салаа тылынан

Эрийэн ылар идэлээх эбит.

Өлөн иһэн өрүһүннэ,

Охтон иһэн ойон туран

Орулуур отут хонук устатыгар

Уоскуйбакка тохтообокко охсустулар.

Таас Туймаарын:

Элэмэс хара эмэгэттэрим

Эт эттииргитин бэлэмнээҥ,

Күөскүтүн аҕала тардыҥ.

Орто дойду бухатыырын

Үрүҥ күнүттэн сүтэрэн

Аан дойдуга аҥардастыы

Аатырарым буолуохтун

Биһим-баһым, һа-һа-һа.

Олоҥхоһут:

Охсуһа сатаан иккиэн да ыксаатылар

Куустуспутунан сууллан түстүлэр.

Ол да сытан уоскуйбакка

Тыҥырахтарынан тырыта тыытыһа,

Тиистэринэн тиниктэһэ сыттылар.

Ол сытан биһиги киһибит

Тыын ылан хаһыытаата.

Үөлэн Хардааччы:

Күн күлүүһэ туллара буолла.

Киһи аймахтан

Ким эмэ оппут буоллаххына

Кэлэ охсон үрүҥ тыыны өрүһүй,

Өстөөҕү өлөрүс.

Олоҥхоһут:

Кыыс Нэлэмэнтэй көтөн кэлэн

Ыый-ыыйын ытыы-ытыы

Үөлэн Хардааччы хотун ойоҕун

Дойдутугар көтөн тиийдэ,

Эрилкэй хараҕынан эргиччи көрдө,

Ол көрдөҕүнэ:

Улахан диэҕи – оҕо,

Оҕо диэҕи – улахан уол оҕо

Ох саанан оонньуу сылдьар эбит.

Чыычааҕы көрөн

Ох саанан ытаары

Үөмэн кэллэ.

Онуоха чыычаах

Кырылыы түһээт

Кылбаҕар бэйэлээх

Кыыс Нэлэмэнтэй буолан хаалла.

Бэриэт Бэргэн:

Ханнык күөх былыт көлдьүнэ  көһүннүҥ,

Ааһар былыт албаһа кэллиҥ?

Айыы дьахтара буоллаххына

Кыһалҕабын иһит.

Мин Үүт Мөлбөстүүр

Ийэттэн төрөөбүт

Бэриэт Бэргэн буолабын.

Аҕалаах буолуох тустаах этим да

Ийэм эппэккэ эрэйдээтэ.

Кыыс Нэлэмэнтэй:

Этиэххин эттиҥ,

Эймэһийиэххин эймэһийдиҥ.

Эн аҕаҥ Үөлэн Хардааччы этэ.

Кини манна сырыттаҕына

Аллараа дойду абааһыта,

Таас Туймаарын тахсан

Кини дойдутун дьонун атаҕастаабыта.

Ону, ириэнэх суолун ирдээн баран

Үрүт күүһэ өһүллэн

Өлөөрү сытар,

Ону тыллыы кэлбитим.

Бэриэт Бэргэн: (ийэтигэр тиийэн айманар)

Аар тойон аҕабын

Абырыы барыахпын көҥүллээ.

Эһэтэ, эбэтэ, ийэтэ:

Охтоохтон охтума,

Саалаахтан самныма.

Олоҥхоһут:

Өр өтөр гыммакка

Бэриэт Бэргэн

Таас Туймаарын дойдутугар кэллэ.

Икки ыпсыһан хаалбыт бухатыыры

Уу анныттан ороон таһаарда.

Таас Туймаарыны

Чэчэгэйгэ биэрбитигэр чиккэс гынна.

Инньэ гынарын кытта

Ап Өтүөхтэй далай мэлис гынна.

Тиит Дьиэһиҥкэй бухатыыр,

Мойбор Дьолуо Оҕонньор,

Үтүкэллэй эмээхсин

Өлө сытар эбиттэр.

Уол оҕо эрэйдээх

Өлүктэри эргитэлээн сытыартаата.

Бэриэт Бэргэн:

Ийэм эрдэ ыыппакаҕын

Эдэр сааспар тулаайах хаалларбыккын.

Аҕам атаҕа тымныйбыт,

Эһэм, эбэм эттэрэ куурбут.

Аанайбын-туонайбын,

Алдьархайбын эбит.

( кыталык кыыл кыыгынаан тустэ).

Кыталык:

Эппит эгэлгэҥ, хоһуйбут хоһоонуҥ

Хобо чуораан буолан

Үрдүк халлааҥҥа көтөн тахсыбытын

Үрүҥ айыы истэн

Араҕас илгэни ыытта.

Истэригэр иһэт,

Тастарын аҕыныахтаа.

Саргыгыт салалыннын,

Өрөгөйгүт үрдээтин.

Олоҥхоһут:

Биһиги оҕобут этиллибитин курдук

Истэригэр иһэттэ,

Тастарын аҕыныахтаата,

Күн дьоно көрөн кэллилэр,

Ойон турдулар.

Тиит Дьиэһиҥкэй бухатыыр,

Мойбор Дьолуо оҕонньор,

Үтүкэллэй эмээхсин.

Тиит Дьиэһиикэй:

Сиэммит Бэриэт Бэргэн

Үтүө киһи үөскээбиккин.

Айыы аймаҕын

Аарыма бухатыыра аҕаҕын

Өлөр өлүүттэн быыһаан,

Аллараа дойду абааһытын

Тыынын салҕаан,

Кырдьаҕас эбэлээх эһэҕин

Аҕаҥ убайын, Кыыс Нэлэмэнтэй кэргэнин

Тиит Дьиэһиҥкэйи тилиннэрбиккэр

Барҕа махтал буолуохтун.

(сыллаһан-уураһан тахсан бараллар).

Үүт Мөлбөстүүр:

(ийэлээх аҕатыгар өйөтөн, ытыы турар).

Күөх түүн күлүүтэ эбитэ дуу,

Хара түүн хаадьыта эбитэ дуу

Үөлээннээх доҕорум Үөлэн Хардааччы

Өрөгөйө үрдээтэ диэн түһээтим,

Көмүс чыычааҕым Бэриэт Бэргэн

Саргыта салалынна диэн түһээтим,

Көһүтэрбэр көһүйдүм,

Кэтэһэрбэр  кинчэйдим.

Олоҥхоһут:

Инньэ диирин кытта

Икки бухатыыр тиийэн кэллилэр,

Хаһыытаһа түһэн баран

Куустуһа түстүлэр

Ол кэнниттэн Үөлэн Хардааччы

Уолун, кэргэнин,

Дойдутугар сүгүннэрэн илдьэ барда.

Мойбор Дьолуо оҕонньор,

Үтүкэллэй эмээхсин

Бар дьоннорун мунньан

Ыһыах ыстылар,

Бастыҥ малааһын тартылар.

Ыстаҥаһыт дьэ ыстаҥалаата,

Ырыаһыт дьэ ыллаата,

Үҥкүүһүт дьэ үҥкүүлээтэ,

Алгыстаах дьэ алҕаата.

Дьоннор:

Үрүҥ күн сирин

Өлүүттэн өрүһүйбүт

Үөлэн Хардааччы

Өрөгөйө үрдээтин.

Мойбор Дьолуо оҕонньор:

Орто туруу бараан дойдубутугар

Арҕааттан аргыар аргыйбатын,

Илинтэн иэдээн түспэтин,

Хотуттан хобдох охсубатын,

Соҕурууттан сут буолбатын,

Көрбүт күн киирбэтин,

Күөх от хагдарыйбатын,

Күн-айыы бухатыырдара

Күн сирин көрүөлүү турдуннар,

Айыы сирин араҥаччылыы турдуннар!

Уруй!