Конспект занятия в средней группе
план-конспект занятия (средняя группа)
Предварительный просмотр:
Дьокуускай куорат уокуругун
39 №-дээх «Ромашка» о5о саада – о5о сайдар киинэ
Муниципальнай бюджетнай оскуола иннинээ5и уорэх тэрилтэтэ
«Мультипликация дойдутугар айан.
Орто бөлөх оƼолоругар интегрированнай
аhа5ас дьарык конспега
Иитээччи: Данилова М.Р.
Дьокуускай 2019 с.
Ыытыллар бөлөƼө: Орто бөлөх иитиллээччилэригэр.
Дьарык көрʏӊэ: интегрированнай дьарык.
Дьарык темата: «Мультипликация дойдутугар айан. «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаны оӊоруу».
Уобаластар алтыhыылара: познавтельное развитие + речевое развитие + социально-коммуникативное развитие.
Сыала - соруга: - Мультипликация диэн өйдөбʏлʏ кытта билиhиннэрии.
- О5о айар дьо5урун сайыннарыы;
- ОƼо баƼаран туран ʏөрэн-көтөн туран эппиэттиир интириэhин ʏөскэтии, дуоhуйууну биэрии;
-ОƼо бэйэ-бэйэ5э эйэƼэс сыhыан иӊэрии;
- Билиигэ-коруугэ, дьулуурдаах буоларга иитии.
Соруктара: Оҕолор толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы; саха остуоруйаларын үѳрэтиигэ билиэх-кѳрүѳх баҕаларын уhугуннарыы; ОƼо өйʏн-санаатын, тылын сайыннарыы;
Саӊа тыллар: мультипликация, анимация.
Туттуллар тэриллэр: Мультимедийнай проектор, студия анимации, экран, ноутбук, презентациялар, флешка, мэтээллэр, фишкалар, указка, харандаастар, «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эммэхсин» остуоруйа5а декорациялар, колонка.
Дьарыгы ыытыы метода, приемнара:
Нагляднай (презентация), тылынан (бэсиэдэ, быhаарыы), хайҕааhын.
Дьарык хаамыыта: 1. Организационнай момент
-Yтʏө кʏнʏнэн, оƼолор! Мин аатым Владилена Владимировна. 10 №-дээх «Туллукчаан» уhуйаантан эhиэхэ дьарык ыыта кэллим. Кэлин эрэ, о5олор, сиэттиhэн тɵгʏрʏк буолан туруоххайын. Уонна ытыспытынан «тыс бэрсэн» билсиэххэйин. Эhиэхэ ыалдьыттыы кэлбиппиттэн олус ʏөрэммин эhиэхэ мичээр бэлэхтиэм, онтон эhиги миэхэ5э эмиэ мичээрдэ бэлэхтээн эрэ.
-О5олор, бʏгʏн биhиэхэ ыалдьыттар кэллилэр. Кинилэр эhиги дьарыктанаргытын, төhө билиилээххитин көрʏөхтэрэ. Ыалдьыттары кытта дорооболоhуоххайын эрэ.
- Бастатан туран кыратык боппуруоска эппиэттии тʏhʏөххэйин.
«Толкуйбутун тобулуо5ун».
Боппуруостар:
1. Сылга хас ый баарый?
2.Нэдиэлэ5э хас хонук баарый?
3.Тогурук хас муннуктаа5ый (0).
- О5олор, бу ханнык остуоруйаный? «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин».
-Эhиги саамай тугу сөбʏлʏʏгʏтʏй? Биhиги бʏгʏн мультиктар тустарынан кэпсэтиэхпит уонна бэйэбит «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсини» мультик оӊорон көрʏөхпʏт. Бэлэмнит дуо, о5олор?
«Таабырыннары таайын»
Эhиги мультиктары сөбулуугут дуо? Ханнык мультиктары билэƼитий?
Бугунну дьарыкпыт темата «Мультипликация – кэрэ дойдутугар айан». О5олор, мультигы хайдах оӊороллоруй? Билигин биhиги мультиктар хайдах оӊоhуллалларын туhунан кэпсэтиэхпит.
«Мультипликатордар. Идэлэр.
Мультигы хайдах оӊороллоруй? Мультик оӊоhуллуута боростуой, ыраас илиистэн са5аланар эбит.
Дьэ, онтон мультик оӊоруутугар кимнээх ʏлэлииллэрэ буолуой? Билигин ол туhунан кэпсэтиэхпит.
Сценарист – кини сценарий суруйар. Бу оӊоhуллуохтаах мультикпыт ис хоhооно, хайдах буоларын.
Онтон сценарийбыт студия5а саамай сʏрʏн киhиэхэ барар. Кимиэхэ барарый? Режиссерга.
Режиссер – кини мультик оӊорооhунна саамай сʏрʏн киhи. бэлэм сценарийы аа5ар, мультик хайдах буолуохтаа5ын өйʏгэр оӊорон көрөр. Аны сʏрʏн геройдары оӊороллоругар режиссер кимнээххэ этэрий? Художникатарга.
Художник – Режиссер худуоhунньактарга идеяларын кэпсиир. Бары сʏбэлэhэллэр, хайдах, тугу оӊороллорун. Худуоhунньуктар геройдар хайдах буолалларын толкуйдууллар. Уонна эбэтэр уруhуйдууллар, эбэтэр пластилинтан оӊороллор. Чэ эрэ, геройдарбыт оӊоhулуннулар – аны кинилэр саӊарыахтарын наада. Кимнээх наадаларый онно? Актердар.
Актердар – кинилэр саӊардаллар. Аны ханнык мультик ырыата суох буолуо5ай? Кимнээх көмө5ө кэлэллэрий? Композитордар.
Композитор – кини музыканы талар. Аны геройдарбыт хаама, сʏʏрэ ʏэрэниэхтэрин наада. Онно ким нааданый? Аниматордар.
Аниматор – кини геройдары хамсатар. Онтон ону барытын ким устарый?
- Герой уруhуйдаммыт буолла5ына: худуоhунньук герой хас хамсаныытын барытын тʏhэрэр. Нарисованный мультфильм.
- Герой пластилинтан оӊоhуллубут буолла5ына – худуоуhунньук геройу хас хамсаныытын хамсатар уонна хаартыска5а тʏhэрэр. (Маннык хас биирдии хамсаныытын хаартыска5а тʏhэрэбит – оччо5о биhиги геройбут хаамта). Пластилиновый мультфильм.
- Герой – кукла буолла5ына – эмиэ хас биирдии хамсаныытын туhэрэбит. Кукольный мультфильм.
Оператор – кини хас биирдии кадры хаартыска5а тʏhэрэр. Хаартыска5а тʏhэриллибит кадрдар монтажтаналлар.
Бу олус ыарахан ʏлэ. Ол эрээри - ʏлэ тʏмʏгэ – бэлэм мультик буолар.
Режиссер мультик мультик ким туьунан, уонна туох туьунан буоларын быьаарар. Мультик идеятын. Сценаристар – сценарийы суруйаллар. Художниктар уонна мультипликатордар – геройдары уруhуйдууллар. Аниматордар герой хамсаныытын онороллор. Оператор уруhуйдары туhэрэр. Актердар санардаллар эбэтэр ырыа эбэллэр. Композитордар мультикка ырыа толкуйдууллар. Мультигы барытын компьютерга тʏмэр – монтажер.
-Хартыыналартан мультик көрөн көрʏөххэйин!
О5олоор, урут 5 мʏнʏʏтэлээх мультик оӊорорго 1 сылтан элбэх сыл барар эбит уонна улахан команда улэлиир эбит: мультипликатордар, аниматордар, сценаристар, режиссердар, оператордар, худуоhунньуктар. Наhаа элбэх дии оƼолор?
МультипликацияƼа уруhуйдаммыт, кукольнай, пластилиновай геройдарбыт тиллэллэр – кинилэр ʏөрэллэр, хомойоллор.
Физкультминутка:
- Маладьыастар! О5олор, куруук чэбдик, доруобай буолар туhугар тугу гыныахтаахпытый? Билигин сынньана таарыйа зарядкалыы тʏhʏөхпʏт.
- Дьэ эрэ, билигин «Биэс ынахтаах Бйэбэрикээн» остуоруйа5а –Бэйбэрикээн эмээхсин хаамарын мультик оӊорон көрʏөхпʏт. Биhиги декорациябыт уонна фоммут бэлэм. Геройдарбытын дьэрэкээн гына кырааскалыаххытын наада. (О5олор остуоруйа геройдарын, декорацияларын кырааскалыыллар).
В: Остуолларга олорон улэбитин са5алыыбыт. (Ырыа тыаhыыр).
В: Геройбут хамсыырын курдук хайдах гынар этибитий? Билигин оператордар буолабыт. Мультик буоларын туhугар биhиги геройдарбыт хас хамсаныыларын туhэриэхтээхпит. Чэ эрэ, Бэйбэрикээн эмээхсини хаамтарыахха. Уонна көрʏөххэйин эрэ, Бэйбэрикээн эмээхсиммит хаамта дуо.
Чэ, о5олоор, маладьыастар, сал5ыы оуохпут, геройдарбытын саӊардыахпыт, монтажтыахпыт.
Сюрпризный момент: Хайа, о5олор, истин эрэ хомус тыаhа хонкунаата…
Тʏмʏк:
-Хайа оƼолор, биhиги бугуӊӊу дьарыкпытыгар тугу гынныбыт. О5олоор, бʏгʏн тугу сананы биллигит?
Тугу ордук сөбʏлээтигит? Маладьыастар о5олор, эhиги бугуӊӊу дьарыкка ʏчʏгэйдик, көхтөөхтʏк кыттыбыккыт иhин эhиэхэ шоколаднай мэтээллэри бэлэхтиибин. Көрсʏөххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конспект занятия по ОБЖ в средней группе Конспект занятия в средней группе «Опасности вокруг нас».
Конспект занятия в средней группе «Опасности вокруг нас». Цель: формирование у детей осознанного безопасного поведения в жизни и быту.Задачи:- закреплять знания об источни...
Конспект занятия в средней группе по теме «Овощи и фрукты» (средняя группа)
Конспект занятия в средней группе по теме«Овощи и фрукты» (средняя группа) Цель:Закреплять умение различать овощи и фрукты. Развивать общую и мелкую моторику. Развивать память, м...
Конспект занятия в средней группе НОД по ФЭМП (математике) в средней группе Тема: «Счёт до 5.».
Конспект занятия в средней группе НОД по ФЭМП (математике) в средней группеТема: «Счёт до 5»....
Конспект занятия в средней группе по ознакомлению с окружающим миром «Показ мод от Бабы Яги» план-конспект занятия по окружающему миру (средняя группа)
Цель: расширение и уточнение представлений детей об одежде, обуви и головных уборах. Программное содержание:1. Упражнять в образовании относительных прилагательных.2. Формировать у детей чувство ...
Конспект занятия в средней группе "Песня колокольчика." план-конспект занятия по окружающему миру (средняя группа)
Конспект занятия по ознакомлению с окружающим миром в средней группе "Песня колокольчика"...
Конспект занятия в средней группе по ознакомлению с окружающим миром «Показ мод от Бабы Яги» план-конспект занятия по окружающему миру (средняя группа)
Программное содержание:1. Упражнять в образовании относительных прилагательных.2. Формировать у детей чувство ответственности за состояние окружающей среды.3. Удовлетворять детскую любознательность по...
Конспект занятия в средней группе по экспериментальной деятельности в средней группе Тема: «Чудесная мука»
Цель: Ознакомление детей со свойствами муки через детское экспериментирование.Образовательные задачи:1.Обучающие: Познакомить детей с понятием «сыпучая»: закрепить п...