Конспект НОД "Доруобуйа баар - бараммат баай"
план-конспект занятия (старшая группа) по теме

Скрыбыкина Татьяна Николаевна

Конспект НОД для детей старших групп на якутском языке.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл НОД Доруобуйа баар - бараммт баай22.59 КБ

Предварительный просмотр:

Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение

Детский сад №14 «Журавлик» городского округа «город Якутск»

Технологическая карта совместной деятельности

Тема: «Доруобуйа баар бараммат баай»

Воспитатели: Сидорова С.А.

Скрыбыкина Т.Н.

Якутск 2017

Технологическая карта совместной деятельности воспитателя с детьми

ДОУ: МБДОУ Д/с №14 «Журавлик»

Возраст детей: 5 лет

Воспитатели: Сидорова Сардаана Аркадьевна, Скрыбыкина Татьяна Николаевна

Тема: «Доруобуйа баар - бараммат баай»

Цель: формировать представления детей дошкольного возраста о здоровье как одной из главных ценностей человеческой жизни; развивать умение выделять компоненты здоровья человека и устанавливать их взаимосвязь; закрепить основные понятия: «личная гигиена», «витамины», «полезные продукты», «здоровый образ жизни»; воспитывать у детей навыки и потребности здорового образа жизни.

Задачи:

- Учить беречь свое здоровье и заботиться о нем;

- продолжать прививать культурно-гигиенические навыки;

- развивать мышление, воображение, память;

- расширять знания о питании и его значимости.    

Оборудование: проектор, ноутбук, магнитная доска, презентация «Здоровый образ жизни», халат медицинский, инструменты врача, муляжи лекарств, конструктор, зубочистки, пластилин, доски для лепки, мозаики-схемы человека, А3, акварель, стаканчики, карандаши, набор геометрических фигур, овощи (огурцы, помидор, укроп, зеленый лук, растительное масло, соль) фартуки, колпаки, одноразовые ножи, доски, ребристые, массажные дорожки, витамины.

Этапы

Используемые средства

Деятельность воспитателя

Деятельность детей

Результат

Вводная часть

Доруобуйа туһунан бэсиэдэ, боппуруостарга эппиэттэр, слайд көрүү.

- Үтүө күнүнэн оҕолоор, бүгүн биһиэхэ ураты дьарык буолуоҕа. Доруобуйа туһунан кэпсэтиэхпит, билиибитин хаҥатыахпыт! Доруобуйа диэн нуучча тылыттан киирбит тыл эбит. Здоровье диэн буолар. Ол аата биһиги дьону кытта дорооболоһорбутугар доруобуйаны баҕарар эбиппит. Здравствуйте!  Биһиэхэ ыалдьыттар кэллилэр, кинилэргэ дорооболоһоммут доруобуйата бэлэхтиэҕиҥ эрэ.

- хас биирдии киһиэхэ доруобуйа саамай наадалаах. Ол иһин биһиги өбүгэлэрбит, эбээлэрбит, эһээлэрбит этэллэр эбит: «Доруобуйа баар буоллаҕына барыта баар булуо!» диэн.

- Оҕолоор, хайдах киһини доруобай киһи диибитий?

- ханнык спорт көрүҥнэрин билэбитий?

- Өссө тугу гыннахпытына доруобай буолабытый?

- Билигин экраны көрүөхэйиҥ эрэ, биһиги доруобуйабытыгар туох туһалааҕын көрүөхпүт.

-Үтүө күнүнэн!

Болҕомтолоохтук истэллэр.

- спордунан дьарыктанар....

- бокс, хайыһар, хаҥкы, баскетбол, футбол, волейбол, плавание, сүүрүү, өбүгэ оонньуулара уо.д.а....

- зарядкалыыбыт, массаж, сөпкө аһыахтаахпыт, күннээҕи режим, прогулка, гигиена.

- слайд көрөллөр.

Дьарыкка бэлэм буоллулар, интириэстэрэ тардылынна.

Физминутка

Хамсаныылары көрдөрүү, музыка.

- самомассаж, харах, ытыс сылытааһына, кулгаах, моонньу, төгүрүччү туран бэйэ бэйэлэрин массаж.  

Хамсаныылары үтүктэллэр, толороллор.

Оҕолор сынньаннылар.

Основная часть

- бэлэнэммит эмблеманы,  центрдары көрдөрүү, оруоллары талыы. 

– (2 оҕону талабыт, эмблема).

- 2 оҕону талабыт, эмблема.

- туттар тэриллэрин көрдөрүү, өйдөтүү.

- Эһиэхэ араас центрдары бэлэмнээтибит. Ким ханнык центрга оонньуу барарын быһаарсыахпыт.

1 центр – биһиги ыарыйдахпытына ханна барабытый? Ким эмтиирий?

- ким быраас буолуон баҕарарый? Быраас туох таҥастаах буоларый?

- Кира быраас буолла, Эвелина уонна Ева кууклаларгытын ылыҥ уонна оҕолоргутун көрдөрө бараҕыт.

- 2 центр – строительнай центр. Остуол кытыытын өйдөөн көрүҥ эрэ, оҥоһуллубут схеманы көрөн балыаһа уонна ыарыһахтары таһар массыына туох диэн ааттанарый? - Маладьыастар 03 массыынатын оҥоруохпут. Стройкаҕа кимнээх үлэлииллэрий?

- Эрсан уонна Дамир стройкаҕа үлэлии бараллар, строитель киһи каскалаах буулуохтаах, онон каскаларбытын кэтэбит.

- 3 центр – доруобуйа харыстабыла диэн. Оҕолор, киһи ханнык чаастартан турарый?

- Бу центрга кумааҕыттан бэлэмнэммит киһи сүрүн чаастарын хомуйуохпут (мозаика).

- манна ким үлэлии барыан баҕарар?

- 4 центр – центр искусства диэн. Манна улахан, кыраһыабай, доруобай киһини уруһуйдуохпут. (оҕолорго эмблема).

- 5 центрбыт – сөптөөхтүк аһыыбыт ол эбэтэр правильное питание диэн.

- Тугу аһыахтаах эбиппитий оҕолоор, доруобай буолар туһугар?

- Остуолга көрүҥ эрэ, ханнык оҕуруот астара баалларый?

- маладьыастар!

- билигин бу оҕуруот астарыттан, битэмииннээх, иҥэмтэлээх салаат астыахпыт. Быһаҕынан сэрэхтээхтик туттарбытын умнубаппыт!

- 6 центр – ахсаан сыантыра. Остуолга тугу көрөбүтүй оҕолоор?

- Геометричэскэй фигуралары, маладьыастар! Манна эмиэ схеманы көрөн Аан дойдуга биллибит бырааһы доктор Айболиты оҥоруохпут.

- Өссө доруобай буоларга тугу гыныахтаах этибитий?

- 7 центрбыт сынньанар хоспутугар бэлэмнэнэн турар, онно биһиги ийэлэрбит бэлэмнээбит дорожкаларынан хааман атахтарбытын массажтаныахпыт.

- балыаһаҕа, быраас эмтиир.

- мин, быраас маҥан халааттаах уонна колпактаах буолуохтаах.

- хайдах дьиэ уонна массыына оҥорорбут уруһуйдаммыт.

- мин, мин...

- төбө, санны, ис, илии, атах.

- мин,  мин...

- коллективка үлэлииллэр.

- оҕуруот астарын, фрукты, эт, үүт астар, балык уо.д.а.

- оҕурсу, помидор, укроп, күөх луук, туус, мас арыыта.

- геометричэскэй фигуралар, остуолга чугаһаан бэриллибит схеманан үлэлииллэр. 

- закаливание.

- оонньуурга бэлэмнэр, интириэстэрэ тарылынна.

- каскаларын кэтэллэр, үлэлиир настройдаахтар.

- үлэлии барарга бэлэмнэр.

- сорудаҕы толороллор.

- оҕолор үлэлииргэ бэлэмнэр.

- массажнай дорожканан хаамарга бэлэмнэнэллэр.

Заключительная часть

Боппуруостарга толору эппиэттэр, оҕолору хайҕааһын.

- Бүгүн биһиги туох туһунан кэпсэттибит?

- Доруобуйа туохха наадалаах эбитий?

- Ханнык спорт көрүҥнэрин ааттаталаатыбыт?

- Сыантырдарга үлэлиир хайдаҕый?

- Туох саҥаны биллигит?

- ..... ханнык сыантырга үлэлээтин? Онно тугу гыннын? Сөбүлээтиҥ дуо?

- Маладьыастар, бары доруобуйаҕытын харыстааҥ! Доруобай буолуҥ!

Кэлэҥҥит битэмииннэ сиэҥ! Ыалдьыттарбытыгар туох диэхтээхпитий, оҕолоор? Аныгыскы көрсүөххэ диэри!

- о5олор эппиэттииллэр.

- соруда5ы толорбуттарыттан астыныыны ыллылар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Конспект НОД "Витамины в банке" (подготовительная группа)

конспект по изобразительной деятельности...

Хош кельдинъ, Баарь!

Наврез байрамы ...

доруобуйа баар бараммат баай

конспект открытого занятия на тему доруобуйа баар бараммат баай...

Конкурс для родителей «Тыл баар – бараммат баай»

Конкурс для родителей «Тыл баар – бараммат баай»...

Конспект занятия по аппликации «Банка варенья для Карлсона»

Тема: «Банка варенья для Карлсона».Программное содержание:  учить детей составлять композицию из аппликативных элементов на основе  объединяющего образа. Показать рациональн...

Конспект занятия по аппликации "Банка варенья"

Программное содержание:  учить детей составлять композицию из аппликативных элементов на основе  объединяющего образа. Показать рациональный способ вырезания из бумаги, сложенной гармош...

Конспект занятия "Овощи в банке"

Конспект НОД по аппликации «Овощи в банке»Цель: обобщить знания детей об овощах.Задачи: обобщить элементарные знания об овощах; цвете овощей; закрепить знания о месте произрастан...