«О5о сааьым до5оро – мэник – тэник кулунчук» проект
проект по окружающему миру (младшая группа)
«О5о сааьым до5оро – мэник – тэник кулунчук» проект
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
byrayyak_o5o_saaym_do5oro_-_menik_-_tenik_kulunchuk.docx | 36.63 КБ |
Предварительный просмотр:
Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение детский сад «Чуораанчык»
Бырайыак
«О5о сааьым до5оро – мэник – тэник кулунчук»
(2-3 саастаах о5олорго)
Иитээччилэр: Павлова О.А.
Иванова С.В.
Музыка салайааччыта: Сергеева Н.В.
Булуучээн с. 2020 с.
Бырайыак тиэмэтэ: «О5о сааьым до5оро – мэник – тэник кулунчук»
Ыытыллар беле5е: 2-3 саастаах о5олор
Бырайыак барыыта: 2 нэдиэлэ
Уьулуччу суолтата: О5о дьиэ кыылларын (ат, сылгы, кулунчук) туьунан билиитэ мелтех.
Бырайыак сыала: Дьиэ кыылларын ат, кулунчук туьунан о5о билиитин кэнэтии.
Соруктар:
Уерэтэр: - Дьиэ кыылын аты, кини о5отун - кулунчугу кытта билиьиннэрии;
- Ат, кулунчук тас керуннэрин кытта билиьиннэрии (сиэллээх, кутуруктаах, туйахтаах уо.д.а.), ханна олорорун, тугунан аьылыктанарын, дьонно туох туьаны а5аларын туьунан ейдебулу инэрии.
Сайыннарар: - Бырайыак тиэмэтигэр о5о интэриэьин сайыннарыы;
- О5о бол5омтотун, ейге тутан хаалар дьо5урун сайыннарыы;
- Тылын саппааьын байытыы (ат, кулунчук, биэ, туйах, сиэл, кутурук уо.д.а.), о5о санарар санатын сайыннарыы.
Иитэр: - Дьиэ кыылларыгар харыстабыллаах сыьыаны иитии.
Куутуулээх тумук: О5о хартыына5а, кинигэ5э кулунчуктаах аты керен билэр. Ат санатын, ат туйа5ын тыаьын утуктэр, хамсаныытын кердерер (хаамарын, суурэрин). Ат дьонно туох туьаны а5аларын билэр.О5о тылын саппааьыгар : сиэл, кутурук, кулунчук, ат,туйах диэн тыллары туттар. Дьиэ кыылларыгар бол5омтолоох, харыстабыллаах сыьыаннаах буолар.
Бырайыак туьумэхтэрэ:
1 туьумэх. – Билэргэ – керерге септеех матырыйаалы хомуйуу, литератураны аа5ыы, сананы билии (информация);
- Бырайыак тиэмэтинэн бэсиэдэлэр (кердерер матырыйааллары туьанан: презентациялар, хартыыналар)
2 туьумэх. Дьайымаллар араастара:
- О5о уопсастыба5а сылдьарын-бодоруһарын сайыннарыы: Сюжеттаах оонньуулар: «Аппын аьатабын - харайабын», «Аппар олорон куулэйдии барабын».
- О5о билэр - көрөр дьо5урун сайыннарыы: Бэсиэдэлэр: «Ат», «Ат дьонно туьата», дид/ оонньуулар: «Аты танан таьаар», «Мин ийэм ханна баарый?», быыстапка тэрийии: «Сиэл оноьук сылаас тыына» (сылгы сиэлиттэн оноьуктар быыстапкалара).
- О5о тылын-өһүн сайыннарыы: «Ат» А.Барто хоьоонун нойосуус уерэтии. Артикуляционнай эрчиллиилэр: «Ат туйа5ын тыаьа», «Ат кистиир», «Аты тохтотобут», «Ьат - ьат».
- О5о кэрэни өйдүүр дьо5урун сайыннарыы: Ырыа уерэтии «Ьат -ьат», музыкальнай ритмическай хамсаныылар: «Ат суурэр», «Ат хаамар», уруьуй: «Аты киэргэтэбит», «Аппын отунан аьатабын»
- О5о этин-сиинин сайыннарыы: Хамсаныылаах оонньуулар: «Атынан куоталаьыы», «Ким тургэнник суурэр», остуолга курэхтэьиилээх оонньуу: «Аттар курэхтэрэ», сымна5ас оонньуур акка олорон хачайдана оонньооьун.
3 туьумэх: Аралдьытыы «О5о сааьым до5оро – мэник – тэник кулунчук».
О5олор уруьуйдарын быыстапката: «Аты киэргэтэбит», «Аппын отунан аьатабын»
О5о сайдар, билэр – керер эйгэтин тэрийии: Ат туьунан хартыыналар, дид/оонньуу: «Аты танан таьаар» (пазл), остуолга курэхтэьиилээх оонньуу «Аттар курэхтэрэ», атрибут - бэргэьэлэр «Кулунчук», быыстапка тэрийии: «Сиэл оноьук сылаас тыына» (сылгы сиэлиттэн оноьуктар быыстапкалара).
Тереппуттэри кытта улэ: Быыстапканы тэрийэргэ кемелеьуу, о5олорго «Кулунчук» атрибут – бэргэьэлэрин оноруу, тумук тэрээьиннэ чороон, сахалыы танас бэлэмнээьин, ырыа- хоьоон уерэтии.
Кеьутуллэр тумугэ: О5о хартыына5а, кинигэ5э кулунчуктаах аты керен билэр. Ат санатын, ат туйа5ын тыаьын утуктэр, хамсаныытын кердерер (хаамарын, суурэрин). Ат дьонно туох туьаны а5аларын билэр. О5о тылын саппааьыгар : сиэл, кутурук, кулунчук, ат,туйах диэн тыллары туттар. Дьиэ кыылларыгар бол5омтолоох, харыстабыллаах сыьыаннаах буолар.
«О5о сааьым до5оро – мэник – тэник кулунчук»
бырайыак – тиэмэтичиэскэй былаана
Бырайыак туьумэхтэрэ | О5о улахан киьилиин дьайымала | О5о дьайымала | Туттуллар тэриллэр |
1 туьумэх. - Тиэмэ5э септеех матырыйаалы хомуйуу, литератураны аа5ыы, сананы билии (информация); - Бырайыак тиэмэтинэн бэсиэдэлэр (кердерер матырыйааллары туьанан: презентациялар, хартыыналар) | Иитээччи о5олорго тема5а септеех араас кинигэлэри, хартыыналары булан бэлэмниир, кердерер. | О5о ат, кулунчук туьунан хартыыналары, хаартыскалары керер, билсэр. Иитээччи кэпсиирин истэр, бэсиэдэ5э кыттар, ыйытыктарга эппиэттиир. | Ат, кулунчук туьунан хартыыналар, кинигэлэр, журналлар, уруьуйдар, хаартыскалар. |
2 туьумэх. Дьайымал ис хоьооно: Сюжеттаах оонньуулар: «Аппын аьатабын - харайабын», «Аппар олорон куулэйдии барабын». | Иитээччи о5о сюжеттаан оонньууругар усулуобуйа онорор: туттар тэриллэрин булан биэрэр. | О5о атын харайар: сиэлин кутуругун тараа5ынан тарыыр, щетканан ыраастыыр, биэдэрэ5э аьылык (эбиэс) кутан атын аьатар. Атыгар олорон айанныыр, «Ьат- ьат!» – диэн атын ыксатар, атын туйа5ын тыаьын утуктэн тыаьатар, тохтоторугар «Тпруу!» - диэн тохтотор. | Оонньуур ат, биэдэрэ, тараах, щетка, быа. |
Бэсиэдэлэр: «Ат», «Ат дьонно туьата» | О5олорго ат тас керунун билиьиннэрэр, ат дьонно туьатын туьунан кэпсиир, дьиэ кыылыгар убаастабыллаах сыьыаны иитэр, о5о тылын саппааьын байытар: «Ат», «сылгы», «кулунчук», «биэ» | О5о ат туьунан ейдебулу ылар, билиитэ кэниир, дьиэ кыылыгар акка харыстабыллаахтык сыьыаннаьар. | Ат туьунан хартыыналар, оонньуурдар. |
Дид/ оонньуулар: «Аты танан таьаар», «Мин ийэм ханна баарый?», | Ат тас керунун кытта билиьиннэрэр, кыыллар о5олорун кытта билиьиннэрэр, ат о5отун «кулунчук» диэн ааттыырга уерэтэр. | О5о толкуйдуур дьо5ура сайдар, ат хартыынатын пазлы танарга уерэнэр, ат тас керунун, этин – сиинин чааьын, кыыллар о5олорун араарар, «кулунчук» диэн сылгы о5ото буоларын, биэ кини ийэтэ буоларын билэр. | Пазл – оонньуу «Аты танан таьаар», Дид/оонньуу «Мин ийэм ханна баарый?» |
Быыстапка тэрийии: «Сиэл оноьук сылаас тыына» (сылгы сиэлиттэн оноьуктар быыстапкалара). | «Сиэл оноьук сылаас тыына» сылгы сиэлиттэн оноьуктар быыстапкаларын тэрийэр. О5о5о сылгы сиэлиттэн оноьуллар араас туттар тэриллэри кытта билиьиннэрэр. | О5о быыстапка5а сылдьан сиэлтэн оноьуллубут тэриллэри керер- истэр, се5ен – махтайан тутан – хабан билиитэ кэниир, тылын саппааьын байытар. | Сиэлтэн оноьуллубут тэриллэр: дэйбиир, салама, кылтан сэлээппэ, харысхал, сиэлтэн оноьуллубут араас сувенирдар. |
Хоьоон уерэтии «Ат» А.Барто. Артикуляционнай эрчиллиилэр: «Ат туйа5ын тыаьа», «Ат кистиир», «Аты тохтотобут», «Ьат – ьат». | Иитээччи о5о5о «Ат» диэн А.Барто хоьоонун уерэтэр, араас артикуляционнай эрчиллиилэри онорторор, о5о санарар аппаратын сайыннарар, эрчийэр.
| О5о А.Барто «Ат» диэн хоьоонун уерэтэр, ейтен аа5ар. Ат туьунан араас артикул.эрчиллиилэри онорор, тылын эрчийэр. | « Кэскил» хрестоматия (Егорова А.А., Захарова М.П.), ат оонньуур, тараах, артик. Эрчиллии онорорго карточкалар. |
Ырыа уерэтии «Ьат –ьат», Музыкальнай –ритмическай хамсаныылар : «Ат суурэр», «Ат хаамар» | Муз.салайааччы Сергеева Н.В. о5олорго ат туьунан ырыа, ункуу уерэтэр. Иитээччи тереппуттэрдиин о5олору эрчийэн кемелеьеллер (ырыа тылын, хамсаныылары уерэтэллэр) | О5о ат туьунан ырыа ыллыы уерэнэр, музыка тэтимигэр сеп тубэьиннэрэн ат хамсаныыларын онорорго уерэнэр. | Ат буолан оонньуурга туттуллар тэрил (ат муоьата) |
Уруьуй: «Аты киэргэтэбит», «Аппын отунан аьатабын» | Иитээччи о5олору еннеех харандааьынан туруору сурааьыны тардан оту уруьуйдуурга уерэтэр. Гуашь кыраасканы тарбахха буккуйан ат силуэтыгар араас еннеру дьуерэлээн туьэрэргэ уерэтии. | О5о харандааьы сепке тутарга, кене кылгас сурааьыннары тардан уруьуйдуурга, аты киэргэтэригэр ыраастык туттан гуашь кыраасканан тарбахтарынан тегуруктэри туьэрэн уруьуйдуурга уерэнэр. | Гуашь кырааска, салфетка, еннеех харандаас, альбом илииьэ |
Хамсаныылаах оонньуулар: «Атынан куоталаьыы», «Ким тургэнник суурэр» | О5ону ат – палканы «миинэн» тургэнник суурэргэ эрчийии. Иитээччи о5о этин – сиинин сайыннарар, хамсаныы сатабылларын, уеруйэ5ин инэрэр. | О5о зал иьигэр тургэнник суурэр, мастаах суурэригэр сэрэхтээх буолар, о5о хамсанар ке5ун уонна этин – сиинин сайыннарар, араас хамсаныылаах оонньуулары дуоьуйа, астына оонньуур. | Ат төбѳлөөх мас палка |
Остуолга курэхтэьиилээх оонньуу: «Аттар курэхтэрэ» | Иитээччи сана остуол оонньуутун кытта билиьиннэрэр. 2 аты палка5а быаларын эрийэн куоталаьарга уерэтэр, о5о тарба5ын бытархай былчыннарын, илиитин хамсаныытын сайыннарар. | О5о тарба5ын, илиитин сайыннарар, быалаах аты палка5а эрийэн куоталаьарга дьулуьар, кыайда5ына уерэр, дуоьуйар. Быраабыланы тутуьан оонньуурга уерэнэр. | Фанеранан оноьуллубут аттар куоталаьар хонуулара, 2 фанеранан оноьуллубут быалаах аттар |
3 туьумэх Бырайыак тумук тэрээьинэ «О5о сааьым до5оро – мэник – тэник кулунчук» | Иитээччи ат, сылгы туьунан о5о билиитин чинэтэр, о5о ат туьунан ырыа ыллаан, хоьоон аа5ан, музыканан хамсанан ункуулээн ат туьунан ейдебулун кэнэтэр, дьиэ кыылларыгар харыстабыллаах сыьыаны иитэр. | О5о ат, сылгы, кулунчук туьунан билиитин чинэтэр, ат туьунан ырыа ыллаан, хоьоон аа5ан, музыканан хамсанан ункуулээн ат туьунан ейдебулэ кэниир, дьиэ кыылларыгар харыстабыллаах сыьыаннаьар буолар. | Муз.центр, оформления5а кулунчук силуэта, дьиэ кыылларын ойуулара, сахалыы оьуордар, курэхтэьиилээх остуол оонньуута «Аттар курэхтэрэ», хамсаныылаах оонньууга туттуллар 2шт. ат тебелеех мас палка, чорооннор, ус атахтаах остуол, кымыс, о5олор тебелеругэр кэтэр кулунчук сирэйдээх шапочка – атрибут, хас биирдии о5о5о дэйбиир. |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Исследовательский проект «ВОЛШЕБНАЯ ВОДА» Участники проекта: педагоги и дети подготовительной группы. Руководитель проекта: воспитатель Тюленёва Т.А.
Большую роль в экологическом образовании дошкольниковиграет практическая, исследовательская деятельность вприродных условиях. К сожалению, современные дети, особенногородские, имеют весьма огран...
пед.проект "По страницам ВОВ" визитная карточка портфолио проекта, план реализации, проект текстовый вариант, презентация
педагогический проект по патриотическому воспитанию. цель, задачи план реализации содержание....
Проектная деятельность: 1. Проект "Русская березка-символ России". 2. Проект "Молодое поколение выбирает чтение". 3. Проект "Знакомство с произведениями С.Я.Маршака".
Проект - это комплекс действий, специально организованный педагогами и выполняемый детьми и взрослыми участниками проекта.В проектной деятельности в ДОУ принимают участие дети, педагоги, семья. Проект...
Экологический проект «Секреты воды» Тип проекта: познавательно-исследовательский. Продолжительность проекта: краткосрочный (05.12 -20.12).
Муниципальное дошкольное образовательное учреждениедетский сад № 18 «Рябинушка» города Кулебаки [[{"type":"media","view_mode":"media_large","fid":"14033891","at...
Творческий проект «Осень золотая». Краткосрочный Продолжительность проекта: 3 недели; Вид проекта: художественно-творческий
Актуальность: Осень – одно из благоприятных времен года для наблюдений за изменениями в природе. При изучении природных явлений дошкольники обращают внимания на многие признаки этого замечательн...
Творческий проект «Зимняя сказка»; Краткосрочный Продолжительность проекта: 3 недели; Вид проекта: художественно-творческий.
Актуальность: Новый год самый удивительный, сказочный, волшебный праздник, дети ждут его каждый год с большим нетерпением. Можно помочь детям создать своими руками волшебство и сказку с помощью рук, ф...