Уу – олох терде
план-конспект занятия по окружающему миру
Предварительный просмотр:
Тиэмэтэ: «Уу –олох терде»
Сыала: Ого айылҕа туҺунан билиитин, өйдөбулун кэҥэтии: уу туһунан, тыынар тыыннаахха суолтатын быһаарыы. .Огону уу свойстволарын (амтанын, өҥүн, сытын, устугаһын (сүүрүгүрэрин) кытта билиһиннэрии; Оҕону чинчийэр, көрдүүр-ырытар үлэгэ сыһыарыы (опыттар).
Туттуллар матырыйаал: флешка, олбох, схематическай уруьуйдар, доска, магниттар, глобус, стаканнар, воронка, уу, марганцовка, зеленка, трубочкалар, сахар.)
I. ОГО ИС ТУРУГУН СӨРГҮТҮҮ. СОРУК ТУРУОРУУ.
Куобахчааны ыалдьыттыы кэлэр.
- Үтүө күнүнэн! Бугун биһиэхэ ким ыалдьыттыы кэлбитий?
Куобахчаан:
- Оголоор, мин эьиэхэ бугун таабырыннары агаллым. Тулалыыр айылгабыт дьикти доргооннорун, болгойон истиҥ уонна таайын?
(Аудиозапись истиитэ (тыал,этин,уу тыастара)
-.Саамай сөп, уу сүүрэр тыаһа иһиллэр.
Иитээччи:Бугун биһиги уу туһунан кэпсэтиэхпит. Уу туохха нааданый? Биһиги группабытыгар уу хантан кэлэрий? Уута суох сатаан олоруохпут дуо? Уута суох тыынар тыыннаах барыта сүтэр.
II. БИЛИИНИ ЧИНЭТИИ
Хартыыналары керуу.
•“Ууну туохха туттабыт ”
•“Уу кимнэ нааданый?”
- Дуоскага баар хартыыналары көруөхэйин, туох ойууламмытый? Бу хартыыналарга оголор тугу гына сылдьалларый?
-Сетуелуу сылдьаллар.
-Ардах туьэ турар.
-Тыынан уста сылдьаллар.
-Балыктар аквариумна усталлар.
- Бу хартыыналары барыларын туох сибээстиирий? Барытыгар уу баар. Хас биирдии хартыынага биһиги көрөбут ууну.
Глобуьу керуу.
- Бу тугуй? Глобус. Ханнык дьуһүн элбэгий? Халлаан куөҕунэн ууну бэлиэтииллэр. Муоралары, океаннары. Ол иһин биһиги планетабытын «Куөх планета» диэн ааттыыллар.
Хамсаныылаах оонньуу:
Мэник мэник куобахчааммын
Мээнэ мээнэ суурэбин
Ойуоккалыы оонньуубун
Туохтан да куттаммаппын.
III. ОГОНУ КЫТТА ТЭҤҤЭ УЛЭЛЭЭҺИН.
-Билигин биһиги уунан опыттары оҥоруохпут.
Опыт № 1. «УУ-убагас» Хартыынаны көрдөрүү.
- Уу убагас. Кинини иһиттэн иһиккэ кутуоххасөп. Уу убагаһын маннык ойуунан бэлиэтиибит.
Опыт №2. “УУ курдат көстөр – дьэҥкир” Хартыынаны көрдөрүү.
Остуолга 2 стакан. Биир стакан уулаах, иккис үүттээх.
- Оголоор стаканнарга туохтар кутуллубуттарый? Өскөтун ложкалары уктахпытына көстуө дуо? Того ложка көстубэтий?
Опыт №3 «УУ дьуьунэ суох”
- Өссө оголоор уу дьуһүнүн уларытыан сөп. Билигин мин ууга ааптаах кристаллигы кутуом. Уубут хайдах дьүьһүннэннэй ?Дьүһүнэуларыйда дуо?
Опыт№3 «УУ-сыта суох» Хартыынаны көрдөрүү.
2 стакан - бииригэр яблочный сок, бииригэ руу.
Уу сыта суох. Яблоко сыттаах.
Опыт№ 4 «УУ- амтана суох” Харыынаны көрдөрүү.
Трубочкаларбытын ылабыт. Амсайабыт. Саахар кутабыт. Уубут минньигэс буолбут.
IV. ТУМУГУ ЫРЫТЫЫ
Мультфильм “Жила была речка”
Оголорго боппуруос:
-Оголоор уу того суох буолан хаалла? Уу того хомойдо?
Куобахчаан:
-Баьыыбаларын оголоор. Мин уу туһунан олус элбэҕи биллим. Уу тыынар тыыннаахха барытыгар наадалаах, ууну харыстыахтаахпыт.Доҕотторбор бараммын кэпсиэҕим. Көрсуөххэ диэри.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Уйуктаах олох
Түөлбэҕэ кииннэнэн нэһилиэк общественноһын, үөрэҕирии уонна культура эйгэтин тэрилтэлэрин ситимнээн оҕону иитиигэ дьиэ кэргэни уйуктаах олоҕу тутуһууга туһаайыы...