Уйуктаах олох
проект по теме
Түөлбэҕэ кииннэнэн нэһилиэк общественноһын, үөрэҕирии уонна культура эйгэтин тэрилтэлэрин ситимнээн оҕону иитиигэ дьиэ кэргэни уйуктаах олоҕу тутуһууга туһаайыы
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
baryl_nma.doc | 43.5 КБ |
Предварительный просмотр:
МБДОУ ЦРР-д/с «Биhик» им. А.Г. Габышева
“УЙУКТААХ ОЛОХ”
(төрөппүт оҕотун иитиитигэр уйуктаах олоҕу тутуhууга түөлбэҕэ кииннэммит үлэ торума – кулун тутар)
Ноговицына М.А.. иитээччи
2013
Тобул санаа:
Түөлбэҕэ кииннэнэн нэһилиэк обществоннаhын, үөрэҕирии уонна культура эйгэтин тэрилтэлэрин ситимнээн оҕону иитиигэ дьиэ кэргэни уйуктаах олоҕу тутуhууга туhаайыы
Тобул санаа төрүөтэ:
Уйуктаах олоҕу, чөл туругу бары өттүнэн көхтөөх, барыны бары билэ-көрө сатаан ситиhиэххэ сөп. Манна киhи соҕотоҕун буолбакка аймах-билэ дьонунаан, ыалларынаан, быhатын эттэххэ түөлбэннэн тэринэн биир хайысханы тутуhуута төhүү тирэх буолар. Онно эбии араас түмсүүлэр (аҕалар, эбээлэр, дьүөгэлэр уо.д.а.), уонна үөрэҕирии, культура эйгэтин тэрилтэлэрин ситимнээн оҕону иитиигэ эдэр дьиэ кэргэни уйуктаах олоххо туhаайыы көдьүүстээх.
Чөл олохтоох ыал диэн, биhиги өйдүүрбүтүнэн, сэргэх олохтоох, барыга бары көхтөөх, куhаҕан дьаллыгы тумнар, оҕотугар кыhамньылаах,
ил-эйэ сыhыаннаах, таптал уйалаах ыал буолар. Маннык дьиэ кэргэҥҥэ оҕо сайдыыта бары хайысханнан туох да харгыhа суох, айылҕа анаабыт тэтиминэн барар. Оҕо төрөппүттэригэр эрэнэр, ийэтин-аҕатын итэҕэйэр, кинилэри атас-доҕор оҥостор. Эрэнэр эркиннээх, тирэнэр тирэхтээх буола оҕо улаатар. Онон кини бэйэтин дьоhун киhи быhыытынан билинэн аhаҕас, ылбаҕай, дьоҥҥо сайаҕас сыhыаннаах. Оҕо дьэгиттэр сайдан олоҕор ситиhиилээх киhи буолар.
Онон чөл, сэргэх олохтоох дьиэ кэргэн оҕо кэскиллээх олоҕун түстүүр. Ону сорох төрөппүт ситэ өйдөөбөтүттэн соччо аахайбат. Бэйэтин күннээҕи аралдьыйыытынан, “көрдөөх-нардаах” олоҕунан үлүhүйэр – компьютерынан оонньууллар, сериаллары көрөллөр, пиибэлииллэр, табахтыыллар, дьиэттэн быкпаттар. Оҕо иитиитин, оҕону сайыннарыыны улахаҥҥа уурбаттар. Сыыйа сорох кэргэнниилэр аргылааhын кутатыгар обоччолуу ылларан дьиэ кэргэн олоҕо ыhыллар.
Ону сэрэтэргэ, оҕо уйуктаах олоҕун хааччыйарга түөлбэҕэ кииннэнэн нэһилиэк обществоннаhын, үөрэҕирии уонна культура эйгэтин тэрилтэлэрин ситимнээн дьиэ кэргэни чөл олоххо туhаайыыга бу барыл (проект) оҥоhулунна.
Сүрүн сорук:
оҕо уйуктаах олоҕун хааччыйарга түөлбэҕэ кииннэнэн нэһилиэк обществоннаhын, үөрэҕирии уонна культура эйгэтин тэрилтэлэрин ситимнээн дьиэ кэргэни чөл олоххо туhаайыы буолар.
Сылыктааһын:
Өскө:
Оҕо кинигэни көрө, ааҕа улааттаҕына, төрөппүтү библиотекаттан оҕо сөбүлээбит кинигэтин уларсан, оҕотугар күн ахсын айымньыны ааҕа, көрдөрө сырыттаҕына – кинигэни сэргиир, библиотекаҕа элбэхтик сылдьан билиитин хаҥатынар.
Самалык соруктар:
- тулалыыр эйгэҕэ буола турары билэ-көрө сатыырын көҕүтүү;
- кинигэни көрөрүгэр, ааҕарыгар сыһыарыы;
- уус-уран саҥатын, айымньы араас көрүҥнэрин билэн араарыытын ситиһии;
- Төрөппүт оҕотугар кинигэни көрдөрө, аахтара сылдьарыгар эйгэни тэрийии;
- Библиотека үлэтин, үлэһиттэрин оҕону кытта араас тэрээһиҥҥэ кытыарыы, ону оҕону кытта анал тэрээһиҥҥэ дьүөрэлээһин;
Тирэхтэр:
- Нэһилиэк биллэр-көстөр чөл олохтоох дьонун-сэргэтин туһунан матырыйааллар, хаартыскалар;
- күннээҕи олоххо оонньуутугар библиотека/библиотекарь, ааҕааччы, спортсменнар тустарынан оруоллаах оонньуу;
- библиотекаттан чөл олоххо сыһыаннаах араас матырыйааллары уларсан, төрөппүттэргэ биэрэн, оҕоҕо ааҕыы, көрдөрүү.
Сэрэйиллэр харгыстар:
- чөл олоххо тардыһыы бытаана, намыһаҕа;
- пропагандалааһын чопчу, ситэ-хото ыытыллыбата;
- дьон сэргэ библиотекаҕа сылдьара аҕыйаҕа;
Сабаҕаланар түмүктэр:
Оҕоҕо:
- чөл турукка дьулуһуута тупсар;
- тыла-өһө байар, ситимнээх саҥата сайдар;
- дьон-аймах ортотугар көхтөөх кыттыылаах буолар;
- уус-уран айымньыны сөбүлээн ааҕа, истэ улаатар;
- кинигэни сэргиир, библиотекаҕа сылдьар көхтөөх буолар.
Иитээччигэ:
- чөл туруга сайдар;
- айымньы араас көрүҥүн туһунан билиитэ үрдүүр;
- оҕону кытта үлэтин көрүҥэ-ньымата хаҥыыр, саҥа-сонун хайысхалары булан бэйэтэ урамньы туруоран оонньотор;
- оҕону, төрөппүтү библиотеканы кытта үлэтин ситимэ күүһүрэр, сайдар;
- билиитэ, көрүүтэ хаҥыыр.
Төрөппүккэ:
- библиотекаҕа сылдьан кинигэ уларсан оҕотугар ааҕар;
- оҕотун чөл туруктаах буоларыгар сайыннарар;
- оҕотун кытта тэрилтэлэргэ сылдьыыта элбиир;
- атын төрөппүтү кытта алтыһар;
- бэйэтин билиитин-көрүүтүн хаҥатынара күүһүрэр.
Барыл түһүмэхтэрэ:
Тэрээһин түһүмэх:
- олохтоох библиотеканы кытта сибээстэһии, кинигэ уларсыы;
- анал литератураны булуу, таҥыы;
- төрөппүттэргэ анкета, ыйытынньык ыытыы;
- дьиэ кэргэҥҥэ үлэ барылын билиһиннэрии, чөл олох суолтатын ылыннарыы;
- сайыннарар эйгэ тэрийии (чөл олоххо сыһыаннаах кинигэлэри булуу, атастаһыы, уларсыһыы, планшет, презентация, ыстатыйалары булуу, дьиэ кэргэн иһинэн библиотека тэринии,);
Сүрүн түһүмэх:
- барылынан үлэни киллэрэн оҕону, төрөппүтү сэҥээрдэн үлэни ыытыы;
- былыргы кэм саҕанааҕы араас кинигэлэри мунньан, ыалтан хомуйан библиотекаҕа туттарыы
- түөлбэҕэ, детсадка, оскуола көрүгэр-нарыгар - чөл олоххо анаммыт араас тэрээһиннэри ыытыы;
Түмүк:
- төрөппүккэ тургутуу, ыытыы;
- былааны ситэрии, чопчулааһын;
- хаһыакка, сурунаалга ыстатыйа суруйуу;
- төрөппүттэргэ ыйынньык таһаарыы.
Барыл түһүмэхтэрэ:
Тэрээһин түһүмэх:
- анал литератураны булуу, таҥыы, картотека оҥоруу;
- төрөппүттэргэ анкета, ыйытынньык ыытыы;
- сайыннарар эйгэ тэрийии (оҕо библиотеката);
Сүрүн түһүмэх:
- барылынан үлэни киллэрэн оҕону, төрөппүтү сэҥээрдии;
- анал тэрээһин, көр-нар, оонньуулар сценарийдарынан, конспектарынан,
Түмүк:
- төрөппүккэ анкета ыытыы, тургутуу;
- дьиэ кэргэҥҥэ түмүктүүр күрэхтэри ыытыы;
- Былааны ситэрии, чопчулааһын.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Уу – олох терде
Уу – олох терде...