Мунха
план-конспект занятия по окружающему миру (подготовительная группа)
Мунха
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
munha._didakticheskay_oonnuu.docx | 17.48 КБ |
munha_soboloohho.docx | 15.53 КБ |
Предварительный просмотр:
Обугэ сагаттан илдьэ сылдьар торут дьарыкпытын(муцха, муус ылыытын) туьунан 5- 6 саастаах оголорго билиьиннэрии.
Сыала- соруга: Уу - олох терде, олох сумэтэ. Уу туьатын, уута суох олох суох диэн ейдебулу ицэрии.
Оголорго обугэлэрбит былыр былыргаттан билинньээнэ дылы илдьэ кэлбит дьарыктарын туьунан билиьиннэрии.
Улахан дьон улэтигэр ытыктабылы иитии.
Саха сиригэр уескуур собо балык туьунан билиьиннэрии : тас тутулугун, туьатын, ханна уескуурун, тугунан аьылыктанарын.
Балыктыырга сиэри- туому тутуьары кэпсээьин.
Туттуллар тэриллэр: куел макета(мунха,муус ылар чаардар), туттуллар тэриллэр( 1 мунха, 2анньыы,1 хамыйах, 2 суур, 2 ачаах, 1 олуур, 1 кехе, 2утумэх, бэчимэ, 6 нырыы, 1сугэ, 2 лаппаакы, луом), сыаргаллах ат,2 утулуктэр,
- Оонньуу темата: «Муус ылааьына.»
Сыала: муус ылааьын улэтин кытары билиьиннэрии; улэ суолтатын, туьатын,ыараханын ейдетуу; Туттар тэриллэрин кытары билиьиннэрии;
Улахан дьон улэтин ытыктыырга, сыаналыырга уерэтии.
Туттуллар тэрилэ: куел макета, сыар5алаах ат, туттуллар тэриллэр( анньыы, багыыр, лаппаакы).
Оонньуу барыыта:
1.Куелгэ айаннааьын( сыар5алаах атынан)
2.Сиэр-туом( кытыйа, алаадьы)
3.Муус ылыллар сирин хаарын ыраастааьын(2 лаппаакы, утулуктэр)
4.Мууьу анньыы, сурааьын оноруу, кэрчиктэргэ араарыы( 2 анньыы)
5.Мууьу таьаарыы( багыыр)
6.Мууьу сааьылаан туруоруу( анньыы, луом)
7.Тиэйии( сыаргалаах ат,сугэ)
2 оонньуу темата:Муцхалааьын
Сыала- соруга: куьун муцханан балыктыылларын туьунан билиини биэрии; туттар тэриллэрин кытары билиьиннэрии; балыксыт улэтигэр ытыктабылы иитии.
Бэлэмнэнии улэ: балыктары кытары билиьиннэрии, куеллэр туьунан бэсиэдэ, собо хартыыналарын кырааскалааьын.
Кердеруллэр- туттуллар тэриллэр: куел макета, мунха, туттуллар тэриллэр( 2анньыы, 2 кехе, 2олуур, 2 ачаах,2утумэх, бэчимэ, 6 нырыы, лаппаакы, 2 суур, хамыйах).
Оонньуу барыыта:
1.Куелгэ айаннааьын ( сыаргалаах ат).
2.Сиэр- туом( кытыйа, алаадьы)
3. Туьэрии чардаат алларыыта, мунха бэрийиитэ( анньыы,лаппаакы, суур, мунха,)
4.Мунха туьэрии(.кулгаах ойбоннору алларыы, утумэхтэри ыытыы, мунханы туьэрии, тардыы)(мунха,бэчимэ, утумэх,ачаах, олуур, кехе)
5.Нырыылааьын( хахыйахтары кэрдэллэр, нырыы ойбонун алларыы)( анньыы, сугэ, хахыйахтар)
6.Тахсыы чардааты алларыыта( анньыы, лаппаакы, суур)
7.Мунха таьаарыыта( уутун тэбээьин, балык баьыыта, тоноруута)(хамыйах)
8.Уллэриитэ, тиэйиитэ( кууллар, сыаргалаах ат)
9.Байанайга махтаныы
3 оонньуу темата: «Хартыынаны онор уонна кэпсээ»
Сыала: Хартыынаны элбэх кыра чаастартан хомуйтара уорэтии, о5о бол5омтотун, тылын сайыннарыы.
Туттар тэрил: 6 балык хаартыската, 6 кэнбиэр (балыктар чаастара).
Предварительный просмотр:
Соболооххо
Кириил Махсыымап бугун сарсыарда халлаан сырдыыта биэс чааска туран хотонун улэтин бутэрэн, мууьун, маьын бэлэмнээн, сарсыардаанны чэйин иьэ олордо. Бугун табаарыстарын кытары агыс биэрэстэ ыраах Соболоох куолугэр улахан мунхага барыахтаах. Аьаан бутэн атыгар тагыста..ата барахсан ыраах барарын билэн тоботун хонкуннатан тыбыыра корустэ. Сыаргатын атыгар колуйэн баран. Мунхага туттар тэриллэрин: анньылларын, 2ачаах мастарын.тордуох мастарын, хаар курдьэр туора курдьэхтэрин,балкыыр маьын, баайда. «Бугун Баай Байанай мучук гыннар , учугэй харагынан кордор элбэх собо ылыахпыт этэ»диэн ботугуруу ботугуруу эмээхсинэ буьарбыт алаадьытын котуомкатыгар угунна.
Кириил сыаргатыгар олорон, атын ьайдаан дьонун хомуйа барда. Бастаан Лоьоороп Уйбааны ылла. Киьитэ таьырдьа кэтэьэн турар эбит. Онтон Арамаанап Бииктэргэ тиийдилэр, киьилэрэ дьиэтиттэн бу тахсан кэллэ. Атын колуйэн, сыаргатыгар мунхатын,бэчимэтин, сугэтин баайан бэлэмнээн тоьуйда.Куо-дьаа кэпсэтэ кэпсэтэ икки сыаргалаах атынан, агыс чааска Соболоох куолугэр тиийдилэр. Тиийбиттэрэ номнуо бииргэ мунха туьэрэр дьонноро кэлэн , синньигэс хатыннары быьан ньырыыларын бэлэмнээн куолгэ чугаьыппыттар. Куол кытыытыгар кутаа оттунан куоллэрин алаадьынан кундулээн, куол иччититтэн Куох Боллохтон кордоьон алгаан баран, дьон куол устун таргаьан, улэлээн бардылар. Бастаан хаар курдьэн, чардааттарын аллардылар, сорохтор мунхаларын бэрийдилэр. Уьун мас кээмэйинэн кулгаах ойбон аллардылар, бэчимэлэрин мастарыгар баайан, уьун мастарын (утумэх)суурдэллэр, тордуох мастарынан олуйан ылан, бэчимэ быаларын кулгаах ойбонунан таьаараллар. Дьэ онтон мунхаларын туьэрдилэр, утумэхтэрин куол икки оттунэн ойбон аллара аллара , куол устун сууртулэр. Нырыыьыттар куол кытыытыгар нырыылыыллар. Тыас таьааран, буору кобутэн балыгы мунхага уурэллэр. Таьаарар чардаакка мунхаларн тириэрдэллэр уонна балык куоппатын диэн 3-4 киьи икки кынаты холбуу баттык маьынан баттыыллар, онтон саамай куустээх киьилэрэ- самахчыт мунханы тардар. Мунха икки кыната тагыстагын аайы икки оттугэр дьон туран тэбээн, куурдаллар, балыгын, богун ыраастыыллар. Мунха ийэтэ дьэ кэлэр. Балыгы баьаллар уонна эрдэ хаары курдьэн бэлэмнээбит муустарыгар балыктарын тэниччи куталлар. Кунус биир чаас сагана мунхаларын таьаардылар. Куол иччитэ Куох Боллох мичик гынна- 20 куул балык биэрдэ. Учугэй, бодон балык кэллэ. Балыктарын бары тэнньэ уллэстэллэр.учугэйдик улэлээбит дьонньо эбии олуулууллэр.уорэн- котон дьон аттаах сыаргаларыгар кууллаах балыктарын, мунхаларын, туттар тэриллэрин тиэнэн дьиэлэригэр таргаьаллар.Куолгэ туга да хаалларбаттар. Нырыы мастарын куол кытыытыгар чомохтуу уураллар. Дьон сибиэьэй балыгы сиэн абыраныа этэ.