Авторская методика «Аптаах музыка дойдута»
учебно-методический материал (старшая группа)
Биһиги иннибитигэр ахтыыбынай уонна билэр баҕалаах көлүөнэни иитии соруга турар. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитиигэ тус сыаллаах хайысхалартан биирдэстэрэ музыка буолар. Онно тирэҕирэн, бастатан туран, бэйэм педагогическай үлэбэр саҥа ньыманы үэрэттим. Ол курдук оҕону кытта үлэлииргэ «Аптаах музыка дойдута» диэн лэпбук оҥордум.
Сыала: музыкальнай иитиигэ оҕо көхтөөх буолуутун хааччыйыы, уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго, уус-уран эстетическай сайдыытын процеһыгар, араас практическай үлэни тэрийии.
Соруга:
- оҕолору араас музыкальнай уонна тыастаах - уустаах инструменнары кытта билсиһиннэрии;
- музыкальнай жанрдар тустарынан бигэ өйдөбүллэри үөскэтии;
- оҕону «дорҕоонноохтук» уонна «аргыый», «түргэнник уонна бытааннык», «үрдүк дорҕоон» уонна «намыһах дорҕоон» өйдөбүллэри араарарга үөрэтии.
Лэпбук ФГУОС ирдэбилигэр эппиэттиир предметнэй – сайдыылаах, эйгэ ирдэбиллэригэр эппиэттиир.
- дидактическай суолталаах;
- оҕо уус - уран эстетическай сайдыытын средствота буолар, кинини искусство эйгэтигэр сыһыарыы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
aptaah_muzyka_doiduta_777.docx | 1004.24 КБ |
Онлайн-тренажёры музыкального слухаМузыкальная академия
Теория музыки и у Упражнения на развитие музыкального слуха для учащихся музыкальных школ и колледжей
Современно, удобно, эффективно
Предварительный просмотр:
Муниципальнай Бюджет Үбүнэн Хааччыллар
Оскуола Иннинээҕи Үэрэҕин Тэрилтэтэ
Дүллүкүтээҕи Оҕону Сайыннарар Киин - "Кустук" Уһуйаан
678240 Саха Республиката, Үэһээ Бүлүү улууһа, Дүллүкү нэһилиэгэ, у. Чыыйык 11.
Лэпбук
«Аптаах музыка дойдута»
орто, улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар анаан
(ааптар бэйэтэ айбыт ооньуута)
Музыкальнай салайааччы: Степанова
Аида Владимировна
(+79679263629)
Биһиги иннибитигэр ахтыыбынай уонна билэр баҕалаах көлүөнэни иитии соруга турар. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитиигэ тус сыаллаах хайысхалартан биирдэстэрэ музыка буолар. Онно тирэҕирэн, бастатан туран, бэйэм педагогическай үлэбэр саҥа ньыманы үэрэттим. Ол курдук оҕону кытта үлэлииргэ «Аптаах музыка дойдута» диэн лэпбук оҥордум.
Сыала: музыкальнай иитиигэ оҕо көхтөөх буолуутун хааччыйыы, уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго, уус-уран эстетическай сайдыытын процеһыгар, араас практическай үлэни тэрийии.
Соруга:
- оҕолору араас музыкальнай уонна тыастаах - уустаах инструменнары кытта билсиһиннэрии;
- музыкальнай жанрдар тустарынан бигэ өйдөбүллэри үөскэтии;
- оҕону «дорҕоонноохтук» уонна «аргыый», «түргэнник уонна бытааннык», «үрдүк дорҕоон» уонна «намыһах дорҕоон» өйдөбүллэри араарарга үөрэтии.
Лэпбук ФГУОС ирдэбилигэр эппиэттиир предметнэй – сайдыылаах, эйгэ ирдэбиллэригэр эппиэттиир.
- дидактическай суолталаах;
- оҕо уус - уран эстетическай сайдыытын средствота буолар, кинини искусство эйгэтигэр сыһыарыы.
«Аптаах музыка дойдута»
Музыкальнай - дидактическай пособия орто, улахан уонна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах оҥоһулунна.
Паапка страницаларыгар араас хармааннар уонна хаартыскалар бааллар, онно оҕо музыкальнай дьоҕурун сайыннарыыга туһуламмыт дидактическай оонньуулар уонна сорудахтар бааллар.
- «Билигин дьыл ханнык кэмэй?»;
- «Бүгүн тугу гынабыт?» (ыллыыбыт, үҥкүүлүүбүт, хаамабыт);
- «Сирэйчээн»;
- «Фортепиано уонна көрдөөх ноталар»;
- «Ноталары сөпкө уур»;
- «Күлүгү бул»;
- «Лабиринт»;
- «Күлүккэ сөпкө уур»;
- «Хартыынаны сөпкө холбоо»;
- «Уратыны бул»;
- «Таабырыннар»;
- «Музыкальнай интструменар ааттара»;
- «Музыкальное лото»;
- «Билигин дьыл ханнык кэмэй?»
Сыала: оҕо хараҕынан бол5ойон көрөн, билигин ханнык дьыл кэмэ буола турарын, ойуулары сөпкө ууран биэрэрин ситиһии. Саҥарар саҥатын сайыннарыы.
- «Бүгүн тугу гынабыт?»
Сыала: оҕо хартыынаны көрөн сөпкө эппиэттиирин ситиһии. Болҕомтолоох буолууну иитии.
- «Сирэйчээн»
Сыала: оҕо саҥарар саҥатын сайыннарыы, сирэйчээни сөпкө көрөн, сөптөөх эппиэти этэрин ситиһии.
- «Фортепиано уонна көрдөөх ноталар»
Сыала: оҕолорго көрдөөх ноталар ааттарын билэргэ үөрэтии, фортепиано клавиатурата маҥан-хара буоларын билиһиннэрии.
- «Ноталары сөпкө уур»
Сыала: оҕо ноталары илиитинэн тутан сөпкө уурарын ситиһии. Болҕомтолоох буолууга үэрэтии.
- «Күлүгү бул»
Сыала: оҕо сөпкө сатаан булар дьоҕурун сайыннарыы, болҕойон көрөн сөпкө уурарын ситиһии.
- «Лабиринт»
Сыала: оҕо болҕойон көрөн илиитинэн батыһыннаран музыкальнай инструмент аҥарын сөпкө булан уурарын ситиһии.
- «Күлүккэ сөпкө уур»
Сыала: оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, музыкальнай инструменнар ааттарын билэрин ситиһии.
- «Хартыынаны сөпкө холбоо»
Сыала: оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, хартыынаны сөпкө талан таһаарарын ситиһии.
- «Уратыны бул»
Сыала: оҕо ханнык музыкальнай инструмент ордугун буларын ситиһии, тоҕо ордугун быһаарарга үөрэтии.
- «Таабырыннар»
Сыала: оҕо болҕойон олорон истэн сөпкө таайарын ситиһии, музыкальнай инструменнар тустарынан быһаарыы.
- «Музыкальнай инструменнар ааттара»
Сыала: музыкальнай инструменнар ааттарын билэллэрин ситиһии, санарар саналарын сайыннарыы.
- «Музыкальнай лото»
Сыала: оҕо болҕойон көрөн музыкальнай инструмент ойуутун сөпкө уурарын ситиһии.
Холбука иһигэр оҥоһуллубут лэпбук туһаныыта тумуктэннэ. Оҕолор лэпбук тэрийии саҥа көрүҥүн туһанан музыкальнай дьарыкка интэриэстэрэ биллэ үрдээтэ.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Применение постизометрической релаксации (ПИР) и артикуляционной гимнастики по авторской методике Микляевой Ю.В.Коррекция звукопроизношения, автоматизация звука [Р] в открытых слогах.
Использование современных образовательных технологий. Задания по автоматизации звука [Р] направлены на развитие фонематического слуха, развитие звуко-слогового анализа....
Конспект логопедического занятия по обучению грамоте.Тема: «Звук и буква Т» для детей 5-6 лет с использованием авторской методики Н. А. Зайцева.
Развивать зрительное внимание и память,используя таблицы, кубики и картинки Зайцева...
Самоанализ логопедического занятия по обучению грамоте. Тема: «Звук и буква Т» для детей 5-6 лет с использованием авторской методики Н. А. Зайцева.
Как кубики Зайцева помогают на занятиях по обучению грамоте...
Авторская методика "Слушание музыки в старшей группе с использованием мнемотехники"
Цель: способствовать лучшему запоминанию материала. Задачи: Помочь детям запомнить материал занятия (имя композитора, название произведения, жанр и лад музыки, характер, части, изобразительность ...
Из опыта работы Михайловой Татьяны Евгеньевны воспитателя МБДОУ «Детский сад «Сказочная поляна». Тема: «Развитие интеллектуально-творческих способностей дошкольников посредством авторской методики развивающего обучения логические блоки Дьенеша».
Разработанные методические рекомендации могут быть использованы в практической деятельности педагогами ДОУ....
Роль игры в развитии математических представлений у дошкольников: использование авторских методик
Статья Васильевой В.В. о роли игры в развитии математических представлений у дошкольников....
Применение авторской методики Т.А. Боровик «Двигательное двухголосие» в совместной музыкальной деятельности детей, родителей и музыкального руководителя ДОО.
Актуальность работы с родителями определяется тем, что детский сад – это первый внесемейный социальный институт, в котором начинается систематическое педагогическое просвещение родителей. ...