Кинигэ - билии-керуу бараммат бай5аллара, ей-санаа уостубат кылаата. Тереппуттэргэ субэлэр
консультация

Попова Наталья Владимировна

Советы родителям

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл terepputerge_subeler.docx19.14 КБ

Предварительный просмотр:

Кинигэ  —  билии-керуу бараммат бай5аллара, ей-санаа уостубат кылаата.

          Кинигэ  —  билии-керуу бараммат бай5аллара, ей-санаа уостубат кылаата. КиЬи аймах келуенэттэн келуенэ5э, уйэттэн уйэ5э муспут баай уоппута, билбитэ  —  кербутэ барыта кинигэ5э киирэр. Ол иЬин кинигэттэн ааспыт уйэлэри билэбит, кэлэр кэмнэри саба5алыыбыт. Кинигэ баар утуе5э-кэрэ5э уерэтээччи, киЬи дууЬатын байытааччы, чувстваны куурдээччи-кууЬурдээччи, билии биэрээччи, утуе санааны угааччы.

          Сорох о5олорбут уерэхтэригэр мелтехтере биир тутаах биричиинэтэ  —  сатаан аахпаттарыгар, кыра саастарыттан кинигэни кытта до5ордоспотторугар буолар.

          Манна туох субэлэри биэриэххэ себуй?

  1. О5о 3-4 сааЬыттан ийэ, а5а кыра ойуулаах кинигэлэри о5ону кытта керуехтээх, кэпсиэхтээх, соро5ун ейтен аа5арга уерэтиэхтээх. Кинигэни харыстаан тутарга субэлиир.
  2. О5о сылтан сыл истэр дьо5ура сайдар, сатаан ыйытыыга эппиэттиир. ЫрытыЬар, кэпсиир буолар. Кэпсээн геройдарын кытта тэннэ  уерэр, хомойор.
  3. Тереппут о5отун кытта бииргэ олорон кинигэни керере, аа5ара наада.
  4. Тереппут бу курдук улэтэ,  о5о оскуола5а киирдэ5инэ биллэр. Кыра сааЬыттан кинигэни до5ор оностубут о5о оскуола5а киирэригэр буукубалары эрэйэ суох билэр, ессее ону ааЬан. Оскуола5а киирэригэраа5ан киирэр.
  5. Сатаан аахпат о5о суруйарыгар олус ыарыр5атар.
  6. Аа5ыан ба5арбат о5о5о дьиэ кэргэн бары кемелеен интэриэЬиргэтэр улэни ыыталлар: себулуур тематыгар аа5ыы, талан аа5ыы, интэриэЬиргэтэн аа5ыы, оонньуулары киллэрэн аа5ыы, купц. 3-4 тегул 5-тии мунуутэ аа5ыыны тэрийии, улахан шрифтах, а5ыйах страницалаах, кыракый кинигэлэртэн аахтарыы.
  7. О5о5о бэйэ аахпыт, себулуур кинигэтин аахтарарга субэлээЬин.
  8. Бары бииргэ олорон аахпыт кинигэ туЬунан кэпсэтиЬии улахан оруоллаах. О5о аа5арыгар ейдебуллээхтик аа5ар буолар.

7 саастаах о5о кинигэни себулээбэт буолла5ына, бу олус куЬа5ан. Бу туЬунан улуу педагог  В.А. Сухомлинскай: «Ескетун о5о кыра сааЬыттан кинигэни таптыы уерэммэтэх, кини оло5ун устатыгар ис дууЬатын кердебулэ буолбатах буоллун, оччо5о о5о дууЬата 13-14 сааЬыгар кураанах буолуо. Маннык о5оттон толору учугэй киЬи тахсыа диэн эрэниэххэ сатаммат.»

          Кунду тереппуттэр  —  улуу педагог биЬигини сэрэппит  —  кинигэни аахпатах, дууЬата кураанах о5оттон учугэй киЬи тахсыбат эбит.

          Сеп сайдыылаах о5о 1о сааЬыттан иннибэккэ аа5ар. Сатаан аа5ыы диэн туох суруллубутун ейдеен аа5ыы буолар.

          СуЬуе5унэн аа5ар о5о суЬуе5уэрэ таба аа5арга ейе- санаата барар, ис хоЬоонун ейдеебет, оччо5о аа5ыы ыарахан улэ5э киирэр. Дьэ мантан сылтаан о5о кыайан уерэммэт.

          13-14 саастарыгар о5олор урут уксун кинигэ геройдарын утуктэ сатыыллара дии. Холобур, «ыстаал хайдах хатарыллыбытай?».

          О5о кинигэ аа5арыгар ыйан-кэрдэн субэлээн биэрии наада.

          Ескетун дьиэ5э тереппут аахпат буолла5ына, ол ыал о5отуттан учугэй аа5ааччы тахсара ыарахан.

          Олоххо холобур кердерерунэн, учугэйдик уерэнэр о5олор уус-уран литератураны элбэхтик аа5аллар.

          Субэлэр:

  1. О5ону кытта дор5оонноохтук 10-15 мунуутэ кун аайы аа5ын.
  2. А5ыаххыт иннинэ хоЬу салгылатын, остуолтан о5ону аралдьытар маллары хомуйун.
  3. О5о сылайда5ына физминутканы онорун.
  4. О5ону себулээн керен хай5аан.
  5. Сана кинигэни кытта билсиЬиигэ бастаан таЬын, суруйааччытын, кинигэ аатын керун.
  6. Кинигэни лииЬинэн ойууларын керун.
  7. Бу кинигэ туох туЬунан суруллубутун быЬаарсын.
  8. Кинигэни ыксаабакка аа5ын.

                                                                     Тереппуттэргэ субэлэр.

О5олор олохтон олорорго уерэнэллэр, ескетун:

  • О5ону еруу сэмэлиир буоллаххына, кини абааЬы керерге уерэнэр;
  • О5ону кулуу гынар буоллаххына, кини санарбат буолар;
  • О5о дьоннорун ортотугар кыыЬырсыыга олорор буолла5ына, агрессивнай буолар;
  • О5о5о элбэхтик сыыЬатын булар буоллаххына, кини оло5ор буруйдаах курдук сананан улаатар;
  • О5о тулуурдаах буоларга иитиллэр буолла5ына, атын о5ону тулуйар;
  • О5ону санаатын кете5ер буоллаххына, кини бэйэтигэр эрэлэ кууЬурэр;
  • О5ону хайгыыр буоллаххына, кини махтанарга уерэнэр;
  • О5ону чиэЬинэй гына ииттэххэ, кини кырдьыксыт буолар;
  • О5о тулалыыр эйгэ5э эрэнэр буолла5ына, кини дьону эрэнэр буолар;
  • О5ону ылынар, себулуур буоллаххына, кини тапталы итэ5эйэр.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий новогоднего утренника":Новый год" проводил утренник Санаа Алла Александровна

В гости к детям приходят клоуны Клепа и Кнопа. Дети поют песни и танцуют....

Сценарий: выпуск в школу". проводила утренник Санаа Алла Александровна

Главный герой Незнайка  провожает детей в школу....

О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга кэрчик субэлэр

О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга араас ньымалар бааллар. Бу ньымалары сепке туьаныы, о5о санатын сайыннарыыга олус кедьуустээхтэр....

Конспект НОД "Доруобуйа баар - бараммат баай"

Конспект НОД для детей старших групп на якутском языке....

доруобуйа баар бараммат баай

конспект открытого занятия на тему доруобуйа баар бараммат баай...

О5о санатын сайыннарарга кэрчик субэлэр

О5о санатын киьи бэйэтэ дьиэтигэр эрчийэр усулуобуйаны тэрийиэхтээх. О5ону ытыьын таьыннаран, тарбахтарын биирдии-биирдии олордон эрэ имитэн, ытыьыгар баар ньиэрбэлэрин угуьуннаран, ити ытыьыгар баар ...

Конкурс для родителей «Тыл баар – бараммат баай»

Конкурс для родителей «Тыл баар – бараммат баай»...