"Аптаах ахсаан сундууга" математическай квест-оонньуу
план-конспект занятия по математике (подготовительная группа)

Попова Наталья Владимировна

Квест-игра

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл matematika.docx30.71 КБ

Предварительный просмотр:

Математическая квест-игра

«В поисках математического сундука»

Цель: Обобщить математические представления детей подготовительной к школе группы в ходе квест-игры

Задачи:

Образовательная:

 - закрепить программный материал (геометрические фигуры, ориентировка в пространстве и во времени, порядковый и количественный счет, умение соотносить цифру с соответствующим количеством предметов, решение арифметических задач, состав чила 10);

Развивающая:

 - развивать интерес, творческие способности, воображение, поисковую активность, стремление к новизне;

Воспитательная:

 - воспитывать толерантность, навыки сотрудничества в коллективной работе.

Материал и оборудование: письмо с конвертом, запись, ковшик, рисунок повара из геометрических фигур, геометрические фигуры (треугольники, многоугольники, трапеции, овалы, квадраты, прямоугольники, круги), 4 тарелки, циферблат, цифры от 1 до 12, флешка, презентация с задачами, мягкие проволоки 12 шт.,  «домик» числа 10, мел, доска, следы, сундук с математическими играми.

Словарная работа: холбуйа, ыйынньык

Ход игры:

Иитээччи: Оголоор, бу сарсыарда мин сурук туттум. Кимтэн буолуой? Аагабыт дуо?

«Кунду «Кунчээн» белех оголоро! Эьиэхэ мин, профессор Уйбаан Сыыппарабыс суруйабын. Мин наьаа учугэй Ахсаан куоратыгар олоробун уонна араас математическай наукаларынан дьарыктанабын. Мин эьиги математиканы сэргииргитин истэммин эьиэхэ дьикти холбуйаны ыыттым. Бу холбуйам иьигэр математикага сыьыаннаах араас интэриэьинэй  оонньуулар бааллар. Оонньоон, дьарыктанын, сайдын уонна миигин умнуман! Холбуйабын олунньу 27 чыыьылатыгар, сарсыарда нэдиэлэ уьус кунугэр кэтэьин»

Иитээччи: Наьаа учугэй сурук дии, оголоор? Посылка тутар буолбуппут! Кэтэьэр буоллахпыт дии. Хаьыс куннэ диэбитий? Ол аата нэдиэлэ ханнык кунэй? Онтон бугун ханнык кунуй? Бугун сэрэдэ, олунньу 27 кунэ. Посылкабыт бугун кэлиэхтээх эбит дии. Ол эрээри почтальон миэхэ бу суругу эрэ тиксэрдэ. Дьикти дии. Багар посылканы группага киллэрэн ууран баран этиэхтээгин умнан кэбиспитэ буолаарай? Кердуубут дуо? (посылканы кердууллэр, запись холбонор)

Запись: «Ээй, огочоостор! Кердеемен тугу даганы! Мин Ахсаан куорат саамай кутталлаах куьаган олохтоого Сыыппара естееге буолабын. Мин эьиги холбуйагытын ким да булбат сиригэр кистээбитим, хаьан да булуоххут суога! Уонна утуе санаалаах куорат олохтоохторун барыларын уруе-тараа ууртэлээтим. Билигин бу куоракка мин тойоммун! Ол эрээри суолбун кистии сылдьан сыыьа-халты туттан араас кеме маллары хаалларбыппын. Олору алгас булан кэбистэххитинэ багар холбуйагытын булуоххут».

Иитээччи: Туох диэтэ, ити?

Оголор: Кеме маллары хаалларбыт!

Иитээччи: Оччогуна ол маллары булуохпутун наада дии! Сыыппара куорат олохтоохторун барыларын булан, холбуйабытын тенуннэриэхтээхпит. Ыарахан согус сорук буолла. Кыайыахпыт да, оголоор?

Оголор: Кыайыахпыт!

Иитээччи: Оччогуна бастаан биьиги кеме маллары кердуехпутун наада. Ол малларбыт араас буолуохтарын сеп. (кердууллэр, хомуос булаллар)

Иитээччи: Арааьа бастакы малбытын буллубут быьыылаах. Тугуй бу? Того манна оонньуурдарга сытарый? Кимиэнэй бу? Ханна баар буолуохтаагый? Тугу гыналларый манан?

Иитээччи: Оччогуна иьит ыскаабыгар барыаххайын эрэ, багар онно туох эрэ ыйынньык баара буолуо. (ыскаапка кэлэллэр, сурук булаллар. Геометрическай фигуралартан повар уруьуйдаммыт).

«Дорообоолорун оголоор! Мин аатым Геометрия Фигуровна. Мин Сыыппара куоратыгар поварынан улэлээбитим, куорат олохтоохторун араас минньигэс геометрическай астарынан кундулуурум. Ону куьаган санаалаах Сыыппара естееге миигин манна ыытан кэбистэ. Билигин мин тугу да сатаан астаабаппын, ол аата дойдубар хаьан даганы теннубэппин».

Иитээччи: Оголоор, Геометрия Фигуровнага кемелеьебут дуо? Оччого салгыы аагыаххайын, тугу гынарбытын.

« Мин 4 керун аьы астыахтаахпын:

- элбэх муннуктаах фигуралартан миин (многоугольниктар);

- муннуга суох фигуралартан компот (тегурук, ньолбогор);

- 4 муннуктаах фигуралартан пирог (квадрат, уьун кене муннук, трапеция);

- элбэх уонна туерт муннуга суох фигуралартан хааьыны (ус муннуктар)

Баьаалыста миэхэ бу фигуралары буларга кемелеьун! 10 чааска диэри барытын астыахпын наада. Дьиэбэр теннуехпун наьаа багарабын».

Иитээччи: Сатаан кемелеьебут дуо, оголоор? 4 иьиккэ 3-туу буолан фигуралары хомуйуоххайын. (Сорудахтары толороллор)

Иитээччи: Маладьыастар! Наьаа тургэнник Геометрия Фигуровнага кемелестубут, билигин кини наадалаах астарын астыы охсон дойдутугар теннуе. 10 чааска диэри диэбитэ дии, хас чаас буолбутуй? Ээ, Сыыппара дойдутугар атын чаьылаахтар, биьиги чаьыбыт барсыбат.

Иитээччи: Хайа, бу чаьыыбытыгар тугу эрэ иилбиттэр. (алдьаммыт чаьы)

Иитээччи: Оо, бу эмиэ Сыыппара естееге алдьаппыт быьыылаах! Сатаан оноруохпут дуо,  оголоор? (оголор сыыппаралары миэстэтигэр туруораллар, 10 чаас буолбут диэн туруораллар).

Иитээччи: Дьэ билигин учугэй! Геометрия Фигуровна дойдутугар теннер буолла! (флешка туьэр)

Иитээччи: Хайа, бу тугуй оголоор? Манан тугу гынабытый? (оголор проектор иннигэр олбохторугар олороллор)

Иитээччи: Бары миэстэгитин булан олрдугут дуо? Витя, уна еттугэр ким олороруй? Юля, ханас еттугэр ким олороруй? Вова, кэннигэр ким баарый? Кира, иннигэр ким олороруй?

1 слайд. Дорооболорун, оголоор! Мин Сыыппарка принцессабын. Биьиги куораппытыгар туох алдьархай буолбутун эьиги бары билэгит. Сыыппара естееге биьигини уурбутун кэннэ сыыппаралар бары кенен хаалбыттар. Билигин ханнык сыыппара хайдах быьыылаагын сатаан ейдеебеппут, эьигини кемелеьуехтэрэ диэн олус эрэнэбин».

Иитээччи: Кемелеьебут дуо, оголоор? Ол гынан баран хайдах кемелеьебут?

2 слайд. «Биьиэхэ задачалары суоттаан кемелеьун, задача эппиэтин сымнагас палочкалартан онорон кердерун. Араас еннеех палочкалары экран анныттан булуоххут».

3, 4, 5, 6 слайд (задачалар).  

7 слайд. «Баьыыбаларын, оголоор! Сыыппараларбыт хайдахтарын ейдеетубут, ол гынан баран билигин даганы  дьиэбитигэр сатаан теннубэппит, того диэтэххэ дьиэлэрбит кулууьунэн хатанан тураллар. Арыйар наадатыгар хас биирдии сыыппараны бэйэтин дьиэтигэр олордуохха наада. Уна диэки хайыьын, оччогуна кинилэр дьиэлэрин булуоххут» (оголор сорудагы толороллор).

8 слайд. «Эьиги кемегутунэн дьиэбитигэр теннер буоллубут. Махтанан туран эьиэхэ бэйэбит ыйынньыкпытын хаалларабыт, болгойон керун».

Иитээччи: Бу тугуй оголоор? Туох диэн тылый? Мин маннык тылы билбэппин дии. (Дуоскага буукубалары сыыппараларынан бэрээдэктээн туруоралар, «АТАХ СУОЛА диэн тыл тахсар).

Иитээччи: Хайдах курдук маладьыас оголоргутуй! Ол гынан баран ким атагын суолай уонна ону хантан булабытый? (оголор атах суолун булаллар, атах суола холбуйага тириэрдэр).

Иитээччи: Бу баар эбит дии, Уйбаан Сыыппарабыс ыыппыт баьыылката! Хата буллубут! Туох баар эбитий холбуйа иьигэр? Тыый! Араас оонньуулар бааллар эбит! Биьиги уерэ-кете ооньууохпут, суоттуохпут, ессе да элбэги билиэхпит!

Рефлексия:

- хайдах гынан буллубут холбуйаны?

- кимиэхэ кемелустубут?

- профессор тугунан дьарыктанарый?

- Геометрия Фигуровна диэн кимий?

- ханнык сорудахтары ыарыргаттыгыт? Того?

- маладьыастар! Бугун эьиги ессе тегул булугас ейдееххутун, эйэлээххитин, оскуолага барарга бэлэм буолбуккутун кердердугут!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Орто бөлөххө ахсаан дьарыгын барыла

Бу дьарык барыла оскуолаҕа киириэн иннинээҕи орто саастаах оҕолор үөрэх дьылын устата ахсаан дьарыгар ылбыт билиилэрин чиҥэтэр суолталаах....

Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан

Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан(орто белеххе ахсаан дьарыга)Сыала: сыыппаралары, ахсааны, быьыылары, кэриннэри, еннеру, кун тутулун чинэтииСоруктара:          ...

Ахсаан дьарыгар квест оонньуу

Кылаат кулууьун арыйаары сорудах толороллор. Сорудах толордохторун ахсын кулуус бэриллэр....

Ахсаан дьарыгар орто бөлөххө аһаҕас дьарык

Сыала уонна соруктара:Уерэтэр соруктар:- предмет ахсаанын аа5арга, кэрискэ ахсаацца, икки беле5у ахсаанынан тэцниир ньымаларга эрчийии;- геометрическай фигуралары уонна кээмэй ааттары чицэтии;Сайыннар...

Орто бөлөх оҕолорун ахсаан дьарыгын тутула «Шахмат дойдута»

Сыала соруга: - Шахмат эйгэтинэн о5о ейдуур кыа5ын сайыннарыы- 10 диэри ахсааны, геометричэскэй бугуурэлэри хатылааьын- Саахымат фигураларын ааттарын, турар миэстэлэрин уерэтиини бигэргэтии- Шахмат оо...

Технологическая карта "Ахсаан"

Орто болох оголоругар ахсаан дьайымалын технологическай картата...