Кружок по бисероплетению "Аптаах о5уруо"
материал по конструированию, ручному труду (старшая, подготовительная группа) на тему
Улахан саастаах о5олорго анаан о5уруоннан тиьии бастакы хардыыларыгар уорэтии
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
biser.kruzhok.doc | 83 КБ |
Предварительный просмотр:
Бисер – араас оҥоhуктары оҥорорго аналлаах матырыйаал буолар. Бу курдук дьарыктанан, оҕолор бэйэлэрин илиилэринэн араас кэрэ көстүүлээх оҥоhуктары оҥорорго үөрэнэллэр. Араас оҥорон таhаарар ньымаҕа үөрэнэллэр, тарбахтарын былчыҥын уонна харахтарын эрчийэн сайыннараллар.
Сыала:
-оҕо кэрэни өйдүүр дьоҕурун сайыннарыы
- тарбахтарын былчыҥнарын эрчийии
Иитэр соруктар:
- болҕомтолоох, толоругас буоларга, сыалы тутуhарга, бэйэ – бэйэҕэ көмөлөөх буоларга иитии
- оҕуруоннан тиhии былыр – былыргаттан кэлбит искусствоҕа интэриэhи үөскэтии
Υөрэтэр соруктар:
- бисер оҥоhуктарын кытта билиhиннэрии
- оҕуруоннан тиhии ньымаларыгар үөрэтии
Сайыннарар соруктар:
- айар, кэрэни көрөр дьоҕурун сайыннарыы
-ойуулуур – дьүhүннүүр дьоҕурун сайыннарыы
- Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы
Оҕуруоннан тиhии бырагыраамма көҕүлүүр:
- оҕо тула өттүттэн сайдарын сайыннарыыга
- ойуулуур - дьүһүннүүр искусство туһунан өйдөбүлү биэриигэ
- билэр – көрөр дьоҕурун сайыннарыыга
- бэйэ – бэйэгэ көмөлөсүhэн, өйдөhөн айар – тутар эйгэни тэрийиигэ
-туруоруммут сыалын – соругун ситиhиигэ
-өҥү сөпкө дьүөрэлии тутар дьоҕурун сайыннарыыга
- искусстваны кытта билсиhиигэ
- оҕуруоннан оҥоhуктарга кэрэни өйдөөн көрөргө
- айар – ойуулуур үлэҕэ үөрэтиигэ
- ойуулаан көрөр үөрүйэҕин сайыннарыыга
Оҕуруоннан тиhэн үөрэтиигэ биирдиилээн үлэ ыытыллар. Ый аайы теманнан арахсан дьайымаллар ыытыллаллар. Ый аайы бастакы ыытыллар дьайымаллар тиhиигэ үөрэтиилэр буолаллар, онтон кэлин кэлэр дьарыктаныыларга ылбыт билиилэрин – көрүүлэрин бигэргэтэллэр, хатылыыллар. Дьарыктанннахтарын ахсын, улам оҕолор бэйэлэрэ оҥороллоро улаатан, элбээн иhэр. Бэйэлэрэ өйтөн оҥороллоругар эрдэ ылбыт билиилэрин ньымаларын тутталлар.
Υөрэтэр соруктарынан буолаллар – матырыйаалы кытта билиhиннэрии, тиhии ньымаларын баhылааhыҥҥа үөрэтии, боростой быhыылары тиhэн оҥорорго үөрэтии, айар дьоҕурдарын сайыннарыы.
«Аптаах оҕуруо»
Куруhуок кэлэр өттүнээҕи былаана
Балаҕан ыйа
«Оҕуруону кытта билиhиннэрии»
Соруктар:
- Оҕуруоннан тиhиини кытта билиhиннэрии
- Оҕолору оҕуруоннан тиhии бастакы ньымаларын кытта билиhиннэрии
- Саҥа билиини уонна сатабылы ылыналларыгар интэриэстэрин тардыы
- Билиилэрин – көрүүлэрин, тарбах былчыҥнарын, болҕомтолоох буолалларын сайыннарыы
- Оҕо тус сыалын тиhэҕэр тириэрдиини иитии, оҕуруоннан тиhиигэ интэриэhи тардыы
Дьарыктаныылар:
№1 Тема: «Бисер историятыттан кылгастык. Бисер көрүҥнэрэ».
№2 Тема: «Саҕалааччыларга дьарыктаныылар №1 – Боростой тиhии».
№3 Тема: «Саҕалааччыларга дьарыктаныылар №2 – Сэбирдэх».
№4 Тема: «Саҕалааччыларга дьарыктаныылар №3 – Түмүк».
№5 Тема: «Саҕалааччыларга дьарыктаныылар №4 – Υс биэтилэ».
№6 Тема: «Саҕалааччыларга дьарыктаныылар №5 – Сибэкки».
№7 Тема: «Саҕалааччыларга дьарыктаныылар №6 – Балыкчаан».
№8 Тема: «Саҕалааччыларга дьарыктаныылар №7 – Бантик».
Алтынньы ыйа
«СЭБИРДЭХ»
Соруктара :
- Боростой схеманнан тутуhан тиhэргэ үөрэтии
- Икки тэҥ тиhии, дулҕаннан тиhии уонна биэтилэлээх тиhии ньымаларга салҕыы үөрэтии
- Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы, өҥү дьүөрэлииргэ үөрэтии
- Ахсааны бигэтитии
- Оҕо тус сыалын тиhэҕэр тириэрдиини иитии, оҕуруоннан тиhиигэ интэриэhи тардыы
Дьарыктаныылар:
№1 Тема: «Сэбирдэх (рисунок )».
№2 Тема: «Боростой сэбирдэх (рисунок )».
№3 Тема: «Боростой сэбирдэх (рисунок )».
№4 Тема: «Сэбирдэҕи уhаатыннаран тиhии (рисунок )».
№5 Тема: «Сэбирдэҕи уhаатыннаран тиhии (рисунок )» (салҕыыта).
№6 Тема: «Төгүрүк сэбирдэх (рисунок )».
№7 Тема: «Төгүрүк сэбирдэх (рисунок )» (салҕыыта).
№8 Тема: «Биэтилэлээх сэбирдэх».
Сэтинньи ыйа
«ЛАБААЧААН»
Соруктар:
- Оҕолору салгыы боростой схеманнан тиhиигэ үөрэтии, икки тэҥ тиhии, дулҕалаах уонна биэтилэннэн тиhии ньымаларынан тиhиигэ салгыы үөрэтии
- Лабаа арааhын кытта билиhиннэрии
- Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы, өҥү дьүөрэлииргэ үөрэтии, айан таhаарар дьоҕурдарын сайыннарыы
- Ахсааны бигэтитии
- Оҕо тус сыалын тиhэҕэр тириэрдиини иитии, оҕуруоннан тиhиигэ интэриэhи тардыы
Дьарыктаныылар:
№1 Тема: «Күөх сайын» (биэтилэ ).
№2 Тема: «Күөх сайын» (биэтилэ, салгыыта с. 63 ).
№3 Тема: «Отон» ( ).
№4 Тема: «Отон» ( салгыыта ).
№5 Тема: «Лабаачааннар» ( ).
№6 Тема: «Лабаачааннар» ( салгыыта ).
№7 Тема «Лабааттан букет» ( ).
№7 Тема «Лабааттан букет» ( салгыыта ).
Ахсынньы ыйа.
«МАСТАР»
(коллективнай үлэ)
Соруктар:
- Оҕолорго боростой схеманнан тиhиини бигэтитии, икки тэҥ тиhии, дулҕалаах уонна биэтилэннэн тиhии ньымаларынан тиhиини бигэтитии
- Мастар араастарын кытта билиhиннэрии
- Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы, өҥү дьүөрэлииргэ үөрэтии, айан таhаарар дьоҕурдарын сайыннарыы
- Ахсааны бигэтитии
- Оҕо тус сыалын тиhэҕэр тириэрдиини иитии, оҕуруоннан тиhиигэ интэриэhи тардыы
Дьарыктаныылар:
№1 Тема: «Яблоня».
№2 Тема: «Яблоня» салгыыта.
№3 Тема: «Күөх сайын» бонсай ( коллективнай).
№4 Тема: «Күөх сайын» бонсай ( коллективнай) салгыыта.
№5 Тема: «Хатыҥ» ( ).
№6 Тема: «Хатыҥ» ( салгыыта).
Тохсунньу ыйа.
«МАСТАР»
(коллективнай үлэ)
Соруктар:
- Оҕолорго боростой схеманнан тиhиини бигэтитии, икки тэҥ тиhии, дулҕалаах уонна биэтилэннэн тиhии ньымаларынан тиhиини бигэтитии
- Мастар араастарын кытта салгыы билиhиннэрии
- Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы, өҥү дьүөрэлииргэ үөрэтии, айан таhаарар дьоҕурдарын сайыннарыы
- Ахсааны бигэтитии
- Оҕо тус сыалын тиhэҕэр тириэрдиини иитии, оҕуруоннан тиhиигэ интэриэhи тардыы
Дьарыктаныылар:
№1 Тема: «Харыйачаан».
№2 Тема: «Харыйачаан» салгыыта.
№3 Тема: «Сакура» .
№4 Тема: «Сакура» салгыыта.
№5 Тема: «Бонсайчик».
№6 Тема: «Бонсайчик» продолжение.
Олунньу ыйа
«Оҥоhуктар».
Соруктар:
- Оҕолору боростой схеманнан уонна икки тэҥ тиhиигэ салгыы үөрэтии
- Араас оҥоhуктары кытта билиhиннэрии
- Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы, өҥү дьүөрэлииргэ үөрэтии, айан таhаарар дьоҕурдарын сайыннарыы
- Ахсааны салгыы бигэтитии
- Оҕо тус сыалын тиhэҕэр тириэрдиини иитии, оҕуруоннан тиhиигэ интэриэhи тардыы
Дьарыктаныылар:
№1 Тема: «Тэллэй» ( ).
№2 Тема: «Тэллэй» ( ) салгыы.
№3 Тема: «Корзинка» (с. 40)
№4 Тема: «Корзинка» (с. 40) салгыы.
Кулун тутар ыйа.
«Сибэкки».
Соруктар:
- Икки тэҥ тиhиигэ салгыы үөрэтии
- Сибэкки арааhын кытта билиhиннэрии
- Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы, өҥү дьүөрэлииргэ үөрэтии, айан таhаарар дьоҕурдарын сайыннарыы
- Ахсааны салгыы бигэтитии
- Оҕо тус сыалын тиhэҕэр тириэрдиини иитии, оҕуруоннан тиhиигэ интэриэhи тардыы
Дьарыктаныылар:
№1 Тема: «Ньургуhуннар»
№2 Тема: «Ньургуhуннар» салгыыта.
№3 Тема: «Ромашка»
№4 Тема: «Ромашка» салгыыта.
№5 Тема: «Лютик»
№6 Тема: «Лютик» салгыыта.
№7 Тема: «Лилия»
№8 Тема: «Лилия» салгыыта.
Муус устар ыйа.
«Дьиэ кыыллара»
Соруктар:
- Дулҕалаан уонна биэтилэннэн тиhии ньыматын бигэтитии
- Араас дьиэ кыыларын кытта билиhиннэрии
- Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы, өҥү дьүөрэлииргэ үөрэтии, айан таhаарар дьоҕурдарын сайыннарыы
- Ахсааны салгыы бигэтитии
- Оҕо тус сыалын тиhэҕэр тириэрдиини иитии, оҕуруоннан тиhиигэ интэриэhи тардыы
Дьарыктаныылар:
№1 Тема: «Чоппууска» ( )
№2 Тема: «Чоппууска» ( ) салгыыта.
№3 Тема: «Бөтүүк» ( )
№4 Тема: «Бөтүүк» ( ) салгыыта.
№5 Тема: «Куоска» ( )
№6 Тема: «Куоска» ( ) салгыыта.
№7 Тема: «Мин сөбүлүүр дьиэм кыыла»
№8 Тема: «Мин сөбүлүүр дьиэм кыыла» салгыыта.
Ыам ыйа.
«Υөн – көйүүр».
Соруктар:
- Икки тэҥ, дулҕалыы уонна биэтилэннэн тиhии ньыматын бигэргэтии
- Араас үөн – көйүүр кыылын тиhиини кытта билиhиннэрии
- Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы, өҥү дьүөрэлииргэ үөрэтии, айан таhаарар дьоҕурдарын сайыннарыы
- Ахсааны салгыы бигэтитии
- Оҕо тус сыалын тиhэҕэр тириэрдиини иитии, оҕуруоннан тиhиигэ интэриэhи тардыы
Дьарыктаныылар:
№1 Тема: «Ынах кута хомурдуос» ( )
№2 Тема: «Ынах кута хомурдуос» ( ) салгыыта.
№3 Тема: «Тоноҕосчут» ( )
№4 Тема: «Хомурдуос» ( )
№5 Тема: «Хомурдуос» ( ) салгыыта.
№6 Тема: «Ыҥырыа» ( )
№7 Тема: «Ыҥырыа» ( ) салгыыта.
№8 Тема: «Ооҕуй оҕус» ( ) .
Муниципальное Бюджетное Дошкольное Образовательное Учреждение «Детский сад №45 «Земляничка»
РАБОЧАЙ БЫРАГЫРААММА
4-5 саастаах орто бөлөх оҕолоругар аналлаах куруhуок
«Аптаах оҕуруо»
Салайааччы: Филатова Н. А.
Г. Якутск
2016 г
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Кружок по ручному труду и конструированию
Каждый из нас в детстве смастерил своими руками хотя бы одну игрушку, и именно эта игрушка долгое время была самой любимой, потому что мы вложили в нее свою душу....
Кружок эстетического развития "Сказки дядюшки Холста"
На занятиях кружка «Сказки дядюшки Холста» дети знакомятся с миром деятельности художника, выразительными средствами искусства; идет работа по развитию навыков восприятия произведений различных в...
Кружок "Радуга цвета" с использованием методов арт-терапии
В последние годы широкое применение получило использование методов арт-терапии в дошкольных учреждениях в качестве социально-педагогической коррекции эмоциональной сферы детей.В дошк...
Кружок "Мир сенсорики"( кружок по развитию сенсорных эталонов у детей в первой младшей группе).
Аннотация на парциальную программу1. Название программы: "Мир сенсорики"( кружок по развитию сенсорных эталонов у детей в первой младшей группе).2. Разработчик: воспитатель Бабикова Елена...
Бисероплетение для самых маленьких "О5уруо кэрэ эйгэтэ"
Кружок «О5уруо кэрэ эйгэ» (для детей 3-4 лет)Цель и задачи кружка:Ознакомить с основными материалами и инструментами;Научить практическим примерам на низании на проволоку;Развивать внимани...
Кружок для детей 6-7 лет на 2018-2019 год "Здоровый малыш"Кружок для детей 6-7 лет на 2018-2019 год "Здоровый малыш"
Кружок для детей 6-7 лет на 2018-2019 год "Здоровый малыш"...
Физкультурное развлечение в первой младшей группе «Все в кружок, все в кружок! Поиграй со мной, дружок!»
Физкультурное развлечение в первой младшей группе «Все в кружок, все в кружок! Поиграй со мной, дружок!»Цель. Развивать двигательную активность, прививать навыки здорового образа...