Влияние игры на душевное состояние ребенка
консультация (средняя группа) на тему
В данной статье на якутском языке описывается влияние игры, сказок, песенок на душевное состояние ребенка.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
vliyanie_igry_na_dushevnoe_sostoyanie_rebenka.docx | 30.91 КБ |
Предварительный просмотр:
МБДОУ Д/с №14 «Журавлик» городского округа
«город Якутск»
Уьуйаанна о5о сайдар эйгэтин тэрийиии
Воспитатель:
первой квалификационной категории
Иванова Л.Н.
2017г.
Тема: Уьуйаана о5о сайдар эйгэтин тэрийии.
Сыала: о5о иэйэр эйгэтин тэрийэр суолу чопчулааьын.
Соруктара: уонча тирэ5ирбит иэйии керуннэриттэн кыра о5о5обачча чугас: уеруу, соьуйуу, хомойуу, кыыьырыы керуннэрин киллэрии..
То5оосторо:
Иэйии билигин о5о иитиитигэр быьаарыыга турар боппуруоьунан буолар.
Иэйии иитии ситэ арылла илик.
Саха о5отугар туьуламмыт иэйиини иитиигэ, сайыннарыыга сыаллаах программа а5ыйах. Ол иьин туьаайыллыбыт нучча, омук учуонайдарын улэлэрин ырытан, Саха о5отугар чугас еруттэрин ылыы.
Сананы керуу:
Саха о5отун иэйиитин араас керуннэринэн иитии-такайыы.
Киириитэ:
Иэйии сайдыыта-педагогика терует буолбут хаамыыта, о5о тус бэйэтин сайдыытын кытта ыга сибээстээх, кинилэр социализацияларыттан, культура эйгэтигэр киириилэриттэн, бэйэ икки ардыгар сыьыаннарыттан уо.д.а.Иэйии сайдыыта тутуллар, киьи анал организмын психофизическай туругар. Бу теорияны П.К. Анохин, Л.С. Выготскай, А.В. Запорожец уо. Д.а. улэлэригэр керебут. Иэйии когнитивнай ерутун ырыппыта С.Л. Рубенштейн.
Иэйии о5о бары ке5угэр сабыдыалланар. Ол XX уйэ 70-90 сс. Чинчийиилэригэр В.В. Абрашенкова, Г.М. Бреслов, В.В. Лебединскай, А.С. Спиваковская улэлэригэр киирбитэ киьини ылыннарар, олохпут хаачыстыбата барыта о5олорбутугар охсор.Иэйии иитии теориятын И.П.Воропаева, В.С.Мухина ырыппыттара. О5ону кэрэни керер, ейдуур, утуеттэн куьа5аны араарар, тулата ыраас буоларын курдук уерэтиэхтээхпит. Л.С. Выготскай, А.Н.Леонтьева, Б.М. Терлова психологическай чинчийиилэригэр, иэйиинисистиэмэлээхтик иитиигэ о5о художественнай дьо5урун сайдыыта олук буолбут, киэнник киирбит. Кырдьык да5аны, урдук тумуктэри ситиьэр, элбэхтик о5ону кытта улэлэспит талааннаах педагоктар. О5о билэригэр, сананы арыйарыгар, тутуон-хабыан, барытыгар кыттыан, ооньуон ба5арарын, наадатын умнумуохха. Оччо5уна эрэ улэ тумуктэрдээх буолар. 1962 с. Иитэр-уерэтэр программа5а иэйиини ырытыы, чинчийии кэнниттэн тус-туьунан педагогтар балачча сааьылаабыттар эрээри, ырыаны, уруьуйу, уус-уран айымньыны туьунан араартаан кэбиспиттэр. Аныгы уйэ педагогтара Н.Ежкова, А.В. Антонова, Е.В. пузакова, А.Н. Бурова, С.М. Кагон бу тема тула элбэ5и ырыта, оноро, суруйа, ырыта сылдьаллар. Ол эрэн анализтаан кердеххе биьиги региоммутугар иэйии боппуруоьа толору уерэтиллэ илик. Аныгы оскуола алын кылаас о5олорун оскуола5а киирэр бэлэмнэрин таьымын урдугун ирдиир. Оскуола5а бэлэмнэнии диэни биьиги уйул5а уонна эт-сиин сайдыыта диэн ейдуубут. Тохтуохпун ба5арабын иккис этиллибиккэ, уйул5а сайдыытыгар. Бу уерэхтээьин сибээьэ буолар.
Манна киирсэллэр:
-ей бэлэмэ.
-бэйэ уратытын бэлэмэ.
-иэйии бэлэмэ.
Коммуникативнай, субъективнай бэлэмэ.
Балартан улэбэр иэйиини ейдебулун арыый кэнэтэн киллэрбиппин керуехпут. О5о иэйэр эйгэтин тэрийиии уратылара:
Улэни анализтаан керуех иннинэ, иэйэр эйгэни тэрийиии сурун сунньун быьаарыахпыт.
1.Тус бэйэ5э киирии сунньэ (индивидуальный подход).
- О5олор оонньууга хайдах кыттыьалларын (киирэллэрин).
-Атын киьи санаатын истэллэрин, биитэр бэйэлэрин эппиэттэрин туруосалларын.
-Ким лидерын, ким туораттан керен толорорун.
-Оонньуу кэмигэр сыьыан хайда5ын, (эйэлээхтэр, кыыьырсаллар).
-Хайдах иэйиилээхтэрин (+, -)
2.Чинчийии (социометрическай)
Олох кыра о5олорго маннык чинчийии кыалбат. Ол эрэн, хас биирдии иитээччи улэтигэр маннык кердеруулэр олус наадалаахтар. Мантан тутулуктаах:
-О5о иэйэр усулуобуйата.
-Иэйэр эйгэни тэрийии соруктарын чопчулааьын.
Маннык чинчийиини иитээччи белех о5олорун кэтээн керу кэмигэр ыытыан сеп.Психолактар о5ону икки аныы араараллар: « ордоруллар» о5олор. Манна группа5а кыраьыабай, киьини умсугутар, (бэйэлэригэр тардар), бигэ санаалаах о5олор киирсэллэр. Ол эрэн маннык о5олор бэйэлэрин наьаа билиниэхтэрин сеп. « Аанньа ахтыллыбат», аахайыллыбат, туспа сылдьар «о5олор. Бу о5олору оонньууга ким да ба5арбатах оруолугар киллэрэллэр. Кинилэр наьаа хоргустар, баьыйтараллар. Маннык о5олор наьаа суоьур5аналлар. (агрессивеайдар). Бу керуннэ араас биричиинэ баар. Холобур: биирдэ эмиэ уьуйаанна кэлэр о5о, «сана» о5о. Усуьунэн туох эмэ итэ5эстээх (эмис, кыаммат, кентерук) буолла5ына. Маны да5ытан эттэххэ, иэйии утуо туруга улахан киьи сыаналыырыттан эрэ буолбакка, о5о саастыылаахтарын эрэ буолбакка, о5о саастыылаахтарын санаатыттан эмиэ тутулуктаах.
3.Кердерунньук (наглядность).
Биллэрин курдук кыра о5ону уерэтэргэ, кердеруу сурун керун буолар. Ол эрэн иэйиини тэрийэр эйгэ5э кердеруу керкнун туттуу уратылардаах.Иэциини киьи предметтэринэн сатаан кердербет. Уерууну, хомойууну,ж соьуйууну уо.д.а., биьиги символларынан эрэ кердерер кыахтаахпыт.Улахан киьи, иэйиитин араастык туттан-хаптан, араас жестарынан, кердерерун о5олро кэтээн керен эппиэт биэрэллэр, утуктэ сатыыллар. Наьаа учугэй, сиэкилэ5э керунэн олорон, бэйэлэрэ сирэйдэрин араастаан тутталлара. (уердубут, уоспутун ырбаттыбыт.Харахпытын киэнник кердубут, айахпытын кыратык аттыбыт-соьуйуу, хаастарбытын турдэьиннэрдибит, уоспутун хомуйдйбут-кыыьырыы).
4.Моделлары туьаныы.
Моделлары туьаныы о5о тэгили (абстрактнай) санаатыгар дьайар. Схемалары дьин олоххо тэнниир сатабылларын сайыннарар.
Модель быьыытынан туттуохха сеп:
-Пиктограммалары
-Сирэй графическай ойуулары
-иэйиини кердерер пантомималары
-аппликациялары
Хамсыыр аппликациянан о5о бэйэтин ба5атынан мимикалары уларыта сылдьыан сеп (ойууга кердерулуннэ).
5.уус-уран айымнньыга туьаныы.
Айымнньылар, кыра хоьоон о5ото, улахан киэн остуоруйалара о5о иэйиитин сайдыытыгар улахан оруолу оонньууллар. Кинилэр о5ону аьынарга, юэйэтэ туругун мимикаларынан туттан-хаптан кердерерге , тылынан ойуулуурга суду суолталаахтар. Иитэччи группатыгар талан ылбыт айымнньыларын аа5ан эрэ биэрэргэ туьаммакка, араас оонньуу сорудахтарын биэриэн сеп:
- Иэйиини мимиканан кердерер (куобахчаан курдук соьуй, Маща курдук уер, о5онньордоох эмээхсин хайдах хомойбуттарый?).
-интонацияны сайыннарыы: (Аленушка курдук ыныр: «Иваанушка,Иванушка чалбахтан ууну иьимэ», кутаммыт куобах курдук санар: «беречеен, беречеен миигин сиэмэ уо.д.а.).
6.Тыл сайдыыта
Иэйиини сайыннарыы тыл сайдыытын кытта ыга сибээстээх. Иэйиини керуннэрин быьаара сатаан, о5о тылын саппааьын байытар. Остуоруйа кэпсээн дуу, хоьоон этэн дуу, о5о иэйиитин уескэтэхр. Выразительно этии-тыыныы о5ону, улахан киьини кытта кэпсэтии тумугунэн «о5о-о5о» уонна «о5о-улахан киьи»диэн сэргэх, ча5ылхай сибээс уескуур, О5олор бэйэлэрин иэйиилэрин сатаан этинэри баьылыыллар, эйэ5эс тыллары инэринэллэр, туттары сатыыр буолаллар (дорооболоьуу, махтанары, бырастыы гынары уо. д. а.).
7.Музыканы туьаныы
Музыка тыаьын истэн о5олор, бу музыка настарыанньата хайда5ын быьаара уерэнэллэр. О5о кыра эрдэ5иттэн классическай музыканы иьитиннэрэр то5оостоох. Маннык музыка о5о ис эйгэтигэрп диринник олохсуцар.
8.Уруьуйдатыы
Уруьуйдатарбытыгар туох баар ену барытын туьанары уерэтиэхтээхпит. (Харана еннер (тымныы), сырдык (сылаас) еннор хайа кэмнэ туьаныахтаа5ын быьааран биэрии). Холобур: (Хаар киьини онордун дуо?, кини уербут дуу, хомойбут дуу? Иэйэн керен баран ейдуе суо5а дии. Тыый, наьаа учугэй колобок дии. Эн онорбут куоба5ын наьаа тургэнник ойор быьылаах, сиппэтим буолуо). Араас худуоьунньуктар улэлэрин кердерер наадалаах «бу хартыына5а баар кыыс курдук кер эрэ, хатын хайдах хамсаабытай?». Маннык тугэннэр о5о зрительно иэйэн кердереругэр оруолу оонньуур.
9.Онньуулара
О5о иэйэр эйгэтин туругуттан керуу керуннэрэ элбэхтэр. Олору барытын иитээччи толору туттубат: уерэхтээх психолгтар курдук, тн\естэр тумуктэригэр эппиэбиэрэр кыа5а суох. Г. Степанова п.н.к. иэйиини кердерууну быьаарар 5 бааллаах шкала ырытан онорбут, бу шкалаанан кэтээн керен о5о иэйэр туругун кууьун бэрэбиэркэлээбит.
-Куттал:
1балл-спокойнай быьаарыныыта суох, соччо ке5е суох.
2 балл-соьуйбуттуу керер, хара5ын араарбат, куота сылдьар.
3 балл- хааьын турдэьиннэрэр, куурэр долгуйар.
4 балл-керерун аккастанар, ытыыр куотар.
5балл-киьиттэн тутуьа туьэр, чуумпурар часкыйар.
-Кыыьырыы:
1 балл- чуумпу, хааьын турдэьиннэрэр, кыыьырар
2 балл- уоьун чорботор, сирэйин араастаан туттар, хара5ын уута тахсар
3 балл- куотар, хара5ын куускэ симэр, охсуоланар, сутуругун бобо тутар
4 балл- ытыыр, охсуьар, барытыттан аккаастыыр
5 балл-хаьыытыыр, часкыйар, саба туьэр, онон-манан быра5аттанар
-Уеруу:
1 балл- мичээрдиир
2 балл-кининийэн ыллыыр, хара5а уоттаах, «чоп-чобугурач»
3 балл- кууьар, оонньуур уерэр да уерэр
4 балл-илиитин дайбанан олорор, ойуолуур, киьиргиир
5 балл-лаьыгыраччы кулэр, ер кууруулээхтик хаьытыыр, солуута суох буолар.
Тумук
Биьиги иитээчилэр о5ону эт- сиин, ей-санаа эрэ еттунэн ииппэккэ, иэйиитин туругар эмиэ улахан болхомтону уурарбыт наада.Иэйии сайдар эйгэтин тэрийии диэн о5ону сепке тута-хапта сылдьарга уерэтии, атын о5ону, улахан киьини сыьыаныгар сайыннарыы. Онон детсадка, дьтэ5э о5о иэйэр эйгэтин таба тэрийдэххэ иэйиитэ сепке сайдыан сеп.
Адаптацияны этэннэ ааьарыгар, иэйиини негативнай ерутун суох онорор сыалтан мин улэбэр маннык тууллары туьанабын:
1.О5ону кытта бастакы чаастарын, арыт бастакы куннэрин тереппут бииргэ буоларын. Тереппуккэ о5ону кун анаардаан, биир кун икки чааьынан ылалларын этэбин (наада буолла5ына). Ол оччо5уна ийэтиттэн арахсара кутала суо5ун, уьуйаанна интириэьинэцин, бары кини баарыгар уерэллэрин билэр, уьуйаанна кэлэр ба5ата улаатар.
2.Адаптация кэмигэр о5о5о элбэх бол5омтону уурабын. Сарсыарда уерэ-кете керсен, кини кэлбитигэр куммут куускэ тыкта, оонньуурдар бары кэтэьэн олороллорун, о5олро оонньоору кинини эрэ кэтэьэн аан айа5ар утуеруспуттэрин, повардар минньигэс астарын бэлэмнээбиттэрин кэпсээьин. О5о кырдьык да манна мин баарым наьаа наадалаах эбит дии санаата5ына, аныгыс сырыыга сыаллаах-соруктаах, уерэ-кетет кэллэ.
3.Биир интириэьинэй дии саныыбын, о5о чугас киьитин (ийэтин, эбэтин, а5атын хаартыскаларын кабинкаларын иьигэр сыбааьын. О5о туохтан эмэ хомойдо5уна, терппуттэрин (ийэтин) а5ынна5ына кабинкатын аьан хаартысканы керен уоскуйар, чэпчиир.
1.О5о иэйиитин сайдарыгар группа тупса5ай усулуобуйата мин саныахпар улахан кеме буолар. Уеьээ этэн аьарбытым курдук, уус-уран айымньы о5о чуолкайдык санарара иэйии биир сайдыыта буолар.Ол курдук группабытыгар баар кинигэлэри, туттуллар уус-уран айымньылары араарбытым холобура:
Сурун соруга | Уус-уран айымньы |
Хомойуу иэйиитигэр | С.н.о. «Кэ5э», н.н.о.»Кустар-хаастар», «Сестрица Аленушка и братец Иванушка», «7 кеьуел о5ото», «курочка Ряба». |
Соьуйуу иэйиитигэр | Л.толстой «Ус эьэ», н.н.о «Эриэппэ», «курочка Ряба», «Дьикти туун», с.о. «Куес хааьы». |
Кыыьырыы иэйиитигэр | «Куоска уонна кутуйах», Седуерэ иэдээнэ», К.куковской «Мойдодыр», «Кэ5э» ост. |
Уеруу иэйиитэ | А.Барто «Кораблик», «Сибэкки» П.Аввакумов, бэлиэ тугэннэр туьунан кэпсээннэр, хоьооннор. |
Интонацияны сайыннарыы | Хоьооннор: «Куобах, куобах барахсан», «Куукулабын эмтээн», «Колобок» н.н.о., «Кутуйах дьиэтэ» н.о. |
2.Иэйиини сайыннарыыга туттуллар оонньуулар холобурдара:
д/о « Машаны та5ыннар» хамсыыр аппликация.
Ост/о: « Пантомимика», «Тарбах оонньуулара».
х/о: « «Туун-кунус», «Элиэ уонна куурусса»
3.Куруук о5олор кэпсэтэллэрин кэтээн истэбин, бол5омто уурабын. Туох эмэ учугэйи оноробут о5о5о: «маладьыас айта Андрейы ууратта», Тыый, Алина наьаа учугэйдик мичээрдиир, сиэркилэ5э керун эрэ, наьаа кыраьыабай буола5ынкуллэххинэ».
4.Бэйэм иэйиибин о5олорого ейденумтуе гына кердеребун (мимикалаан, пантомимикалаан эрэ буолбакка, вллаан-туойан эмиэ).
5.Элбэх бириэмэбин о5олорго куукула театрын кердерен ыытабын. Материалбытын араас эргэ перчаткаларынан, утулуктэринэн пластилинынан оноробут. О5олор театрдаах оонньуулларын олус себулууллэр, бэйэлэрэ оруол талан эмиэ оонньууллар. Куукулаларбын онорорго тереппуттэр кемелере улахан. Манны таьынан бата, синтепон истээх, сахалыы танастаах-саптаах остуоруйа геройдарын эмиэ тигэн бэлэхтээбиттэрэ эмиэ уердэр. О5олорго а5алан санардан-инэрдэн кердерен, араастык туттан-хаптан, кэпсээн тутталлара иэйии сайдыытын биир хардыыта дии саныыбын. Этэн аьарбытым курдук, о5о иэйиитэ бары еттунэн сайдарын кердубут. Холобур, хас дьарык аайы о5олорго толкуйдатар задчалары туруорабын. Бу барыта иэйиигэ дьарык буолар. Иитээччигэ туох да ыараханы бу албас онорбот.
Приложение:
Дьарык конспега.
Тема аата: «Бэьиэлэй куобахчаан».
Сыала: «Уеруу», «хомойуу» иэйиитин билиьиннэрии.
1.О5ону уерэтии: -интонация, мимика, пластика ненуе иэйиини кердеруу;
-атын о5о иэйиитин ейдуурэ;
-утуе дьыала5а кыттыбытыттан астыныыта.
2.Тыл сайдвыыта: -интонацияны сайыннарыы;
-тыл саппааьын байытыы 9уерууЭ, хомогйуу, бэьиэлэй).
3.О5о санаатын, онорон керуутун сайыннарыы-пиктограмманнан улэ.
4.Уруьуйунан билиитэ-керуутэ:(хамсыыр аппликация)-иэйии туругун биэриитэ;
5.Быьаарыыга турар боппуруос соруга:-хомойбут куобахчааны уердуу ;
Бэриэттээх улэ:
1.Хоьоону уерэтии.
2.Пиктограмманнан улэ
3.Кинигэ ойууларын керуу (геройдар иэйиилэрин туругун).
Дьарык хаамыыта:
О5олору оонньууга ынырабын, таабырын таайтарабын.
- «Туу мочоко, уьун кулгаах, бэркэ ыстанар, моркуобу кэбийэр?»
О5олор эппиэттииллэр: куобах.
-Оол куобах олоро, уеруеххэ уонна ынырыахха, «куобахчаан, биьиэхэ кэл!».
-О5олоор, керун эрэ куобах хвйдах настарыанньалаа5ый?
-Хомойбут.
-То5о хомойбута буолуой?
-Бере сиэри гыммыт, тонмут, ким да кинини кытта оонньооботох.
-Чэ, эрэ куобахчааны хайдах уердэбитий?
-Оонньуохха, ыллыахха.
-Куобах хоьоону наьаа себулуур уьу. Куобах туьунан хоьооммутун аа5аниьитиннэриэххэ эрэ, о5олоор.
-Биир о5о аа5ар.
-Ессе ким аа5арый, ол эрэн бэьиэлэйдик аа5а5ыт.
-Тыый, куобахчааммыт уердэ, дии!
-Куобахчааннастарыанньата хайдах буоллай?
-Уербут.
-Хайдах биллигит?
-уоьа уеьээ та5ыста.
-Ыалдьыппыт наьаа уерэн биьигини кытта оонньуон ба5арда. Хайаа, куобахпыт тугу эрэ илдьэ кэлбит эбит.
-Тыый, табаарыстарын хаартыскалара эбит.
-Ол, эрэн туохтара эрэ тиийбэт дии (харахтара, айахтара суох).
-о5олоор, харахтарын, айахтарын онорон биэрин эрэ. Ол эрэн араастаан онорун (уербут, соьуйбут, куттаммыт)…
Остуолга олорон хамсыыр аппликациянан улэлииллэр.
-Хайдах куоба5ы онорбуккутуй бэйэ5ит утуктэн кердерун эрэ, о5олоор.
О5олор кердереллер.
-о5олоор, куолбахчаан уердэ дуо?
-Уердэ.
О5о уерэр эйгэтин тэрийиигэ туьаайыллыбыт тутуулар уонн керуннэр.
1.Кэтээн керуу:
Туьааннаах тугэннэри кэтээн кердеххе, о5о хайдах иэйиилэри ааьарын, холонон керерун иитэччи ейдуур кыахтаах. Улахан бол5омтону кэтээн керуугэ ууруохтаахпыт:
-О5олор бииргэ оонньуохтарын ба5араллар , эбэтэр бэйэ-бэйэлэриттэн куотуна сылдьалларын
-Кырачаан о5о иэйии ча5ылхай еруттэрин, тохтоло суох уеруехтэрин, ер хомойуохтарын сеп. Арыт ытыы олорон уеруехтэрин, ер хомойуохтарын сеп. Кыра о5о иэйиитин киьи теье ба5арар тургэнник уларытыан сеп.
-О5о тус уратытын булан сайыннарыы иитээччи соруга буолар.
-О5ону кытта улэлииргэ о5о «паспортнай» сааьа буолбакка психологическай сааьын бэлиэтиир наадалаах.
2.Олохтоох хаамыыта (постоянность процесса)
Иэйии сайдыытын хаамыыта о5о уьуйаанна сылдьарын тухары барар. Иитээччини кытта улэ, о5олору кытта дьарык, оонньуу, кэпсэтии кэмигэр иэйии сайда турар. Итээччини кытта улэ, о5олору кытта дьарык, оонньуу, кэпсэтии кэмигэр иэйии сайда турар. О5ону кытта кэпсэтэргэ, о5о бэйэтэ бу тугэннэ туттарын, санарарын, иэйэрин ейдуурун ситиьиэхтээхпит. Педагог о5о5о пример буолар, ону учуоттуохтаах «бэйэтин сатаан туораттан керере» сатабыла уонна культурата.
3.Д.Б. Эльконин этэн турар «Яркие впечатления найдут не менее яркий отклик».Группа иьигэр оонньуурдар, кинигэлэр, оонньуулар о5о5о иэйиини уьугуннарар буолбакка, олх-дьаьах уопута буолуохтаахтар. Уьуйаанна барабын, барбаппын диэнтэн са5алаан о5о манннайгы санаар5ыыр иэйиитэ уескуур. О5о уьуйаанна хайаан да5аны «со5отохсуйуу» муннуга баар буолуохтаах. Кыра о5олор уьуйаанна кэллэхтэринэ, хайа эрэ кэмнэ коллективтан «тахсан» со5отох олоро туьуехтэрин ба5араллар. Бу олорон о5о сынньанар, иэйиитэ холкутуур.
Практическай чааьа:
Л.Н. Толстой «О5о биэхс сааьыгар диэри иитиллдэр» диэбитэ, мин кыра белех о5олоругар улэлиирим быьыытынан ирдэбил, эппиэтинэс урдугун ейдуубун. О5о билиитигэр, сатабылыгар, кыа5ыгар акылаат ууруллар кэмэ. Маны биьиги иитээччилэр салгыы сайыннарар эбээьинэспит.
О5о барыта уьуйаанна дьиэтиттэн кэлэр. Уьуйаан- диэн о5о иэйиититтэн арахсан бэйэтин саастыылаахтарын, «билбэт тетяларын» кытта алтыьар сирэ. Уьуйаанна кэлии маннайгы кунууттэниэйиини быьаарыы боппуруоьа куускэ турар. О5о уьуйаанна салгыы сылдьара барыта иитээччиттэн тутулуктаах. О5о уьуйаанна адаптацияны этэннэ барыыта, оскуола5а киирэн адаптацияны барарыгар сункэн оруоллаах.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Консультация для родителей "Влияние природы на духовное состояние ребенка"
Влияние природы на духовное состояние ребенка...
Влияние ТВ на психическое состояние ребенка
Телевидение в жизни ребенка...
Консультация для воспитателей "Влияние цвета на психическое состояние ребенка"
Правильное цветовое расположение в пространстве благоприятно влияет на эмоциональный фон ребенка....
Влияние игр на эмоциональное состояние ребенка. Консультация
laquo;Игра - это фантастический мир, освобожденный от деспотизма и подавления взрослых, мир открытия вытесненных желаний, мир реализации нереализуемого»А. С. СпиваковскаяУмение искренне радоват...
Влияние конфликта на эмоциональное состояние ребенка и его взаимоотношения со взрослыми
Презентация составлена совместно со студентами юридического факультета МГППУ. Данная презентация была предложена воспитателям дошкольного отделения на базе практики ГБОУ школа № 1877 "...
"Влияние игрушек на психологическое состояние ребенка"
[[{"type":"media","view_mode":"media_large","fid":"21465348","attributes":{"alt":"","class":"media-image"}}]]...
"Влияние цвета на психоэмоциональное состояние ребенка"
Консультация...