Сценарий "Новый год"
материал (старшая группа)
Сана дьыллааҔы утренник сценария «Морозко».
Улахан группа. А.Роу остуоруйатын матыыбынан.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
novyy_god_starshaya_gruppa.docx | 29.16 КБ |
Предварительный просмотр:
Сана дьыллаагы утренник сценария «Морозко».
Улахан группа. А.Роу остуоруйатын матыыбынан.
Оруоллар:(улахан дьон)
*Ыытааччы
*Настенька
*Мачеха
*Марфуша
*Дед Мороз
*Баба Яга
Оруоллар: (оголор)
Атрибуттар:
1.Лавка.
2.Спицы,баайыы.
3.Дьиэ.
4.Улахан сундук.
5.Орто сундук.
6.Булочкалар,былаат.
7.Мастаах петушок.
8.Персонажтар костюмнара.
9.Тонургэс.
( Бырааьынньыктыы киэргэтиллибит зал.Оро котогуулээх музыка тыаьыыр. Оголор ункуулээн киирэллэр.Шахматтыы тураллар.)
Хоьоон: «Сана дьыл».
1ого:
Саргылаах Сана дьыл
Салаллан кэллэ дии,
Киэргэллээх харыйа
Кэьиилээх эбит дии.
2ого:
Кунду куох харыйа
Кор-оонньуу аргыстаах,
Кунду куох харыйа
Кулумнэс айгырдаах.
3ого:
Елкабыт симэгэ,
Эчикиий,элбэгин!
Ыл, корун,мэкчиргэ
Иьилиир быьыылаах.
4ого:
Саьыллар,тииннэр,
Куобахтар,боролор,
Эьэлэр,тайахтар
Эйэлээх да буолтар.
5ого:
Тымныы огонньор
Тырымнас сиэниниин
Сиэттиьэн киирдилэр,
Эгэрдэ эттилэр
6ого:
Ылын даа оголор
Ылсыагын илииттэн,
Корудьуос оонньуута
Когулээн иьиэгин!
Ырыа: «Наша елка».
(Оголор олоппосторугар баран олороллор.Сказочник киирэр.)
Сказочник:
Ый солко бурунэн
Налыйда дьикти туун,
Дьэ кэллэ куутуулээх тугэн!
Кэтэьэ кэрэ кэм,
Уоруулээх киэьэтэ,
Дьэ кэллэ Сана Дьыл!
Сана сыл!
Мин эьиэхэ оголоор, мээнэ кэлбэтим. Сана дьылынан эгэрдэлээри ,уоруулээх бырааьынньыгы эьигинниин бииргэ корсоору кэллим.
(Елканы корор.)
Сказочник:
Истэгит дуо оголор елкабыт иннэлэрэ тыаьыыллар? Хайыа, елкабыт уота умайбакка турар дии! Елкабыт уотун уматыаххайын.(Аптаах палочканан аптыыр) Биир,икки,ус елка уота умай!(Елка уота умайар).
Ырыа: «Наша елка» (уопсай ырыа)
Хоьоон: «Биьиги елкабыт.»
Бу биьи елкабыт
Симэнэн турар.
Елкабыт бутуннуу
Кулумнээн костор.
Куох елкаттар
Комус ардахчаан туьэр.
Оо, олус учугэй
Елкага сылдьар.
Ытыспытын таьынабыт,
Ырыа ыллыыбыт.
Ункуулээн сайбайа
Тула сырсабыт.
Сказочник:Мин эьиэхэ оголор,Сана дьыллаагы остуоруйа кордоруохпун багарабын.Остуоруйа коробут дуо оголор?
(Уот умуллар.Аптаах музыка тыаьыыр.Олоппоско Настенька киирэн олорор.Илиитигэр баайыы тутуурдаах).
Сказочник:
Арай биирдэ былыыр-былыыр олорбуттара эбитэ уьу огонньордоох эмээхсин. Кинилэр икки кыыстаахтар эбит. Биирдэрэ ,огонньор кыыьа Настенька олус кэрэ дьуьуннээх, коно майгылаах ,улэьит да улэьит кыыс эбит. Онтон иккис кыыстара ,эмээхсин кыыьа Марфуша ,уьун куну быьа утуйартан,аьыыртан ордугу билбэт ,олус моку дьуьуннээх,сурэгэ суох кыыс эбит. Соготох Настенька эрэ тууннэри-кунустэри улэлээн,хачыгырайан тахсар эбит.
(Дьиэ иьиттэн эмээхин тахсар.Дьааьыйар.Кэннин хайыьан Марфушатын атаахтатар.)
Мачеха:
Мин кырасаабыссам,Марфушенька барахсан утуйа сытар.Настя!
Настя:
Тугуй ийэкээм?
Мачеха: Аскын астаатын дуо?
Настя: Астаатым ийэкээм.
Мачеха: Дьиэгин хомуйдун дуо?!
Настя: Хомуйдум ийэкээм.
Мачеха: Уугун тастын дуо?
Настя: Суох ийэ билигин барыам.
Мачеха: Бар тургэнник! Сурэгэ суогун корун эрэ,уутун таспакка олорор!
Ункуу: «Биэдирэлээх ункуу»
Настя: Уубун агаллым ийэкээм.
Мачеха: Онтон билигин того тугу да гыммакка олорогун дуо?!
Настя:Мин балтыбар Марфушага наскы баайа олоробун .
Мачеха: Соруйан Марфушаны утутумаары спицагынан тонсуйа олорогун дуо!
Настя: Суох мин….
Мачеха: Санарыма! Дьиикэй! Ити эн уьун куну быьа суурэкэлээннин олбуттуу утуйагын! Онтон мин Марфушам эн курдук суурэкэлээбэт,кохсутунэн тонхоннообот,киниэхэ кыра да тыас утуйарыгар мэьэйдиир.Бар мантан! Икки харахпар костумэ!
Настя: Ханна барабын ийэкээм?
Мачеха: Тыага бар! Маста агал. Оьохпут уота умуллан эрэр.
Настя: Ийэкээм туун дии.Тымныыта да бэрт,тонон хаалыам.
(Огонньор тахсар.Кыыьын аьынар).
Мачеха:Бар диэтим! Тоннохуна даганы ким да ытыа суога.
Огонньор: Эмээхин,туунэ да бэрт.Сарсыада да барыа буоллага.
Мачеха: Туох диигиний?! Билигин бэйэгин кыыскын кытта таьырдьа бырагыам!
Огонньор: Санарбаппын.Санарбаппын.
(Настенька былаатын бурунэн тахсар.Марфуша ытыыра иьиллэр).
Марфуша: Маманя!
Мачеха: Иьэбин барахсаным. Суурдум кырасаабыссам!
(Дьиэ иьиттэнМарфушаны таьаарар,петушок биэрэр,атаахтатар. Марфуша петушогун салыы салыы айагын тыаьатар,атаахтыыр,сиэгинэн соттор.)
Мачеха: Мин кырасаабыссам,барахсаным!Того утуйбатын?
Марфуша: Настенькалыын того улахан багайытык кэпсэтэгитий? (ытыыр)
Мачеха: (уоскутар) Тыага ыыттым багайыны, онно тиийэн тыаьаатын! Огону утуппата.
Марфуша: Бардын! Кор да манны оссо ,сылаас диэгэ олоруо уьу. Бардыбыт маманя, мин утуйуом этэ.Сылайдым дэлби.
(Мачеха кыыьын илдьэ барар.Уот умуллар.Лавка хомуллар, тонургэс киллэриллэр. Настенька киирэр. Тонмут, илиитин урэр)
Волшебник: Ол курдук Настенька тууннэри ,дьиэтиттэн ууруллэн тыага барбыт.Арай кордогунэ аарыма улахан харыйа уунэн турар эбит.
Настя: Ыччуу.Тоннохпун. Хаара халына, хараната да бэрт. Тоттору бардахпына мачехам тоттору уурэр буоллага.Ол кэриэтэ бу тонургэскэ олоруом.Ким да миигин аьыммат( ытыыр).
(Тонургэскэ олорор. Музыка тыаьыыр)
Ункуу: Хаар ункуутэ.
(Тыал тыаьа иьиллэр. Мороз санарар микрофона).
Мороз:Сылаас дуо эйиэхэ кыысчаан?
Настя: Сылаас эьэчээн, сылаас Моруосчаан!
( Настя тоно олорор. Илиитин ириэринэр.)
(Дед Мороз киирэр)
Мороз : Онтон билигин сылаас дуо эйиэхэ кыысчаан?
Настя: Сылаас эьээчээн,сылаас Моруосчаан!
Мороз: Бачча эйэгэс, кэрэ кыыс тууннэритугу гына сылдьагын тыага?
Настя:Миигин мачехам мас агалтара ыытта тыага.
Мороз: Туох буолбут мачеханый,огону тууннэри тыага уурэрий?! Чэ,хомойума. Бугун аптаах туун.Эн иэдээннэр мин комолоьуом. Онтон эн мин багабын толоруон дуо?
Настя:Тугу багарагын эьээчээн?
Мороз: Мин бэйэм туспунан ырыа истибэтэгим ыраатта. Ырыа истиэхпин багарабын.
Настя: Мин оннук ырыаны билбэппин ээ. Оголор, миэхэ комолоьогут дуо?
Ырыа: «Ким киэргэттэ»
Мороз: Уой наьаа да уордум ырыа истэн.Аны ункуулуохпун багардым!
Настя: Оголор,эьээчээммитин ункуулэтиэххэйин.
Ункуу: Полька.
Мороз: Баьыыба Настенька! Баьыыбаларын оголор!Аны Настенька дьиэлиир кэмин кэллэ. Мин эйиигин кураанах илиилээх ыыппаппын. Эн утуо санаан ,коно майгын иьин мин эйиэхэ аптаах холбуйа бэлэхтиибин.
Настя: Баьыыба Моруос !
Мороз: Чэ эрэ, аптаах манан аттарым Настеньканы дьиэтигэр илдьин эрэ!
Волшебник: Ити курдук Настеньканы Моруос огонньор аптаах аттара дьиэтигэр илдьэн биэрбиттэр.
(Ус ат киирэллэр.Настеньканы олордон илдьэ бараллар.Хаар кыргыттар киирэн,аттар кэннилэриттэн эргийэн тахсаллар. Настенька холбуйатын туппутунан дьиэтигэр баар буола туьэр. Иннигэр мачехата Марфуушалыын тураллар.)
Мачеха: Аа, кэллин дуо багайы! Бу туоххунуй? Хантан ыллын?
Настя: Тыага Дед Мороьу корустум.Биьиги оголору кытта кинини куллэрбиппитин иьин биэрдэ.
Марфуша: Холбуйа иьигэр туох баарый? Кордор эрэ.
(Холбуйага огуруо, кылбачыгас танас баар. Марфуша ымсыырар,хаьытыыр.)
Марфуша: Холбуйа багарабын! Огуруо багарабын! Баай багарабын!Багарабын!Багарабын!
Мачеха: (Настяны анньар) Бар мантан! Икки харахпар костумэ! Багайы! Марфушенька, биьиги билигин эмиэ тыага ыытыахпыт, Моруоска. Кини эйиэхэ оссо элбэх баайы биэриэгэ. Настятаагар элбэх!
( Шуба таьаарар, былаат,булкаларын туттарар)
Мачеха: Мэ, бу эйиэхэ булочка. Огом тыага аччыктыа. Сылаас шуба,туулээх былаат. Чэ бар кырасаабыссам. Моруос эйиэхэ элбэх да элбэх баайы биэриэ.
(Марфуша барар.)
Мачеха:Настяга Моруос биир эрэ холбуйаны биэрбит.Онтон мин огобор Марфушенькага, кырасыабайын иьин иккини биэриэ.Суох,уьу биэриэ.Оссо дыбарыас туттарыа .
Волшебник: Марфуша таннан-саптан , толору астаах ыьыктаах Мооруос огонньортон толору баайдаах холбуйа ылаары тыага аттанар.
( Уот умуллар. Марфуша киирэн олорор.Булка сиир.Ким эрэ иьиирэр, Дьэгэ Бааба суурэн киирэр.)
ДьБ:Аьаа! Бу хайалара биьи тыабытыгар кэлэн олороруй?
Марфуша: Бар эмээхин!Солом суох! Корбоккун дуо,мин манна женихпын куутэ олоробун!
ДьБ: Билигин мин эйиэхэ женихтары ыныртыам кырасаабысса! Эй, оросбуойнньуктар кэлин манна тургэнник! Корун ким кэлэн олорорун! Билигин халыахпыт кинини!
Ункуу: «Разбойниктар ункуулэрэ»
(Дьэгэ Бааба Марфуша шубатын былаатын былдьыыр)
ДьБ: Дьэ эрэ,миэхэ кырдьагас киьиэхэ шубагын,былааткын бэлэхтээ эрэ! Тыага тымныы,онтон эйиэхэ сон,танас наада буолбат ини.Булкаларгын эмиэ манна агал!
Марфуша: Хайа бу эмээхин иирбит дуу! Туох буоллун! Агал тоттору шубабын!
(Танаьын тоттору былдьыы сатыыр.Разбойниктар Марфушаны тогуруйэллэр, быанан баайаллар.Марфуша хаьыытыыр.)
Марфуша: Маманя! Комолос! Кырбаан эрэллэр!
ДьБ: Хаьыытаа!Хаьыытаа! Ким да истиэ суога эйиигин! Халаатыбыт,албыннаатыбыт биьиги эйиигин. Аны кэлэн буттэгин буолуо.
(Дед Мороз саната иьиллэр: «Эге-гей!» Разбойниктар Моруос санатын истээт олоппосторугар олороллор.Дьэгэ Бааба Марфуша кэннигэр саьар.Дед Мороз Киирэр)
Мороз: Хайа бу туох дьиибэ кыыла турарый?
Марфуша: Бэйэн кыылгын! Корбоккун дуо кырасаабысса кыыс турабын!
Мороз: Эмиэ кыыс кэлэн турар.Ол гынан баран атын,кыыьырымтагай.
Марфуша: Кыыьырымына! Аспын танаспын бутуннуу былдьаан ыллылар!
Мороз: Ол ким эйиигин мин тыабар атагастаата?
(Марфуша Дьэгэ Баабаны ыйар)
Марфуша: Бу кырдьагас эмээхин! Соммун, былааппын уорда,булкаларбын бутуннуу сиэтэ.
ДьБ: Булкан оссо ордубута ээ. Мэ бу сонун,былаатын.Оонньоотогум дии кыратык.
Мороз: Миигин кытта оонньооботун буолуо! Эмиэ уруккугун сагалаан эрэгин дуо?Дьэ сэрэн,тонорон биьиэм!
ДьБ: Миигин дуо? Мин суох, тугу да гыммаппын.Билигин инним диэки барыам,онтон уна,ханас.Туох да буолбатагын курдук баран хаалыам.
( Уна ханас ойуоккалыыр.Куотар)
Мороз: Дьэгэ Бааба куотта. Онтон эйиэхэ сылаас дуо кыысчаан?
Марфуша: Хантан сылаас буолуой! Муннум уута барыта суурдэ! ( Моруоьу сагатыттан сахсыйар) Агал холбуйабын тургэнник! Уонна баай женихта!
Мороз: Тохтоо эрэ бу кыыс. Саатар бэрэскинэн кундулээ.
Марфуша: Бэйэбэр агыйах! Бэрэскилээх оссо!
Мороз: Онтон миэхэ ыллыаххын, ункуулуоххун багарбаккын дуо?
Марфуша: Оссо диэ! Мин кимэхэ да ыллаабаппын, бары миэхэ эрэ ыллыыллар. Ункууну сатаабаппын,ким да уорэппэтэгэ.Агал холбуйабын! Тоннум буолбат дуо!
Мороз: Чэ соп,буоллун даганы.Бу эйиэхэ эн холбуйан. Чэ эрэ,аптаах хара аттарым Марфушаны дьиэтигэр тириэрдин!
( Торуосканан тонсуйар,ус сибиинньэ суурэн кэлэллэр. Марфушаны илдьэ бараллар. Настя,Мачеха,Морозка корсоллор)
Волшебник: Ол курдук Марфуша байан-тайан дьиэтигэр эргиллэн кэлэр.
Мачеха: Уай Марфушенька-душенька.Холбуйата улаханын! Онтон того биирий эрэ?
Марфуша: Морозтан ыйыт. Оссо дьиэбэр эккирэтэн кэлбит.
(Холбуйанф аьаллар.Барыта тырыттыбыт танас.)
Марфуша: Маманя! Албыннаатылар,атагастаатылар! Баай оннугар тырыттыбыт танас укпуттар!
Мачеха: Оссо эн! (Мороьу охсоору гынар)
Мороз: Тохтоо! Эн миэхэ Моруоска хаьыытаары гынагын дуо? Эн Марфушан ырыа ыллаабыта дуо? Ункуулээбитэ дуо? Бэрэски да бэрсибэтэгэ.Билигин иккиэннитин тонортолоон биьиэм!
(Мачеха куттанар)
Мачеха: Санарбаппын.санарбаппын.(Марфушаны кууьар,санныга охсор)Акаары! Атын холбуйаны ылбыккын буолбат дуо!Настя,кэл манна! Эйиигиттэн сылтаан огобун огустум! УУу учугэй агайдык баттаххыттан тардыам ээ!
Мороз: Тохтоо Настенька.Эйиигин манна куруук атагастыыллар дуо?
Настя: Куруук атагастыыллар.Миэхэ миигин комускуур,таптыыр ийэм суох.
Мороз: Миигин кытта барсагын дуо? Мин эйиигин сиэн оностуом, Снегурочка диэн ааттыам. Миигин кытта теремокка олоруохпут,кыьын оголорго ыалдьыттыахпыт.
Настя: Барсабын эьээчээн.
Мороз: Онтон эьиги утуону ойдообот дьон дьиэгитигэр подарога суох хаалын! Настенька эн холбуйагын манна хаалларыма,бэйэгэр туьалыага.
(Мороз Настялыын тахсаллар.Настя холбуйалаах)
Марфуша: Маманя(ытыыр)
Мачеха: Ытаама,бардыбыт!Эйиигиттэн сылтаан подаарага суох хааллыбыт!
(Тахсан бараллар)
Волшебник: Манан остуоруйабыт тумуктэнэр. Учугэй остуоруйа дуо оголор?
Детсад аанын арыйан
Сана дьылбыт кэллэ,
Сандаар уоттаах харыйа
Кулумурдуу тустэ.
Торуоскатын тыаьатан,
Тымныы.тымныы огонньор
Ыраах сиртэн биьиэхэ
Ыалдьыттыы кэлэн иьэр.
Истин эрэ,оголор Дед Мороз табаларын чуорааннара лынкынаьаллар.
Ункуу: Табалар ункуулэрэ.
( Дед Мороьу ыныраллар 3 раза)
ДМороз: Дорооболорун оголор,дорооболорун ыалдьыттар!
Барыгытын кэлэн иьэр саргылаах сана дьылынан эгэрдэлиибин!
Оголорум улааппыттар, туьа дьоно буолбуттар. Чэ эрэ ,оголор туран миигин кытта хороводтуоххайын.
Хоровод: «Дед Мороз»
ДМороз: Оголорум олус да учугэйдик ыллыыллар эбит. Хайа,онтон сиэним Хаарчаана того кэлбэтий?
Хоьоон: «Снегурочка»
Снегурочка!Ау!Ау!
В косматой шубе лес…
Ищу тебя зову,зову,
Твой легкий след исчез.
Ты спряталась под елкою?
Зарылась ли в снегу?
Пробраться чащей колкою
Никак я не могу.
Снегурочка!Снегурочка!
Ау!Ау!Ау!
Тропинками знакомыми
Легко тебе бежать.
В сугробах буреломами
Как буду я шагать?
Исколот весь иголками,
В снегу увязну я.
Меж сумрачными елками
Мне не найти тебя.
И вдруг она явилася:
Под елкою стоит,
Еловой веткой колкою
К себе меня манит.
Осыпан весь снежинками
Серебряный убор,
Расшита шуба льдинками,
Искрится льдистый взор…
«Снегурочка!Снегурочка!»-
Я крикнуть ей хотел,
Искристый снег под елкою
Косматой прозвенел…
(Хаарчаананы ыныраллар. Уьус сырыытыгар Настенька Хаарчаана буолан музыканан киирэр. Залы тула хаамар,ункуулуур. Дед Мороз аттыгар тиийэн турар.)
Хаар: Миигин биллигит дуо оголор?(Оголор билэллэр)Барыгытын кэлэн иьэр Сана дьылынан! Сана дьолунан!
Оонньуу: «Дед Мороз утулугэ»
ДМороз: Оголорбун кытта оонньоон сылайдым. Олорон оголорум хоьооннорун истэм этэ.
Хоьоон: «Манан дьиэ»А.Николаев
Хоьоон: «Аьына уонна кымырдагас»И.Крылов
Хоьоон: «Куоскалар уонна саьыл » Т.Сметанин
Хоьоон: «Дело было в январе»Агния Барто
Флешмоб:
ДМороз: Оголорбун корон олус уордум. Элбэх да хоьоону,ырыаны билэллэр эбит. Чэ эрэ, Хаарчаана оголорбутугар кэьиибитин тунэтиэххэ.
(Сюрпризный момент. Оголорго подарок туттарыллар.)
ДМороз: Чэ оголор,мин бардым.Ыраах-чугас детсадтарбар,атын оголорго эмиэ подароктарын тунэтиэм. Эьиил корсуоххэ диэри.
Хаар: Корсуоххэдиэри оголор!
(Дед Мороз,Хаарчаана тахсан бараллар. Утренник тумуктэнэр)