"Көмүс күһүн" аралдьытыы
методическая разработка

Оҕо аймах сөбүлүүр дьылын кэмигэр анаммыт аралдьытыы сценарийа.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл komus_kuhun_araldytyy.docx18.98 КБ

Предварительный просмотр:

Балаҕан ыйын 23 күнэ 2022 сыл

Бээдитээҕи 4 №- дээх «Туллукчаан» оҕо саада

Көмүс күһүн тэрээһинигэр аналлаах «Көмүс күһүн» аралдьытыы барыла (араас саастаах оҕолорго ананар).

Оруолларга : Көмүс күһүн,  оҕолор.  

Туттуллар тэриллэр: (Корзиналар, моркуоптар, тэллэйдэр, сэбирдэхтэр, киэргэтиллибит фотозона,  эриэппэ макета) .

Саала иһэ көмүс күһүнү  атаарыыга анаан  киэргэтиллибит оҕолор намыын музыканнан саалаҕа киирэллэр.

Ыытааччы: -Оҕолоор, көрүҥ эрэ тула өттүбүтүн тугун үчүгэйэй! Хайдах курдук кэрэтик хоспут иһэ симэммитин! Киммит маннык кичэллэн хоспут иһин киэргэттэ? Уонна ханнык бырааһынньык бүгүн буоларый?

Оҕолор: - Көмүс күһүн.

Ыытааччы: - Саамай сөп бүгүн биһиги Күһүн бырааһынньыгар кэллибит. –Көмүс күһүн кэлбитин биһиги хантан биллибит? (Оҕолор эппиэттэрэ)

Көмүс күһүн кэлбитин, оҕо аймах үөрэ көрдө,

Тэлибириир сэбирдэҕи эккирэтэ оонньоото.

Кыһыл көмүс сэбирдэхтэр атахтарбыт анныгар

Хачыгырыы тыаһааннар биһигинниин оонньууллар.

Сэбирдэхтэр тэлээрин хаҕыс тыалтан оргууйдук.

Оҕо аймах үөрдүн – көттүн эһигинниин сырыстын.

Биһиги оҕолорбут күһүн туһунан хоһоон, ырыа бэлэмнээбиттэрэ ону толорон иһитиннэриэхтэрэ (Оҕолор хоһоонноро).

(Намыын музыканан Күһүн киирэн кэлэр)

Күһүн: Үтүө күнүнэн мин күндү доҕотторум, мин көмүс күһүн буолабын, тыалы кытта аргыстаһан сэбирдэхтиин сиэттиһэн, баран иһэммин, эһиги хоһооҥҥутун, ырыаҕытын тойуккутун истэммин бу тиийэн кэллим!

Мин эһиги көмүс күһүн туһунан төһө билэргитин билиэхпин баҕарабын, оонньуубут дуо оҕолоор……

Ыйытыктар:

Күһүн: Оҕолоор, миэхэ көмүс күһүн кэлбит бэлиэлэрин ааттаталааҥ эрэ.

Оҕолор эппиэттэрэ…..

Күһүн: Күһүн ханнык сир астарын хомуйуохха сөбүй?

Оҕолор эппиэттэрэ….

Күһүн: Күһүн ханнык дьыл кэмин кэнниттэн кэлэрий?

Оҕолор эппиэттэрэ…...

Күһүн: Күһүн  хостонор оҕуруот астарын ааттаталаан эрэ.

Оҕолор эппиэттэрэ…..

Күһүн: Маладьыастар, олус элбэҕи мин туспунан билэр эбиккит.

Күһүн: Күһүн улаатан хостонор оҕуруот аһын туһунан “Эриэппэ” диэн остуоруйаны мин наһаа сөбүлүүбүн, эһиги ол остуоруйаны билэҕит? Чэйиҥ эрэ, оччоҕо оҕолорум миэхэ ол остуоруйаны туруоран көрдөрүн эрэ. (“Эриэппэ” остуоруйа көрдөрүү).

Иитээччи: Оҕолоор көрүҥ, эрэ көмүс күһүн тугу тутан турарый?,

Оҕолор эппиэттэрэ……

Иитээччи: онтон корзинага туох баарый?

Оҕолор эппиэттэрэ…… (Оҕурсу, помидор, луук). (Көмүс күһүн кэһиитин түҥэтэр).  

Ыытааччы: - Оҕолоор билигин Көмүс күһүн кэһиититтэн кыракый хаһаайкаларбыт биһиэхэ  Салат кырбаан амсатыахтара. (Салат кырбааһына)

Күһүн: Мин туспунан олус элбэх ырыа баар, миэхэ ырыа ыллаан иһитиннэриэххит дуо ?

Оҕолор ырыалара (ырыа «Салаат»)

Күһүн: Оҕолоор, олус үчүгэй күһүҥҥү бырааьынньыкка сылдьаммын үөрдүм, аҕай, куруутун бу курдук түмсүүлээх, эйэлээх, бэрээдэктээх оҕолор буолун, мин барар кэмим тиийэн кэллэ, көрсүөххэ диэри!

Ыытааччы: Көмүс күһүн, кэлэн күндү ыалдьыт буолбуккар, махтанабыт, уонна элбэх уйгуну быйаҥы үөрүүну, көтүүнү баҕарабыт.  (Күһүн тахсан барар)

Ыытааччы:  Биһиги «Көмүс күһүн» аралдьыйыыбыт иккис чааһыгар киирэбит. Саамай өлгөм астаах-үөллээх дьыл кэмэ – Күһүн. Биһиги салгыы “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” дьаарбаҥкабытын уонна “Саамай, саамай...” диэн оҕуруот аһын күрэҕин, оҕолор уруһуйдарын, аппликацияларын быыстапкатын аһабыт. (Дьаарбаҥка, күрэх ыытыллар)

Ыытааччы: - Аралдьытыыбыт түмүктэнэр кэмэ тиийэн кэллэ, өссө төгүл оҕолорбутун көмүс күһүн  бырааьынньыган итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит, баҕарабыт сир үрдүгэр баар бары  кэрэни, дьоллоох оҕо сааһы.