Сценарий 8 марта "Эбээ сиэнинээн" (Бабушка с внуком)
материал (старшая группа)
Бу сценарий кулун тутар 8 кунугэр аналлаах тэрээьиннэ , эбэтэр эбээлэр куннэригэр анаан ыытыахха соп.
Сыала:Оҕолорго ийэлэр, эбээлэр, эдьиийдэр куннэрин туһунан ейдебулу уескэтии. Кырдьагас дьонно убаастабылы иитии.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy_8_marta_22ebee_sienineen22.docx | 36.14 КБ |
Предварительный просмотр:
«Эйэҕэс эбээ сиэнинээн» (8 марта)
Сыала: Оҕолорго ийэлэр, эбээлэр, эдьиийдэр куннэрин туһунан ейдебулу уескэтии. Кырдьагас дьонно убаастабылы иитии.
Туттуллар матырыйааллар:
Остуол
Устуул
Оонньууга аналлаах: сибэкки эминньэхтэрэ, овощи 10 шт., 2 кастрюля, сибэкки 1 шт.
(Ийэ, эбээ туьунан ырыалар тыаьыыллар)
Муусука тыаьыыр. Оҕолор киирэн саалага олороллор.
Ыытааччы 1.:
Салгын оонньуур
Алаас күлэр,
Дьэргэлгэнэ түстэ,
Сандал сааспыт тиийэн кэллэ
Ыытааччы2.:Утүе күнүнэн, күндү оҕолор уонна тереппуттэр! Ийэлэр, эбээлэр, эдьиийдэр куннэрэ! Олус да истинник иьиллэр! Хас биирдиибит бу орто дойдуга чугастан-чугас дьоммутугар –сурэхтэн кутуллар истин иһирэх тыллары этиэхпитин ба5арабыт.
Ыытааччы 1: Кунду дьоммутун ис сурэхпититтэн бу сааскы бырааһынньыганан итиитик-истинник эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт саха алмааһын курдук кытаанах доруобуйаны, санаабыккыт барыта сатаннын, ба5арбыккыт барыта туоллун, уьун дьоллоох олоҕу!
Ыытааччы 2: Кун сирин кереет, биьиги аан бастаан ийэбитин керебут, ийэбит сылаас илиитигэр киирэбит. Ийэбит биьиэхэ саамай кунду киһибит. Күндү ийэлэрбитигэр биһиги хоһооммутун бэлэхтиибит
1 ого Ийэ диэн күндү тыл,
Ийэ диэн аптаах тыл,
Ийэ салгын куппут,
Ийэ харысхал куппут.
2 ого Ийэлээхпин үөрэбин,
Ийэлээхпин күлэбин,
Ийэлээхпин тыынабын,
Ийэлээхпин дьолоохпун...
3 ого Ийэттэн төрөөннөр оҕолор,
Ийэттэн илгэтин иһэллэр,
Ийэттэн сылааһын ылаллар,
Ийэттэн тапталын билэллэр...
4 ого Ийэбит минньигэс астаах,
Ийэбит эйэҕэс майгылаах,
Ийэбит элбэххэ үөрэтэр,
Ийэбит иитэр- такайар...
5 ого Ийэбит сороҕор сылайар,
Ийэбит сороҕор хомойор,
Ийэ тула сүүрэбит,
Ийэбин үөрдэ сатыыбыт...
6 ого Хомойор диэни билимэҥ,
Хоргутар диэни көрсүмэҥ,
Хайдах да ыалдьымаҥ,
Хаһан да кырдьымаҥ...
7 ого Күн күбэй ийэбит
Күн тэцэ киьибит
Кемелеһе сылдьыахха
Күүскэ кууһан ылыахха
Ырыа «Мин маамам»
Ыытааччы 1: Онтон этин эрэ оголоор,
Киммит ийэбитин солбуйар,
Итиитик имэнник таптыырый?
Ордук биһигини атаахтатарый?
Оголор бары: «Ол биһиги истин иьирэх , эйэгэс эбээбит!»
Ого Ийэбин солбуйар аанньалбын
Итиитик имэннээн таптыыбын
Ис киирбэх эбэбин,
Илиибин даллатан кууhабын
Ыытааччы 2: Эбээ дьиэтэ ичигэс,
Эбээ аһа минньигэс
Эбээ курдук эйэ5эс
Эбээ курдук сайа5ас
Ким да баарын билбэппин
Кимин кыайан эппэппин.
- Ого Эбэм баар – атаахтыыр күн киhим
Элэккэй бигэнэр биhигим.
Эрэнэн буруйбун ойооччу.
Эриэккэс тылынан эмтээччи.
- Ого Уйа5ас дууhалаах,
Эйэ5эс барахсан,
Кыраттан үөрээхтиир,
Уйадыйан ылаахтыыр.
- Ого Биhиги эбэбит эйэ5эс,
Биhиги эбэбит элэккэй,
Биhиги эбэбит муударай,
Элбэ5и билэрин сө5өбүт.
Ыытааччы 1 Диэн тылларынан бугун биhиги бүгүннү сааскы сандал үоруулээх күн эбээлэрбитигэр анаммыт «Эйэ5эс эбээ сиэнинээн» диэн күрэхпитин аhарбытын конүллээн. Бүгүннү куннэ биhиэхэ ыаьдьыттыы кэллилэр:
Муусука тыаьыыр, кыттааччылар биир-биир киирэллэр
1.Эбээ сиэнинээн
2. Эбээ сиэнинээн
3. Эбээ сиэнинээн
4. Эбээ сиэнинээн
Ыытааччы 2 : Көрүн эрэ, биһиги эбээлэрбитин, кинилэр эдэрдэрин, кэрэлэрин. Оголорун атахтарыгар туруоран үлэһит бэрдэ гынан иитэн таһааран билигин аны тапталлаах сиэнчээннэрин көрсө-харайса иитиһэ сылдьаллар.
Ыытааччы 1 Күндү эбэлэрбитин итиитик истинник э5эрдэлиирбитин көнүллээн. Олорор олоххут уй5арыйбат уйгуланнын, быстыбат быйаннаннын, үоруу-котүү аргыстаннын! 80 сааскытын аhара туhун, 90 –тун томточчу туолан, 100 сааскытыгар диэри сылдьын диэн алгыспытын тиэрдэбит!
Ыытааччы 2Дьүүллүүр сүбэни кытта билиһиннэрэбит:
- Уһуйааммыт сэбиэдиссэйэ
- Уһуйааммыт методиһа
Ыытааччы 1. Өссө төгүл ытыспытын харыстаабакка эбээлэрбитин уонна кинилэр тапталлаах сиэннэрин көрсүөгун. Бүгүннү күрэххэ талба талааннарын, сатабыллырын, Истин сыһыаннарын эһиги иннигитигэр көрдөрүөхтэрэ.
1 түһүмэх:
Ыытааччы 2 Аан бастаан эбэлэрбитин кытта билсиhиэ5ин.
Ынырабыт
1 кы кыттааччыбытын сэнинээн
2 с кыттааччыбытын сэнинээн
3 с кыттааччыбытын сэнинээн
4 с кыттааччыбытын сэнинээн
Ыытааччы 1. Эбээлэрбитигэр иһирэх махталбытын тириэрдэбит!!!
- Ого Эбэм миэнэ эйэ5эс
Миигин олуhун диэн таптыыр.
Сылаас чэйин, минньигэс аhын
Олус, олус сөбүлүүбүн.
- Ого Эбээни таптаан, эбээни убаастаан,
Сылаас, итии хараххынан кинини эн кор.
Куруутун эбэни уураа- сыллаа,
Эбээ оччо5о үөрүө5э, эбээ дьоллоох буолуо5а.
Ыытааччы 1. Уонна оголорбут толорууларыгар «Эбэм барахсан» ырыа
«Эбэм барахсан» ырыа
Ытааччы 2: Кэрэчээн кыргыттарбыт толорууларыгар «Сибэккиилээх үнкүү»
«Сибэккиилээх үнкүү»
2 түһүмэх:
Ытааччы 2: 2 түһүмэхпитигэр киирэбит «Уран тарбах» -эбээлэрбит талба талааннарын, сатабылларын, айар дьогурдарын көрдөрүөхтэрэ, билиһиннэриэхтэрэ
көрсүөгүн 1 кы кыттааччыны
1. 1 кы кыттааччыбытын
2 с кыттааччыларбытын ынырабыт
3с кыттааччыбытын
4с кыттааччыбытын
3 түһүмэх:
Ыытааччы 1. : 3 түһүмэхпитигэр киирэбит. Биһиги эбэлэрбит аптаах остуоруйаларын, сээркээн сэһэннэрин сүрдээ5ин сэнээрэн истэрбитин сөбүлүүбүт. Билигин мин кылгас викторина ыытыам, остуоруйалары төһө билэр эбиккитий,о5олор эмиэ эппиэттэһэллэр.
- О5онньор хомуйан биэрбит бурдугун тобо5унан эмээхсин тугу буһарбытый?(колобок)
- Бу сэттэ о5о эбэлэрэ суох буолан ийэлэрэ бэйэлэрин эрэ хаалларан баран уут ыла барбыт.Ханнык остуоруйа дьиэ кэргэнигэр маннык буолбутуй?(Боро уонна сэттэ хоьуол о5олоро)
- Бу эмээхсин баай буолуон наьаа ба5арар эбит, онноо5ор сарыысса буола сылдьыбыт, ол гынан баран олус инсэтиттэн тоттору дьадьайбыт.(Балыксыт уонна комус балыкчаан туьунан остуоруйа)
- Бу остуоруйа5а биир туокун аьара аччыктаан утуо санаалаах эбэ буола сатаабыт уонна бэргэьэ, ачыкы кэппитин сиэнэ кыыс билбэтэх.(Кыьыл Бэргэьэчээн)
5.Онтон бу остуоруйа5а о5онньордоох эмээхсин комус оноьугу унту туьэрэн маккыраччы ытаабыттар.(Эбириэн куурусса)
6. Пушкин «Олбут сарыабына уонна сэттэ бухатыыр» остуоруйага королевич аата ким этэй? (Елисей)
7. Ханнык остуоруйага остуоруйа героя хараначчыга олорсон араас сири кэрийэрий? (Дюймовочка)
8. Ханнык остуоруйага остуоруйа героя олор остоогун тууппулэтинэн быраган кыайыылаах буоларый ? (Щелкунчик)
Ыытааччы2: Биhиги эбэлэрбит о5олоругар, сиэннэригэр хайдах остуоруйа аа5алларын көрдубут, иhиттибит. Махтаныа5ын.
Ыытааччы 1: Былыр былыргаттан хас биирдии ийэ нарын-намчы сылаас куоластарынан биьик ырыатынан буобэйдээн, эмийин уутунэн илгэлээн тапталлаах оголорун улаатыннарбыттара. Ийэ сылаас, сымна5ас илиитигэр кетехтерен сытан, таптыы- таптыы минньигэстик сыллаан, ис – иьиттэн оргууй ыллаан буөбэйдиириттэн эьээхэй холкутуйар, утуйар.
Биьик ырыа кеметунэн ийэ оготун тулалыыр эйгэни кытта билииьиннэрэр, сири- дойдуну уруйдаан, айыл5а кэрэтин арыйан хоьуйар.
4 түһүмэх:
Ыытааччы2: Ол курдук 4 туһумэхпитигэр киириэгин «Биһик ырыата».
Ынырабыт 1 кыттааччыны:
1 кыттааччы толоруутугар
2 кыттааччы толоруутугар
3 кыттааччы толоруутугар
4 кыттааччы толоруутугар
Ыытааччы 2. Хайдахтаах курдук кэрэ, нарын-намчы куоластаахтарый биһиги эбээлэрбит! Эбээлэрбитигэр махтаныагын!
Эриэккэс детсадка куннэтэ мустабыт
Ырыаны, ункууну угуһу билэбит.
Эйэ5эс майгыга иитиллэн иһэбит.
Уолаттар толорууларыгар ункуу
Оонньуулар:
- «Ийэбитигэр борщ миин буһарарыгар көмөлөһуоххэ» (овощи 10 шт , кастрюля 2)
Оголор икки хамаандага арахсаллар. Огуруот аьын ылан иьиккэ дылы суурэн тиийэн биирдии буолан уочаратынан уган иьэбит. Бастакыннан огуруот аьын бутэрбит хамаанда хотуулаах тахсар.
- Оонньуу «Ким тургэнник ийэтин кууьа охсуой?»
(ийэлэр тогуруччу тураллар. Оголор тогурук иьигэр ыьыллан тураллар. Муусука тыаьыыр – ийэлэр тогуруччу хаамаллар, онтон оголор харахтарын симэллэр. Муусука тыаьаан буттэр эрэ оголор ийэлэрин була охсон кууьа охсоллор. Ол кэннэ ийэлэрин кытта оголор ункуулууллэр.)
- Оонньуу «Маамагын илиитинэн таай»
Ийэлэр бары тураллар. Оголор харахтарын баайаллар уонна ийэтин илиитинэн булан ылыахтаах.
5 түһүмэх:
Ыытааччы 1: Уонна бутэһик 5 туһумэхпитигэр киирэбит «Мода». Эбээ сиэнинээн урукку эдэр эрдэгинээги танастарын – саптарын таннан мода кордоруохтэрэ
Корсуогун 1 кы кыттааччылары
2. кыттааччылары
3. кыттааччылары
- кыттааччылары
Дьуулуур субэ барар
Ыытааччы 2: Кунду уйа5ас сурэхтээх, нарын-кэрэ, биьиги ийэлэрбит, эбээлэрбит, эдьиийдэрбит! Бугунну куннэ санаа5ытын туьэрбэккэ, олохпут тупсарын туьугар о5олорбутун иитиигэ активнайдык кыттын. Дууьабыт сылааьын, тарбаххыт талаанын, айар дьо5ургутун таьаарыылаах улэ5э туьаайын. Аан дойду дьахталларын кунэ эьиэхэ5э биир кэрэ-бэлиэ кунунэн буоллун.
Ыытааччы 1: ийэлэрбитигэр анаан оголор хоьоон аагаыахтара
Ийэҕэ мичээрдиэххэ,
Ырыата ыллыахха,
Эргийэ үҥкүүлүөххэ,
Хоһоонно ааҕыахха...
Күн тэҥэ күндүнү,
Ый тэҥэ киһини,
Куруутун харыстыахха,
Мэлдьитин таптыахха...
Кулунчук ийэлээх
Куобахчаан ийэлээх
Кубачаан ийэлээх
Таня кыыс ийэлээх
Вася уол ийэлээх
Ийэтэ суох ого
Суох эбит оччого.
Кун кэрэ бэйэлээх
Ким бары ийэлээх.
Оголор барыбыт
Ийэни таптыыбыт.
Ийэлээх буоламмыт
Иэйэммит ыллыыбыт.
Ыытааччы Ийэкээ, эйиэхэ ыллыыбыт
Истинтэн-истин ырыаны.
Эйиигин олуьун таптыыбыт
Таптыахпыт үйэ саас тухары.
Ырыа «Ийэм кэлиэн иннинэ»
Оонньуулар:
. "Таптал сибэккитэ"
- оголор тогүрүччү тураллар уонна нарын бытаан ырыа тыаьаатагына сибэккини төгуруччу ыыталлар, муусука буттэгинэ сибэкки кимиэхэ түбэспитинэн ийэлэригэр анаан таптал тыллары этэллэр.
Оонньуу . «Ийэбитигэр анаан сибэккитэ хомуйуохха»
Сибэкки эминньэхтэрэ саалага ыьылла сыталлар. Оголор хамаанданнан сибэкки хомуйан онороллор.
Боппуруостар (Бириэмэ тиийбэтэгинэ)
- Былыргы Египет салайааччыта ? (Фараон)
- Аан бастаанны киьи олорор сирэ ? (хайа хаспага)
- Рим куораты ханнык кыылар быыьаабыттарай? (Хаастар)
- Ханнык кыылы кумах куйаарын хараабыла дииллэрий? (верблюд)
Нагаарадалааһын
Хаартыскага түһүү
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий развлечения "Как Баба Яга внука в армию провожала"
Развлечение посвящено празднованию Дня Защитника Отечества, проводится в форме соревнования совместно с родителями....
Сценарий праздника,посвященного 23 февраля "Как Баба Яга внука в армию провожала" для детей 6-7 лет
В феврале, когда дуют ветры и метут метели, мы празднуем праздник - День Защитника отечества. В сценарии дети поют, танцуют и играют с Бабой Ягой и внуком Левушкой....
Сценарий праздника для ветеранов "Мы - внуки твои, Победа!"
Говоря о патриотическом воспитании в детском саду, нельзя не коснуться такого великого праздника как День Победы. Неизгладимое впечатление для детей оставляют встречи с ветеранами ВОВ, жителями блокад...
Конспект День Победы. Сценарий "Помнят внуки подвиг ваш"
СЦЕНАРИЙ ПРАЗДНИКА, ПОСВЯЩЕННОГО 70 - ЛЕТИЮ ПОБЕДЫ В ВЕЛИКОЙ ОТЕЧЕСТВЕННОЙ ВОЙНЕ«ПОМНЯТ ВНУКИ ПОДВИГ ВАШ»...
Пусть память вечную хранят и внуки наших внуков!
Совсем недавно прошел самый главный праздник нашей страны – День Победы! Хочу рассказать, о том, какие интересные и познавательные мероприятия прошли в Корликовской ОСШ (дошкольное образование),...
Проект по нравственно-патриотическому воспитанию «Пусть память верную хранят и наших внуков внуки»
Воспитание гражданственности, патриотизма; увековечение подвига народа в Великой Отечественной войне. Формирование представлений о Великой Отечественной войне (воспитание патриотических чувств у детей...
Сценарий игровой программы «Бабушки и внуки не знают скуки!»
Организация интересного досуга детей и бабушек. Создать хорошее настроение, благоприятную атмосферу между двумя поколениями....