сценарий новогоднего праздника
методическая разработка (младшая, старшая группа)
сценарий новогоднего праздника младшей группы совместно с старшей группой
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy_ng_2021.docx | 24.33 КБ |
Предварительный просмотр:
Саҥа дьыл утреннигын сценарийа
“Эрэлчээн”, “Мэникчээн” бөлөхтөр
Куобах – Татьяна Николаевна
Саһыл – Айыына Васильевна
Ыт –
Эһэ –
Оҕус –
Ыытааччылар – Анастасия Анатольевна, Людмила Гаврильевна
Тымныы оҕонньор, Хаарчаана
Туттуллар матырыйааллар: мас дьиэ, хаар дьиэ, мастар, чөҥөчөх.
1 ыытааччы: Үтүө күнүнэн күндү оҕолор, убаастабыллаах ыалдьыттар, биһиги бүгүн бары кэлэн иһэр Саҥа дьылы көрсөр үөрүүлээх тэрээһиммитигэр муһуннубут. Эҕэрдэ тыллара...
2ыытааччы: Баҕарыа этибит эһиэхэ кэлэр сылга туох баар бары үчүгэйи, кытаанах доруобуйаны, элбэх үөрүүлээх түгэннэри, ситиһиилэри, дьолу.
Билигин эһигини барыгытын остуоруйа дойдутугар ыҥырабыт.
1ыыт: Ыркый ойуур быыһыгар мас дьиэ турбут, бу дьиэҕэ куобахчаан олорор эбит.
Музыка тыаһыыр, куобах киирэн ыстаҥалаан дьиэтир киирэр.
2ыыт: Бу тыаҕа чугас соҕус куобах дьиэтин аттыгар саһылчаан хаарынан дьиэ туттан олорбут. Бу икки кыыллар томороон тымныыны эйэ дэмнээхтик олорон туораан испиттэр.
Музыка, куобах уонна саһыл үҥкүүлүүллэр.
1ыыт: Арай биир күн күүстээх тыал үрэн, силлиэ буурҕа түһэн, саһыл хаар дьиэтин үрэйэн, ыһан-алдьатан кэбиспит. Дьэ туран, саһыл дьиэтэ суох хаалан баран, куобахха күүлэйдии кэлбит уонна куобах барахсаны дьиэтиттэн үүрэн таһаарбыт. Бэйэтэ киирэн куобах дьиэтин дьиэ гынан олорбут.
2ыыт: Куобах барахсан тыа устун баран иһэн чөҥөчөххө олорон ытаабыт.
Музыка. Ыттар киирэллэр, сүүрэллэр, оонньууллар. Куобаҕы көрө түһэллэр.
Ыт: Хайа куобахчаан, тоҕо ытаатын
Куобах: Саһыл хаар дьиэлээх этэ, ол дьэитин тыал түһэн алдьатан кэбистэ, мин дьиэбэр киирэн олорор, миигин үүрэн кэбистэ. (Ытыыр)
Ыт: Ытаама куобахчаан, биһигини кытта барыс, саһылы үүрүөхпүт (ав-ав).
Ыттар, куобах дьиэҕэ кэлэллэр.
Ыт: Саһыл, түргэнник куобах дьиэтиттэн таҕыс! (ав-ав)
Саһыл: Тахсыбаппын, тахсыам даҕаны бэйэҕитин кэһэтиэм.
Ыттар үрэ-үрэ куоталлар (олоппоско олороллор)
1 ыыт: Ити курдук саһыл куобахчааны дьиэтигэр киллэрбэт, куобахчаан барахсан ытыы-ытыы тыа устун баран иһэр.
Музыка. Эһэ киирэр, үҥкүүлүүр. Иһиллиир – ким эрэ ытыыр. Куобаҕы көрө түһэр: Куобахчаан, тоҕо ытаатын, ким атаҕастаата?
Куобах: (ытыыр) Саһыл хаар дьиэтэ сууллан хаалан, мин дьиэбин былдьаан ылла, миигин киллэрбэт.
Эһэ: Оо, ытаама куобахчаан, мин кинини үүрүөм.
Куобах: Сатаан үүрбэтин буолуо, ыттар үүрбүттэрэ да, тахсыбат.
Эһэ: Мин туохтан да куттаммаппын, үүрүөм!
1ыыт: Дьэ ити курдук эһэлээх куобах саһылга тиийэллэр.
Ээ: Рррр, саһыл түргэнник куобах дьиэтиттэн таҕыс!
Саһыл: Тахсыбаппын, тахсыам даҕаны бэйэҕин кэһэтиэм!
2ыыт: Эһэ куттанан тыа диэки ыстанар. Куобах барахсан эмиэ соҕотох хаалан, ытыы-ытыы тыа устун баран иһэр.
Музыка. Оҕус киирэр, хамсанар, үҥкүүлүүр. Куобаҕы күрү түһэр (ытыыр).
Оҕус: Мууу, куобахчаан, тоҕо ытаатын?
Куобах: Хайдах ытыам суоҕай оҕусчаан. Мас дьиэбин саһыл былдьаан ылла, кини хаар дьиэтэ сууллан хаалбытыгар миэхэ кэлэн киирбитэ уонна тахсыбат, миигин дьиэбэр киллэрбэт.
Оҕус: Санааҕын түһэримэ куобахчаан, саһылы эн дьиэҕиттэн үүрүөм.
Куобах: син биир үүрбэккин, ыттар да, эһэ да үүрэ сатаатылар да, кыайбатылар.
Оҕус: Суох, мин үүрүөм, барыах!
Иккиэн дьиэҕэ чугаһыыллар.
Оҕус: Мууу, саһылы муоспунан кэйиэм, туйахпынан тоҥсуйуом, таҕыс түргэнник куобах дьиэтиттэн!
1ыыт: Саһыл оҕус саҥатын истэн куттанар, таҥаһын таҥнар.
Саһыл: Таҕыстым, таҕыстым, таҥаспын таҥнабын, уоскуй дуу, оҕусчаан.
Саһыл тахсан чөҥөчөххө олорор, буруйдаммыттыы туттар.
Куобах: Улахан махтал оҕусчаан! Дьиэбэр киирэн олоруом, эн миэхэ ыалдьыттыы кэлэр буолаар.
2ыыт: Тит курдук оҕусчаан саһылтан куобах дьиэтин быыһаан биэрбит. Куобах олус үөрбүт уонна доҕотторун үҥкүүгэ ыҥырбыт.
Куобах: Доҕотторуом, бары кэлиҥ, бары көрүҥ, хайдах курдук кэрэчээн харыйа турарый! Харыйабыт уотун уматан, бары бииргэ хоробуоттаан хаамсыаҕыҥ.
1ыыт: Оҕолоор, бары тэҥҥэ этиэҕиҥ, харыйабыт уота умай!
Хоровод “В лесу родилась елочка”
Хоровод бүтэр, тыал тыаһыыр (хаар тыаһа). Тымныы оҕонньор киирэр:
Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан, барыгытын эҕэрдэлиибин.
Тымныы о5онньор: Мин манна саһыл куобаҕы дьиэтигэр киллэрбэт диэн истэн кэллим. Оннук дуо?
1ыыт: Быйылгы дьылбыт бэлиэтэ Оҕусчаан көмөтүнэн куобах бэйэтин дьиэтигэр киирэн олорор. Оҕолоор, саһылы манна ыҥырын эрэ.
Саһылы оҕолор сиэтэн таһаараллар.
Тымныы о5онньор: Дьэ саһылчаан, аны куһаҕаны оҥорума, чиэһинэй буол!
Саһыл: Суох, аны хаһан даҕаны куһаҕаны оҥоруом суоҕа, тылбын биэрэбин.
2ыыт: Моруос кырдьаҕас, кэлэн манна олор, уһун айантан сылайбытын буолуо. Олорон сынньан. Хаарчааналаах эһиэхэ анаан биһиги кыргыттарбыт хаар үҥкүүтүн үҥкүүлүөхтэрэ.
Музыка. Кыргыттар толорууларыгар “Хаар үҥкүүтэ”
Тымныы оҕонньор: Оҕолоор, хоһоон, ырыа истиэхпин баҕарабын, үөрэттигит дуо?
Хоһоон “Саҥа дьыл” – Тимофеева Мия
Хоһоон “Хаатыҥка” – Семенова Сайнаара
Ырыа “Моруос кэллэ” – “Эрэлчээн” бөлөх
Хоһоон “Мээчик” – Карпова Виктория
Хоһоон “Харыйа таҥынна” – Петров Харысхан
Хоһоон “Харыйа” – Пономарев Байдам
Тымныы оҕонньор: Маладьыастар, наһаа үөрдүм, миэхэ ырыа, хоһоон анаабыккытыгар олус долгуйдум.
Хаарчаана: Үчүгэй да оҕолор, ырыа, хоһоон бөҕө билбиттэр, мин эмиэ үөрдүм.
Оҕолоор, бары бииргэ харыйа тула туран хороводтаан хаамсыахайын!
Хоровод “Маленькой елочке”
Подарок туттарыы, быраһаайдаһыы.
- Оҕолорум маладьыастар, эһиил эмиэ саҥа ырыа, хоһоон билэн тоһуйаарыҥ. Билигин мин атын уһуйааннарынан ыалдьыттыы бардым.
Эһиилги Саҥа дьылга көрсүөххэ дылы!
1ыыт: Оҕолоор, эһиги төрөппүттэргитин кытта Саҥа дьыллааҕы харыйа уонна хаар киһи арааһын олук кэрэтик оҥорбуккут, кыттыбыт оҕолорго барыгытыгар бу маннык махтал суруктары туттарарбытын көҥүллэҥ!
2ыыт: Манан бүгүҥҥү бырааһыҥҥыкпыт түмүктэнэр кэмэ тиийэн кэллэ, барыгытын кэлэн иһэр 2021 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибит! Бары үчүгэйи, кэрэни, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт! Көрсүөххэ дылы!
“Ханыытын бул” – оонньуу
“Мороженое” - оонньуу
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий новогоднего праздника в первой младшей группе: "Зайка на новогоднем празднике".
Дети помогают зайчику выгнать лису из своего домика и веселят его песнями, плчсками, играми....
Сценарий Новогоднего праздника "ПРОДЕЛКИ КОТА БАЗИЛИО И ЛИСЫ АЛИСЫ НА НОВОГОДНЕМ ПРАЗДНИКЕ"
Сценарий праздника для двух групп (старшего и подготовительного возраста) Роли для взрослых - Дед Мороз, Лиса Алиса, Кот Базилио. ...
Сценарий Новогоднего праздника в первой младшей группе НОД в первой младшей группе (ребенок и окружающий мир) «Новогодний праздник»
Создать атмосферу праздника, вызвать у детей положительные эмоции...
Сценарий новогоднего праздника "Новогодний бал для Золушки" (праздник для детей старшей группы)
Создать у детей радостное настроение. Вызвать эмоциональную отзывчивость, способствовать развитию интереса к окружающему миру.Задачи:- Совершенствовать музыкально-ритмические навыки детей через хорово...
Сценарий новогоднего праздника для детей старшей группы «Новогодняя сказка». Ход праздника.
Сценарий новогоднего утренника...
Сценарий Новогоднего праздника для детей средней группы "Новогодний праздник со Снеговичком!"
Сценарий...
Сценарий Новогоднего праздника для старшего дошкольного возраста "Лиса Алиса и Кот Базилио на новогоднем празднике"
Интереснйе праздник для детей старшего возраста. Проделки Лисы и Кота, главный гость - Дед Мороз - основные взрослые персонажи....