Сценарии праздников
материал (средняя группа)

Нестерова Инна Софроновна

Сценарии праздников, концертов, развлечений.

Скачать:


Предварительный просмотр:

Байанай бырааьынньыгын сценарийа

(орто белех)

Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут       дьарыга булт  туьунан о5олор билиилэрин  чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы бииьиннэрии. Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыьыаны иитии. О5о айар дьо5уру сайыннарыы (ункуугэ,уус-уран тылга,ырыа5а).

Ыытааччы: . Бугун биьиэхэ уоруулээх кун Баай  Барыылаах Байанайбыт кунэ. Утуокэн угэстээх, Сээркээн сэьэннээх, оттук харалаах Баай  Байанай бырааьынньыгынан э5эрдэлиибит! Сэтинньи ый- Байанай ыйа  диэн ааттаналлар. Бу ыйга  булчуттар ыраах  бултуу-алтыы бараллар эбит. Кунду туулээ5и эккирэтэллэр, куобахтыыллар, куьунун балыктыыллар. Эьэкээннэриттэн кордоьоллор, айах туталлар. Отуу-маьы алдьатыам суо5а, наадыйарбын эрэ ылыам диэн анда5ар этэллэр.

- Билигин булчут алгыьын керуе5ун (слайдка видео кестер).

Ааны ким эрэ тонсуйар, таьырдьаттан булчут киирэн кэлэр.

Булчут: Дорооболорун, оголоор! Баай Байанай кунунэн эьиэхэ мин ыалдьыттыы кэллим. Бу Байанай бэрсибит туулээ5ин кердере а5аллым (туулээ5и кердеруу).

Ыытааччы: Дорообо, булчут! Кыратык сынньана таарыйа о5олорбут ырыаларын иьит- сэргээ.

Ырыа "Таба"

Булчут: Маладьыастар! Олус учугэйдик ыллыыр эбиккит. Мин билигин эьигини кытта оонньуохпун ба5арабын.

"Кыыллары таай" оонньуу.

Ыытааччы:  Комус кыымын ыьыахтаан

                       Кутаа уота умайда

                       Сырдаан, костон кэллилэр

                       Харыйалар, бэс мастар,

                       Муьуннулар кордоох дьоннор сааьыттар.

                       Кору-нары тэнитэн

                      Сэьэн –номох  эргитэн

                       Булчут дьонум айдаарар.

Булчут ункуутэ.

Булчут: Наьаа да чугэйдик ункуулуур уолаттар эбиккит. Булчут кыра5ы харахтаах , эрчимнээх илиилээх буолар. Онон  ким саамай сытыы харахтаа5ын, сымса илиилээ5ин билиэхпит.

"Куьу тап" оонньуу

Ыытааччы: Билигин биьиги кыргыттарбыт "Таба" ункуутун ункуулээн кердеруехтэрэ.

Таба ункуутэ.

Ыытааччы: Дьэ эрэ, бу мустан олорон Баай Байанай кунунэн хоьоон аа5ан иьитиннэриэххэйин.

О5олор тахсаннар кыыллар тустарынан хоьоон аа5аллар.

Ыытааччы: Маладьыастар!

Булчут:  Корун эрэ ол туох эрэ костор (слайдка куол, оночо костор). Ити Байанай биьигини кемус хатырыктаа5ынан  кундулээри гыммыт эбит.

"Балыгы хаптар" оонньуу

Ыытааччы: Балык богото хаптардыбыт дии! Эбэбитигэр махталбытын биллэрэн ырыата ыллаан иьитиннэриэххэйин.

Ырыа "Первый снег".

Булчут: Олус бэьиэлэй, сымса, тургэнник толкуйдуур о5олор эбиккит. Маладьыастар! Уолаттар улааттаххытына ааттаах булчуттар буолсугут. Бугун эьиэхэ кэлэн олус сынньанным, астынным. Ол иьин эьиэхэ Байанай эьэбит бэлиэтин бэлэх уунабын!(Мэтээл туттарыы). Керсуеххэ диэри!

Ыытааччы: О5олор бары маладьыастар! Баай Байанай кунунэн алгыстаах алаадьыта амсайыа5ын!

-  Биьиги аар  тай5абытын, тулалыыр  айыл5абытын мэлдьи харыстыа5ын! Оччо5о эрэ котор-суурэр уксуу туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан  кундулуу  туруо!



Предварительный просмотр:

"Кемус куьун" орто белех о5олоругар аралдьытыы

Группа иьэ куьуннулуу киэргэммит. О5олор олоппосторго олороллор.

Ыытыыччы: Утуе кунунэн, о5олор! Таьырдьа хайдах буолбутуй? Ханнык дьыл кэмэ кэлбитий? (о5олор куьун). Маладьыастар!    

                                                                Куьун кэллэ

                                                                Тулам саьарда

                                                                Куьун уердэ,

                                                                Тулам киэргэннэ!

- Дьэ эрэ,  билигин куьун туьунан таабырынна таайыа5ын:

1. Биир сэлээппэлээх, биир атахтаах о5онньор тыа5а са5аытгар олорор уьу (тэллэй).

2. Кини курулаччы кутта5ына саппыкы кэтэбит (Ардах).

3. Сайын о5уруокка тот куех еннеехтер, куьун иьиккэ тууьаналлар (о5урсу).

4. Мастартан сэбирдэхтэри сиргэ  туьэрэр баар уьу (тыал).

5. Кыьыл еннеех тегурук мээчик о5уруокка олоро уьу (помидор).

6. Хаьан таьырдьа тымныйарый, элбэх ардах туьэрий, тулабыт барыта аранас енненеруй? (куьун)

- Маладьыастар, куьун туьунан таабырын бегетун билэр эбиккит!

Куьун буолла тымныйда

Куммут саста

Былыкка...

Музыка тыаьыыр, группа5а куьун киирэн кэлэр.

Ыытааччы: Дорообо!

Куьун: Дорооболорун! Мин куьун кыыьа бугун эьиги бырааьынньыккытыгар ыалдьыттыы кэллим.

Ыытааччы: Олус учугэй! Биьиги эйиэхэ хоьоон аа5ан иьитиннэриэхпит.

О5олор тахсан хоьоон аа5аллар.

Куьун: Маладьыастар, мин туспунан наьаа учугэй хоьоону билэр эбиккит. Аны билигин миигин кытта оонньуо5ун.

Оонньуу (икки хамаанда5а арахсан баран).

Ыытаччы: Салгыы биьиги оголорбут ырыаларын истиэ5ин.

Ырыа "Урожай"

Ыытааччы: О5олоор, эьиги о5руот астарын уонна фрукталары билэ5ит дуо?

О5олор: Билэбит!

Ыытааччы: Оччо5о билигин "Компот" диэн оонньууну ооньуо5ун.

"Компот" оонньуу.

Ыытааччы: Биьиги оголорбут ессе олус учугэйдик ункуулууллэр!

Куьун: Того учугэйэй, мин эмиэ ункуулуехпун наьаа ба5арабын эьигини кытта.

Ункуу "Сэбирдэхтэр"

Куьун: Маладьыастар, наьаа учугэйдик ункуулуур эбиккит!

Ыытааччы: Аны билигин куьун кыыьын кытта "Амсайаннын таай" диэн оонньууну оонньуо5ун.

Оонньуу "Амсайаннын таай".

"Эриэхэни хомуй" оонньуу.

Куьун: Баьыыбаларын эьиэхэ оголор! Бугун мин олус учугэй бырааьынньыкка сылдьан сынньанным, астынным уонна бу эьиэхэ бэйэм  бэйэм бэлэхпин биэриэхпин ба5арабын! (бэлэ5ин тунэтэр уонна быраьаайдаьан тахсан барар).

Ыытааччы: Манан биьиги бырааьынньыкпыт тумуктэнэр. Онтон эьиги, оголор, куьуну умнуман, эьиил эмиэ биьиэхэ эргиллэн кэлиэ5э.Керсуеххэ диэри!



Предварительный просмотр:

"Ойор - тэбэр о5о саас"

орто болох уорэх сылын тумуктуур кэнсиэрэ

Буолар сирэ: Музыкальнай саала.

Сайынны бытаан музыка тыаьыы турар.

Ыытааччы:

Сэмээр сиккиэр тыалынан

Сэбирдэ5и хамсатан,

Сарыал кунун уотунан

Сырылата куйааран, -

Илгэ сайын тиийэн кэллэ.

Утуо кунунэн, кунду о5олор, тереппуттэр, ыалдьыттар! Бугунну сайынны дьэбдик сарсыарда биьиги уэрээри - котоору, кэрэни кэрэхсээри муhуннубут. "Мичээр" орто бологун оголоро эhиэхэ анаан ыллыахтара - туойуохтара, ункуулуохтрэ, бэйэлэрин кордоруохтэрэ. Дьэ эрэ, уорэхпит сылын тумуктуур кэнсиэрбитин са5алыырбытын конуллээн!

1. Курэгэй, куорэгэй

Корулээ, сэгэртэй,

Куох дуолун дэлэгэй,

Кун анна Учугэй!

 Орто болох оголорун толорууларыгар "Куорэгэй" ырыа.

2. Корсун П.Тобуруокап 100 сааьыгар аналлаах "Этэр тыл эгэлгэтэ"республиканскай куонкурус кыттыылаа5ын - Диана Ефремованы. "Хатын" П.Тобуроков хоhоон.

3. Салгыы коруо5ун биhиги джентельмен уолаттарбыт толорууларыгар "Шляпалаах" ункууну.

4. Ыраата сылдьан эйигин саныыбын

Ыраата сылдьан эйигин саныыбын

Кун сирин кордорбут мин кунду Ийэбин

Ийэ баар буолан биьиги ыллыыбыт,

Ийэ баар буолан биьи уорэбит

Ырыа "Ийэм миэнэ кыраhыабай"

5. Дохсун ытыс тыаьынан корсун улуустаа5ы "Сааскы таммахтар" ырыа - ункуу курэ5ин лауреаттарын уолаттар ансаамбылларын, "Пираттар" ырыа.

6. Корсун биьиги инники эрэллэрбитин, кунду оголорбутун. Кинилэр эьиэхэ аныахтара "Светофор" диэн ырыаны.

7.Биьиэхэ бугун Индияттан ус кэрэ кыргыттар ункуулэрин бэлэхтии кэлбиттэр.

8. Урун кунум анныгар

Урумэччи буоламмын

Уоьээ котон тахсыа5ым...

орто болох о5олорун толорууларыгар "Летчик" ырыатын истиэ5ин!

9. Кылыhахтаах  куоластаах,

Кынкынас ырыалаах,

Кытылыгым барахсан кэрэгин да5аны!

Шишигина Вика, Слепцова Саргы, Андреева Илона толорууларыгар "Кыталык" ункуутэ.

10. "Биьиги маамабыт "  ырыа

14. Дохсун ытыс тыаhынан корсун "Сааскы таммахтар"   региональнай куонкурус лауреаттарын, биьиги кыргыттарбытын! "Лыах" ункуутэ

13. Хоьоон детсад

12. Флеш моб

14. "Ким до5ордоох - ол дьоллоох" диэн тураммыт бэлэхтиибит эhиэхэ "Эйэлээх о5олор" диэн ырыаны.

Ыытааччы: Кунду корооччулэрбит, истин сэргээччилэрбит! Манан биhиги "Ойор -тэбэр о5о саас" кэнсиэрбит тумуктэнэр бириэмэтэ тиийэн кэллэ. Кунду тороппуттэрбитигэр куускут - комо5ут, субэ5ит - ама5ыт иьин истин махталбытын тиэрдэбит! Ба5арабыт эьиэхэ  сахабыт сирин алмааьыныы кытаанах бигэ доруобуйаны, сырдык ыраас тапталы, саппа5ырбат ыра санааны, уоруу-котуу аргыстаах уьун уйэлээх дьоллоох оло5у!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

8 марта в старшей группе. Сценарий "Любимые телепередачи" Праздник, посвященный дню 8 марта для детей старшего дошкольного возраста Описание материала: Предлагаю вашему вниманию сценарий праздника для детей старшего дошкольного возраста (5-6 лет), посвящ

8 марта в старшей группе. Сценарий "Любимые телепередачи"Праздник, посвященный дню 8 марта для детей старшего дошкольного возрастаОписание материала: Предлагаю вашему вниманию сценарий празд...

Сценарий праздника 8 марта в детском саду. Средняя группа Праздник 8 Марта в средней и старшей группах. Сценарий

1. Создание праздничной атмосферы для детей детского сада, родителей и педагогов.2. Формировать позитивное отношение к знаниям и школе....

Сценарий праздника осени в младшей группе.Сценарий праздника « Моя мама лучше всех».

laquo;Цель: создать праздничное настроение, способствовать становлению положительных детско-родительских отношений.Задачи:Воспитывать любовь и уважение к матери и побуждать детей сделать приятно...