сценарии утренников
методическая разработка

Гойдь Светлана Александровна

Данные сценарии предназначены для воспитателей детского сада 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy_ng19-20gg.docx19.26 КБ

Предварительный просмотр:

Сана дьыллаах сценарий – 2 мл.группа

«Путешествие в подводное царство»

Цель: развиваем положительные эмоции от праздника Новый год

Задачи:

  1. Формируем у детей представление о сказочных персонажах подводного мира;
  2. Развиваем потребность в движениях, чувства ритма, темпа, координацию движения;
  3. Развиваем вокальные навыки.

Оборудования: Трон морского царя, трезубец,  колодец, мешок с подарками.

Роли:             Ыытааччы (Ы); Тымныы моруос (Т.М);  Хаарчаана (Х); Комус балык (К.Б);Муора тойоно (М.Т); Русалочки (Девочки);  Пираты (Мальчики)

(О5олор киирэн олороллор, музыка тыаьыыр, ыытааччы тахсар)

Ы:                                                             Сылы быьа кэтэспит

Сана дьылбыт кэллэ дии

Аптаах кэрэ киэьээбит

Дьэ тиийэн кэллэ дии

Араас онноох уоттарынан

Харыйабыт дьиримниир

Оо олус да кэрэ, Сана дьыл, Сана дьыл

О5олоор, корун эрэ тула, биьиги заалбыт хайдах курдук киэргэммитий? Заалбыт ортотугар элбэх араас киэргэллээх харыйабыт биьиэхэ ыалдьыттыы кэлбит.

(Буур5а тыаьын быыьыгар торуоска тыаьа иьиллэр, Тымныы моруос киирэр )

Т.М:                                                    Утуо кунунэн, кунду о5олор!

Сана дьыл кэлэн,

Сана сыл уунэн,

Эьиэхэ айаннаан, айаннаан

Дьэ тиийэн кэллим.

(Колодец кэннититтэн Комус балык тахсар)

К.Б: ку-ку, ку-ку

Т.М: Хайа, бу туох дьиибэтэ кэллэний?

К.Б: Дорооболорун о5олоор, дорообо тымныы моруос! Мин комус балыкпын, эьиэхэ Муора цаарстыбатыттан илдьит а5аллым.

Т.М: Туох илдьитин?

(Комус балык илдьитин аа5ар)

Т.М: Муора цара ынырыытыгар махтанабын. Ол гынан сатаан барбатым буолуо. Хаарчаанабын кэлэн иьэн сутэрэн кэбистим.

К.Б: Эн долгуйума, Хаарчаана эйигин Муора цаарстыбатыгар кэтэьиэ.

Т.М: Дьэ оччо5о барсабын.

(Комус балык тахсан барар. Тымныы моруос устэ эргийэр, торуоьунан биирдэ сиргэ томсуйар.)

Т.М: Бу хана кэллим? Туох дьиибэ сирэй?

( Тронна Морской царь олорор)

М.Т: Дорообо Тымныы моруос! Мин ынырыыбын ылынан кэлбиккэр махтал буолуохтуон. Олорон сынньана тус,  Хаарчаана эйигин олус да кэтэстэ. Тымныы моруос мин о5олорум бугунну бырааьынньыкка эйиэхэ бэйэлэрин ункуулэрин бэлэхтиэхтэрэ.

(Музыка тыаьыыр. Русалочкалар ункуулэрэ. Хаарчаана киирэр)

Х: Эьээ дорообо, кор эрэ биьиги хайдах курдук кырасыабай сиргэ кэллибитий? Мин муора дойдутугар кэлэн элбэх кэрэни кордум, элбэх дьиктини биллим. Манна русалочкалар эрэ буолбакка пирааттар эмиэ бааллар.

(Музыка тыаьыыр. Пирааттар ункуулэрэ.)

М.Т: Тымныы моруос мин о5олорум бэлэхтэрин хайдах дии санаатын. Муора цаарстыбатын Сана дьылыгар оссо тугу коруоххун-билиэххин ба5арыан этэй.

Т.М: Наьаа учугэй бэлэхтэри бэлэмнээбиккит, ол гынан Сана дьыл ырыата суох сатаммат.

Х: Дьэ эрэ о5олоор, Тымныы моруоска анаан Сана дьыл ырыабытын ылаан иьитиннэриэ5ин эрэ.

(«Сана дьыл» ырыа ыллыыллар)

Х: Эьээ, муора олохтоохторо эйиэхэ ункуу-ырыа эрэ буолбакка хоьоон иьитиннэриэхтэрин ба5араллар.

(Хоьоон аа5аллар. Комус балык суурэн тахсар)

К.Б: Муора тойоно, Тымныы моруос мин муора5а уста сылдьан туох эрэ дьиктитин буллум. Элбэх-элбэх оонньуурдаах, киэргэллээх, ол гынан хомойбут дьуьуннээх.

Х: Эьээ, харыйабыт туьунан умнан кэбиспиппит дии. Харыйабыт хомойон уоттара умуллан хаалбыттар. Дьэ, эрэ о5олоор харыйабыт уотун уматабыт дуо?

(Харыйа уота умайар)

М.Т: Туох дьиктитэй? Туох дьиибэтэй?

Х: Муора тойоно бу масс «Харыйа» диэн  буолар, кини Сана дьыл бырааьынньыгар тула туран ырыа ыллаатаххына санаан туолар. Бары туран хороводтуо5ун.

(Музыка тыаьыыр. Хоровод. Комус балык подарактаах моьооччугу булар)

К.Б: Бу тугуй? Кырдьык аптаах мас быьылаах. Улахан ба5айы кыьыл моьооччук буллум дии.

Т.М: Хайыы, манна кэлэрим са5ана о5олорго кэьии бэлэмнээбитим ди, умна сыспыппын.

(Подарактары тар5атар)

Ы:                                                        Сана дьыл а5аллын эьиэхэ

Самныбат саргылаах дьыл5аны,

Сиргэ баар хас биирдии киьиэхэ

Утуону, кэрэни, уорууну

Сана дьыллаа5ы бырааьынньыкпыт тумуктэнэр чааьа тиийэн кэллэ, барыгытыгар дьолу-соргуну, уорууну-котууну ба5арабыт.

(Вручение грамот за конкурсы)


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий утренника "Новогодний утренник со снеговиком" декабрь 2020 год

Новый год - самый любимый, добрый, сказочный праздник![[{"type":"media","view_mode":"media_large","fid":"21793644","attributes":{"alt":"","class":"media-image"}}]]...

Сценарий утренника «Новогодний праздник» (сценарий праздничного утренника для средней группы)

Новогодние детские утренники—это время чудес,превращений и сюрпризов,которые любят все дети! Сказочно украшенный музыкальный зал,сверкающие огоньки,нарядная ёлка,увлекательные танцы и хороводы,с...