Сценарий сказки-мюзикла "Кошкин дом" С. Маршака в переводе на якутский язык
методическая разработка по музыке

Копырина Лидия Васильевна

Сценарий сказки-мюзикла "Кошкин дом" С. Маршака в переводе на якутский язык

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kuoska_diete_tylbaas.docx31.43 КБ

Предварительный просмотр:

МУЗЫКАЛЬНАЙ ОСТУОРУЙА СЦЕНАРИЯ

Самуил Маршак

«Куоска дьиэтэ»

(Оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөххө аналлаах)

Авторы сценария: Копырина Л.В.

Аянитова В.В.

«КУОСКА ДЬИЭТЭ» ОСТУОРУЙА

Музыка тыаһыыр

Музыка учуутала:

Күһүҥҥү халлааммыт тыалыран барбыта,    

Күлүмнүүр күн уота барыаран саспыта.

Күн кылгаан айылҕа хаһыҥҥа кырыаран,

Көмүстүүр симэҕин кистэнэн, саһыаран,

Күлүмнэс сэбирдэх үҥкүүтүн ыспыта.      

Күөх сирэм үрдүнэн күдэрик устара,

Көтөрдөр үөрдэрэ арахсыы тойугун

Көттүлэр ыллааннар кый ыраах дойдуга.

Чуҥкук кэм бу курдук уһуннук турбута,  

Тиэргэммин сэтинньи сотору булбута.

(Пушкин, “Евгений Онегин”)

ГОРОХ ТУОРААҔЫН ҮҤКҮҮТЭ

Оҕолор ыллыыллар:

Былыты бүрүнэн

Халлааным улуйар,

Ардахтаах күһүнүм

Түннүкпүн тоҥсуйар.

  • Бу күнтэн ылата

Сайыным төннүбэт,

Күндүтүк саныырым

Күһүҥҥэ көстүбэт.  

Санньыардык арахсан,

Чуумпутук кыланан    

Көтөрдөр дайаллар

Былыттаах халлааҥҥа

  • Аныгыс сааскыны

Чуопчааран көрсөөрү,

Миигинниин хаалаллар

Барабыай чыычаахтар.

Арай ол тухары

Халлааным улуйар,

Ардахтаах күһүнүм

Түннүкпүн тоҥсуйар.

  • Күннэтэ ырыалаах

Хаарыаннаах сайыным,

Күндүтүк саныырым

Бу күһүн хаалларда!  

 

                               ОСТУОРУЙА ТУҺУНАН ЫРЫА

ЫРЫА

Күн көмүс сардаҥатын

Сыыйан ылыаҕым,

Кустук сэттэ өҥүттэн

Эмиэ биэрсиэҕим –

Эйиэхэ эрэ аныам

Доҕор үтүө сүбэтин,

Эйиэхэ эрэ кэпсиэм

Остуоруйа үгэтин.  

Хос ырыата:

Күһүҥҥү сэбирдэх

Көтүөҕэ-дайыаҕа,

Куоска дьиэтигэр  

Ааны арыйыаҕа,

Күһүҥҥү сэбирдэх

Көтүөҕэ-дайыаҕа,

Куоска дьиэтигэр  

Ааны арыйыаҕа,

Куоска дьиэтигэр

Ааны арыйыа–ҕа.

 

Күн сирэ таабырынын

Таайа сатыахха,  

Кин сирэ дьиктилэрин

Эмиэ сэргиэххэ-  

Эйиэхэ эрэ оонньоон

Көрдөрүөхпүт биһиги

Дьиҥнээх олоххо көстөр    

Остуоруйа эйгэтин.  

Хос ырыата:

Күһүҥҥү сэбирдэх

Көтүөҕэ-дайыаҕа,

Куоска дьиэтигэр  

Ааны арыйыаҕа,

Күһүҥҥү сэбирдэх

Көтүөҕэ-дайыаҕа,

Куоска дьиэтигэр  

Ааны арыйыаҕа,

Куоска дьиэтигэр

Ааны арыйыа–ҕа.

СЭҺЭННЬИТТЭР ҮҤКҮҮЛЭРЭ

Маҥнайгы сэһэнньит: 

Оҕолоор, сэргээн истиҥ,

Болҕойоҥҥут, чуумпуран,

Остуоруйа кэпсээни.

Иккис сэһэнньит:

Былыыр-былыр хаһан эрэ

Биир Куоска олорбут,

Муус-маҥан, олус кэрэ –  

Үһүс сэһэнньит:

Муора уҥуордааҕы!Соҕурууҥҥу!

Ааттаах Мааны Куоска эбит!  

Маҥнайгы сэһэнньит:

Ол Мааны Куоскабыт

Баай-талым олохтооҕо,            

Утуйарыгар – сырдык хоско

Сымнаҕас ороннооҕо,    

Иккис сэһэнньит: 

Пухуобай суорҕанан сууланара,

Үһүс сэһэнньит: 

Сыттыгар дуоһуйа утуйара!

Бары бииргэ:

Ити аата, ити аата

Мааны Куоска эдьиийбит

Сабыс-саҥа дьиэлээх эбит!          

Маҥнайгы сэһэнньит:

Куоскабыт дьиэтин аттыгар

Манна олбуор ааныгар

Харабыллаан үйэтин моҥообут

Кырдьаҕас Куоска дьиэтэ турбут –

Иккис сэһэнньит:

Баһылай Куоска ол тухары

Олбуор иһин-таһын харбыыр,

Оһох оттор, кутуйахтыыр,

Хотун дьиэтин харабыллыыр,

Үһүс сэһэнньит: 

Биир үтүө күн икки куоска оҕото

Мааны Куоскаҕа кэлбиттэр,

Тулаайахсыйбыт барахсаттар

Бу курдук ыллаабыттар.

Куоска оҕолорун ырыата:

Куоска оҕото

Үүт көрдөөн ытыаҕа,

Килиэп тобоҕун

Бу туран саныаҕа:

 

Эдьиий Куоска,

Түннүккэ көһүн,

Эдьиий Куоска,

Көмөлөһүүй!  

Куоска оҕото

Тымныыга тоҥуоҕа,

Саатар хоннорун

Оҕо утуйуоҕа.

Эдьиий, күн-ый,

Түннүккүн арый, –

Эдьиий куоска,

Көмөлөһүүй!

Баһылай Куоска:

Ким кэлэн тоҥсуйар?

Ким кэлэн ытаата?

Дьиэбит чуумпу олоҕун

Ким кэлэн аймаата?

Маҥнайгы сэһэнньит:

Кырдьаҕас Куоска    

Кыыһыран ыйыппыт,

Иккис сэһэнньит:

Оҕолору кыйдаары  

Харбыырын сараппыт.

 

Куоска оҕолорун ырыата:

Куоска хотунуҥ

Биһиги эдьиийбит,

Кинини ыҥыр  

Билигин ирдиибит.

Эдьиий Куоска,

Түннүккэ көһүн,

Эдьиий Куоска,

Көмөлөһүүй!  

Самныбыт дьиэбит

Тымныйар үргүөргэ,

Кутуйах сиэбит

Муостабыт көбүөрүн.  

Эдьиий Куоска,

Түннүккэ көһүн,

Эдьиий Куоска,

Көмөлөһүүй!  

 

Баһылай Куоска:

Киэр буолун, аймахтар,

Аччыктаабыт айахтар

Алыс да элбээбиккит!

Мааны Куоска:

Кимниин кэпсээттиҥ? Кими буойдуҥ?

Үһүс сэһэнньит

Мааны Куоскабыт түннүктэн

Ыйытылаһар сэҥээрбэккэ.

Кырдьаҕас Куоска:

Оҕолор сылдьаллар, кыыллар,

Аһатын диэн ытыыллар!

 

Мааны Куоска:

Бу түөкүннэри! Бу албыннары!

Үргүтээри доҕотторбун!

Хата, көрөөр эрэ, Баһылай,

Сотору кэлиэхтэрэ –

Мин ааным мэлдьи аһаҕас

Ыалдьыттарга, бэтиэхэҕэ,  

ЧУОРААН ТЫАҺЫЫР:

Дьэ ити баар, дьэ, кэллилэр!

ЫАЛДЬЫТТАР

(Коза уонна Козел, Бөтүүк уонна Куурусса, Сибиинньэ)

Козел уонна Коза киирэллэр  

Мааны Куоска:

Козел тойон, туох сонун?

Күүтэн ахан олоробун!

Козел:

Мм-м-мэрси боку, Мм-мааны Куоска,

Сам-м-мыырга баттаттыбыт,

Коза:  

Кэргэмминэ-э-эн боруоста

Чалбаҕынан хаамтыбыт!

Олороллор

Бөтүүк уонна Куурусса киирэллэр

     

Мааны Куоска

Эҕэрдэ эйиэхэ, Бөтүүк Бүөтүккэ!

Бөтүүк:

Махтал, махтал, Кукареку!

Мааны Куоска:

Онтон эйигин, Куурусса,

Сүтэрбитим балай да буолла.

Куурусса:      

Аһары ыраах эн уулуссан,

Киһи сүрэҕэлдьиир суола.

Сибиинньэ киирэр

Мааны Куоска:

Дорообо, Сибиинньэ эдьиийим,

Хайдаҕый дьиэ-кэргэниҥ?

Сибиинньэ:

Оҕолорум – детсадка, кэргэним – дьиэтигэр,

Мин ыалы кэрийэбин, бэйэм-бэйэбэр.      

Козел:

Бэһиэ буолан кэлэммит

Бүтүн куорат үрдүнэн

Кэпсэнэрэ кэпсэммит    

Дьикти үчүгэй дьиэҕин

Сөҕө-махтайа көрөбүт!

Мааны Куоска:

Дьиэм аана мантан ыла

Эһиэхэҕэ аһаҕас!

Бу – миэбэлим дууп мастан,

Бу – олоппос, манна олоруҥ,

Бу – остуолтан күндү астан

Амсайыҥ, доҕотторум!         

 

Коза: 

Бу остуолга – ыттыахха.  

Козел: 

Бу олоппоһу – амсайыахха.

Сибиинньэ: 

“Атахтарбын ууруоҕум

Остуолга” диир онуоха

Сибиинньэ!

Мааны Куоска:

Буккуллумаҥ, доҕотторум,

Өйдөтө сатыыбын!

Олоппоско – олороҕут,

Остуолга – аһыыгыт!    

 

Сэһэнньиттэр:

Ыалга кыыһырар туһа суох!

Хата, доҕор, ыллыах, оонньуох!

Куурусса:

Бу тугуй???

Мааны Куоска:

Кутуйах сохсото!

Хаппаҕа сабыллаатын кытта

Кутуйах ороспуой хабыллар!    

        (бары сөҕөллөр-махтайаллар)

Куоска:

Онтон Манна – ыалдьыт хоһо...

Көбүөр киэргэллээх,

Сиэркилэ килбиэннээх.

Онтон бу пианиноны

Оселтан ылбытым.

Козел: 

Оччотугар, дьиэлээх хотун!

Көрдөһөр ыалдьытын,

Оонньоо, ыллаа! Өссө киэргэт

Уоттаах-күөстээх хоскун.

Куурусса:

Бөтүүк эмиэ ылластын,

Бүөтүккэм астыннын!!!

         

       

Мааны Куоска.

Мяу, мяу, түүн түһэр,

Маҥнайгы сулус уотун

Мин доҕорум олуһун көһүтэр.

Бөтүүк.

Кукареку, кукареку,

Сэгэрим, тоҕо, тоҕо,

Хааллардыҥ?!  

Бары: 

Үчүгэйин! Браво! Браво!  

 (ытыстарын таһыналлар)

Мааны Куоска:

Өссө ханнык ырыаны

Бэлэхтиибин эһиэхэ?

Сибиинньэ:  

Тохтотуоҕун ырыаны

Үҥкүү ордук биһиэхэ!

ЫАЛДЬЫТТАР ҮҤКҮҮЛЭРЭ 

 («Цыганочка» - Сибиинньэ, «Фокстрот» Коза-Козел, «Танго» Куоскалар)

 Куоска оҕолоро кэлэллэр.

Куоска оҕолорун ырыата:

Куоска оҕото

Үүт көрдөөн ытыаҕа,

Килиэп тобоҕун

Бу туран саныаҕа:

 

Эдьиий Куоска,

Түннүккэ көһүн,

Эдьиий Куоска,

Көмөлөһүүй!  

Куоска оҕото

Тымныыга тоҥуоҕа,

Саатар хоннорун

Оҕо утуйуоҕа.

Эдьиий, күн-ый,

Түннүккүн арый, –

Эдьиий куоска,

Көмөлөһүүй!

Мааны Куоска:

Баһылай куоска, быыһы сап,

Хараҥарда, түүн буолла.    

Камиҥҥын отун, уоту сырдат,

Тымныйаары гынна.  

 

Чаһыы тыаһа. Тыла суох сыана.

Козел:

Доҕотторум, барыаххайыҥ,

Дьиэлээх хотун сынньаннын!  

 

                          ЫАЛДЬЫТТАР БАРАЛЛАР

Коза: 

Биһи чахчы ыксыыбыт.

Вторник күн алта чааска

Дьиэбитигэр ыҥырабыт.

(баран иһэн)

Киэһэлик алта чааска!  

Күүтүөҕүм, остуол тардыам.

Мааны Куоска:  

Хайаан да бара сылдьыам!

Сибиинньэ:

Көрсүөххэ диэри, дьиэлээх хотун,

Олус диэн махтанабын!

Өрөбүлгэ төрөөбүт күммэр

Барыгытын ыҥырабын!  

Куурусса: 

Нэдиэлэ ортото эбиэккэ

Мааны ыалдьыт буолаар,

Сиэмэ диэнэ эриэккэс,

Аһаан баран утуйаар.

Мааны Куоска: 

Көрсүөххэ диэри, доҕотторум!

Олус истиҥ киэһэ ааста,

Аны да мааны ыалдьыт буолуҥ,

Мэлдьи аһаҕас дьиэм аана.

БАРАЛЛАР  

Маҥнайгы сэһэнньит:

Дьиэлээх хотун, Баһылай Куоска    

Доҕотторун атаара тахсыбыттар,  

Олбуор ааныгар ол курдук  

Кэпсэтэ туран хаалбыттар....

Иккис сэһэнньит:

Тылтан-тыл тахсан иһэр,

Кэпсэтии эмиэ ситэр. ...          

Үһүс сэһэнньит:

Арай дьиэҕэ ол кэмҥэ

Каминтан оһох уота

Көбүөргэ көтөн түспүт....

Маҥнайгы сэһэнньит:

Хардаҕаска хатаастыбыт....

Иккис сэһэнньит:    

Олоппоско ойон көспүт...

Үһүс сэһэнньит:

Түннүк сабыытын харбаспыт...

Кыһыл тылынан  дьиэ үрдүн салаабыт!!!

Бары бииргэ:Баһаар! Баһаар буолбут!       (куоталлар)

    Оҕолор сүүрэн кэлэллэр.

                УОТ ҮҤКҮҮТЭ.    Эмиэ куоталлар.

Баһылай Куоска уонна Мааны Куоска сыана быыһын кэнниттэн тахсаллар. Ытыыллар.  

Баһылай Куоска:

Хотунум дьиэтэ, баайа-дуола

Күл-көмөр, күдэн буолла!...  

Мааны Куоска:

Аны ханна олоробун?

Баһылай Куоска: 

Ытаама дуу, хотунуом!  

Мааны Куоска:

Кырдьаҕас, мин биллим!  

Куурусса уйатыгар  ыадьыттыы ыҥырбыта!

Бөтүүк да убайбыт астына ылласпыта!            

   

Баһылай Куоска: 

Истэбин, Хотунуом,

Бөтүүк чахчы хонноруо!

Куоскалар эргийэ хаамаллар, ааны тоҥсуйаллар

 

Мааны Куоска: 

Хоннор миигин,  дьиэтэ суоҕу,

Аһыныгас Куурусса, хараһый!          

Куурусса. Хонноруом этэ да, хайыамый:

Бөтүүгүм түрдэстэн туруоҕа –

 (Бөтүүк хаһыытыыр) Истэҕин дуо, сити курдук,

Ыалдьыкка кыйаханар,

Киһини ыххайар.

Бөтүүк:

Кококо-кукарекуууу!

Миигин бука диэн утутуон!  

Эрдэ эрэ утуйдарбын, сарсын күннүүн уһуктуом!

Мааны Куоска:

Эбиэккэ нэдиэлэ ортото

Ыҥырбытын, эбээт, сотору!

Куурусса: 

Хоннороору ыҥырбаттар,

Уонна бу диэн эттэххэ

Сэрэдэ буолуо отой ыраах!  

Оҕолорбут баппаттар,

Аҕаларын баппыттар,  

Хас биирдиилэрэ – кырыктаах!  

         

   

  ЧОППУУСКАЛАР ҮҤКҮҮЛЭРЭ

Куурусса:

Туох буолбут оҕолоруй!

Оройдорунан көрбүттэр!

Доҕоттор, мантан куотуҥ,

Охсуһууктар, бөтүүктэр

Аны эһиэхэ түһүөхтэрэ!

         

Чоппуускалар (бары):

Куоскалары, тутуҥ, тутуҥ!

Куотан эрэллэр, тохтотуҥ!  

Тутун уһун кутуругун!  

Ктуругуттан соһун!

   

Тоҥсуйа сатыыллар, быыс.

Куоскалар эргийэ хаамаллар, ааны тоҥсуйаллар

Мааны Куоска:

Дьиэлээх хотун, ааҥҥын арый,

Суолга олус сылайдыбыт.

Коза тахсар. Козел иһиллиир.

Коза:

Үтүө киэһэ буолуохтун!

Ыалдьыттарбар үөрэбин!  

Ол эрэн, доҕотторум,

Туох буолан олус хойут

Кэлбиккитин сөҕөбүн!  

Баһылай Куоска:

Хотунум дьиэтин уот сиэтэ!

Хонор сир көрдөнөн эрэбит!

Кошка: 

Саатар кыра муннукка

Утуйан ылыах этибит!

Коза:

Кэргэним дьиэҕэ – тойон,

Киниттэн  ыйытыҥ!

Мааны Куоска: 

Ыалбыт туох диир буолаҕын?

Коза: 

Миэстэ суох диэн эппиэттээ!

Козел: 

Козам миэхэ “миэстэ суох” диэтээээ !

Атыны этиэхпин куттанабын,            

Муоһа уһунун, хоройон

Биирдэ кэйэн кэбиһиээээ.

Коза:

Оонньоон этэр быһыыта...

Ол эрэн, манна чахчы кыараҕас,

Сибиинньэҕэ бара сылдьыҥ,

Аана мэлдьи аһаҕас.      

Коза уонна Козел кэйсэ-кэйсэ быыс кэннигэр киирэллэр

Сибиинньэ уонна сибиинньэ оҕолорун ырыата иһиллэр

Мааны Куоска: 

Истэргэ үчүгэйин!

Ырыа аргыстаах дьиэ-кэргэн

Биһигини киллэриэ,

Түннүктэрин тоҥсуйуохха!

Тоҥсуйаллар

Сибиинньэ:

Ким кэллэ?

Баһылай Куоска: Баһылайбын!

Мааны Куоска: Мааны Куоскабын!

Иккиэн кэлэн турабыт,

Дьиэбит уокка былдьанан,

Эрэйдэнэ сылдьабыт.    

Сибиинньэ:  

Уйабыт олус кыараҕас,  

Аһын кыра оҕолорбун!

Киэҥ дьиэттэн ыйытылас,

Атын киһи хоннордун! – Поварешка туттарар 

                                  Быыс сабыллар

Мааны Куоска:

Бааска Куоска, Баһылыай!

Хайа, диэки хаамабыт?

Киммит кэлэн быыһыаҕай,

Хоннорон абырыаҕай?

Баһылай Куоска:

Ол онно дьиэ турар –

Самыыртан хараарбыт,

Кыччаабыт, кыараабыт, самныбыт.    

     

Иккиэн бииргэ:

Ыйытыаҕыҥ, доҕоттор,

Баара буолуо күн сиригэр

Тоҥмуту ириэрэр,

Аччыгы аһатар,

Дьиэтэ суоҕу хоннорор

Амарах сүрэхтээхтэр,

Аһыныгас санаалаахтар!

Куоскалар эргийэ хаамаллар, ааны тоҥсуйаллар, быыс сабыллар.  

 

Куоска оҕолоро(иккиэн бииргэ):

Ким кэллэ, ким тоҥсуйар?

Баһылай Куоска:

Мааны куоска олбуорун

Харбыыр куоска буолабын,

Хоннорун диэн көрдөһөн

Аан айаҕар турабын!  

Маҥнайгы куоска оҕото:

Эһээ Баһылай, эн дуо?

Эдьиибит баар дуо аттыгар?  

Күнү быһа ытаабыппыт

Түннүккүт анныгар!

Иккис куоска оҕото:

Кырдьаҕас харабыл, эһээ, эһээ,

Эн биһиэхэ бэҕэһээ

Ааҥҥын аспатаҕын!

Баһылай Куоска: 

Харабыллыырым аны суох,

Аһар ааным аны суох!

Бүгүн бэйэм тулаайахпын,

Кэлэн турабын, бу муҥнааҕы!

Мааны Куоска:

Барыстыы гыныҥ эдьиийгитин –

Буруйдаахпын билинэбин!

Баһылай Куоска:

Дьиэбит уокка былдьанна,

Күл-көмөр буолла!

Биһигини хонноруҥ,

Сыыспыттары аһыныҥ!

Маҥнайгы куоска оҕото:

Дьиэбит эргэ, самныбыт,

Муостатын кутуйах сиэбит,

Оһоҕо суох тоҥобут,

Кырыысата суох ыалдьабыт –

Аһаҕас халлаан анныгар

Олорор кэриэтэбит.  

Баһылай Куоска:

Кутуйахчыт бэрдэ,

Булчут бастыҥа,

Дьиэ тутааччы, оһохчут

Мин баарбын, оҕолорум! –

Бары төрдүөн тутуохпут

Саҥа дьиэбит олоҕун!

 

Куоска оҕолоро (иккиэн бииргэ):

Дьиэбит эргэ да буоллар,

Аспыт аҕыйах да буоллар,  

Аччыгы аһатар,

Тоҥмуту ириэрэр,

Ыалдьыты маанылыыр

Биһиги баарбыт!

Маҥнайгы куоска оҕото:

Килиэп тоорохойуттан тоһутан биэрэбин!

Иккис куоска оҕото:

Утары уунабын уулаах биэдэрэни!

 

Куоска оҕолоро (иккиэн бииргэ):

Сарсын малааһын ыһыахпыт,

Үөрэ-көтө ыллыахпыт!  

БАРЫ:

Сити курдук, сити курдук

Амарах санааны айхаллыахпыт,          

Саҥа олоҕу уруйдуохпут!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

новогодний праздник "Аптаах Сана Дьыл" (на якутском языке)

«Аптаах Саңа Дьыл»Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий ...

Сценарий новогоднего утренника (на якутском языке)

Сана дьыллаагы утренник сценарийаТемата: «Мультик геройдара сана сыл бэлиэтин (символын) эбисийээнэни кордооьуннэрэ».Зал киэргэммит. Музыка тыаьыыр. Оголор киирэн олороллор. Эбисийээнэлэр залга с...

Сценарий новогоднего утренника на якутском языке, средняя группа

laquo;ХААРЧААНА»Орто бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий Оруоллар:Улахан дьон:...

Сценарий сказки-мюзикла "Кошкин дом" С. Маршака в переводе на якутский язык

Сценарий сказки-мюзикла "Кошкин дом" С. Маршака в переводе на якутский язык...

Оскуола5а атаарыы сценарийа. (Сценарий выпускного бала на якутском языке)

Сценарий выпускного бала в детском саду на якутском языке....

Учим стихи А.Барто в переводе на коми язык Г.Чупровой

Учим стихи А.Барто в переводе на коми язык Г.Чупровой...