Сценарий утренника ко Дню матери
материал (старшая группа) по теме
Сценарий праздника на якутском языке, для детей старших групп.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Сценарий ко Дню матери | 19.51 КБ |
Предварительный просмотр:
Ийэ кунугэр аналлаах утренник сценарийа
Ыыт:
- Бугуҥҥү күн
Куннуун тэннэ куллэ.
Туругурдун сиргэ ийэ,
Олох уонна эйэ.
- Алаьа дьиэбит сылааьа,
Алаьа дьиэбит ырааьа
Ийэ баар буолла5ына,
Ийэ этэннэ буолла5ына.
- Кунду комус ийэлэрбит, эйэҕэс эбээлэрбит, кырачаан кыргыттарбыт! Бастатан туран бука барыгытын Аан дойду дьахталларын кунунэн итиитик – истинник эҕэрдэлиирбитин конуллээн.
Эьиэхэ ананар этэр тылбыт иьирэх махтала, истин иэйиитэ, у5араабат таптала!
- Сугуруйэбит эьиэхэ-эйэҕэс эбээлэргэ, кун кубэй Ийэлэргэ! Эйэ уонна дьол тосхойдуннар эьиги дьиэ кэргэттэргитигэр! - диэн туран бугунну бырааhынньыкпытын саҕалыырбытын конуллээн!
Оголор залга киирэллэр. Полукругом, ыллыыллар.
Ырыа: «Күндү күммүт барахсан».
Ыыт:
Чээлэй күөх сибэкки
Кэрэтин талан
Ийэбэр бэлэхтиэм
Истиңник иэйиэм
Ийэкэм барахсан
Мин биэрбит бэлэхпин
Сүрэ5эр тутуо.
Хоьооннор: нелли, вова, дамир П, марк.
Ийээ, ийээ, ийэккээм
Мин эйигин таптыыбын
Бу үөрүүлээх ырыаны
Мин эйиэхэ аныыбын
Муора күндү таастарын
Мин эйиэхэ агалтыам
Сир кэрэ сибэккитин
Эйиэхэҕэ бэлэхтиэм
Күн курдук сылаастык
Эн өрүү мичээрдээ
Мин тапталлаах ийэкээм
Дьол – саргы аргыстан.
Марк – эбээ эрдэ уһуктар
Эбээ хойут утуйар
Эбээ курдук тубуктээх
Эбээ курдук үлэлээх
Ким да баарын билбэппин
Кимин кыайан эппэппин.
Эбээ дьиэтин дьаһайар
Эбээ сиэнин харайар
Эббэ курдук са саҕас
Эбээ курдук эйэҕэс
Ким да баарын билбэппин
Кимин кыайан эппэппин.
Ыыт:
Аны билигин биьиги ийэлэрбит, оголорбут бэйэ-бэйэлэрин тоьо билэллэрин коруохпут. Мин оголортон ыйытабын, ким огото эппиэттээбит ол ийэ кэлэр боппуруоска эппиэттиир.
- ………ханнык эн собулуур булуудэгин ийэҥ астыырый? (ого)
- ………саамай собулээн истэр остуоруйата? (мама)
- ………ийэн собулуур дьарыга? (ого)
- ………саамай собулээн кэтэр танаьа? (мама)
- ………ийэн таптаан ким диэн ынырарый? (ого)
- ………тугунан дьарыктанарын ордороруй? (мама)
- ………ханна куулэйдииргитин собулуугутуй? (ого)
- ………чугас доготторо? (мама)
Маладьыастар, бэйэ-бэйэлэрин олус учугэйдик билэллэр эбит. Ытыспытын таьынан биэриэгин!
Кыргыттар толорууларыгар ырыа «Кыра хаһаайка»
Ыыт: оголоор, билигин ханнык дьыл кэмэй? (саас), маладьыастар!
Дохсун ытыс тыаьынан сааьы корсуогун (саас киирэр, колокольчиктаах).
Саас: Кырыа кыһыны үүрэммин
Сандал сааһы аҕаллым.
Күлүҥ-үөрүҥ доҕоттоор,
Күн уотугар сыламнааҥ.
Саас: кыыс ого толкото ийэ буолуу. Билигин биьиги кыргыттарбытын курэхтэьиннэриэхпит. Миэхэ 3 кыыс наада. Курэхпит аата «Огогун таныннар» диэн. (3 ого наада, танас, сап).
Саас: аптаах чуорааным тыаьынан эьиэхэ ыалдьыт ынырыам! (яга баба киирэр, үҥкүүлүүр, хамсанар)
Дьэгэ бааба: Хайа бу, ханна ханна тиийэн кэллим? Атахтарым торут истибэт буоланнар мээнэ бара сылдьар буолан хаалбыттар дии (атахтарын корор)
Ыыт: дорообо дьэгэ бааба, биьиги бугун ийэлэрбитин, эбээлэрбитин уонна кыргыттарбытын эгэрдэлиир бырааьынньыкпытыгар тиийэн кэллин.
Яга баба: эмиэ эһиги даа??? Африкаҕа эмиэ эһиги этигит, билигин эмиэ даа?? ол туох бырааьынньыгай? Того мин тугу да билбэппиний ээ?
Ыыт: хайдах билбэккин бугун аан дойду дьахталларын кунэ дии!!
Яга баба: аата учугэйиин, мин эмиэ бабулечка-красотулечка буоллагым дии! Ол аата миигин эмиэ эгэрдэлиир эбиккит дии!!! (уорэр, ункуулээн ылар).
Ыыт: оннук бого буоллага дии! Бырааьынньыгынан Дьэгэ бааба!
Дьэгэ бааба: ЭЭ, били мошнай баайы ырыалаах этигит дии Африка туһунан ону ыллаан иһитиннэрин эрэ.
Ырыа: «Африкаҕа кыһын суох»
Саас: аптаах чуорааным тыаьынан эьиэхэ ыалдьыт ынырыам! (карлсон киирэр, пустой банкалаах)
Карлсон: дорооболорун оголоор, убастабыллаах тороппуттэр! Миигин бары биллигин ини? Кырыысага олохтоох, минньигэс барыанньа астаах карлсон диэн буолабын (поклоннуур). Бастатан туран бугунну бырааьынньыгынан эгэрдэлиирбин конуллээн! Кун кубэй ийэлэргэ, эйэгэс эбээлэргэ барыанньа кэьиибин агаллым (банкатын кордорор туох да суогуттан кыбыстар, кистиир).
Ыыт: хайа, карлсон, баанкабытыгар туох да суох дии!
Карлсон: ээ, ити эьиэхэ кэлэн иьэммин аччыктаабытым уонна сиэн кэбиспитим (тоботун тонкотор).
Ыыт: хомойума карлсон биьиги оголорбут эйиэхэ комолоьуохтэрэ. Комолоьобут дуо оголоор? Чэйин, икки хамаандага арахсыагын уонна биир биир суурэн тиийэн коробкалартан барыанньага туттуллар астары таьабыт. Хас биирдии ого биири эрэ агалар.
(оонньуу «Свари варенье»).
Карлсон: таак, билигин мин бэрэбиэркэлиибииин, барыанньа буьарааьыныгар мин асс буоллагым дии! (бэрэбиэркэлиир), тыый барыта соп, маладьыастар!
Ыыт: кор эрэ карлсон, биьиги оголорбут хайдах курдук тургэнник туттан-хаптан эйиэхэ барыанньа онороргор комолоспуттэрин.
Карлсон: баьыыбаларын оголоор! (банката барыанньаламмытын кордорор).
Ыыт: билигин уолаттарбыт толорууларыгар үҥкүүтэ көрүөҕүҥ.
Саас: аптаах чуорааным тыаьынан эьиэхэ ыалдьыт ынырыам! (золушка киирэр)
Золушка: дорооболорун кун кубэй ийэлэрбит, эйэгэстэн эйэгэс эбээлэрбит уонна оголор! Маннайгы сааскы бырааьынньыгынан итиитик-истинник эгэрдэлиибин!
Золушка: мин кордоьуулээх кэлбитим, бу сааскы бырааһынньыкка мин эмиэ наһаа үчүгэй платье кэтиэхпин баҕарабын, миэхэ баьаалыста комолоьуоххут дуо?
Ыыт: санааргаама золушка биьиги ийэлэрбит эйиэхэ комолоьуохтэрэ. Миэхэ 3 кыыс оголоох ийэ наада. Оголорбутун сиэтэн таьаарабыт. Бу хаьыаттартан бэйэгит фантазиягытынан дьэ баалга барар платье толкуйдуугут. Скотч, кыптый, кур, степлер комотунэн онорогут. Бириэмэбит 3 мунуутэ, бардаа (3 мунуутэлээх музыка тыаьыыр)
Ыыт: корун эрэ биьиги ийэлэрбит хайдах курдук талааннаахтарын, тургэн туттуулаахтарын, ытыспытын таьынан биэриэгин! (оголор мода кордорон хаамаллар).
Золушка: олус уордум, наьаа учугэй платьелар! Корсуоххэ диэри!
Ыыт: Дайаана Харабынова толоруутугар «Ийэ күнэ үөрүү»
Ыыт: онтон биьиги ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр анаан онорбут бэлэхпитин туттарабыт! (открытка)уонна ырыабытын бэлэхтиибит (сурэх шарик тутан туран ыллыыллар, бутэьигэр ИЙЭЛЭРИГЭР биэрэллэр)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий утренника посвященного Дню матери в средней группе
Этот сценарий я использовала в прошлом году на празднике посвященном Дню матери, в своей группе. Дети были в возрасте 4-4, 5 лет.Праздник проходил в группе, в гости к нам приходили мамочки, бабушки и ...
Сценарий утренника ко Дню Матери
Утренник с участием мам "День матери" 2012г (для старшего дошкольного возраста)...
Сценарий утренника, посвященного Дню матери для детей 5 - 6 лет «Мама лучше всех на свете»
сценарий...
Сценарий утренника, посвященного Дню Матери России «Праздник для мамы с домовенком Кузей».
Муниципальное дошкольное образовательное учреждение«Детский сад «Ладушки» п. Пангоды Надымского района»(МДОУ «Детский сад «Ладушки» п. Пангоды») Сценарий утренника, посвященного Дню Матери ...
Сценарий утренника к «Дню матери» в подготовительной группе
Поздравление к празднику "День матери"...
Сценарий утренника посвященного Дню матери
Сценарий составлен мной ко Дню матери. дети сами испекли печенья и после поздравлений пригласили мам на чаепитие...
Сценарий утренника , посвященного Дню Матери (для первой младшей группы)
Сценарий утренника , посвященного Дню Матери (для первой младшей группы).Это был первый утренник у моих малышей, поэтому основная роль была предложена родителям и они замечательно справились!!!...