Сценарий "Дисней"
материал (подготовительная группа) по теме

Скрыбыкина Татьяна Николаевна

Сценарий к новогоднему утреннику для детей подготовительных групп на тему "Дисней".
 (Перевод на якутский язык).

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл Сценарий новогоднего утренника17.48 КБ

Предварительный просмотр:

Саҥа 2018 сыллааҕы утренник сценарийа (подг. Гр «Кустук»)

Оголор музыканан киирэн ункуулууллэр.

Ыытааччы: Үтүө күнүнэн! Бүгүн биһиги о5олорбутугар үөрүүлээх күн үүннэ!

О5о-аймах кэтэспит кэрэ кэмэ, күндү күнэ тиийэн кэллэ!

Ыытааччы2: Саҥа кэрэ дьылынан,

Саҥа үтүө дьолунан, күндү о5олор уонна ыалдьыттар!

(Хоһоон “Тымныы Эһээ О5онньор)

Ева: Тымныы Эһээ о5онньор

Хантан тиийэн кэллиҥ эн?

Ханнык ыраах суолунан

Аан дойдуну эргийэн?

А.Настя: Үрүҥ хаары көбүтэн

Сыар5а5ынан сырылатан

Табаларгын көлүнэн

Кэһиилэргин хомунан!

Н.Дайаана: Тиийэн кэллиҥ биһиэхэ5э

Түннүкпүтүн кырыалаан

Дыссааппытын киэргэтэн

Көрү-нары тэрийэн.

С.Эрсан: о5олору үөрдэҥҥин

Бэлэхтэргин биэрбиккин

Саҥа дьылы аһаҥҥын

Сиэҥҥин сиэтэн киирбиккин.

Ырыа “В просторном светлом зале”

Ыытаччы: Оруобуна туун уоьэ дин-дон!

Тыас тыаһыыр

Ити остуоруйа дьиэ5э кэлэр

Чуумпутук хороводтуур

Утуйбатах эрэ буоллаххына

Барытын истиэн-корүөҥ

Оттон билигин чуумпурдубут, тохтоотубут

Остуоруйа биһиэхэ кэлэн иһэр!

( музыка тыаһыыр Далматинец киирэр. Елкаҕа тиийэн оонньуурдары иилтэлиир.)

Д: Ааһан эрэр Бөтүүк сыла миэхэ элбэх интириэһинэй түгэннэри бэлэхтээтэ. дьэ, төгүрүк уон икки сыл күүтэн-күүтэн  быйыл мин сылым кэлэр! Бар дьоммор, кырачаан оҕолорго  үөрүүнү үксэтиэм, дьолу-соргуну аҕалыам! Кытаанах доруобуйаны бэлэхтиэм!

Стервелла киирэр, уоран, тула-мала көрөр, ыты көрөн үөрэр.

С: а-һааа, бу сылдьар эбит дии, саҥа сонум сороҕо!

Ыт елка тула куота сатыыр. Стервелла тутан ылан илдьэ барар, перчаткатын анарын түһэрэн кэбиһэр.

Хаарчаана киирэр.

Хаарчаана: Дьэ, саҥа дьыл буолара чугаһаата! Быйыл ыт сыла кэлэр, ыт барахсан киһи доҕоро! Арба эһээм биһиккини уһуйаан бырааһынньыгар ыҥырбыттара дии, хата онно ытым оҕотун илдьэ барыам этэ. « Доҕооооор» (2 төгүл ыҥыран көрөр). Хайаа, ханна баран хаалла «Доҕоор»!!!! кэрийэ сылдьан көрдүүр уонна Стервелла перчаткатын булан ылар: Хайаа, бу хайаларын перчаткатай!? Стервелла киэнэ эбит дии!  Ыппын уоран ылбыыт, дьэ, алдьархай буолбут!!! (Төбөтүн туттар, ыксыыр) саҥа дьылбытын хайдах көрсөбүт? Эһээм барахсаҥҥа хайдах этэбииин!!! Баран буллахпына табыллар!!! (тахсан барар).

Принцессалар киирэн үҥкүүлүүллэр, сотору соҕус Хаарчаана киирэр.

Хаарчаана: дорооболоруҥ принцессалар!!!

Принц-р: дорообо, хаарчаана! Тоҕо санаарҕаатыҥ?

Хаарчаана: Ээ,  эһээбин кытта уһуйаан бырааһынньыгар оҕолор ыҥырбыттара, кэлэр сыл ыт сыла буоларынан сибээстээн ыппын илдьэ барыахтаах этим да Стервелла уоран ылбыт, бу!!! (стервелла перчаткатын көрдөрөр). Хайдах, хантан булуохпун билбэккэ, бу, сири-дойдуну кэрийэн көрдүү сылдьабын.  Баҕар эһиги көрбүккүт, истибиккит буолаарай?

Принц-р: Суох, көрбөтөхпүт. Ол эрэн көрдөхпүтүнэ, иһиттэхпитинэ биллэриэхпит! (тахсан бараллар).

Хаарчаана: Аны билигин итии дойду диэки бара сылдьыым (тахсар).

Алладин, красавицалары кытта киирэн үҥкүүлүүр, Хаарчаана киирэр.

Хаарчаана: дорооболоруҥ!

Алладин: дорообо!

Хаарчаана: Эһээбин кытта уһуйаан бырааһынньыгар оҕолор ыҥырбыттара, кэлэр сыл ыт сыла буоларынан сибээстээн ыппын илдьэ барыахтаах этим да Стервелла уоран ылбыт, бу!!! (стервелла перчаткатын көрдөрөр). Хайдах, хантан булуохпун билбэккэ, бу, сири-дойдуну кэрийэн көрдүү сылдьабын.  Баҕар эһиги көрбүккүт, истибиккит буолаарай? (Хаарчаана санаарҕаабытын көрдөрөр)

Алладин: Суох! Ол эрэн Хаарчаана санаарҕаама, мин эйигин аптаах көбүөрбэр олордон, көрдүүргэ көмөлөһүөм! (көбүөрү икки өттүттэн тутан тахсан бараллар).

Минни, Микки Маустар тахсан үҥкүүлүүллэр, Алладин Хаарчаананы киллэрэр.

Хаарчаана: дорооболоруҥ көрдөөх кутуйахчааннар!

ММ: дорообо Хаарчаана!

Хаарчаана: эһээбин кытта уһуйаан бырааһынньыгар оҕолор ыҥырбыттара, кэлэр сыл ыт сыла буоларынан сибээстээн ыппын илдьэ барыахтаах этим да Стервелла уоран ылбыт, бу!!! (стервелла перчаткатын көрдөрөр). Хайдах, хантан булуохпун билбэккэ, бу, сири-дойдуну кэрийэн көрдүү сылдьабын.  Баҕар эһиги көрбүккүт, истибиккит буолаарай?

ММ: суох! Оол диэки индеецтэр сылдьаллар олор көрбүттэрэ буолаарай!?

Хаарчаана: Ээ, хата онно баран ыйытыам! (тахсан бараллар).

Индеецтэр киирэллэр, үҥкүүлүүллэр.

Хаарчаана: индеецтэр дорооболоруҥ!

Индеецтэр: дорообо Хаарчаана!

Хаарчаана: эһээбин кытта уһуйаан бырааһынньыгар оҕолор ыҥырбыттара, кэлэр сыл ыт сыла буоларынан сибээстээн ыппын илдьэ барыахтаах этим да Стервелла уоран ылбыт, бу!!! (стервелла перчаткатын көрдөрөр). Хайдах, хантан булуохпун билбэккэ, бу, сири-дойдуну кэрийэн көрдүү сылдьабын.  Баҕар эһиги көрбүккүт, истибиккит буолаарай?

Индеецтэр: суох, көрбөтөхпүт, ол эрэн Хаарчаана, санааҕын түһэримэ, биһиги муора разбойниктарын кытта доҕордоһобут, кинилэр хорсуттар, сымсалар, күүстээхтэр, эйиэхэ көмөлөһүөхтэрэ! (тахсан бараллар).

Разбойниктар төгүрүччү олороллор. Хаарчаана киирэр.

Хаарчаана: разбойниктар дорооболоруҥ!

1 разбойник: хайааа, бу кимииий!!! (ойон турар).

Хаарчаана: Тымныы оҕонньор туһунан истибиккит буолуо мин кини сиэнэ Хаарчаана диэммин.

2 разбойник: Тымныы кырдьаҕаһы билии бөҕөө, мин саҥа дьыл бырааһынньыгын олус сөбүлүүбүн! (бары үөрэн сэгэс гына түһэллэр).

Хаарчаана: эһээбин кытта уһуйаан бырааһынньыгар оҕолор ыҥырбыттара, кэлэр сыл ыт сыла буоларынан сибээстээн ыппын илдьэ барыахтаах этим да Стервелла уоран ылбыт, бу!!! (стервелла перчаткатын көрдөрөр). Хайдах, хантан булуохпун билбэккэ, бу, сири-дойдуну кэрийэн көрдүү сылдьабын.  «Доҕорбун» буларга көмөлөһүөххүт дуо?

3 разбойник: ээ, көмөлөһөн бөҕө буоллаҕа дии!!! Чэйиҥ, туруҥ!!! Саҥа дьыл бэлиэтин буларга көмөлөһүөҕүҥ!!! (туран үҥкүүлүүллэр, Стервелланы тутан киллэрэллэр, ыты сиэтэн киллэрэллэр. Хаарчаанаҕа туттараллар).

Оҕолор бары киирэллэр.

Хаарчаана: Доҕорбун буларга көмөлөсппүккүтүгэр бука барыгытыгар баһыыбаларыҥ! Саҥа дьыл кэллэээ! Саҥа дьол тосхойдо! Оҕолоор, Тымныы кырдьаҕаһы ыҥырыаҕын эрээ!!!

( дед мороз киирэр)

Дед Мороз: Саҥа дьылынан!

Саҥа дьолунан!

Саҥа дьылбыт чугаһаата, чэйиҥ эрэ, до5оттоор ырыата ыллыа5ын, хоһоонно этиэ5ин, үҥкүүлээн битийиэ5иҥ!

-хайа о5олоор! Харыйабыт уота то5о умайбатый? Бары мин кэннибиттэн хатылаан. Биир, икки, ус! Харыйа уота умай!

( устэ хатылыыллар).

Ыыт: Тымныы о5онньор! Биьиги о5олорбут эйиигин олус диэн кэтэстилэр уонна ырыа хоһоон бэлэмнээтилэр.

Хоһоон харыйа

Виолетта: Кэрэчээн харыйа

Киэргэнэ симэммит,

Күөх хойуу лабаата

Күлүмнүү умайбыт.

Күлүм уот бэйэтэ

Оонньуура элбэҕиэн,

Күндээрэн турара

Көрүөххэ кэрэтиэн!

Света: Илииттэн ылсыһан

Хоровод оонньуоҕуҥ,

Көр-күлүү киэһэтин

Оройун тутуоҕуҥ!

Хаар кыымын бүрүнэн

Хаарчаана хаамыаҕа,

Дьиэрэтэ дьүрүтэн

Ырыатын ыллыаҕа.

Харысхал: Торуоска тоһурҕаан

Эһээ Дьыл кэлиэҕэ,

Кэһиитин түҥэтэн

Эҕэрдэ этиэҕэ.

Саҥа Дьыл кэлэрин

Бу дьикти түгэнэ,

Оҕо саас үөрүүтүн

Минньигэс мичээрэ.

Ырыа “ Хампа күөх харыйа”

Д.М кытта оонньуу.

Нууччалыы хоьооннор ( Айсен, Владик С, Вова, П. Дамир)

Ырыа “ Африка5а кыьын суох”

Хоровод “В лесу родилась елочка”

( подарок түҥэтии)