сценарий банкета
методическая разработка (подготовительная группа) на тему

Сидорова Сардаана Аркадьевна

сценарий до свидание детский сад

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy_banket_kustuk.docx19.33 КБ

Предварительный просмотр:

Банкет сценарийа Кустук бөлөх 2018 с.

Ыыт 1: Үтүө кэрэ күнүнэн күндү төрөппүттэр, о5олор уонна заалга мустубут бары ыалдьыттар!

Хаһан эрэ кып-кырачаан, мэник-тэник оҕолорбут улаатаннар

Детсаады кытары быраһаайдаһар күннэрэ

Ырыа- үҥкүү аргыстанан, көрү-нары көҕүлээн

Тиийэн кэллэ!!!

Ыыт 2: көмүс күһүн үүнүүтэ, балаҕан ыйын бастакы күнүгэр, оскуола аанын тэллэччи аһан оҕолорбут бастакы кылаас боруогун атыллыахтара!

Ыыт 1: тэтэрээт, кинигэ, уручука, харандаас

Рюкзакка толору уктаннар

Аны үөрэнээччи диэн ааттанан

Оскуола оҕолоро буолуохтара...

Ыыт 2: Дохсун ытыс тыаһынан көрсүҥ биһиги выпускниктарбытын!!!

Алексеева Настя....

(о5олор киирэллэр).

- Хоһооннор: (Анжелика, М.Владик, Костя)

Сибэкки дьөрбөтө тутуурдаах,

Киириэҕим үөрэнэр кылааспар.

Бу манна мин элбэх доҕордоох,

Үктэнним үөрэх киэҥ аартыгар.

**

Ааҕарга, суоттуурга кыһаллыам,

Ырыаны-тойугу биһириэм.

Омуктуу кэпсэтэ үөрэниэм,

Үтүөнү кэрэхсии улаатыам.

**

Маҥнайгы учуутал киһибин,

Мин истэ, ытыктыы улаатыам.

Сыл аайы билиибин хаҥатан,

Үрдүктэн-үрдүккэ дьулуһуом.

- Ырыа “Үөрэнэ барабын»

(о5олор олороллор).

Ыыт 1: бүгүн оҕолоор, эһиги детсады бүтэрдигит, элбэххэ үөрэннигит! Кырасыабайдык уруһуйдуурга, кыптыйы сөпкө тутарга, пластилин мэһийэргэ, чуумпутук олорон остуоруйа истэргэ! Аны билигин эһиги оскуола оҕолоро буолаҕыт. Оскуола эппиэтинэстээх, өйдөөх, бэрээдэктээх буоларга үөрэтэр! Оонньуургутун таспаккыт, остуоруйаны даҕаны аҕыйахтык истиэххит. Ол иһин бүгүҥҥү бырааһынньыкпытыгар оҕолорбутугар остуоруйа умнуллубат алыптаах түгэнин бэлэхтиэхпит! Бары билэр остуоруйаларбыт геройдарын кытары көрсүөхпүт!

Ыыт 2: саамай бастакы остуоруйаны таайтарабын, болҕойуҥ эрэ оҕолоор!

Мип-минньигэс сыттаах,

Саһархайдыҥы дьүһүннээх.

Төп-төгүрукчээн,

эбээлээх-эһээттэн куоппуттаах...(колобок)

(Колобок киирэр, мин колобокпун, мин колобокпун... ыллыыр)

К: Дорооболоруҥ оҕолоор, кимнээх мин туспунан кэпсэтэллэрий диэммин эһиэхэ киирэн кэллим дии...

Ыыт2:  колобок, бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх бырааһынньык буола турар. Оҕолорбут детсады бүтэрэн, аны оскуолаҕа бараллар.

К: оҕолоор, мин эһиги оскуолаҕа барарга төһө бэлэмнээххитин бэрэбиэркэлээн таабырын таайтарыахпын баҕардым. Бэлэмҥит дуо?

(оҕолор эппиэттэрэ)

1. А-аттан Б – ттан саҕалаанбуукубалар кэчигирэспиттэр.

Тыла да суох буоллар, элбэҕи кэпсиир баар үһү? (букварь)

2. Ханнык уруок буоларын,

Дьиэтээҕи үлэ сурунарга

Саамай наадалаах мал баар үһү? (дневник)

3. Сыыппаралары суоттурга

Буквалары суруйарга,

Эн сүрүн доҕорун буолуоҕа...(ручка, харандаас)

4. Туттар малбын барытын

Ручкабын, харандааспын, ластикпын

Сүтэрбэт туһуттан ханна уктабытый оҕолоор? (пенал)

- Оҕолор булугас өйдөрө сөхтөрдө, оскуолаҕа барарга бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр! Маладьыастар, өссө даҕаны ситиһиилэри баҕарабын! Быраһаайдаһар кэмим тиийэн кэллэ, ол эрэн оҕолоор, маҥнайгы тапталлаах остуоруйаҕытын колобуогу хаһан да умнумаҥ!!!

(тахсар)

Ыыт 2: аны билигин оҕолорбут хоһоон ааҕалларын истиэххэ.

- Хоһооннор: (Вика, С. Эрсан, Света, Саша, Айсен)

Аны күһүн биһиги

Оскуолаҕа барыахпыт,

Группа буолан бүтэммит

Кылаас дэнэр буолуохпут!

**

Иитээччибит оннугар

учууталлаах буолуохпут,

дьарыктарбыт оннугар

уруоктары истиэхпит!

**

Уһуйааммыт иҥэрбит

Сатабылын сайыннарар

Үөрэх – дьаныар эйгэтэ

Аанын аһан көрсүөҕэ!

**

Көхтөөх оонньуу түгэнин,

Иитээччини ахтыахпыт,

Үөрэнээччи дэниллэн

Иһийиэхпит уруокка!

**

Сүүрэр кэми сырсыһан

Кылаастары ааһыахпыт,

Оҕо сааспыт кэнэрин

Сөҥөрдүөхпүт сүрэххэ!

- Уҥкүү мл.гр Хатыҥчаан оҕолорун кытары.

Книгу в подарок Полине Вас-не.

- Үҥкүү «Джентельмены»

 

Ыыт 1: билигин иккис чэпчэтиибин истиҥ эрэ!

Эбээ тапталлаах сиэнэ

Бирэскии тутуурдаах

Кэрэчээн бэйэлээх

Хоһуун кыысчаан...ол кимий? (красная шапочка)

(музыканан к.ш киирэр, эргиччи көрөр, соһуйар)

К.Ш: хайааа, ханна-ханна тиийэн кэллим? Баалга баран испитим да, суолбуттан туораан хаалбыппын быһыллах дии...

Ыыт 1: Санааҕын түһэримэ кыһыл бэргэһэчээн, сөпкө кэллин!

К.Ш: аата үчүгэйиин! Мин оҕолорго анаан сорудахтары бэлэмнээбитим. Нуучча остуоруйатыттан сылдьарым быһыытынан нууччалыы таайтарабын, өрөйүҥ-чөрөйүҥ, болҕомтолоохтук истиҥ!!!

1. Не в болоте, а в кадушке

Жили-были 2 лягушки.

Если будет 5 кадушек,

Сколько будет в них лягушек?

2. На полянке у реки

Жили майские жуки:

Дочка, сын, отец и мать.

Кто успел их сосчитать?

3. Подарил ежатам ёжик

Восемь новеньких сапожек.

От восторга ежата визжат.

Сколько было у папы ежат?

4. На полянке у дубка

Крот увидел 2 грибка.

А подальше, у сосны,

Он нашёл ещё один.

Ну-ка, кто сказать готов:

Сколько крот нашёл грибов?

К.Ш: дьэ, маладьыастар оҕолоор, олус сөпкө эппиэттээтигит, оскуолаҕа хайаан да 4-5 сыанаҕа үөрэниэхтэрэ диэн эрэнэбин! Мин билигин атын оҕолорго бардым, эһиэхэ дьоллоох оҕо сааһы баҕарабын! Көрсүөххэ диэри!

- Ырыа «Динь-динь детский сад»

Ыыт 2: дьээрэ, оҕолоор үһүс чэпчэтиибин болҕойуҥ!

Кыыллар олус таптыыллар

Ыарыыларын кэпсииллэр,

Барыларын битэмиинниир

Бэһиэлэй быраас баар үһү? (айболит)

(айболит киирэр улахан градусниктаах)

А: ханна баарый ыарыһах? Ким туга ыарыйда?

Ыыт 2: Суох, суох, биһиэхэ ыалдьар киһи суох! Оҕолор бары доруобайдар! Кыһын устата прививка ылбыттара, битэмиин испиттэрэ, оскуолаҕа барарга бэлэмнэр!

А: Дьэ ити үчүгэй,  олус үөрэ иһиттим! Мин оҕолорбун эмиэ эҕэрдэлии кэллим! Үс сыл тухары эн-мин дэһиспит доҕотторгутун, иитээччилэргитин, детсад үлэһиттэрин хаһан да умнумаарыҥ! Сүрэххитигэр тутаарыҥ! Олох киэҥ аартыгар атаарар күҥҥэ кэлэн тураммын, бары доруобай буолуҥ, спорду, үҥкүүнү таптааҥ диэн тураммын барыгытын хамсаныылаах флешмоб үҥкүүгэ ыҥырабын!

(Флешмоб үҥкүүлэтэр, тахсан барар)

(Мышильда кутуйахтарынаан киирэн үҥкүүлүүр)

М: Биһиги бу дьиэ анныгар олоробут, утутаргытын аастыгыт дии! Туохха муһуннугут?

Ыыт 1: Мышильда дорообо, бүгүн биһиги оҕолорбутун бастакы кылааска атаарар бырааһынньыкпыт буола турар.

М: хайаа, эмиэ биһигинэ суох бырааһынньыктыы сылдьаҕыт дуу? Ыҥырбатах буоллаххытыга – тарҕаһыҥ!!!

Ыыт 1: оо, Мышильда тохтоо, уоскуй, эн оҕолоруҥ эмиэ үөрэнэ бараллара буолуо дии. (Импровизация). Оскуолаҕа барарга рюкзакка тугу укталларын, илдьэ баралларын биллэллэрин суоҕун бэрэбиэркэлиэхпит. Сөбүлэһэҕит дуо оҕолоор?!

(оскуола маллара, хлеб, оонньуур, кыргыттар киэргэллэрэ угуллубутуттан соһуйар, бэрээдэктииллэр)

Ыыт 1: оо бу кыргыттарга наһаа наадалаах киэргэллэр дии!

кырдьык кыыс аймах киэргэнэрин-симэнэрин олус сөбүлүүр. Оннук дуо, кыргыттаар!? Чэйиҥ, туруҥ, үҥкүүлээн, ыллаан көрдөрүөҕүҥ!!!

- Ансамбль «Күөрэгэй»

(Үҥкүү модница)

(Үҥкүү Бизнесмены)

Ыыт 2: билигин биһиги оҕолорбут детсад үлэһиттэрин эҕэрдэлээн хоһоон ааҕан иһитиннэриэхтэрэ.

Хоһооннор: 18 детей

Сэттэбитин туоламмыт

Оскуолаҕа барабыт

Үөрэх киэҥ эйгэтигэр

Уһуйаантан бэлэинээхпит.

**

Иитээччилэрбит

үөрэппиттэрэ суоттуурга

дорҕооннору ааҕарга

буукубаны бидэргэ.

**

Харандааһы тутарга

Пластелин мэһийэргэ

Нууччалыы кэпсэтэргэ

Кэрэни кэрэхсииргэ.

**

Бэрээдэктээх буоларга

Куруук бииргэ оонньуурга

Атастардыын иллээхтик

Айа – тута сылдьарга.

**

Музыка учуутала

Ырыа – үҥкүү үөрэтэр

Кэрэ эйгэҕэ үөрэтэр

Талааммытын арыйар.

**

Физкультура учуутала

Эти – хааны эрчийэр

Күүстээх-уохтаах буоларга

Оҕо саастан үөрэтэр.

**

Ньээҥкэлэр барахсаттар

Иһит – хомуос сууйаллар

Муоста сотон ааһаллар

Үлэҕэ уһуйаллар.

**

Таҥас сууйар үлэһит

Сотторбутун бэлэмниир

Таҥаспытын сууйар-сотор

Үөрэ-көтө үлэлиир.

**

Повардар ас астыыллар

Минньигэс сыт таһаараллар

Биһи тот сылдьарбытын

Куруук хайҕыыр буолаллар.

**

Дыссааппыт сиэстирэтэ

Биһигини битэмиинниир

Чөл олоххо үөрэтэр

Ыарыылары сэрэтэр.

Рабочайбыт сарсыардаттан

Сиппиир тутан хааматалыыр

Прогулкаҕа тахсарга

Оонньуур сири бэлэмниир.

**

Харабылбыт дысааппытын

Аанын аһар уонна хатыыр

Дыссааппытын харабыллыыр

Бэрээдэги хонтуруоллуур.

**

Дыссаат сүрүн тутулун

Сэбиэдиссэй салайар

Сырдык сылаас биһикпитин

Сырдыгынан сыдьаайар.

**

Быраһаай күндү дыссааппыт

Аны үөрэнэ барабыт

Үөрэх киэҥ аартыгар сирдээбит

Биһикпитин куруук ахтыахпыт.

**

Фольклор салайааччыта

Хомуска оонньуурга

Тойукка, чабырҕахха

Өбүгэлэрбит оонньууларын

Үгэстэрин иҥэрэр.

**

Аныгы оҕолор буоламмыт

Информатикаҕа үөрэнэбит

Компьютер үлэтин

Бараабылатын биллибит.

**

Сиэдэрэйдик хамсанарга

Кэнсиэрдэргэ үҥкүүлүүргэ

Үҥкүү алыптаах салайааччытын

Умнуохпут суога биһиги.

**

Иитии сүрүн тутулун

Методист турумнуур

Үлэ-үөрэх эйгэтигэр

Барыларын сомоҕолуур..

Ырыа «Детсадым барахсан»

Вальс

Ыыт 1: тылы биэрэбит уһуйаан салайааччытыгар Людмила Николаевна Герасимоваҕа.  

(Махтал сурук, подарки ленты детям)

Тыл бэриллэр төрөппүттэргэ.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

« Чудо от доброго сердца» сценарий музыкального кукольно-драматического спектакля по мотиву сказки Ганса Христиана Андерсена «Дюймовочка» ,автор сценария — Савиных Ольга Сергеевна.

Уважаемые коллеги и родители! Представляю Вашему вниманию сценарий, по которому был поставлен спектакль с детьми старших групп. Драматургическая эклектика дала возможность раскрыть свои таланты каждом...

Развлечение " Витаминный банкет"

Цель: закрепление знаний детей о витаминах, об их пользе для здоровья человека, о содержании тех или иных витаминов в овощах и фруктах с использованием инновационных образовательных технологий...

Сценарий "Банкет"

Сценарий выпускнго банкета для подготовительных групп на якутском языке....

Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!» Аксинья Попова Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!» Сценар

Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!»Аксинья Попова Сценарий физкультурного досуга для детей с...