Сценарий Новый год для детей подготовительной группы
план-конспект занятия (подготовительная группа) на тему

Пахомова Ульяна Дмитриевна

Сыала: О5олорго араас омуктар ункуулэрин билиьиннэрии, ырыа - ункуу эйгэтигэрр уьуйуу, тылларын саппаьын байытыы

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy_novyy_god.docx21.58 КБ

Предварительный просмотр:

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа

(бэлэмнэнии белех)

Сыала: о5олорго араас омуктар ункуулэрин билиьиннэрии, ырыа – ункуу кэрэ эйгэтигэр уьуйуу, тылларын саппаастарын байытыы.

Оруоллар: Тымныы О5онньор, Хаарчаана, Шах, Шахерезада, Алладин, Джафар, Кырачаан Мук, Нуучча норуота, Грузия норуота, Индия норуота, Япония норуота, Украина норуота, Эбээн норуота, Узбекистан норуота, Цыганнар

Туттар тэриллэр:курдьуктэр, харыйалар,сундуук, муз.инструменнар (дудочка, пианино,гитара, хомус, барабан), Т.О.олоппоьо, эбисийээнэ оонньуура.

                  Зал бырааьынньыкка анаан киэргэтиллибит. Зал ортотугар харыйа, тулатыгар кыра харыйалар, курдьук.О5олор Шахерезадалыын сиэттиьэн киирэн харыйа тула тураллар. Харыйа таьыгар Шах хомойбут сирэйдээх сундуук таьыгар олорор.

Шахерезада: Дорообо Шах! Туохтан хомойон олоро5ун?

Шах: Ооо, мин дьоло суохпун, со5отохсуйан буттум.Ким да миигин аралдьыппат. Сундуугум кулууьун булбатым.

Шахерезада: Эн то5о со5отох буолуоххунуй? Хараххын арый!Мин тойонум,ыраах сытар Россия дойдутугар билигин хаар туьэ турар, хаар сири барытын буруйдэ5инэ бу дойду олохтоохторо Сана дьыл бырааьынньыгын керселлер. Хас биирдии ыалга дьиэлэригэр харыйа маьын туруораллар уонна араас оонньуурдарынан киэргэтэллэр. Харыйа тула туран хороводтууллар.

Шах: Бай-бай-бай,аата дьиктитин,учугэйииин! Онтон биьиэхэ?

Шахерезада: Ессе Сана дьыл туун кинилэргэ Тымныы О5онньор сиэнинээн Хаарачааналыын кэлэллэр.

Шах : Аата учугэйиин! Биьиэхэ эмиэ харыйабыт уота умайара буоллар Тымныы О5онньор сиэнинээн Хаарчааналыын кэлиэ этилэр.

Шахерезада : Тойонум, ким биьиэхэ кемелеьуен себун этэбин дуо? Биьиги дыбарыаспытыгар тыаллаа5ар тургэнник суурэр Кырачаан Мук баар.

Шах : Ынырын манна кинини!

О5олор: Кырачаан МуууууК!

Кырачаан Мук суурэн киирэр

Мук: Истэбин эйигин тойонуом.

Шах :Харыйа уотун умат!

Мук : Хайдах уматабын харыйаны? Ба5ар миэхэ Аладдин кемелеьуе да?

Аладдин киирэр

Алладин : Дорообо, Мук!

Мук : Дорообо, Алладин, мин тойонум дыбарыаска харыйа уотун умат диэн бирикээстээтэ.

Алладин : Мин эйиэхэ кемелеьуем. Аптаах лаампабар Джин олорор. Кини барыны сатыыр уонна ейдеех, эйэ5эс майгылаах дьонно кемелеьер.

Алладин лаампатыгар санарар : Джин, эн мин ыалдьыппар кемелес, харыйа уотун умат. Сана иьиллэр: Истэбин,эн эппиккин толоруом! Харыйа уота умай! Трах-тибидах, кекс-фекс-пекс!

(харыйа уота умайар)

Мук : Баьыыба, Аладдин.

Алладин тахсар

Мук: Эн бирикээскин толордум, тойонум

Шах : Маладьыас, кырачаан Мук. Харыйа уота умайан хара5ым дьэ сырдаата (турар)

                    То5о ба5ас кундутэй

                    Елка маспыт киэргэлэ

                    Тор5о кемус сиэдэрэй

                    Лаампа уота имнэнэр

Шахерезада : Керун  эрэ харыйаны

                         Хайдах курдук кэрэний

                         Араас оонньуур ыйаммыт

                         Кини сыттаах лабаатыгар!

Щахерезада : Тойонуом, харыйа тула туран хороводтуо5ун, Тымныы О5онньорбут сиэнинээн биьиги ыллыырбытын истэн кэлиэхтэрэ.

Хоровод Лаглайбыт куех харыйачаан»

(Тыал тыаьа иьиллэр)

Шахерезада : Туох тыаьыырый? (о5олор эппиэттэрэ)

Шах: Ким эрэ иьэр быьыылаах!

Тымныы О5онньор Хаарчааналыын киирэллэр

Т.О: Сана дьылынан!Сана дьолунан!

         Эьиэхэ кэллим мин ыалдьыттыы

                Кэлэр кэм барытын оло5ор

         Кэскилэ кэрэтиэн диэн тыллыы

         Устубут уон икки ыйдарга

         Утуйан турбакка уьанным

         Ол онтон меьееччукпэр

         Угаттаан кэьиибин а5аллым!

Хаарчаана: Ахсынньынан аныьыйан

                      Турда дохсун тымныыбыт

                       Кууппут кэммит сана дьылбыт

                      Тиийэн кэллэ, до5оттоор! 

Хоьоон «Сана Дьыл»

Сана дьылбыт, керун,

Са5аланна, кэллэ!

Сана кыайыы, уеруу

Сандаар кунэ ууннэ!

Куннуу уерэ керууй!

Минньигэстик кулууй!

Сана дьылбыт кэллэ,

Эбисийээнэ сыла ууннэ!

Утуе сана сылга,

Улэ куестуу оргуйдун,

Уерэх-билии сайыннын

Уеруу-кетуу уксээтин!

Т.О: Сана Эбисийээнэ сыла ууннэ!

Шахерезада : Тымныы О5онньор, сылайбытын буолуо, олорон сынньан! (олоппоско олорор)

Т.О: О5олоор, миигин кууппуккут дуо? (о5олор эппиэттэрэ).

Шахерезада : Биьиги о5олорбут эьиэхэ анаан араас омук норуотун ункуулэрин бэлэмнээтилэр.Ессе биьиги о5олорбут ырыа, хоьоон уерэттилэр.

Хоьоон «Биьиги елкабыт»

Ырыа «Сана дьыл»

Шах : О5олор,узбекистанна сылга 2тэ Сана дьылы керселлер. Тохсунньу 1 кунугэр уонна саас Кулун тутар 21 кунугэр. Тымныы О5онньор тугунан айаннаан кэлэрий? Онтон Узбекистанна Тымныы О5онньор ослигынан айаннаан кэлэр эбит.Биьиэхэ Узбекистантан ункуу кэьиилээх Амелия Артемьева кэллэ!

О5о: Узбекистан аатырар угус элбэх саадынан

          Сылаас кэрэ айыл5атынан,ынырабыт ыалдьыттаан!

Узбекскай ункуу

Т.О: Учугэйдик да ункуулуур кыыс эбит!

Шахерезада : Керсуе5ун, хоту дойду хоьуун уолаттарын!

О5о: Тымныыттан толлубат тулуурдаах дьоннордоох

          Тыаллыы табанан кетутэн эбээннэр иьэбит!

Хоту дойду ункуутэ

Т.О: Маладьыастар! Аны билигин оонньуо5ун!

Оонньуу «Утулукчээн»

Шах: Япония5а Сана дьылы Тохсунньу 1 кунугэр сарсыарда кун тахсарыгар бэлиэтииллэр. Кун сарданалара тыгар кэмигэр бэйэ-бэйэлэрин э5эрдэлэьэллэр эбит. Бугун биьиэхэ ыраах Япония дойдутуттан Надя Сутакова, Алина Трифонова ыалдьыттыы  кэллилэр!

О5о: Сакура мас симэхтээх

         Сиэдэрэй кэрэ айыл5алаах

         Японияттан-бокулуон!

Японскай ункуу

Т.О: Кыраьыабай да кыргыттардаах дойду эбит!

Шахерезада: Грузия5а Сана дьылга дьиэлээхтэр ааннарыгар корзина5а араас астары уган  ыйыыллар уонна кэлбит ыалдьыттар корзиналаах астартан илдьэ бараллар. Дохсун ытыс тыаьынан керсуе5ун,ыраах сытар Грузия норуотун!

О5о: Уоттаах-куестээх ункуулээх

         Грузия чулуу норуотуттан э5эрдэ!

Ункуу

Хаарчаана: О5олоор, миигин кытта оонньуоххутун ба5ара5ыт дуо? Оонньуум аата «Таай,туох тыаьыырый?».Эьиги мин кердербут музыкальнай инструменнарбын (пианино,дудочка,хомус,бубен,гитара,барабан) санарбакка эрэ Тымныы О5онньорго кердере5ут,Тымныы О5онньор таайыахтаах. (Т.О. сыыьа таайар).

Оонньуу «Таай, туох тыаьыырый?»

Ырыа «Сана хаар»

Шах: Бол5ойун!Индия5а Сана дьылы дьыл араас кэмигэр керселлер. Туннуктэригэр араас       элбэх чумэчи уматаллар эбэтэр улахан уот оттон баран ол тула ункуулууллэр эбит. Керсуе5ун Индия норуотун ункуулэрин!

О5о: Сиэдэрэй сибэкки симэхтээх

        Сылаас Индия сириттэн-э5эрдэ!

Индийскэй ункуу

Т.О: Учугэй да ункуулээх норуоттар!

Шахерезада: Дьэ эрэ,Сана дьылы хайдах керсебут биьиги? (о5олор эппиэттэрэ) Биьиэхэ ыалдьыттыы кэллилэр Нуучча норуота!

О5о: Улуу нуучча норуотуттан

         Неруен-нергуй буолуохтун!

Нуучча норуотун ункуутэ

Т.О: Талааннаах да о5олор бааллар эбит! Дьэ эрэ, аны мин аптаах торуоскабынан эьигини тоноруохпун ба5арабын. Илиибитин бары ууннубут,торуоскабынан таарыйбыт о5ом тонон иьэр.

Оонньуу «Тымныы-сылаас»

Шах:Украина5а Сана дьылы эмиэ биьиги курдук керселлер эрээри 1 чааьынан эрдэ керселлер,о.э. туун11 чааска Сана дьылы Бырааьынньыктыыллар эбит. Биьиэхэ Украинаттан ыалдьыттыы кэллилэр.

О5о: Украина сириттэн а5аллыбыт эьиэхэ

        Садка уунэр фруктабыт сиэдэрэй амтанын

        Сибэккилээх сыьыыбыт дьикти-кэрэ сытын

Украинскай ункуу

Т.О: Учугэй да ункууну кердум!

Шахерезада: Тымныы О5онньор эьигини э5эрдэлии кэллилэр ырыа- тойук аргыстаах цыганнар! (Юлия,Данил)

О5о: Ырыа-тойук аргыстаах,ункуу-битии олохтоох

         Цыганнар кэллибит,ытыскытын таьынын!

Цыганскай ункуу

         О5олор,ырыа-ункуу бе5е билэр эбиккит. О5олорбор кэлэр сыл бэлиэтин бэлэхтиибин,ессе да элбэх ырыаны, хоьоону уерэтин! (Призтары туттарыы). Баьыыбаларын о5олоор!! Эьиги ийэлэргит Эбисийээнэ арааьын онорон а5албыттарын киирэн иьэн кердум,ийэлэргит мындыр ейдеех,талааннаах эбиттэр. Билигин курэх тумугун иьитиннэриэм.

(тереппуттэргэ диплом туттарыы)

Ырыа «Сана дьыл»

       -Дьээрэ,аны уерэн-кетен туран бэлэхтэрбин туттарыам!

Шахерезада: Тымныы О5онньор, сундуукпут кулууьэ эйиэхэ баар дуо?

Т.О: Миэхэ баар (кердуур да булбат) Хаарчаана, кулууьу кербутун дуо?

Хаарчаана: Кербете5ум

Шах: Хайдах гынабыт? 

Джафар ааьан иьэр

Джафар: Бу туохха мустан олордугут?

Т.О: Сундуукпут кулууьун эн ылбытын дуо? (торуоскатынан муостаны тонсуйар)

Джафар: Мин ылбытыыым (кулэр).Биэрбэппин!(харыйаны эргийэ сылдьар)

Т.О: Хайдах ылабыт кулууспутун,о5олоор?

Шах,Шахерезада: Кими ынырабытый? (Т.О. кэннигэр куттанан тураллар)

(Алладин киирэр)

Алладин : Туохха ынырдыгыт?

Т.О:Сундуукпут кулууьун Джафар биэрбэт.Кемелес!

Алладин: Мин аптаах лаампабынан Джафары аптыа5ым,майгытын уларытыам (лаампатыгар санарар) Джин,куьа5ан майгылаах Джафары майгытын уларыт!

Сана иьиллэр: Истэбин тойонуом, эн эппиккин толоруом!  Трах-тибидах, кекс-фекс-пекс!

Джафар: О5олоор,сундууккут кулууьун биэриэ5им,ол эрээри мин эьигини кытта харыйа тула ыллыахпын ба5арабын.

Хоровод «Елочка»

Кулууьу ылан сундуугу аьаллар.Кэьии туттарыы.

Т.О:  Дьэ уонна сылайдым

   Дьиэбэр муус бай5албар барабын

   Эьиилги баччаанна диэритин

   Этэннэ олорун!

          Ырыата-хоьоонно уерэтин!

          Элбэх билиитэ инэрин!

          Барар бириэмэм туолла!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий новогоднего праздника для детей подготовительной группы "Здравствуй, Новый год!"

Веселый новогодний праздник на двух языках с участием Бабы Яги. Дети исполняют песни, читают стихи, играют татарские и русские игры и получают подарки....

Сценарий Нового года для детей подготовительной группы в ДОУ

Сценарий предназначен для проведения Новогоднего утренника для детей подготовительной группы ДОУ. В нём размещены необходимые аттибуты, репертуар, герои данного мероприятия и сам ход праздника с включ...

Сценарий Нового года для детей подготовительной группы

Тема "Старик Хаттабыч на ёлке у ребят"...

Сценарий новогоднего утренника "Новый русский Новый год" для детей подготовительной группы

Сценарий новогоднего утренника "Новый русский Новый год" для детей подготовительной группы...

Сценарий Новый Год для детей подготовительной группы.

Сценарий Новый Год для детей подготовительной группы....

Сценарий нового года для детей подготовительной группы "Новый год в подводном царстве"

Новый год – самый долгожданный праздник.Время новогодних праздников - это время красивой, доброй сказки, которая приходит в каждый дом в конце каждого года с наступлением зимних холодов. Она при...