новогодний праздник по сказке "Спящая красавица"
материал (старшая группа) на тему
сценарий новогоднего праздника по мотивам сказки "Спящая красавица" для старших групп
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
spyashchaya_krasavitsa.doc | 52 КБ |
Предварительный просмотр:
СПЯЩАЯ КРАСАВИЦА
Новогодний праздник для детей логопедической группы
Действующие лица:
Взрослые:
Добрая фея
Злая фея
Дед Мороз
Снегурочка
Дети:
Король
Королева
Принц
Принцесса
Феи
Придворные кавалеры
Елочки
.
* Реквизит: скамья, покрытая красивым покрывалом; кукла, завернутая в одеяло; колыбель; 5 волшебных палочек для фей; веретено;
Ыытааччы ыалдьыттары э5эрдэлиир, о5олору заалга ыңырар.Музыка до5уhуоллах о5олор киирэн харыйа иннигэр тураллар
Хоhооннор
Ырыа «Саңа Дьылынан»
«Полька парная»
О5олор олоппосторго олороллор, остуоруйа декорацията бэлэмнэнэр: король, королева олорор троннара, куукулалаах киэргэтиллибит орон.
ФЕЯ – О5олоор, Саңа Дьылга дьон бары бэйэ-бэйэлэригэр бэлэх биэрсэллэр, онтон мин эhиэхэ Саңа Дьыллаа5ы остуоруйа бэлэхтиэхпин ба5арабын.
(музыка тыаhыыр) Биир Остуоруйа дойдутугар Король Королеватынаан олорбуттара эбит үhү. Арай биирдэ бу королевство5а үөрүүлээх түгэн буолбут, Саңа Дьыл са5ана Короллаах Королева5а кыыс о5о төрөөбүт.
Король, Королева «о5олоох» королевство зонатыгар баран олороллор
ФЕЯ - Бу үөрүүлээх түгэнинэн дыбарыаска баал тэрийбиттэр, ыалдьыт бө5өтүн ыңырбыттар!
Глашатайдар тахсаллар (2 придворнай кавалердар)
Глашатайдар: - Бол5ойуң, бол5ойуң!
Король ыйаа5ын истиң!
Барыгытын баалга ыңырабыт,
Кэлэн үөрүүбүтүн үллэстиң! (бараллар)
ФЕЯ – Ити курдук дыбарыаска ыалдьыт бө5өтө үөрэ-көтө кэлбит. Бу баалга аптаах үтүө феялар эмиэ кэлбиттэр
Феялар киирэллэр, бокулуоннууллар
Феялар – Баалга ыңырбыккытыгар махтанабыт, уонна бэйэбит бэлэхпитин принцесса5а аныыбыт.
1 Фея – Кырачаан принцесса кэрэ-нарын дьүhүннээх буола улаатыа! («принцессаны» аптаах палочканан таарыйар)
2 Фея – Мин Принцесса мындыр өйдөөх буоларыгар ба5арабын! («принцессаны» аптаах палочканан таарыйар)
3 Фея – Онтон мин ба5арабын Принцесса эйэ5эс, үтүө сүрэхтээх буоларыгар! («принцессаны» аптаах палочканан таарыйар)
4 Фея – Мин ба5арабын Принцесса кэрэ эйгэтигэр дьо5урдаах, нарын куоластаах буоларыгар («принцессаны» аптаах палочканан таарыйар)
5 Фея – Кырачаан Принесса үңкүүлүүрүн көрөн бары үөрүөхтэрэ! («принцессаны» аптаах палочканан таарыйар)
ФЕЯ – Итинник үтүө Феялар бэйэлэрин бэлэхтэрин анаабыттар
Королева – Дьикти бэлэххитигэр, үтүө санаа5ытыгар махтанабыт.
Король – Баалбытын са5алыыбыт, «Менует» үңкүүгэ ыңырабын.
Менует
Музыка тыаhыыр, Хара Фея киирэр
Хара Фея – Миигин ыңырбакка бэйэ5ит эрэ бырааhынньыктыы сылдьар эбиккит ду?! Мин эмиэ бэйэм тылбын этэн баран тэйиэм, бырааhынньыккытын буортулуом! Принцесса улаатта5ына илиитин веретено5а анньыныа, онтон өлүө.
Музыка тыаhыыр, Хара Фея аптыыр, барар
ФЕЯ – Король, Королева санаар5аамаң, төhө да Хара Фея эппит тыллара туолбутун иhин, Принцесса өлүө суо5а. Мин эмиэ Феябын, мин киниэхэ бэйэм бэлэхпин аныыбын, Принцесса утуйар ууга ылларан 100 сыл утуйуо, кинини Принц кэлэн уhугуннарыа («принцессаны» аптаах палочканан таарыйар).
Король – Бары бол5ойон истиң! Бу күнтэн ыла мин королевствовар иңнэни туттумаң.
ФЕЯ – Ити курдук хас да сыл ааспыт, Хаара Фея эппит тыллара улам умнуллан хаалбыттар. Онтон Принцесса кэрэ дьүhүннээх, эйэ5эс, ырыа, үңкүү аргыстаах улааппыт.
Принцесса сүүрэн киирэр, ырыа ыллыыр
Песня «О5о-аймах үөрүүтэ»
Ырыа кэнниттэн биллибэттии Хара Фея эмээхсиңңэ кубулуйан
киирэн елка аттыгар олорор, илиитигэр веретенолаах.
Принцесса – Олус да үчүгэй, мин дьоллоохпун, элбэх до5ордоохпун. (Хара Феяны көрөр) Онтон бу ким олороруй? Мин кинини билбэппин, мин хаhан да көрбөтөх олус да дьиктии оонньуурдаах… Үтүө күнүнэн! (Хара Фея5а тиийэн поклоннуур) Баhаалыста ити оонньуургун миэхэ көрдөр.
(Принцесса веретенону ылан зал устун сүүрэр)
Король, Королева – Тохтоо! Тохтоо! А5ал ити иңнэни!
(Принцесса илиитин иңнэ5э анньар, «утуйан» хаалар,
Короллаах и Королева аттыгар олорон эмиэ утуйаллар)
ФЕЯ – Принцесса утуйан хаалла, кинини кытта королевство барыта утуйда... Хас да сыл ааhар, мас бө5өтө үүнэн королевстваны кистээн кэбиспиттэр.
«Харыйачааннар үңкүүлэрэ» (үңкүүлээн бүтэн заал ортотугар туран хаалаллар)
ФЕЯ – Ити курдук 100 сыл ааспыт. Оо, манна ким эрэ кэлэн иhэр, ким буолуо5ай?
Принц киирэр, «мастар» быыстарынан хаамар
Принц – Туох дьикти тыаный, кыыл да көстүбэт, көтөр да суох. Хайдах суолбун булабын?
ФЕЯ – Принц иннэ диэтин кытта мастар туоран биэрбиттэр, дыбарыас көстүбүт. («харыйачааннар" миэстэлэригэр олороллор)
Принц дыбарыаска тиийэр, дьиктиргии көрөр.
Принц – Туох дьикти дыбарыаhай… Бүгүн Саңа Дьыл, онтон манна бары утуйан хаалбыттар, бу кэрэ Принцесса эмиэ…
(Принц биир тобугар туран Принцессаны илиититтэн сыллыыр,
бары «уhуктан» бараллар)
Принцесса – Наhаа да өр утуйдум!
ФЕЯ – Ити курдук бу королевство5а ырыа-тойук, үөрүү-көтүү үксээбит, Саңа Дьыллаа5ы хоровод эргийбит.
Хоровод «Саңа Дьыл»
Оонньуулар
Музыка тыаhыыр, Хаара Фея киирэр
Хаара Фея – 100 сыл ааста, бу дыбарыаска эмиэ бырааhынньык, эмиэ үөрүү үксээбит. Мин син биир бырааhынньыккытын буортулуом! Саңа Дьыл бэлиэтэ тугуй? Уоттах харыйа! Харыйа5ыт уотун умулларан кэбиhиэм, оччо5уна Сана Дьыл буолуо суо5а!
Хара Фея харыйа тула сылдьан аптыыр, уотун умулларар, тахсан барар
ФЕЯ – О5олоор, хайдах буолабыт? Мин биллим, Хаарчааналаах Тымныы о5онньору ынырыаххайын!
Музыка тыаhыыр, Хаарчааналаах Тымныы Моруос киирэллэр
Моруос – Эгэ-гей! Дорооболоруң мин кыра до5отторум!
Хаарчаана – Саргылаах Саңа Дьыл салаллан кэлбитинэн!
Моруос – Ыраах-ыраах тыаттан эhиги ыныраргытын истэн тиийэн кэллибит, онтон харыйа5ыт уота то5о умайбатый?
О5олор, Фея туох буолбутун кэпсииллэр
Моруос – Билигин биhиги итини көннөрүөпүт. Чэйиң эрэ, бары бииргэ, миигин хатылааң: Биир, икки, үс, харыйа уота ча5ылый!
(о5олор хатылыыллар, харыйа уота умайар)
Хоровод «Песенка про Деда Мороза» Подг.гр.
Оонньуу «Тоңоруом»
Моруос – Оонньоон сылайдым, ууллаары гынным.
ФЕЯ – Тымныы о5онньор, олоро түс, сынньан. Онтон о5олор эйиэхэ хоhоон аа5ыахтара, ырыа ыллыахтара.
Хоhооннор
Ырыа «Маңнайгы хаар»
Моруос – Маладьыастар, эhигини истэн олорон олус диэн үөрдүм.
ФЕЯ – Тымныы о5онньор, о5олор эйиигин кэтэспиттэрэ, бу ырыалаах, хоhоонноох көрүстүлэр, онтон эн тугу да умнубутын дуо?
Моруос – Билэбин, билэбин, о5олорбор кэhиибин бэлэмнээбитим. Көрүң эрэ, бу миэхэ аптаах (клубок) баар, кини биhигини кэhиилэргэ тиэрдиэ.
Д.М. кытаанах быаттан клубогун аан диэки төкүнүтэр. Быатын тардар – хаатыңка соhуллан кэлэр Иккистээн быатын аан диэки быра5ар – суулана сылдьар эргэ таңас соьуллан кэлэр. Үһүстээн тардар – кэhиилээх мөһөөччүгу таhаарар. Бэhиэлэй музыканан Моруос о5онньор Хаарчааналыын кэhиилэрин түңэтэллэр.
Хаартыска5а түһүү кэнниттэн Моруос о5онньор Хаарчааналыын быраhаайдаhан бараллар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий Новогоднего праздника "Спящая красавица"
"Спящая красавица". ...
Сценарий Новогоднего праздника для детей средней группы "Красавица лесная"
Сценарий Новогоднего праздника для детей средней группы...
Сценарий новогоднего праздника для подготовительной группы Новогодний бал «Спящая красавица»
Сценарий для Новогоднего утренника...
Сценарий новогоднего праздника для подготовительной группы Новогодний бал «Спящая красавица»
Сценарий для Новогоднего утренника...
Сценарий новогоднего праздника для подготовительной группы Новогодний бал «Спящая красавица»
Сценарий для Новогоднего утренника...
Новогодний праздник "Ёлочка, здравствуй, красавица наша".
Для детей подготовительного возраста....
Сценарий новогоднего праздника «Загадки Ёлочки - красавицы» для средней группы
Сценарий новогоднего праздника «Загадки Ёлочки - красавицы» для средней группы...