«Юкагирдар – хаардаах тай5а олохтоохторо»
методическая разработка на тему

Пестерева Лариса Александровна

ЮКАГИР ОМУГУН БУЛТКА УГЭСТЭРИНЭН ОЛО5УРБУТ УЬУЙААН СААСТААХ О5ОЛОРГО СПОРТИВНАЙ КУРЭХТЭЬИИ

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл yukagirdar_statya.docx21.25 КБ

Предварительный просмотр:

МБДОУ ДЕТСКИЙ САД № 89 « ПАРУС» ГО «город Якутск»    

 

ЮКАГИР ОМУГУН БУЛТКА УГЭСТЭРИНЭН ОЛО5УРБУТ УЬУЙААН СААСТААХ О5ОЛОРГО СПОРТИВНАЙ КУРЭХТЭЬИИ
« Юкагирдар – хаардаах тай5а олохтоохторо»

Иитээччилэр:

Пестерева Лариса Александровна

Лыткина Августина Егоровна

Юкагир омугун бултка угэстэринэн оло5урбут уьуйаан састаах о5олорго спортивнай курэхтэьии хардыыта

« Юкагирдар- хаардаах тай5а олохтоохторо»

СУРУН-СЫАЛА:

  1. Тереебут дойдуга ытыктабылы, харыстабылы иитии, бултка уонна балыктааьыцца бэйэ эрэ наадатыгар септее5у бултааьыны иитии.
  2. Туундара усулуобуйатыгар бэйэ-бэйэ5э кемелеьууну, ейееьуну, до5ордоьууну иитии.

СУРУН СОРУКТАРА:

  1. О5олорго чел оло5у пропагандалааьын.
  2. Юкагир омугун бултка угэстэрин билиьиннэрии.
  3. О5олорго эйэлээх буолуу сыьыанын иитии, ицэрии.

ТУТТУЛЛАР МАТЫРЫЙААЛЛАР: ураьа, хайыьар, ох саа, маамыкта, таба макета, таьа5астаах меьееччуктэр, спортивнай модуль.

КЫТТААЧЧЫЛАР: « Сулусчаан» белех иитиллээччилэрэ.

КИИРИИ ТЫЛ

Слайд 1,2

- Дорообочэ, о5олоор!

- О5олор, эьиги юкагир норуотун билэ5ит дуо?

- Самай сеп, ити биьиги Сахабыт сирин гербэтэ.Оттон бу уеьээ еттугэр туох ойуутай? Ити 7 олохтоох омук баарын туоьулуур, Сахабыт сиригэр олороллор: сахалар, нууччалар, эбээннэр, эбэцкилэр, чукчалар, долганнар уонна юкагирдар.

- Бугун биьиги, о5олор, юкагир омук норуотун туьунан кэпсэтиэхпит. Кинилэр олохторун- дьаьахтарын, хайдах бэйэлэрин тэринэн, бултаан-балыктаан олороллорун сэьэргэьиэхпит, оонньуохпут.

- Керуц эрэ,о5олоор бугун биьиэхэ ким ыалдьыттыы кэлбитий? Бу кыыс аата Мархиль, кини юкагир норуотун о5ото,эьиэхэ куулэйдии кэллэ, кэьиитин хоьоон а5алла.Истиэ5иц эрэ.

- Юкагирдар – Илин Сибиир омуга.Кинилэр былыр Хотугулуу Илин Сибииргэ олорбуттар эбит. Балыктааьын, дьтткэй табаны бултааьын, суурук ыттары иитии- бу кинилэр сурун дьарыктара эбит. Теье да хас эмэ уйэ астар, билигин Уеьээ Халыма эргин олохтоох юкагирдар терут угэстэрин умнубатахтар. Ханнык ба5арар хотугу омук курдук, юкагирдар бултка ураты сыьыаннаахтар эбит. Кинилэр тай5а уонна туундара юкагирарыгар арахсллар эбит.

- Тай5а5а олохтоох омук уксун табаны, куоба5ы, тайа5ы кетеру бултаан олорбут. Уомул, чыыр, бил балыгы юалыктыыр эбит. Бултарыгар оно5остору, туьахтары, кэлин санан тутталлар эбит. Ытынан, хайыьарынан сылдьан бултууллара.

- Туундара юкагирдара биир сиргэ туптээн олорбот омуктар. Табанан, ытынан, хайыьарынан, мастан хаьыллыбыт тыынан сылдьан таба5а, кырса5а, саьылга бултууллар эбит, улаханнык балыктаабаттар.

_ Юкагирдар ханнык кыылы бултууллар эбит диэццэ билигин таабырын таайсыахпыт.Миэхэ кемелеьуехтэрэ: Евсеева Айна уонна Михайлов Кундул.

 

ТААБЫРЫН ТААЙСЫЫТА:

Слайд 3

  1. Сир анныгар итии болгуо сытар уьу.(эьэ)
  2. Кынаттаах да кеппет, ата5а суох да ситтэрбэт баар уьу.( балык)
  3. Сайын бороц, кыьын мацан баар уьу. ( куобах)
  4. Суптугулдьуйбут сур соно5ос баар уьу. ( бере)
  5. Адаар муостаах туундара келете баар уьу. ( таба)

ХОЬООН « МИН УРАЬАМ» ( о5о аа5ар).

КУЭХТЭЬИИ КЕРУЦНЭРЭ:

Слайд 4

  1. Хас биирдии омук дьиэлээх. Юкагирдар эмиэ атын хотугу омуктар курдук ураьа5а олороллор. Хас биирдии хамаанда билигин ураьа тутар. Ол курдук, сигнал бэрилиннэ5инэ зал тугэ5эр баар модуллары а5ала5ыт, уочаратынан. Ким ураьатын эрдэ тутан буппут- ол оонньуу кыайыылаа5а буолар.
  2. Дьиэбитин оцоьуннубут, аны билигин бултуу барыахпыт иннинэ кунтэн алгыс ылабыт. Юкагирдар кун тацаралаах омук эбит. Хас биирдии суолталаах булт иннинэ кинилэр кунтэн кецул ылаллара.

 Слайд 5

- Билигин бары кун курдук тегуруччу туруо5ун:

Аламай кунум барахсан

Булчут уолаттарга

Мичик гын!

(ХОЬООН « ТУГУТЧААНЫМ БАРАХСАН» о5о аа5ар.

Слайд 6

  1. Алгыстааныбыт, кунтэн алгыс ыллыбыт. Дьэ дьицнээх булпут а5аланар. Дьиэ табатын туундара олохтоохторо маамыкта кеметунэн тутталлар. Онтон ойуур табатын атыннык бултууллара, ол эрэн куустээх- уохтаах, сымса булчуттар дьиикэй табаны да маамыктанан хабаллара. Билигин биьиги уолаттарбыт табаны маамыктанан хайдах туталларын кердеруехтэрэ.( Маамыкта быра5ыыта)

Слайд 7

  1. Хоту дойду сурдэх тымныы халлааннаах. Онон булчуттар уксугэр сытыы тыалы, буур5аны, хойуу хаары аахсыбакка бултууллара. Кинилэр уксун хайыьарынан сылдьаллра. Билигин хас биирдии хамаанда уола уочаратынан хайыьары кэтэн суурэн кэлиэхтээх. ( Хайыьры кэтэн сууруу).

ХОЬООН « Йахтаптиэ» ( о5о аа5ар)

Слайд 8

  1. Юкагир омуктара кетеру ох саа курдугунан, оно5оьунан бултуулларар. Билигин хаманда капитаннара курэхтэьиэхтэрэ. Ким саамай кыра5ы харахтаах, тулуурдаах булчут эбитий? ( Ох саанан таба макетын ытыы)

Слайд 9

  1. Кыылы бултааьыны сэргэ, юкагирдар ессе балыктыыллара. Билигин биьиги кыргыттарбыт балыктар буола оонньуохтара,ону хамаандаттан биирдии балыксыт уол ол балыктары тутуохтара. ( Оонньуу « Балыктар уонна балыксыт»)

Слайд 10

  1. Хас биирдии булчут бултаан-алтаан баран булдун бэйэтэ сыар5а5а тиэйэр, эбэтэр бэйэтэ сугэн дьиэтигэр 5алар. Дьэ, булчут уолаттарбыт бултарын куулга сугэн курэхтэьиэхтэрэ. Ким хамаандата тургэнник сугэн а5алар эбитий?  (Таьа5астаах куулу сугэн а5алыы)

ТУМУК:

  1. О5олоор, бугун биьиги ханнык омук норуотун кытта билистибит?
  2. Самай тугу себулээтигит?
  3. Билигин биьиги курэхпитин хоьоонунан тумуктуехпут. ( Хоьоон)
  4. Ыалдьыппытыгар юкагир о5отугар Мархильга махталбытын тиэрдэбит.

Аныгыскы керсуеххэ диэри о5олоор, кунду ыалдьыттар!