Рабочая программа музыкального руководителя
рабочая программа на тему

Рабочая программа музыкального руководителя МБДОУ ЦРР д/с им А.Г.Габышева

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon nachalo_programmy_muzo.doc392 КБ
Реклама
Онлайн-тренажёры музыкального слуха
Музыкальная академия

Теория музыки и у Упражнения на развитие музыкального слуха для учащихся музыкальных школ и колледжей

Современно, удобно, эффективно

Посмотреть >


Предварительный просмотр:

Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ

А. Г. Габышев аатынан муниципальнай бюджетнай оҕо тэрилтэтэ

оҕону сайыннарар Киин

Антоновка н. Ньурба улууһа Саха Өрөспүүбүлүкэтэ

Бигэргэтэбин

сэбиэдиссэй

_______________

“__”_________2016 с.

Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ

музыкаҕа уһуйааччы үлэтин тосхоло

Музыкальнай салайааччы:

 Васильева С.В

Педсовекка ылылынна

№___от_________________

Антоновка 2016 сыл

Иһинээҕитэ

  1. түһүмэх  

Оҕону музыка эйгэтигэр киллэриигэ үлэ соругун туруоруу (целевой раздел)

Аан тыл

  1. Үлэ соруга уонна самылык соруктара
  2. Үлэ төрүттэрэ
  3. Кэрэ эйгэҕэ киириигэ оҕо саастарынан уратылара
  4. Үлэ тосхолун региональнай өлүүкэтэ
  5. Оҕону музыкаҕа сыһыарыы тосхоло  (оценивание качества О. Де.)

II.түһүмэх  

Үлэ тосхолун ис хоһоонун арыйыы (содержательный раздел)

  1. Оҕо күннээҕи олоҕун хаамыытыгар музыканы киллэрии
  2. Оҕо куолаһын сайыннарыы, харыстааһын
  3. Төрөппүтү кытары үлэ
  4. Оҕо музыкаҕа уһуйууллуутун тургутуу
  5. Ураты оҕолуун үлэ ис хоһооно

III.түһүмэх  

Үлэ тэрээһинэ (организационный раздел)

Оҕону музыкаҕа уһуйууга сайыннарар эйгэни тэрийии

Оҕо күннээҕи олоҕун хаамыыта

Планирование

График

УМК

Сыһыарыылар

  1. Сыллааҕы үлэ торума
  2. Сыллааҕы былаан
  3. Оҕо ыллыыр дьоҕурун тургутуу
  4. “Музыка для всех” проект чэрчитинэн “Чугдаар” барыл
  5. Самоанализ
  6. Иитээччи оҕолуун алтыһар кэмэ кэрдииһэ

“Тосхол” бырагыраамма уонна федеральнай государственнай үөрэх стандарта.

Онон Арассыыйа Федерациятын үөрэхтээһиҥҥэ саҥа сокуонун быһыытынан, оҕо тэрилтэтин иитэр-сайыннарар бырагыраамата федеральнай государственнай үөрэх стандартын ирдэбиллэригэр олоҕуран, барыл буолар сүрүннүүр үөрэх бырагырааматын (примерная основная образовательная программа) учуоттаан оҥоһуллар буоллар. Ити бырагыраама өссө федеральнай бырагыраамалар испииһэктэригэр киирэн бигэргэммит, көҥүллэммит буолуохтаах. Онон сибээстээн, 2014-2015 үөрэх дьылыгар дылы “Тосхол” саха национальнай детсадыгар аналлаах иитэр-сайыннарар бырагыраама чэрчитинэн үлэлии олорор оҕо тэрилтэлэрэ хайдах буолалларый диэн элбэх иитээччи мунаах сыйар кэмэ.

Бу методическай босуобуйа сыала – федеральнай государственнай үөрэх стандарта олоххо киирэр кэмигэр сахалыы оҕо тэрилтэтэ “Тосхол” бырагырааманан сирдэтэн үлэлии сылдьыбыт үгэһин ыһыктыбакка, бэйэтин сүрүннүүр бырагырааматын оҥосторугар хайдах дьаһаныахтааҕын ыйан-кэрдэн биэрии.

Этэн аһарбыппыт курдук, сокуоҥҥа да, стандартка да сурулларынан,оҕо тэрилтэтэ бэйэтин бырагырааматын оҥосторугар барыл буолар сүрүннүүр үөрэх бырагыраамалара федеральнай государственнай үөрэх стандартын курдук булгуччу тутуһуллар төрүт докумуон буолбаттар. Ол оннугар учуоттаналлар, сирдьит, холобур быһыытынан туттуллаллар.

Ити туһунан Арассыыйа Федерациятын үөрэх туһунан сокуонугар маннык этиллэр: “Образовательные программы дошкольного образования самостоятельно разрабатываются и утверждаются организацией, осуществляющей образовательную деятельность в соответствии с федеральным государственным образовательным стандартом и с учётом соответствующих примерных образовательных программ дошкольного образования”.Итини сэргэ “Программа разрабатывается и утверждается Организацией самостоятельно в соответствии с настоящим стандартом и с учётом Примерных программ” диэн федеральнай государственнай үөрэх стандартын 12 ыстатыйатын 2.5 пуунугар эмиэ чуолкайдык этиллэр.

Онон билиҥҥи туругунан,“Тосхолунан”үлэлии олорор оҕо тэрилтэлэрэ иитэр-сайыннарар систиэмэлэрин барытын хаалларан, ону Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар тирэҕирэн, федеральнай испииһэккэ киирбит барыл бырыгырааманы туһанан, бэйэлэрин бырагыраамаларын саҥалыы таҥан, силигин ситэрэн үлэлиир толору кыахтаахтар.

Маннык программаҕа олоҕуран үлэлиибит:

«Детство» бырагырааммата

        «Детство» - детсадка  аналлаах  оҕону  сайыннарар  уонна үөрэтэр  программа.

Хомуйан оҥордулар: Т.И. Бабаева, О.В. Акулова, Т.А. Березина, А.М. Вербенец, А.Г. Гогоберидзе, Т.С. Грядкина, В.А. Деркунская уонна да атыттар.

Бу программаны А.И.Герцен аатынан Российскай государственнай педагогическай  университет  педагогтарын, оскуола5а  киириэн  иннинээҕи  саастаах  оҕолор  педагогикаларын кафедраларын коллективын, элбэх сыллаах  научно – исследовательскай үлэлэрин түмүгүнэн таныллан оҥоhуллубута. Бу программанан биhиги үлэбит хайысхата  оҕону  кыра сааhыттан  айылҕаны  араҥаччылыыр тыыҥҥа иитии буолар.      

        Экологическай тыыҥҥа иитэр үлэбит сыала – соруга: бэйэҕэ, дьоҥҥо, тулалыыр  эйгэҕэ  харысхал, кыhамньылаах сыhыаны олохтооhун буолар. Маны барытын  оҕо  ылбаҕай  кэмин, сытыы санаатын, билиэн – көрүөн  баҕата  күүстээх кэмин, ис айылгыта  аhаҕас  кэмин  туhанан  ситиhиллэр.

Оҕо  саастыылаахтарыныын, иитээчилэриниин, төрөппүттэриниин уонна атын дьоннуун алтыhыытыгар үлэ ыытыллар. Оҕо  амарах, үтүө сыhыана үөскүүрүгэр анал үөрүйэхтэри үөскэтии. Дьоҥҥо – сэргэҕэ  үтүө сыhыан  саҕааhын. Дьон икки ардыгар сыhыан өйдөбүлэ  оҕоҕо  чугас гынан тиэрдиллэр, араас олуктаах түгэннэри, остуоруйа геройдарын ырытан үөрэтиллэр. Уйулҕа  туругун туттан – хаптан, саҥаран – иҥэрэн көрдөрүү. Онно сөптөөхтүк бэйэни салайыныы: атаҕастаммыты  аhыныы, уоскутуу, күндүлээhин, хомолтотун тэҥҥэ үллэстии. Дьоҥҥо – сэргэҕэ  сиэрдээх сыhыаны иитии. Бэйэ тутулун  туhунан билээhин, бэйэҕэ  эрэллээх буолууну иитээhин.

Оруоллаах оонньууга сюжеттара уустугуран, айан оонньуур  дьоҕура  сайдар. Детсад  сааhыгар  оҕо  бэйэтин саастылаахтарын кытта оонньуур  кэмэ. Оҕолор  биир сюжетынан муҥурдамакка уопсай теманы  талан  оонньуур буолаллар.

Оҕо  оонньуур кэмигэр иитээччи  оҕолор  оонньууларын интириэhиргээн ыйытыыларга сөптөөх эппиэти биэрэр, оҕоҕо  күүс – көмө буолар, оруоллары үллэстэригэр сүбэ – ама биэрэр  оҕо  көрдөhүүтүнэн оонньууга кыттыhар  оонньоhор.

Анал эйгэни тэрийиигэ  оҕо  бэйэтэ айар тутар  дьоҕура  сайдар оруоллаах оонньууну иитээччи бэйэтэ тэрийэн оонньоторугар эрдэттэн тематын, оонньуу хаамыытын наардыыр бэйэтэ оруолунан оонньоhор. Маннык оонньуулар улахан дьон үлэтин  туhунан билиилэрин чиҥэтэр, үтүөҕэ – кэрэҕэ  угуйар.

Оҕо  чуолкайдык саҥарыытын, айан кэпсиир  дьоҕурун, ситимнээх саҥатын сайыннарыы, тылын саппааhын байытыы.  

“Утум” тосхол

“Утум”  тосхол, оҕо  этин – сиинин  чөллөрүтүүгэ  методическай  ыйынньык  буолар  Бу  ыйынньык 2000с. Антоновка “Биhик» детсад  методиhын  Т.Л.Ильинова  уонна  иитээччилэрин  үлэлэринэн  таныллан тахсыбыта.

      Киhи  сайдыытын  ис  күүhүгэр (духовноска) хайыhааhын. Кут – сүр  үөрэҕин  көрүүлэригэр  олоҕуран  оҕо  үс  кутун  сайыннарыы (салгын  кут, ийэ  кут, буор  кут). Оҕо  этин – сиинин  эрчийии, хатарыы, өйүн – санаатын, билиитин  дьэҥкэрдии, хаҥатыы, майгытын – сигилитин, айылҕаҕа, дьоҥҥо  сыhыанын  чочуйуу, уhуйуу. Үлэ  түмүгүнэн  оҕоҕо  бэйэтэ туругун  быhаарынар, салайынар, чөллөрүтүнэр  үөрүйэҕи  иҥэрии  уонна  оҕо  бэйэтин  бэйэтэ  сайыннарар  дьоҕурун  уhугуннарыы. Сүрүннээн  оҕо  этин – сиинин  чөллөрүтэр, хатарар  буор  кутун  сайыннарар  үлэбит  валеологияҕа  олоҕуран  ыытыллар.

      Оҕо  бэйэтин  уонна  туора  киhи  туругун  өйдөөн, быhааран, онон  салайынан  киhилиин  сайаҕас  сыhыанын  олохтооhун. Өбүгэ  үгэстэрин, сиэрин – туомун  билиhиннэрии. Оҕону  чөл  олоххо  уhуйуу.                                                                    

       Үлэ  тосхоло  маннык:

“Аан – Алахчын” дьарыгар  тыынар  тыыннаахха, хамсыыр  харамайга  аhыныгас, көмүскэс  санааны  иитии.

“Айылгы” дьарыгар  оҕо  этин – сиинин  тутулун, кыыс – уол  уратытын, аналын  билсиhиннэрэн, чөл  олоххо  уhуйуу.

“Уйулҕа” дьарыгар  оҕо  бэйэтин  уонна  туора  киhи  туругун  өйдөөн, ыhааран, онон  салайынан  киhилиин  сайаҕас  сыhыаны  олохтууругар  үөрэтии.

“Утум” дьарыгар  өбүгэ  үгэстэрин, сиэрин – туомун  кытта  билиhиннэрии.

“Дьөhөгөй» дьарыгар  эти – сини эрчийии, хатарыы, чөллөрүтүү.

Кэрэ эйгэтигэр сыһыан

Иитээччи иитэр-сайыннарар дьайыыта:

  • Норуот оҕону уһуйар тɵрүттэрин үлэтин сүрүн олуга буолар;
  • Оҕо ис иэйиитин кɵрдɵрɵр, арыйар анал түгэннэри тэрийэр;
  • Норуот ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн, олоҥхо нɵҥүɵ оҕо ис кыаҕын арыйар;

Оҕолор сайыннарсар түгэннэрин тэрийии:

  •  Охсон оонньонор музыкальнай оонньуурдары ылла да тыаһатан барар гына илии анныгар баар буоларын тэрийии;

Оҕо оҥорон кɵрɵр, тобулар, чинчийэр эйгэтин олохтооһун:

  • Кэмиттэн кэмигэр оҕо сылдьар сирин ис кɵстүүтүн тупсарар, оҕолору кытыннарар;
  • Оҕо туругуттан кɵрɵн сынньанар, үҥкүүлүүр, ыллыыр-туойар усулуобуйатын олохтуур;
  • Музыкальнай инструменнары анал уурар миэстэннэн хааччыйар.

I түһүмэх  

Оҕону музыка эйгэтигэр киллэриигэ үлэ соругун туруоруу (целевой раздел)

Аан тыл

       Музыкальнай  иитии- оҕо киһи быһыытынан төрүттэниитигэр, кэрэ эйгэҕэ сыстыыта буолар. Оҕо дэгиттэр сайдыыта, музыканы сатаан истэриттэн  ырытан көрүүтүттэн, атын музыкальнай көрүңңэ эмиэ көстүөн сɵп. Оҕолор тэрээһин кэмигэр тугу ɵйдɵɵн хаалбыттарын, үɵрбүттэрин тылларынан, үңкүүлээн, уруһуйдаан көрдөрүөхтээхтэр. Маннык улэ көрүңэ музыканнан иитиигэ оҕо дьүөрэлээн толкуйдуур, ырытан көрөр дьоҕурдарын сайыннарар.

        Программа сыала бэйэ-бэйэни убаастааһын, итэҕэйии. Маннык сыалы тутуһан  улэлээтэххэ оҕо ордук арыллар, дьоҕура, кыаҕа сайдан биэрэр.

         Музыкальнай сайдыы программата оҕо үрдүк таһымнаах иитииилээх буоларыгар туһаайыллар муз иитээчигэ көмө буолар.

         Иитээчи оҕо музыкальнай омоону көрөрүн, истэрин курдук тэрээһин барылын оңоруохтаах, тэрээһин кэмигэр оҕо бэйэтэ сатыырынан  музыкальнай обраһы көрдөрөрүн курдук үөрэтиллиэхтээх.

          Биир тэрээһин барылыгар элбэх кэрэ эйгэ көрүңнэрэ киирэллэрэ оҕо бары өттүнэн сайдарыгар көмөлөһөр (уруһуйга, оонньоон көрүүгэ, музыкаҕа)

  Ырыа оҕолорго тыыналларын-хамсаналларын кэриэтэ айылҕаттан бэриллибит туруга. Оҕо олус сөбүлээн ыллыыр, кини ыллыырыгар бүүс бүтүннүү ырыаҕа аһыллар, бэринэр. Ырыаттан оҕо олус дуоһуйар иэйэр,астынар. Ырыа- оҕо чөл туругун бө5өргөтүүгэ, кини уйул5атын өрүттэрин барытын хамсатар буолан күүстээх дьайыылаах. Сүрүннээн о5о тыынын сайыннарарыгар сөпкө тыынарга үөрэтиигэ туhалаах. Ырыа ыллатан о5о тыңатын сайыннаран үгүс о5ону уhун тыыннаах оңоруохха сөп. Кылгас музыкальнай эрчиллиилэри ылланар. Силимнэһэн ыллыыр үчүгэй.  Тыыныы тутулун, хаамыытын тылгынан быhаарыыны о5олор ылымматтар, онон иитээччи ыллаан көрдөрөрө о5о5о холобур буолар. О5о тыын ылыыта тыаhа суох. Саннын ыгдаңнатыа суохтаах. Тыынын бытааннык сыыйа таhаарар. Холобур о5о элбэх ырыаны ыллаата5ына бэйэтэ бэйэтинэн сайдар. Онтон сөпкө тыыныы эт-сиин сайдарыгар сүңкэң быhаарыылаах.

Үлэ соруга уонна самылык соруктара

Музыканы сатаан истэр дьоҕур киинэ сайыннаҕына оҕо бары ɵттүнэн сайдар.

  1. Музыканы сатаан истэр дьоҕур доруобай дьоҥҥо барыбытыгар баар.
  2. Киһи дьоҕура атын-атын буолар, үчүгэй-уһулуччу учугэй, музыкальнай слухтаах буолуон сɵп.
  3. Музыканы сатаан истэр дьоҕуру сайыннарыахха, эрчийиэххэ сɵп.

                төһөннөн эрдэттэн (оҕо кыра эрдэҕинэ) саҕаланар да соччоннон сайдыылаах буолар. Элбэх ученайдар, муз.ииттээччилэр уонна быраастар этиилэринэн «сүрүн оруолунан» музыканы истэр дьоҕурга буолар вокальнай моторика,а.э. ыллааһын эбэтэр ыллаан эрчиллии.

В.В.Каменскай этэринэн: «Саҥарар аппарат толорооччу эрэ буолбакка музыканы истэр, ɵйдɵɵн хаалар дьоҕурдар сайдалларыгар кɵмɵлоɵһɵр» диир. «Ыллааһын уонна хорга ыллааһын оҕо музыканы истэн ойуулаан-дьүһүннээн кɵрɵр дьоҕурун бары ɵттүнэн сайыннарар» Т.Л.Беркман.

Онтон кыра оҕолору этэр буоллахха, оҕо истэр дьоҕура үчүгэй эрээри кини куолаһа үчүгэйдик сайда илигиттэн

Оҕо сатаан ылыыр сатабылын сайыннарыы

  • Сөпкө санарарга, тыынарга үөрэтии
  • Оҕо ыллыырыттан иэйиини ылынарын ситиһии
  • Өйдүүр, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы
  • Музыканы истэр, ыллыыр кыаҕын арыйыы
  • Оҕолордуун ырыаны тэӊӊэ саҕалааһын,бутэрээһин

Үлэ төрүттэрэ (принципы)

  1. Оҕо  сааһы хас биирдии оҕо үөрэ-көтө, дуоһуйа-астына олоруута

  1. Оҕо сайдар эйгэтэ баайа, хаҥыы туруута

  1. Оҕону иитэр-сайыннарар үлэ хас биирдии оҕо тус уратытынан сирдэтэн барыыта

  1. Оҕо тугунан дьарыктанарын бэйэтэ талыыта. Оҕо сайдыы субъегынан бэйэтин билиниитэ

  1. Улахан киһи оҕолуун оҕо тэҥэ буолан алтыһыыта, оҕолуун сыһыаныгар оҕо кинилиин тэҥ бырааптааҕын билиниитэ

  1. Оҕо бэйэтэ көҕүлээбит дьарыктарын улахан киһи өйдөөһүнэ уонна өйөөһүнэ.

  1. Дьиэ кэргэни кытта тэбис тэҥҥэ иитээччи алтыһыыта, ийэлиин-аҕалыын ыкса бодоруһан оҕону иитиитэ, сайыннарыыта.

  1. Дьиэ кэргэн, общество уонна государство үтүө үгэстэригэр оҕону иитии, киһи-аймах эйгэтигэр сиэрдээхтик киллэрии.

  1. Оҕо араас дьарыктарыгар кини билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы.

  1.  Оҕо сааһыгар уонна айылҕатынан уратытыгар оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сөп түбэһиитэ.

  1. Оҕо сайдар эйгэтэ, омук быһыытынан уратыта кини сайдыытыгар сабыдыалын билинии.
  2.  Норуот кутун-сүрүн, үтүɵ ɵйүн-санаатын иҥэрии

Кэрэ эйгэҕэ киириигэ оҕо саастарынан уратылара

2-3 саастаахтар

Музыканы истии:

  •  народнай, классическай музыкальнай айымньылары иһитиннэрии
  •  араас хараахтардардаах музыкальнай айымньылары иһитиннэрэн, оҕо иэйиитин уһугуннарыы
  • музыка тэтимин тутуһан айан хамсаныыта
  •  үрдүк-намыһах (колокольчик, фортепиано, металлофон) тыастарын араара үɵрэтии

Ыллыыр үɵрүйэҕэ:

  •  музыкальнай айымньыны болҕойон истэр, иитээччини кытары тэҥҥэ ыллаһар
  • соҕотоҕун ыллыырга үɵрэтии

Музыканнан хамсаныы:

  • музыкальнай айымньыны истэн иэйэр, айан хамсанар
  • иитээччини үтүктэн хамсанар
  • хамсаныытыгар музыкальнай айымньы саҕаланыытын, бүтүүтүн тутуһарга үɵрэтии
  • музыка хараахтарын тутуһан, омоон оҥорон хамсанар үɵрүйэҕин сайыннарыы

3-4 саастаахтар

Музыканы истии:

  • Народнай, классическай уонна аныгы музыкальнай айымньылары иһитиннэрии
  • Ырыа, үҥкүү, марш уратыларын билиһиннэрии
  •  Музыкальнай айымньыны арааран истэллэр (үɵрүүлээх, хомолтолоох), музыкаттан иэйии ылалларын ситиһии
  • Кылгас музыкальнай айымньыны болҕойон истэр, чаастарын арааран истэригэр үɵрэтии
  • Тыас уратылааҕын ɵйдүүр: үрдүгүн-намыһаҕын, кылгаһын-уһунун, улаатарын-кыччырыын, тембрын истэн араарар
  • Музыкальнай инструменнар тыастарын арааран истэр

Ыллыыр үɵрүйэҕэ:

  •  Ыраастык ыллыыр үɵрүйэхтэрин сайыннарыы
  •  ре(ми)-ля(си) диапазоҥҥа, бары бииргэ, бэйэ-бэйэни истиһэн, ырыа тэтимин тутуһан, хараахтарын сɵпкɵ биэрэн ыллыыр үɵрүйэхтэрин сайыннарыы
  •  бытаан биһик ырыатын «баю-бай», түргэн тэтимнээх ырыаны «ля-ля» диэн салгыы айан ыллыыр үɵрүйэхтэрин салгыы сайыннарыы

Музыканнан хамсаныы:

  • музыкальнай айымньы саҕаланыытын, бүтүүтүн, улаатарын-кыччыырын тутуһан хамсанарга үɵрэтии, сайыннарыы
  • марш музыкатын тэтимин тутуһан хаамыы, түргэн музыкальнай айымньыга сүүрэн хамсанар үɵрүйэхтэрин салгыы сайыннарыы
  • музыкальнай айымньы ис хоһоонунан иэйэн туран хамсаныыта, таба туттан үтүктүүтэ, икки буолан эргийэр, музыка тэтиминэн хамсанар үɵрүйэхтэрин сайыннарыы

Музыканы толоруута, айа холонуута:

  • колокольчик, бубен, погремушка, барабан, металлофон, дудочка тыастарын билсэр, араара үɵрэнэр
  • охсон оонньонор музыкальнай инструменнарынан оонньооһуна

4-5 саастаахтар

Музыканы истии:

  • народнай,  классическай уонна аныгы музыкальнай айымньылары иһитиннэрэн оҕо ылынар, толорор кыаҕын билиитин хаҥатыы
  • музыкальнай айымньыны болҕойон истэр сатабылын сайыннарыы
  • мелодия тиэмпэтин, тэтимин, улаатарын-кыччыырын музыка уларыйыытын оҕо бэйэтэ улахан киһи кɵмɵтɵ суох истэн араарарыгар үɵрэтии
  • музыка жанрдарын билиһиннэрии: ырыа, үҥкүү, марш музыка араастарын кɵрүҥүн: үҥкүү-вальс,полька диэн араарыахтаах, композитордары кытары билсиһиэхтээх, матыып, тэтим, тиэмпэ, динамика, регистр уонна 2-3 чаастаах музыканы арааран истэригэр үɵрэтии
  • билэр музыкальнай айымньыларын бэйэлэрэ толороллоругар үɵрэтии, музыкальнай тэрээһин бары кɵрүҥэр ситэри сайыннарыы
  • музыка доҕуһуолунан ыллыыр, үҥкүүлүүр дьоҕурдарын сайыннарыы
  • оҕоҕо музыкальнай искусство араас кɵрүҥүн билиһиннэрии: норуот музыката, композитор, инструментальнай уонна вокальнай

Ыллыыр үɵрүйэҕэ:

  • оҕо ыллыыр куолаһын харыстааһын, ре-си I октаваҕа ыллыахтаахтар, музыкальнай фраза икки ардыгар тыын ылан ыллыыларын ситиһии
  • ыллыыр киһи куолаһын кэрэтин ɵйдɵɵн истэллэригэр үɵрэтии
  • үɵрэтэр ырыаларын аатын билиэхтээх, ырыа хараахтарын, тэтимин, тиэмпэтин сɵпкɵ тутуһан ыллыахтаах

Музыканнан хамсаныы:

  • бэйэтэ сатыырынан имигэстик хамсаныыта, хамсаныытыгар музыка хараахтарын, тэтимин, уруһуйун хамсанан кɵрдɵрүүтэ
  • музыкальнай айымньыны болҕойон истэргэ, жанрын араарарга, сɵп түбэһэн хамсанарга, музыкальнай омоону хамсаныыга туттан-хаптан кɵрдɵрүүтэ
  • музыка кɵмɵтүнэн оҕо бэйэтин туругун (настроениятын) хамсанан кɵрдɵрүүтэ
  • омоонноох (сюжеттаах, образтаах), параннан үҥкүүнү үҥкүүлээһинэ, хороводка хаамааһына

Музыкальнай инструмеҥҥа оонньооһуна:

  • музыкальнай инструмент тыаһын-тембрын, араарарга, музыкальнай инструмеҥҥа кылгас музыкальнай айымньы ритмическай уруһуйун оонньоон кɵрдɵрɵрүгэр үɵрэтии
  • металофоҥҥа, клавишалаах музыкальнай инструмеҥҥа сатаан оонньууллар, кылгас музыкальнай айымньылары тыаһаталлар
  • музыкальнай айымньы омоонун харахтарыгар ойуулаан музыкальнай инструмеҥҥа оонньуу холоноллор
  • оҕо музыканы айа холонуута

5-6  саастаахтар

Музыканы истии:

  • оҕо ыллыыр куолаһын харыстааһын, ре-до II октаваҕа ыллыахтаахтар, музыкальнай фраза икки ардыгар тыын ылан ыллыыларын ситиһии
  • музыкальнай айымньыны болҕойон истэр ырыаны, музыкальнай аймньыны матыыбыттан билэ үɵрэнэр, ырыа ис хоһоонун ɵйдɵɵн истэр
  • музыкальнай айымньы киириитэ, бүтүүтэ диэн араарар. Музыкальнай айымньы бүтүɵр дылы интириэһиргээн истэр, иэйиитин-санаатын ɵйдүүр, образтарын уустаан-ураннаан кэпсиир
  • музыкальнай айымньы хараахтарын арааран билэр
  • музыкальнай инструмент арааһын билсэр. Тыллаах, охсон оонньонор, тыастаах, чаачардаах, тарбаҕынан оонньонор тимир, 2 тыллаах хомус, мас хомус, дүҥүр, күпсүүр, кырыымпа, скрипка, виолончель, таҥсыр, кылыһах, балалайка, домбра, гитара, барабан, табык, металлофон, бубен, дьаҕа, хобо, атаара, румба, маракас, погремушка диэн араарар.
  • Музыкальнай инструмент ис тутулун (тыла,струна,хобото), тугунан оонньонорун (чаачарынан, медиаторынан) билэр. Хомуска дьүһүйүүнү ɵйдүү үɵрэнэр.

Ыллыыр үɵрүйэҕэ:

  • Холкутук, налыччы, унаарыччы, намыыннык, биир тэҥҥэ ыллыы үɵрэнэр
  • Ырыа тылын чуолкайдык саҥарар, музыкальнай фраза икки ардыгар сɵпкɵ тыын ылар, фразаны сымнаҕастык, холкутук бүтэрэр.
  • Ырыа матыыбын, тэтимин сɵпкɵ тутуһан, чуолкайдык, намыыннык, чэпчэкитик ыллыыр, кэмигэр салгыыр, бүтэрэр.
  • Ырыа ритмин,тэтимин истэн, ɵйдɵɵн, атын киһини кытта дьүɵрэлээн ыллыыр, киирии чааһын,хос ырыатын, бүтүүтүн матыыбын билэр.
  • Дэгэрэҥ, дьиэрэтии, таҥалай, тойук кɵрүҥнэрин араарар
  • Оҕо ырыатын аатын, тылын уонна музыкатын авторын билэр, ааттыыр
  • Соҕотох киһи эбэтэр хор ыллыыр ырыатын истэн, дуоһуйууну ылааһына киирэр

Музыкальнай инструмеҥҥа оонньооһуна:

  • музыкальнай инструмент тыаһын-тембрын, араарарга, музыкальнай инструмеҥҥа оҕо музыкальнай айымньы ритмическай уруһуйун оонньоон кɵрдɵрɵрүгэр үɵрэтии
  • музыка тиэмпэтин, ритмическай уруһуйун, тэтимин билэр, музыкальнай инструмеҥҥа оонньуур
  • бэйэлэрэ истэллэринэн, сатыылларынан кылгас музыкальнай айымньыны оонньооһуннара
  • бɵлɵҕүнэн оонньуурга үɵрэнэр
  • музыкальнай айымньыны айа холонуута

6-7  саастаахтар

Музыканы истии:

  • Музыканы истэр дьоҕурун салгыы сайыннарыы
  • Музыка үрдүүрүн (квинта-терция) ɵйдɵɵн истэн араарар, музыканы ылыныытын байытыы
  • музыкальнай культураҕа сыһыарыы, музыкаттан иэйиини ылыныытын хааччыйыы
  • Музыкальнай айымньы бүтүɵр дылы интириэһиргээн истэр, иэйиитин-санаатын ɵйдүүр, образтарын уустаан-ураннаан кэпсиир
  • Музыка кɵрүҥнэрин (Балет, опера), идэлэри (пианист, композитор, дирижер, ырыаһыт) билэр, музыкальнай айымньы тыаһын истэн ɵйүгэр омоон оҥорон кɵрɵр
  • Ийэ дойдутун ɵрɵгɵй ырыаларын истэн, арааран билэр (Россия уонна Саха Сирэ)
  • Толкуйдуур, долоҕойугар тутар, сатаан музыканы истэр дьоҕурун салгыы сайыннарыы

Ыллыыр үɵрүйэҕэ:

  • оҕо ыллыыр куолаһын харыстааһын, до I - ре II октаваҕа ыллыахтаахтар, музыкальнай фраза икки ардыгар тыын ылан ыллыыларын ситиһии
  • Бэйэ-бэйэлэрин истэн ыллыыр үɵрүйэхтэрин салгыы сайыннарыы
  • Ырыа тылын чуолкайдык саҥарар, музыкальнай фраза икки ардыгар сɵпкɵ тыын ылар, фразаны сымнаҕастык, холкутук бүтэрэр.
  • Ырыа матыыбын, тэтимин сɵпкɵ тутуһан, чуолкайдык, намыыннык, чэпчэкитик ыллыыр, кэмигэр салгыыр, бүтэрэр.
  • Билэр эрдэ үɵрэппит ырыаларын матыыбыгар сɵп түбэһиннэрэн айан ыллыыр дьоҕурун сайыннарыы
  • Дэгэрэҥ, дьиэрэтии, таҥалай, тойук кɵрүҥнэрин араарар, ыллыыр
  • Оҕо ырыатын аатын, тылын уонна музыкатын авторын билэр, ааттыыр

Музыкальнай инструмеҥҥа оонньооһуна:

  • Араас (духовой, шумовой, клавишнай,ударнай) оркестрынан оонньонор музыкальнай айымньылары билсэр,
  • Металлофоҥҥа, үрэн, охсон оонньонор музыкальнай инструменнарга оонньуур үɵрүйэҕин салгыы сайыннарыы
  • Оркестрынан, бɵлɵҕүнэн оонньуурга үɵрэнэр
  • музыкальнай айымньыны бэйэтэ айа холонуута

Үлэ тосхолун региональнай өлүүкэтэ

Ханнык баҕарар омук норуот тылынан уус- уран айымньылаах буолар. Ону атыннык фольклор дииллэр. Фольклор диэн тылы английскайдыы норуот муудараһа диэн өйдөнөр. Саха фольклора аһара баай ис хоһоонноох, фантазията олус күүстээх, элбэх көрүңнэрдээх. Олортон ырыа – фольклорун саамай тэнийбит көрүңэ. Киһи былыр да, билигин да ырыа аргыстаах. Ырыа аргыстаах киһи өлөн-охтон биэрбэт, алама5ай үтүө дууһалаах киһи буолар. Былыргы сахалар үөрүүлэрин-хомолтолорун ырыаннан көрдөрөллөрө үһү. «Саха оҕуһун миинньин да, ырыаһыт, оһоҕун иннигэр олордун да олоңхоһут»- диэн  уос номоҕо буолбут этии кырдьык да мээнэҕэ этиллибэтэх. Норуот ырыалара эмиэ араас темалардаахтар: сир-дойду, көтөр-сүүрэр, олох-дьаһах, онтон да аттыттар тустарынан. Киһи кыра оҕо сааһыттан ырыа долгунугар бигэнэр, бүтүн олоҕун устатыгар-өрөгөйдөөх да күнүгэр, санаарҕабыллаах да чааһыгар-өрүүтүн кини сүрэҕэ ырыаҕа талаһар. Ол иһин ханнык баҕарар норуокка оҕону биһиктээх эрдэҕиттэн уһуйаллар. Ол курдук, оҕо аан бастаан ийэ иһигэр үөскүөҕүттэн даҕаны, ырыа ыллаан, музыка тыаһатан иһитиннэрэ сылдьыллыахтаах диэн наукаҕа этиллэр. Биһиги билиңңи сайдыылаах олоххо олорон араас техническай средстволар көмөлөрүнэн оҕоҕо олох кыра сааһыттан ырыа ыллаан, пластинка тыаһатан, магнитофон холбоон мэлдьи иһитиннэрэ сылдьарбыт наада, оччоҕо,  оҕо музыканы, ырыаны истэр дьоҕура эрдэ сайдар. Оҕо олоҕун ханнык баҕарар кэмнэригэр (утуйарыгар, суунарыгар, оонньууругар, аһыырыгар) норуот ырыаларын билиһиннэрэр наада. Холобур: оҕону кыра сааһыгар көтөҕөн олорон сахалыы дэгэрэң ырыаны ыллыыгын. Оҕо ону истэн, төһө да тылын-өһүн өйдөөбөтөҕүн иһин, улахан дуоһуйууну ылар, үөрэр, санаата көнньүөрэр. Онтон арыый обургу буолан истэҕин ахсын туох туһунан ыллыыргын этиэххин, ойуутун көрдөрүөххүн сөп. Куобах туһунан ыллыаң иннинэ куобах ойуутун көрдөрөҕүн, аатын ааттыыгын, куобах хайдах ыстаалыырын көрдөрүөххүн сөп, сүүрэрин, тугу аһыырын билиһиннэрэн баран ырыатын ыллаан иһитиннэрэҕин, оҕо ырыаны ыллыһар буоллаҕына тылын үтүгүннэрэн ыллыырга үөрэтэҕин. Ити курдук оҕону кытта мэлдьи салгыбакка дьарыктанаҕын. Оччоҕо оҕо сыыйа ыллыырга үөрэнэн барар, ырыа алыбар ылларан, сорох оҕо утумнаахтык дьарыктанан улааттаҕына бэйэтэ ырыа да айыан сөп. Саха фольклористара бэлиэтииллэринэн, аан бастаан оҕо куолаһын эрчийэр улахан наадалаах. Ол аата аһаҕас дорҕооннору намыһах тонтан улам үрдэтэн ыллааһын. Онтон сыыйа кылыһахха үөрэтии, оһуохай тылын үтүгүннэрии, бүтэһигэр, дэгэрэң ырыалары үөрэтии буолар. Оҕо кыра сааһыттан музыканы, ырыаны истэ үөрэммит буоллаҕына норуот дэгэрэң ырыаларын чэпчэкитик ылынар, сөбүлээн ыллыыр буолар.

Билигин республика үрдүнэн үүнэр көлүөнэни фольклорга иитии-үөрэтии сэргэхсийбит уонна инникитин сайдар кыахтаммыт кэмигэр оҕо тэрилтэлэрэ, төрөппүт көмөлөөн утумнаах үлэни ыыталлара наада. Ханнык баҕарар норуот төрөөбүт тыла баарын, сайдарын тухары эрэ, омук быһыытынан олорор, саңаны, туспалааҕы айар кыахтаах. Ол иһин ийэ тылы харыстааһын, сайыннарыы кинини ыччыкка дириңник иңэрии- бу биһиги уопсай саамай биир сүрүн сорукпут буолар. Ол курдук саамай кэскиллээх суолунан, инникилээх, түмүктээх үлэннэн детсадтан са5алаан, начальнай кылаастарга ордук кичэйэн, оскуолаҕа оҕолору уһуйуу-үөрэтии буолар. Манна улахан оруолу төрөппүт ылар. Төрөппүт көмөтө суох ханнык баҕарар иитии курдук, ырыаҕа уһуйуу-үөрэтии кэбэҕэстик ылыныллыбат.

ДЭГЭРЭН ЫРЫАНЫ О5О5О БИЛИһИННЭРИИ

(барыл)

Тобул санааа: 

Дэгэрэң ырыа матыыптарын о5о5о иһитиннэрэн сахалыы тыны уһугуннарыы. Дэгэрэң ырыаны сөбүлээн истэллэрин, ба5а өттүнэн ыллыы сатыылларын ситиһии.

Тобул санааны тоһо5олооһун:

Билиңңи эдэр ыччат төрүт культураттан тэйэр куттала үөскээтэ. Аныгы о5о ар5аңңы  дойду дарбыаннаах-дирбиэннээх, тэтимнээх, хамсаныылаах музыкатын, ырыатын абылаңар ылларан, орду кону сэңээрэн үтүктэр, ыллыы сатыыр, ылынар буолла. Ол дьайыы күүһүттэн бэйэтин норуотун культуратыттан тэйэ быһыытыйда. Ону туоратар туһугар, кыра сааһыттан са5алаан төрүт ийэ тылын сүмэтин иңэрэн, ырыатын-тойугун (Дэгэрэң ырыаны) иһитиннэрэн төрүт культуратыттан тэйиппэккэ сахалыы тыынын уһугуннарыахха наада. Айылгытынан сирдэтэн, кутун-сүрүн ыспакка, то5оостоох ылынар кэмин мүлчү туппакка, ыллыыр-туойар ба5атын күөдьүтэн дэгэрэң ырыаны билиһиннэрэбит. Ба5а өттүнэн ыллыыр-туойар сатабылын салайан, сэңээрэн-кэрэхсиир ылынар дьо5урун сайыннарабыт.

Сүрүн сорук:

О5о дэгэрэң ырыаны сөбүлээн, истэн, ылынан ба5а өттүнэн ыллыы-туойа сатыырын ситиһии.

Үлэ тирэхтэрэ:

Теоритическай өрүтэ маннык ученайдар үлэлэригэр тирэ5ирдэ:

  1. А.С.Ларионова: «Вербальное и музыкальное в якутском дьиэрэтии «ырыа». 2004с.
  2. А.П.Решетникова: «Музыкальный фольклор и этногенез якутов» Фольклор и современная культура. Я-1991г.(Сборник научных трудов).
  3. Галина Кривошапко: «Адам Скрябин» 1978с.
  4. Г.М. Кривошапко: «Музыкальная культура якутского народа» 1982 г.

Практическай өттүн суруйууга маннык пособиялары туһанным:

  1. Н.И. Софронов: «Көмүс дьүрүһүн» (тойукка, оһуохайга о5ону уһуйааччыга көмө пособие) 2001 с.
  2. А.С. Федоров: «Кылыһах үөскээһинэ» 1991с.
  3. А. Скрябина: «Чабыр5а5ы үөрэтии ньымалара» 1994с.
  4. «Саха народнай ырыалара» (I-II ч)

Самалык соруктар:

  1. Дэгэрэң ырыа тылларын наардааһын.
  2. Төрөппүккэ дэгэрэң ырыаны үөрэтиини сырдатыы.

Барыл ис хоһооно:

I  Дэгэрэң ырыа сахалыы ырыа биир көрүңэ

Саха норуотун олох-дьаһах туһунан ырыаларын дэгэрэң ырыалар дииллэр. Дэгэрэң ырыа дэгэлдьитии матыыбынан ылланар.

Э.А.Пекарскай тылдьытыгар маннык быһаарыллар: «Дэгэрэң ырыа означает песню, поющуюся скороговоркой, а также песню-речитатив без фиоритур»

Ученай-фольклорист, композитор С.А.Кондратьев: «Саха народнай ырыалара» диэн хомуурунньугар дэгэрэң ырыа матыыбынан ылланар ырыалары киллэриллибиттэр. Кини дэгэрэң ырыаны 2 көрүңңэ араарар: таңалай ырыата уонна хабар5а ырыата диэңңэ.

Дэгэрэң ырыа туһунан сырдаппыт киһиннэн Саха композитора, фольклорист М.Н.Жирков буолар.

Кини 1940с. Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон либреттотынан «Дьурулуйар Ньургун Боотур» драма музыкатын суруйбута.

Профессор, композитор Г.И.Литинскэй: «Дэгэрэң ырыа киһи араас эмоциональнай туругун көрдөрөр диэн бэлиэтиир.

Сахалыы ырыа көрүңэр дэгэрэң ырыа5а таптал туһунан лирическай хоһуйуулар чугастар холобура,  туойуу ырыата.

Дэгэрэң ырыа5а чугас чабыр5ах, таңалай ырыата (небные песни), хабар5а ырыата (горловое пение с хрипом), хоңсуо ырыата (гнусавые песни).

А.С.Ларионова бэлиэтииринэн дэгэрэң ырыа терминэ үс суолталаах:

  1. ырыа толоруутун стилэ, көрүңэ
  2. сахалар ырыаларын лирикатын жанра
  3. субжанр

Дэгэрэң ырыа стилэ кылыһа5а суо5унан ураты.

Поляк ученайа В.Л.Серошевскай «Якуты» диэн үлэтигэр(1896) дэгэрэң ырыа нотнай бэлиэтээһинэ аан бастаан бэчээттэнэр.

Дэгэрэң ырыалар киэң диапазоннаах, сайыннарылыллыбыт мелодиялаах уонна хамсаныылаах буолан, дэгэлдьитии матыыбынан ылланалларынан дьиэрэтии ырыаттан уратылаахтар. Ордук таптал, төрөөбүт дойду, үлэ, көр-нар, үңкүү ырыаларыгар көстөр.

Саха национальнай ырыатын биир көрүңэ- «таңалай ырыата» (небная песня). Толороччу тылбаастаммат тыл бастакы сүһүө5үн саңаран иһэн үөһэ тыынан ырыаны быһа охсон тохтотор, тылын төбөтүн таңалайыгар сыһыарар уонна салгыны э5ирийэн тылын аллараа түһэрэн этэр тылын түмүктүүр. Тылынан таңалайы охсуу чуолкайдык иһиллэр буолан, национальнай колориты тиэрдэр. Норуокка бу стилинэн «һыт-тыа», «һыт-тыа» диэн тыллаах ырыа кэрэхсэнэр.

Олоңхоһуттар таңалай ырыа көмөтүнэн мифическэй көтөрдөр хаһыларын үтүктэллэр. Ону таһынан кыыллар куоластарын, үөн-көйүүр дыыгыныыр тыаһын үтүктүөхтэрин сөп.

Дэгэрэң ырыа араас жанрдарыгар хас строканы эттэх аайы, ис хоһооно суох сүһүөхтэр эбиллэн биэрэллэр холобур, Саха сирин киин улуустарыгар- «ини», Бүлүү эңэрдэригэр-«үһү» диэн сүһүөхтэр. Сорох ырыаларга «һат-һат» диэн аты салайар, «һай-һай» диэн о5уһу үүрэр дор5ооннор көстөллөр.

М.Н.Жирков бэлиэтииринэн, Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар «дэгэрэң ырыа» стилин сүрүн уратытынан дьиэрэтии ырыаны кытта интонациолара чугасыһаллара буолар. Ол курдук, Бүлүү оһуохайын иккис түһүмэ5эр дэгэрэң ырыа матыыба киллэриллэрэ көстөр.

Чабыр5ах бүтүүтэ дэгэрң ырыа матыыбынан толоруллуон эмиэ сөп. Түргэнник дэгэлдьитэн дьээбэлээхтик этиллэр:

Итэ5э-тэтэ5э

Иэрэң-дьиэрэң

Холкуй-илкий

Кубулуң-ибилиң

Э.А.Алексеев суруйарынан, дэгэрэң ырыа матыыбынан «биһик ырыатын» эмиэ ыллыыллар.

Түмүктээн эттэххэ, дэгэрэң уонна дьиэрэтии ырыалар бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтэр уонна бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр.

II Дэгэлдьитии матыыбынан толоруллар жанр көрүңнэрэ:

1. Норуот ырыалара:

Саха музыката нота5а суруллуутугар бастакы олугу уурбут киһи Федор Григорьевич Корнилов буолар. Кини норуот ырыаларын хомуйааччы, ырыалары айааччы, үөрэтээччи быһыытынан сахаларга биллэр. «Саха ырыаларын хомуура» диэн 1986с. тахсыбыт хомуурунньуктаах.

Сахалартан бастакы хоры, хомус ансамблын төрүттээбит киһиннэн Адам Васильевич Скрябин биллэр. Кини 1927с. ноталаах сахалыы ырыа бастакы хомуурунньуун таһаартарбыта. Ону таһынан, Скрябин сахалыы ырыаны толорооччу эрэ быһыытынан буолбакка, мелодист, ырыаны хомуйааччы быһыытынан киэңник билиннэ.

Адам Скрябин оңорбут хомуурунньугар киэңник биллэр маннык норуот ырыалара киллэриллибиттэр:

«Кыыллаах арыы ырыата», «Эдэр-сэнэх эрдэххэ», «Сото-Суорун о5онньор», «Ыллам ыччат дьоннорум», «Хараңабыт халбарыйда» уо.д.а.

Норуот ырыаларын толотторо үөрэтэр олус уустук. Онон о5олор истэн сэргииллэрэ, сэңээрэллэрэ уонна ыллыах ба5алара күөдьүйдэ5инэ улахан ситиһии буолар.

Дэгэрэң ырыа матыыбынан толоруллар буолан бу көрүң о5олорго дьайыыта күүстээх. Тэтимнээх, хамсаныылаах ырыаны о5о ордук түргэнник ылынар.

Манна киирбит норуот ырыаларын бэлэмнэнии уонна улахан бөлөх о5олоругар үөрэтиэххэ сөп.

2. Дэгэрэң ырыа матыыбынан толоруллар олоңхо геройдарын тойуктара:

Олохо5о дэгэрэң ырыа иатыыбынан туойаллар биһиримнээх геройдар: Айыы Умсуур уда5ан, сорукка сылдьар Сорук-Боллур уол уонна Симэхсии эмээхсин.

Сорук-Боллур тойугун са5аланыытын «Оһулаатан,оһулаатан» диэн тылы унаарыччы дэгэрэңнэтэн темпэлээхтик түргэнник толорор. Тыын өрүскэлэһэн эрэрдии тылын сиэн түргэнник ылланар буолан, уобарас дьээбэ-хообо өрүтүн тоһо5олоон бэлиэтиир.

Симэхсин эмээхсин икки ырыаны тсу-туспа уобарастаан толорор. Бастакыта, үөрүүлээх сонуну тиэрдии. Орто дойду бухатыыра кэргэн кэпсэтэ кэлиитин сонун гынан: «Алаатан-улаатан!» диэн тылынан са5алаан туойар. Иккиһэ, «Аанайбын-туонайбын» диэн ыллаан унаарытан өлүүлээх-сүтүүлээх сонуну тиэрдэр. Кыыс кэргэн сүктэн төрөөбүт дьиэтиттэн тэйиитин, ийэлээх а5ата өлүүлэрин, дьиэтэ умайан эрэрин иһитиннэрэр.

Орто дойду бухатыырын эдьийэ Айыы Умсуур Уда5ан тойуга «Дом-ини- дом» тылынан дэгэрэңнэтэн ылланар.

Ону таһынан, аллараа дойду адьарай биистэрэ-абааһы бухатыырдара, кинилэр балыстара Кыыс Кыскыйдаан тойук-ырыалара дэгэрэңнэтэн ылланаллар.Бу тойугу истэн о5олор араастык ылыналлар. Сорох о5о сэргиир, сорох о5о абааһы ырыата диэн өйдүүр. Көннөрү дэгэрэң ырыа көрүңүн биир көстүүтүн курдук билиһиннэриэххэ сөп.

Түмүк:

Олоңхо кэнниттэн ырыа-саха фольклорун саамай тэнийбит жанра. Остуоруйата, олоңхото суох син олоруохха сөпкө дылы. Онтон отой ырыата суох олоруу, олох ырыата суох сылдьыы баар буолуон да сатаммат. Ыллаабат киһи диэн суох. Үчүгэй куоластаах  киһи саңа таһааран ыллыыр. Куолаһа да суох дьон саңа таһаарбакка истэригэр үтүктэн, хамсанан ыллыыллар. Киһи барыта үөрэр-көтөр, ол аата киһиэхэ барытыгар ыллыыр эйгэ баар.

Онон о5о5о кыра сааһыттан ырыаны-тойугу иһитиннэрэн, толорон, көрдөрөн, хамсанан үөрэттэххэ ордук ылынар. О5о ба5арар кэмин мүлчү туппакка, ханнык ырыа көрүңүн ордук сэңээрэрин, ылынарын учуоттаан сайыннарыахха наада. О5олор ордукдэгэрэң ырыаны сөбүлээн истэллэр, түргэнник ылыналлар эбит. О5о өссө төрүөн  инньиттэн ийэ күннээ5и оло5ор музыканы истэр буолла5ына о5о чөл туруктанар, налыччы, кэрэни кэрэхсиир буолар.

О5о ыллаан-туойан барда5ына ыраас дууһата аһыллар, амарах аһыныгас буолар, дьүһүннүүн-бодолуун тупсар, туттара-хаптара сытыырхайар, имигэс хамсаныылаах, чэгиэн-чэбдик буолар.

Тыыныы эрчиллиитин оңорор буолан тыынарорганнара-тыңата, куолаһа, куолаһын силгэлэрэ бө5өргүүллэр, тылын саңата чуолкайданар, муннунан, өрө5өтүнэн тыынар буолан доруобуйата тупсар.

Сахалыы ырыаны ыллыыр буолан сахалыы тына-кута, өйө-санаата уһуктар, Саха үтүө үгэһин өйдүүр, дьиң Саха майгыта майгыланар.

Үлэ түмүгүн сабаҕалааһын (планируемые результаты)

Кыра саастаах оҕолор.

     Музыка көмөтүнэн 3-4 саастаах оҕо кинини тулалыыр дьону, эттиктэри билсиһэр.

     Музыканы билиигэ бастакы хардыытынан араас «тыастар» буолаллар. Оҕо билиитин хаӊатыыга тыастаах оонньуурдарынан оонньотон музыкальнай инструменңа охсо үөрэтэн, музыканы иһитиннэрэн, ыллатан, үңкүүлэтэн, хамсатан музыкаҕа сыһыарыахха сөп.

Музыканы ылыныыта- истиитэ

- истибититтэн хамсанан көрдөрүүтэ

- музыканнан  иэйэргэ, болҕойон истэргэ үөрэтии

- музыкальнай уонна айылҕа тыаһын тэннээн оҕолорго иһитиннэрэн музыкальнай тыас уратылааҕын өйдөтүү: үрдүгүн-уһунун, улаатарын-кыччыырын, тембрын истэн арааралларыгар үөрэтии

     Музыкальнай айымньыны кыра саастаах оҕо истэр кыаҕа сайда илик буолан, оҕо иллэң кэмигэр инструментальнай айымньыны остуоруйа кэпсииргэ холбоон иһитиннэриэххэ сөп. Музыканнан омооннору хамсатан, музыкальнай инструмены тыаһатан оҕолорго иһитиннэриллэр, холобур: биһик ырыатын- куукула утуйарыгар, эһэҕэ- намыһах музыканы, тоҕо диэтэххэ эһэ улахан,эмис бытааннык хаамар уо.д.а. Оҕоҕо араас регистрдары иһитиннэриллэр (үөһээ- аллараа), түргэн хамсаныылаах (үңкүү- марш), музыка характерын (үөрбүт- хомойбут) диэн арааран истэллэригэр үөрэтии.

Музыканы толоруута айа холонуута

Иитээччи сүрүн соруга:

- музыканнан хамсанар дьоҕурун сайыннарыы- музыканнан хамсаныыта, тыастаах муз инструменңа оонньооһуна

- музык инструм оонньото үөрэтэн илиилэрин бытархай былчыңнарын сайыннарыы

- улахан киһи ырыатын оҕоҕо батыһыннара ыллата үөрэтэн оҕо ыллыыр дьоҕурун сайыннарыы

- оҕо музыкальнай оонньуутугар, үңкүүтүүгэр кыра, боростуой омооннору киллэрэн айа холонуута.

Орто бөлөх

Музыканнан оҕону иитии сыала:

  1. народнай, классическай уонна аныгы музыкальнай айымньылары иһитиннэрэн оҕо ылынар, толорор кыаҕын билиитин хаңатыы
  2. мелодия тиэмпэтин, тэтимин, улаатарын-кыччыырын музыка уларыйыытын оҕо бэйэтэ улахан киһи көмөтө суох истэн араарарыгар үөрэтии
  3. музыка жанрын, хараахтырын истэн араарар билэр үөрүйэхтэрин ситэри сайыннарыы
  4. билэр музыкальнай айымньыларын бэйэлэрэ толороллоругар үөрэтии, музыкальнай дьарык бары көрүңэр ситэри сайыннарыы
  5. ыллыыр, үңкүүлүүр дьоҕурдарын сайыннарыы

Оҕоҕо араас музыкальнай искусствалары кытары билиһиннэрии(норуот музыката, композитор, инструментальнай уонна вокальнай).

Музыка жанрдарын билиһиннэрии ырыа,үңкүү, марш, музыка араастарын көрүңүн: үңкүү- вальс, полька диэн араарыахтаах, композитордары кытары билсиьиэхтээх, матыып, тэтим, тиэмпэ, динамика, регистр уонна 2-3 чаастаах музыканы арааран истэригэр үөрэтии.

Үөрэтэр ырыаларын аатын билиэхтээх, ырыа характерын, тэтимин, тиэмпэтин тутуһан, сөпкө көрдөрөн  ыллыахтаах.

Музыка көмөтүнэн оҕо бэйэтин туругун (настроениятын) хамсанан көрдөрүөхтээх.

Металлофона, клавишалаах муз инструменна сатаан оонньууллар, кылгас музыкальнай айымньылары тыаьаталлар. Музыкальнай айымньы омоонун харахтарыгар ойуулаан музыкальнай инструменна оонньуу холоноллор.    Улахан бөлөх

Улахан саастаах оҕо музыканнан сайдыыта.

Музыканы истии:

- музыканы истэр баҕаларын хаңатыы

- музыкальнай айымньы характерын араарар үөрүйэхтэрин сайыннарыы

- араас музыкальнай жанрдарынан бэйэлэрэ айан хамсанар дьоҕурдарын музыка омоонугар тэңнээн музыка уларыйыытынан хамсаныылара.

 Ыллааһын

- ыллыыр дьоҕурдарын сайыннарыы

- куолаһы эрчийии

- соҕотох киһи эбэтэр хор ыллыыр ырыатын истэн, дуоһуйууну ылааһына киирэр.

Музыкальнай инструменңа оонньооһун

- музыкальнай тиэмпэтин, ритмическай уруһуйун, тэтимин музык инструменңа оонньоон көрдөрүү

- бөлөҕүнэн оонньуурга үөрэтии

- бэйэлэрэ истэллэринэн, сатыыларынан кылгас музыкальнай айымньыны оонньооһуннара

- айа холонуулара

- музыкальнай инструменңа оонньуур баҕаларын ситэри сайыннарыы.

Оҕону музыкаҕа сыһыарыы тосхоло (көрдөрүүлэр)

   3-4 с.с. оҕолор

4-5 с.с. оҕолор

5-6 с.с. оҕолор

6-7с.с. оҕолор

Музыка хантан иһиллэрий? (баяны, пианинаны билиьиннэрии)

Ханнык тыаһы, дорҕооннору билэҕиний ?

Музыканы ким суруйарый?

Музыка туох туһунан кэпсиирий?

Хомолтолоох-уеруулээх.

Ункуулуубун-хаамабын

Урдук-намыЬах.

Истэбин, ыллыыбын,

вальсы ункуулуубун.

Музыка ус керуцэ (ырыа, ункуу, марш)

Улахан- кыра.

Улахан-чуумпу.

Музыка уонна эн уйул5ан.

Регистр туЬунан ейдебул уонна кини музыкальнай обраЬы  биэриигэ оруола.

Дьэрэкээн дор5ооннор дойдуларыгар.

Куукула5а Биhик ырыата уонна ункуу.

Марш, ункуу уонна биhик ырыата.

Ункуу дойдутугар айан.

Музыка – уйул5а  тыла.

Урдук-намыЬыах.

Музыка туох туЬунан кэпсиирий?

Музыкальай тэрили бил.

Кыьынны фатазия

( музыкальнай тэриллэри туЬанан)

Марш, биhик ырыата,ункуу.

Тургэн-бытаан.

Музыка5а утуе санаа уонна куЬа5ан санаа.

Музыканы хайдах суруйалларый?

Музыкальнай инстуменнар ма5аЬыыннара.

Сана музыкальнай тэрили билиЬиннэрии.

Музыкальнай  о5уруо.

Музыкальнай тэриллэр дойдуларыгар (оркестр).

Сааскы тыастар (барабан-этин, металлофон- уруйэ, треугольник- таммах уо.д.а.).

Саас бэлэхтэрэ  (музыкальнай дорожка).

Ритм  дойдутугар.

Ритм уонна мелодия.

Гармония  диэн тугуй?

Музыка тыаЬын бил.

Сайын музыката

Музыкальнай фантазия( «Сайын дор5оонноро» музыкальнай тэриллэр кемелерунэн).

Айыл5а уонна музыка.

II.түһүмэх  

Үлэ тосхолун ис хоһоонун арыйыы (содержательный раздел)

Оҕо күннээҕи олоҕор музыканы туһаныы

Ыытыллар кэмэ

Дьайыыта

Түмүгэ.

Оҕо сааһа.

Музыкальнай репертуар.

Сарсыарда

Оҕону кɵрсүү.

Сарсыардааҥҥы эрчиллии .

Оҕону кɵрсүүгэ, бу музыканы туһанан, кини иэйиини ыларын ситиһии

Сарсыардааҥҥы эрчиллиигэ кɵхтɵɵхтүк кытыарыы

Оҕо үɵрэр-астынар. Иитээччи, тɵрɵппүт музыка алыбыгар уйдаран алтыһыылара тупсар.

Музыканы истэн оҕо уйулҕатын туруга тупсар, уйулҕатын күүркэйиитэ намырыыр.

Кыра бɵлɵх.

Орто бɵлɵх.

Улахан бɵлɵх.

Бэлэмнэнии бɵлɵх.

Орто бɵлɵх.

Улахан бɵлɵх.

Бэлэмнэнии бɵлɵх.

П.И.Чайковский «Вальс цветов» из балета «Щелкунчик»,

М.Мусоргский «Рассвет на Москве- реке».

В.Моцарт «Маленькая ночная серенада»,

М.И.Глинка «Вальс фантазия».

П.И.Чайковский «Апрель»,

Г.В.Свиридов «Музыкальный ящик».

Н.А.Римский- Корсаков. Вступление «Три чуда»,

И.Штраус. «На прекрасном голубом Дунае».

Дьаарбайыы.

(Дьыл сылаас кэмигэр).

Наблюдения, в процессе тру-довой деятель-ности, после игр большой подвижности

Айылҕаҕа сылдьан кɵтɵр-сүүрэр хамсанарын, ырыатын-тойугун кɵрɵр-истэр, астынар, дуоһуйа оонньуур

Оҕо этэ-сиинэ күүркэйиитин намыратар

Оҕо уйулҕатын туругун тупсарар, уоскутар.

Бары.

Кэтээн кɵрүү: С.В.Рахманинов «Итальянская полька»,

В.Агафонников. «Сани с колокольчиками».

Оҕо үлэтэ: Р.н.п. «Ах вы, сени…», И.Штраус. Полька «Трик – трак».

Уоскулаҥ: Н.А.Римский- Корсаков. Опера «Снегурочка», песни, пляски птиц.

 Утуйуу/ уһуктуу

Нарын-намчы музыка оҕо утуйарыгар, уоскуйарыгар кɵмɵлɵһɵр

Бытаан-наҕыл музыка оҕо утуйарыгар, ыксаабакка налыччы тыынан, уоскуйарыгар туһалыыр.

Кыра бɵлɵх.

Орто бɵлɵх.

Улахан, бэлэмнэнии бɵлɵхтɵр.

Колыбельные: «Тише. Тише»

«Спи - засыпай, маленькая принцесса», «Приход весны», «Засыпающий малыш», «Крепко спи», «Спи, малыш мой, засыпай».

Г.В.Свиридов «Грустная песенка», Ф.Шуберт. «Аве Мария», «Серенада», Ц.А.Кюи. «Колыбельная».

В.А.Моцарт. «Музыкальная шкатулка», Н.А.Римский – Корсаков. «Три чуда. Белка» П.И.Чайковский. «Танец маленьких лебедей».

 

Биирдиилээн оҕолуун үлэ

Оҕо уопсай туругун тупсарар;

Оҕо күүркэйиитин намыратар;

 Музыканы истэн айыан-тутуон баҕарар баҕатын уһугуннарар.

Оҕо туруга тупсар

Оҕо ис санаатыттан айар-тутар.

Бэйэтин саастыылаахтарын кытары алтыһар-бодоруһар.

Бары.

Орто бɵлɵх

Улахан бɵлɵх

Бэлэмнэнии бɵлɵх

А.Т.Гречанинов. «Бабушкин вальс», А.Т.Гречанинов. «Материнские ласки».

П.И.Чайковский. Вальс фа- диез- минор, Л.В.Бетховен. «Сурок», Н.А.Римский- Корсаков. Опера «Снегурочка», сцена таяния Снегурочки.

Н.А.Римский – Корсаков. «Море» (финал 1-го действия оперы «Сказка о царе Салтане»), К.В.Глюк. Опера «Орфей и Эвридика», «Мелодия», Р.Щедрин. Юмореска.

Оҕоҕо ыытыллар тэрээһин кɵрүҥнэрэ

Тэрээһин кɵрүҥэ

Туһата

Түмүгэ.

Оҕо сааһа.

Музыкальнай репертуар.

Кэрэ эйгэ.

Музыканы истэн оҕо билиитэ-кɵрүүтэ сайдар

Истибит музыкальнай айымньыларыттан астынар-дуоһуйар.

Кыра.

Орто.

Улахан.

Бэлэмнэнии.

А.К.Лядов. «Дождик- дождик», Ц.А.Кюи. «Колыбельная».

М.И.Глинка «Детская полька», рус. нар. песня «Ах вы, сени…»

М.И.Глинка «Вальс фантазия», П.И.Чайковский «Мазурка».

П.И.Чайковский «Времена года», С.В.Рахманинов «Итальянская полька»

Эти-сиини хатарыы (Физо).

Уоскулаҥ кэмигэр налыччы музыкальнай айымньыны иһитиннэрэн уоскутуу

Оҕо тыынар, этин-сиинин, уопсай туругун тупсарар.

Бары.

И.Штраус. «Сказки Венского леса», П.И.Чайковский. «Апрель»,А.Вивальди. «Зима», И.Штраус. «На прекрасном голубом Дунае».

Уруһуй.

Оҕо ɵйүгэр омоон оҥорон кɵрɵр дьоҕурун арыйар, уруһуйдуур сатабылын сайыннарар

Музыканы истэн оҕо үɵрэр, айар-тутар.

Бары.

Русские народные мелодии,

Э.Григ. «Утро», М.Мусоргский. «Рассвет на Москве- реке», К.Дебюсси. «Лунный свет», П.И.Чайковский. Вальс цветов из балета «Щелкунчик».

Уус-уран айымньы

Тылынан уус-уран айымньы ис хоһоонун ɵйдүүр-ылынар, остуоруйа геройун ɵйүгэр омоон оҥорон кɵрɵр сатабылын сайыннарар.

Тылынан уус-уран айымньыны сэҥээрэн-сэргээн истэр, болҕойор, долоҕойугар тутар.

Орто бɵлɵх

Улахан, бэлэмнэнии бɵлɵхтɵр.

Шопен. Ноктюрн №1,2.,П.И.Чайковский «Времена года», К.Дебюсси «Лунный свет», Р.Шуман «Грезы», Д.Ласт «Одинокий пастух», К.Синдинг «Шелест весны», К.Сен- Санс «Лебедь» из сюиты «Карнавал животных», П.И.Чайковский «Танец маленьких лебедей».

Оҕо куолаһын сайыннарыы, харыстааһын

«Учить петь-значит уметь правильно дышать»

великий русский композитор М.И.Глинка.

3-4 саастаах оҕо саҥарар саҥата, былчыҥнара ситэ сайда илик, куолаһын силгэлэрэ кылгас уонна синньигэс. Бу саастарыгар оҕо бэлэһэ улахан дьон бэлэһиттэн 2,5 тɵгүл кыра, онон кини бэлэһигэр үɵскээбит дорҕооно мɵлтɵх буолан тыынар сиригэр дорҕоонун күүһүрүүтэ (головной резонатор)-мурун, айах, хабарҕа туругуттан тутулуктаах. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо бронхата, трахеята ситэ сайда илик,  дорҕоон күүһүрүүтүгэр кыайан дьайбаттар, ол иһин 3-4 саастаах оҕо саӊата кыра, тыыныыта үрдүнэн мөлтөх буолар, онон «улаханнык ыллаа, саӊар»- диэн ирдэммэт, модьуйуллубат, кини куолаһыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыллыахтаах.

4-5 саастаах оҕо куолаһын сайдыытын таһыма арыый үрдүк, тыла-өһө, куолаһа сайдар, бөҕөргүүр, ыллыыр диапазона кэӊии. Кылгас тыллаах ырыа тылын чуолкайдык саӊаран ыллыыр буолар. Бу саастарыгар оҕо истибитин түргэнник ылынар, долоҕойугар тутар, ырыа үөһээ-аллараа тахсыытын-түһүүтүн истэн араарар, көрдөөхтүк, унаарытан сатаан ыллыыр.  

Ыллыыр үөрүйэхтэрин, сатабылларын таһынан болҕомтону оҕо хаһыытаабакка, бэйэтин куолһынан ыллыырын ситиһиэххэ наада. Хаһыытаан ыллыыр оҕо саӊатын силгэлэрэ (голосовые связки) ыалдьыан сөп, устунан кини куолаһа кээҕинээн саӊарар буолан хаалыан сөп. Ыллыыр кэмнэригэр бэйэ-бэйэни истиһэн, хаһыытаабакка ыллыылларын ситистэхпитинэ, бу оҕо инникитин чуор куоалстаах буола улаатар.

Оскуолаҕа киирэр сааһын ситэ илик оҕо куолаһа түргэнник сылайар, онон кылгас 5-6 сүһүөтээх ырыалары ыллатыахтаахпыт. Оччоҕо оҕо куолаһа сайдар, бөҕөргүүр, диапазона кэӊиир, ыллыыр баҕата күүһүрэр.

Иитээччи, музыкальнай салайааччы оҕолор үөрэтиэхтээх ырыаларын ыллаан иһитиннэрэрэ улахан суолталаах. Кыра бөлөхтөрүнэн, аҕыйахтыы буолан доҕуһуола суох, бэйэ-бэйэлэрин истэн, иитээччини кытары тэӊӊэ саҕалаан, бүтэрэн ыллыылларыгар болҕомтону ууруллуохтаах.

Эстрада ырыата оскуолаҕа киирэ илик саастаах оҕоҕо олус ыарахан онон классиканнан уонна норуот ырыатынан кини куолаһын сайыннарыахха сөп. Улахан киһини үтүктэн олус улаханнык, эстрада ырыатын ыллатар кырачаан киһи куолаһыгар охсуулаах буоларын бастатан туран төрөппүккэ иһитиннэрии быһыытынан тириэдиэххэ, өйдөтөн этиэххэ наада.

Хаһыытаан ыллыыр оҕо  саӊарар силгэтэ куоһахтаах (уплотнение голосовых складок) буолар, онон устунан бу оҕо күөмэйэ ыалдьан ларингиттаан хаалар түгэннэрэ баар буолааччылар. Оҕо ыалдьа сылдьар кэмигэр дьаһал ылынан тута эмтээн, кинини элбэхтик саӊардыллыбат, ытатыллыбат.

Тустаах специалистар-оталаринголог, фониатр: «Оҕо күүһүнэн, ыгыллан ыллыыра олус сэрэхтээх, хаһыытаан ыллыытаҕына кини кээҕинээн устунан куолаһа хаалыылаах буолуон сөп (потеря голоса)» - диэн сэрэтэллэр. Онон иитээчч оҕо саӊарар саӊатын харыстаан, сааһыгар сөп түбэһэр диапазоӊӊа, кини уратытын таба көрөн ыллатыахтаах.

Кыра оҕо куолаһа сайдарын туһугар кини сылдьар тоҕоостоох эйгэтин сөпкө тэрийэн, налыччы кэпсэтэн, хаһыытаан саӊарар, ытыыр оҕону уоскутан, ытыктабыллаах сыһыан үөскэтэн инники кэскиллэрбит сайдыыларын ситиһиэхтээхпит.

Оҕо куолаһын харыстыырга маннык самалык соруктары туруорунан үлэлиэхтээхпит:

  • Истэр дьоҕурун, саӊарар саӊатын харыстыахтаахпыт
  • Сөптөөх дорҕоонноох (звуковая атмосфера) эйгэни тэрийии
  • Сааһынан, уратытынан, кыаҕынан көрөн ыллатыы
  • Мунну, кулгаах, күөмэй ыарыытыттан харыстааһын, эмтээһин

Ырыа ыллыырга күөмэй эрэ буолбакка, оҕо хаанын баттааһына, сүрэҕин тэбиитэ, этин итиитэ барыта үлэлиирин болҕомтоҕо ылыахтаахпыт. Бу манны барытын болҕомтоҕо ууран оҕо куолаһын харыстаан ыллаттахпытына, кини сайдан, улаатан иһэр доруобуйатыгар охсуута суох буолар. Кылгас, кыра ырыаны ыллатан, оонньотоххо  оҕо көхтөөх буолар, туруга тупсар. Маннык ыллыыр оҕо күөмэйэ ыалдьыбат, бэлэһин былчаххайдара (миндалины) сайдар.

Оҕо куолаһын сайыннарыыга, харыстааһыӊӊа  кини сааһын, уратытын учуоттаан төрөппүт уонна иитээччи бииргэ, көмөлөөн этиллибит сүбэлэри тутуһан үлэлээтэхтэринэ оҕо куолаһа сөпкө сайдыа, тупсуо.

  1. Төрөппүтү кытары үлэ торума

Квартал

Төрөппүтү кытары үлэ

I квартал

(Балаҕай ыйа, Алтынньы ыйа, Сэтинньи ыйа)

  1. Биирдиилээн оҕо төрөппүтүн кытары сэһэргэһии

  1. «Көмүс күһүн», «Дорообо, Кырыа Кыһын», «Муӊха», «Байанай» көр-нар тэрийэн ыытыы, төрөппүт көхтөөх кыттыыта (Выставка, оӊоһуктар)

  1.  Саӊа дьыллааҕы көрү-нары кэпсэтиһии

II квартал

(Ахсынньы ыйа, Тохсунньу ыйа, Олунньу ыйа)

  1. Төрөппүккэ «Дьиэҕэ Саӊа дьылы көрсөбүт» сценарий күрэҕин ыытыы

  1. Саӊа дьыллааҕы көр-нар оруолунан көстүүм туһунан сэһэргэһии

  1. «Харыйабытын харыстыаҕыӊ» акция

  1. «Кэлэр сыл бэлиэтэ», «Дьэрэкээн елка оонньуура»  көрүү күрэх (Эбисийээнэ, елка оонньуура)

  1. «Уол оҕо инники эрэлбит» көр-нар  төрөппүтү кытыарыы

  1. «Аһаҕас аан» тэрээһиӊӊэ төрөппүтү ыӊырыы

III квартал

(Кулун тутар ыйа, Муус устар ыйа, Ыам ыйа, Бэс ыйа)

  1. «Кулун тутар 8 күнэ» көр-нар төрөппүтү кытыарыы

  1. «Мин дьиэ кэргэмминнээн ырыа куттаахпыт» көрүү күрэх

  1. Ыһыах төрөппүтү кытыарыы

Тургутуу №1 сыһыарыы

Оҕо музыканнан саҥарар саҥатын сайдыыта

Саҥарар саҥатын дьиэктээх оҕо үксүн симик, кыбыстанньан буолар, атын дьон маннык саҥалаах оҕо тылын ɵйдɵɵбɵттɵрүттэн кыбыстан элбэх оҕо баар сиригэр саҥарбаттар.

Музыка оҕо иэйиитин ылар тоҕоостоох эйгэтэ буоларын быһыытынан, оҕо бэйэтин кɵҥүл сылдьыытын хааччыйар.

Оҕолордуун ыллаан, үҥкүүлээн оҕо аһыллар айылҕаттан айдарыллыбыт дьоҕурун кɵрдɵрɵр.

Тэрээһиҥҥэ  оҕо билэр музыкальнай айымньытын, ырыатын туһаннахха оҕо кыаҕын, билиитин күүһүрдэн биэрэр. Дьиэктээх оҕолор сатабылларын кɵрɵн иитээччи хайҕаатаҕына бу оҕо саастыылаахтарыттан убаастабылы, болҕомтону ылар. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт оҕо сатаабатах дорҕоонун саҥара сатыыр, аныгыскы тэрээһиҥҥэ кыттар баҕата күүһүрэр.

Сүрүн сорук:

  • Оҕо саҥа биллибит сатабылын кɵрдɵрүү
  • Оҕо сатаан саҥарбат дорҕооннорун саҥарарыгар тоҕоостоох кэм тобулан оҕо кыаҕын кɵрдɵрүү

Самалык соруктар:

  • Киһи санатыгар дорҕоону истэр үɵрүйэҕин сайыннарыы
  • Ситимнээх саҥатыгар сɵптɵɵхтүк саҥарыллан киириитэ
  • Оонньуу кɵрүҥүнэн ырыа уонна музыкальнай айымньыны хатылатыы
  • Оҕо санарар аппаратын эрчийэн, имигэс буолуутун ситиии, кɵнтɵрүгүн туоратыы
  • Оҕо дьоннуун алтыһар үɵрүйэҕин сайыннарыы, бэйэтэ тэринэр, хонтуруолланар үɵрүйэхтэрин сайыннарыы

III.түһүмэх  

Үлэ тэрээһинэ (организационный раздел)

Оҕо кэрэ эйгэтигэр сайдыытыгар туттар мала-саба, тэрилэ 

Үӊкүү көстүүмэ

  1. Хотугу норуот көстүүмэ

Уол – бэргэһэ, этэрбэс, соно (накидка), фартук

Кыыс- бэргэһэ, этэрбэс, сон, фартук.

  1. Восточнай көстүүм
  2. Кыыс- штаны, жилет, шаль

Уол – голубой пиджак, жилет, рубашка, шаровары, чалма+ белая рубашка

  1. О5уруолаах үӊкүү

7 уол, 7 кыыс(этэрбэс, бастыӊа, кур,төбө5ө баанар быа)

Норуоттар көстүүмнэрэ

  1. Англия – килт, юбка
  2. Япония – 2-кимано, 1- повязка
  3. Индеецтар- 2-төбө5ө кэтиллэр көтөр түүтүттэн мааска, 4-о5уруо
  4. Нуучча норуота- рубашка, кепка- уол о5о, сарафан, платок-кыыс о5о5о
  5. Саха норуота-кыыс: 2 балааччыйа, 2 сэлиэччик, 2 бэргэһэ, баттах киэргэлэ уол: бэргэһэ, сон, кур.
  6. Акфрика 2 юбка
  7. Уда5ан:1 уол, 1 кыыс
  8. Бухатыыр таӊаһа Күн Дьирибинэ-1, Үрүӊ Уолан – 1

О5олор көстүүмнэрэ

  1. Эһэ-1
  2. Бөтүүк -1
  3. Тииӊчээн – 1 (бэргэһэтэ, сарафан, үтүлүк)
  4. Бөрө – 1 (сирэйэ)

Улахан дьон көстүүмэ

  1. Саһыл – бэргэһэ, накидка, сумка, юбка, үтүлүк
  2. Куобах – (рубашка,штаны)
  3. Эһэ – (үтүлүк, комбинезон, костюм)
  4. Дед Мороз – (бэргэһэтэ, бытык, пальто накидка)
  5. Снегурочка – (бэргэһэ, үтүлүк,пальто накидка)

Музыкальнай инструменнар

  1. Металлофон -15 -2 шт
  2. Металлофон -12- 2шт
  3. Дудочка – 5шт
  4. Маракасы красные – 4шт
  5. Маракасы неокраш – 2шт
  6. Кабаса – 1шт
  7. Кукирико – 1шт (трещетка)
  8. Бубен с палочкой и ручкой – 2шт
  9. Колокольчики с ручкой – 2шт
  10. Колокольчики 10 -4шт
  11. Колокольчики браслеты – 4шт
  12. Колокольчик на пал- 1шт
  13. Ритм- клаппер – 1шт
  14. Треугольники 3разм-3шт
  15. Цимбалы – 2шт
  16. Сумка шумовых оркестров-1шт

- бубен-1шт

- цимбалы-2шт

- маракасы-2шт

- кастаньета-1шт

- треугольники -3шт

-бочонок-1шт

-колокольчики на пал-1шт

-деревянные палочки-2шт

-ступка с палочкой-1шт

Куукуланнан урамньы

Остуол урамньыта

Три медведя

Семеро козлят

Репка

Колобок

Маша и медведь

Заюшкина избушка

Теремок

Курочка Ряба

Би-ба-бо

Три поросенка

Колобок

Репка

Петушок золотой гребешок

Лиса и ворона

Оҕо күннээҕи олоҕун хаамыыта

Күн бастакы аҥаара               «Уу-чукучук»          кыра бөлөх

Бириэмэтэ

Били-көрүү

Чөл туруктаах буолуу

Кэрэ эйгэ

О5о о5олуун алтыһан киһи эйгэтигэр киириитэ

Тыл сайдыыта

9-9.15

О5уруот астарын ааттарын били-көрүү, билиини чиҥэтии

Имэринии, тыл-уос эрчиллиилэрин оҥоруу

Вивальди «Времена года» муз.айымньытын истии. И.И.Левитан «Осенний день. Сокольники» хартыынатын көрүү

Ырыа ыллыырга, музыканы истиигэ болҕойон, бэйэ-бэйэҕэ мэһэйдэспэккэ истии

Ырыа тылын сөпкө саҥаран ыллыылларын ситиһии, дорҕоонноохтук саҥаран уйул5а туругун тиэрдиилэрэ «Көмүс күһүн»  о5о бэйэтин тылынан кэпсээһинэ. «Хагдарыйбыт», «Тэлээрэр»  тыл баайын хаҥатыы

9.15-9.30

9.30-9.45

х/о «Ким түргэний?» (музыка тыаһыыр кэмигэр «о5уруот аһын» хомуйуу

10.10-10.30

Биирдиилээн о5олуун үлэ

10.30-11.20

Литератураны көрүү, фонотека оҥостуу, музыкалары анаарыы, төрөппүт муннугар сүбэ «Дьиэ кэргэҥҥэ музыканы иһитиннэрии»

11.20-11.30

Тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии

 

«Кустук» орто бөлөх                   Күн иккис аҥаара

Бириэмэтэ

Били-көрүү

Чөл туруктаах буолуу

Кэрэ эйгэ

О5о о5олуун алтыһан киһи эйгэтигэр киириитэ

Тыл сайдыыта

2.30-3.00

Иитээччилэргэ о5о күннээҕи олоҕор музыканы истиигэ сүбэ-ама биэрии

3.00-3.30

Биирдиилээн оҕолуун үлэ

3.40-4.05

«Көмүс күһүн» туһунан о5о билиитин хаҥатыы. И.И.Левитан «Осенний день. Сокольники» хартыынатын көрүү

Имэринии, тыл-уос , тыыныы эрчиллиилэрин оҥоруу

«Осенняя песня» П.И.Чайковскай музыкальнай айымньытын истии. «Огородная-хороводная» м.А.Филиппенко, сл. Т.Волгина ырыаны үөрэтии

Ыллыырга, музыка истэргэ болҕойон бэйэ-бэйэни истии

Потешкалары үтүгүннэрэн, дор5оону чуолкайдык саҥаралларын ситиһии. Ырыа тылын сөпкө саҥаран ыллыылларыгар үөрэтии, «Хагдарыйбыт» тыл баайын хаҥатан күннээҕи оло5ор саҥарарын ситиһии

4.15-4.40

4.05-4.15

х/о «Ким сымсаный?» музыка тыаһыыр кэмигэр «сэбирдэхтэри» хомуйуу

4.40-5.00

Төрөппүт муннугар «Дьиэ кэргэҥҥэ музыканы иһитиннэрии» көрдөрүү

Күн бастакы аҥаара               «Күнчээн»          бэлэм.бөлөх

Бириэмэтэ

Били-көрүү

Чөл туруктаах буолуу

Кэрэ эйгэ

О5о о5олуун алтыһан киһи эйгэтигэр киириитэ

Тыл сайдыыта

9-9.30

О5уруот астарын ааттарын били-көрүү, билиини чиҥэтии

Имэринии, тыл-уос эрчиллиилэрин оҥоруу

Вивальди «Времена года» муз.айымньытын истии.«Золотая осень» сл.и муз З.Роот;

И.И.Левитан «Осенний день. Сокольники» хартыынатын көрүү

Ырыа ыллыырга, музыканы истиигэ бол5ойон, бэйэ-бэйэ5э мэһэйдэппэккэ истии

Ырыа тылын сөпкө саҥаран ыллыылларын ситиһии, дор5оонноохтук саҥаран уйул5а туругун тиэрдиилэрэ «Көмүс күһүн»  о5о бэйэтин тылынан кэпсээһинэ. «Хагдарыйбыт», «Тэлээрэр»  тыл баайын хаҥатыы

9.40-10.10

9.30-9.40

х/о «Ким түргэний?» (музыка тыаһыыр кэмигэр «о5уруот аһын» хомуйуу

10.10-10.30

Биирдиилээн о5олуун үлэ

10.30-11.20

Литератураны көрүү, фонотека оҥостуу, музыкалары анаарыы, төрөппүт муннугар сүбэ «Дьиэ кэргэҥҥэ музыканы иһитиннэрии»

11.20-11.30

Тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии

 

«Сыккыс» улахан бөлөх               Күн иккис аҥаара

Бириэмэтэ

Били-көрүү

Чөл туруктаах буолуу

Кэрэ эйгэ

О5о о5олуун алтыһан киһи эйгэтигэр киириитэ

Тыл сайдыыта

2.30-3.00

Иитээччилэргэ о5о күннээ5и оло5ор музыканы истиигэ сүбэ-ама биэрии

3.00-3.30

Биирдиилээн о5олуун үлэ

3.40-4.05

«Көмүс күһүн» туһунан о5о билиитин хаҥатыы. И.И.Левитан «Осенний день. Сокольники» хартыынатын көрүү

Имэринии, тыл-уос , тыыныы эрчиллиилэрин оҥоруу

«Осенняя песня» П.И.Чайковскай музыкальнай айымньытын истии. «Урожай собирай» м.А.Филиппенко, сл. Т.Волгина ырыаны үөрэтии

Ыллыырга, музыка истэргэ болҕойон бэйэ-бэйэни истии

Потешкалары үтүгүннэрэн, дор5оону чуолкайдык саҥаралларын ситиһии. Ырыа тылын сөпкө саҥаран ыллыылларыгар үөрэтии, «Хагдарыйбыт» тыл баайын хаҥатан күннээ5и оло5ор саҥарарын ситиһии

4.15-4.40

4.05-4.15

х/о «Ким сымсаный?» музыка тыаһыыр кэмигэр «сэбирдэхтэри» хомуйуу

4.40-5.00

Төрөппүт муннугар «Дьиэ кэргэҥҥэ музыканы иһитиннэрии» көрдөрүү

Специалистар оҕолуун алтыһар кэмнэрэ (6 сыһыарыы)

Сыллааҕы былаан (№2 (1, 2)  сыһыарыы)

Туһаныллыбыт литература

  1. Гогоберидзе А.Г., Деркунская В.А. Детство с музыкой: современные педагогические технологии музыкального воспитания и развития детей раннего и дошкольного возраста.- СПб.: ДЕТСТВО-ПРЕСС, 2009.
  2. Конкевич С.В. мир музыкальных образов. Слушаем музыку вместе с ребенком. Советы музыкальным руководителям (подготовительная группа): наглядно-дидактическое пособие.-СПб.: ДЕТСТВО_ПРЕСС,2010.
  3. Музыкальное воспитание младших дошкольников Пособие  для музыкального руководителя. Дзержинская 1985.
  4. Е. А. Дубровская «Ступеньки музыкального развития» пособие для музыкальных руководителей дошкольных образовательных учреждений Москва Просвещение 2003 год
  5. Т. М. Орлова, С. И. Бекина Учите детей петь (песни и упражнения для развития голоса у детей 3-5 лет). Пособие для воспитателя и музыкального руководителя Москва Просвещение 2000 год.
  6. Е. П. Раевская, Г. Н. Соболева Музыкально-двигательные упражнения в детском саду Методическое пособие для воспитателей и музыкальных руководителей  Москва Просвещение  1999 год.
  7. О.П. Радынова Авторская программа и методические рекомендации  Музыкальные шедевры Издательство Гном Москва 2000 год
  8. Программа Гармония Тарасова К. В., Нестеренко Т. В., Рубан Т. Г. Для детей 4-го года жизни Москва 1993 г.
  9. Новикова Г. П. Эстетическое воспитание и развитие творческой активности детей дошкольного возраста. Методические рекомендации для педагогов, воспитателей и музыкальных руководителей. Конспекты занятий. Сценарии досугов, развлечений, праздников. Москва АРКТИ 2002 год.
  10. Н. Ф Сорокина Играем в кукольный  театр Программа «Театр- творчество- дети» Пособие для воспитателей, педагогов дополнительного образования и музыкальных руководителей детских садов. Москва 2004 год
  11. Н. Ф. Сорокина  Сценарии театральных кукольных занятий. Календарное планирование. Пособие для воспитателей, педагогов дополнительного образования и музыкальных руководителей детских садов М.: АРКТИ 2007 год. Москва.
  12. Бекина С. И Музыка и движение (Упражнения, игры и пляски для детей дошкольного возраста) Просвещение Москва 2000 год.
  13. Петров В. М., Гришина Г. Н, Короткова Л. Д, Календарные праздники, игры и забавы для детей. М.: СФЕРА 1998 Москва.
  14. Чаморова Н. В. Любимые игровые песни с нотами Москва ЗАО «БАО-ПРЕСС»  Москва 2006 год
  15. С. И. Мерзлякова Музыкально-игровой материал для дошкольников Наш веселый хоровод Учебно- методическое пособие для музыкального руководителя и учителя музыки. ВЛАДОС Москва 2002 год.
  16. Макшанцева Е. Д. Детские забавы Игровые упражнения Книга для воспитателя и музыкального руководителя детского сада Просвещение Москва  1991 год

Сыһыарыылар

№1

Ыйдарынан торум

N

Тема 

Количество занятий

1.

Сэбирдэхтэр

1

2.

Быйаҥ күнэ

2

3.

Кыстык

2

4.

Эбээ, эһээ күнэ

2

5.

Хаар күнэ

2

6.

Ийэ күнэ

2

7.

Балык күнэ

2

8.

Идэһэ

2

9.

Тымныы күнэ

2

10.

Уол күнэ

2

11.

Байанай күнэ

2

12.

Билгэ

2

13.

Күөх куйаар

2

14.

Остуоруйа күнэ

2

15.

Саҥа дьылга бэлэмнэнии

2

16.

Олоҥхо

2

17.

Олоҥхо

2

18.

Олоҥхо

2

19.

Олоҥхо

2

20.

Хорсун буойун

2

21.

Аман өс

2

22.

Күндү ийэм

2

23.

Ат барахсан

2

24.

Тымныыны кыйдааһын

2

25.

Маҥнайгы таммах-саас кэлиитэ

2

26.

Кэлии көтөрдөр - туллук, тураах

2

27.

Кыыл ороҕо

2

28.

Үрүҥ күн

2

29.

Чалбах

2

30.

Сомоҕолоһуу күнэ

2

31.

Россия

2

32.

Япония

2

33.

Индия

2

34.

Англия

2

35.

Хотугу Америка

2

36.

Австралия

2

37.

Сир күнэ

2

38.

Кэҕэ этиитэ

2

39.

Мутукча күнэ

2

40.

Ыһыах

1

41.

Тургутан кɵрүү

1

 

 

Ыытыллар тэрээһиннэр

 80

№2

Ырыа-тойук сыллааҕы былаана (кыра бөлөх)

Ыйдар

Улэ сыала-соруга

Музыкальнай материал

Бала5ан ыйа

Ырыаны иьитиннэрии, хамсанан кердеруу.Уерэтии оонньуу курдук барар бутэй дор5ону ыраастык санарарга уерэтии

«Чоппуускалар» А.Бродников тыл., К.Пахомова мел.

Алтынньы ыйа

Иитээччини утуктэк ыллыыллар, хамсаналлар. Ырыа тылын утуктэн ыллаьарга холоноллор.

Ырыаны уерэтии, ыраастык ыллыырга эрчийии, оонньуу бутэй дор5оону сатаан санара уерэтии.

«Ханналарый илиичээннэр» Т.Ломова муз.

«Манан куобахчаан» К.Пахомова мел., А.Владимиров тыл.

Сэтинньи ыйа

Иитээччини кытта тэннэ ыллааьын, са5алааьын-бутэрээьин. Тыыннарын сопко ылалларын керуу, кыттыбат о5ону ке5утуу.

«Манан куобахчаан» К.Пахомова мел., А.Владимиров тыл.

«Тымныы о5онньор» А.Филиппенко мел.,Т.Волгина тыл.

Ахсынньы ыйа

Сана Дьыл, Дел Мороз туьунан кэпсээьин. Ырыа тэтиминэн сиэттиьэ сылдьан хос ырыатыгар иитээччини кытта ойуоккалааьын, таьыныы.

Фонограмманнан ыллыырга уерэнии, тыыны сопко ылан, музыка тэтимин тутуьан иитээччилиин ыллааьын.

«Сана дьыл»

«Оонньуур келелер» В.Егоров мел, Сомо5отто тыл.

Ыйдар

Улэ сыала-соруга

Музыкальнай материал

Тохсунньу ыйа

Ырыалары хатылааьын чинэтии. Бутэй дор5оону чуолкайдык санаралларын ситиьии.

«Сана дьыл»

«Оонньуур келелер» В.Егоров мел, Сомо5отто тыл.

Олунньу ыйа

Ырыаны уерэтии, ыраастык ыллыырга эрчийии, оонньуу бутэй дор5оону сатаан санара уерэтии.

Чооруос туьунан кэпэтии, утуе сыьыаны уескэтии чыычаахтары утуктэн оонньооьун.

«Татоша» В.Егоров мел.

«Чооруос» А.Бродников тыл, К.Пахомова мел.

Кулун тутар ыйа

Иитээччини кытта тэннэ ыллааьын, са5алааьын-бутэрээьин. Тыыннарын сопко ылалларын керуу, кыттыбат о5ону ке5утуу.

Иэйэн туран унаарытан ыллыырга кыра о5олору уерэтии.

«Ийэбэр бэлэх» Т.Волгина т, А.Филиппенко мел.

«Кердеех ырыа» Т.Миронова тыл, Рустамов муз.

Муус устар ыйа

Ырыаны салгыы уерэтии дор5ооннору чуолкайдык санаралларын ситиьии.

Ырыаны кытта билсиьии. Ырыа кердеех матыыбын мээчик омоонун кытта дьуерэлээьин.

«Чооруос» А.Бродников тыл, К. Пахомова мел.

«Куннэ тэйэн тиийиэм» П.Тобуруокап тыл, Т.Дьяконова мел.

№4

Паспорт проекта «ЧУГДААР» 

 

Контактные данные

Нюрбинский район, с. Антоновка, ул. Сельэнерго-3

МБДОУ ЦРР-д/С «Биһик» им. А.Г. Габышева

С.В. Васильева, воспитатель 8.914.297.08.69

Т. Л. Ильинова ст.воспитатель 8.984.103.49.93

 e-mail i.ilinova@mail.ru

Название проекта

«ЧУГДААР» интерактивные методы работы с родителями как с субъектами образовательной деятельности в контексте ФГОС ДО

Назначение проекта

Проект «ЧУГДААР» предназначен для обеспечения музыкальных руководителей инновационной технологией  при организации детского оркестра в контексте проекта «МУЗЫКА ДЛЯ ВСЕХ»

Нормативно-правовые основания разработки проекта

 

  • Закон РФ «Об образовании»
  • ФЗ «Об основных гарантиях прав ребенка в РФ»
  • Федеральные государственные образовательные стандарты дошкольного образования
  • Устав ДОО
  • ООП ДОО
  • Проект «Музыка для всех»
  • СанПин

Цель проекта

Разработка и внедрение интерактивных методов и форм работы с детьми при обучении игре на музыкальных инструментах и организации детского оркестра в ДОО в контексте ФГОС ДО и проекта «Музыка для всех»; для обеспечения музыкальных руководителей инновационной технологией при  организации детского оркестра в контексте проекта «МУЗЫКА ДЛЯ ВСЕХ»

Основные задачи проекта

1. Изучить теоретические основы и выявить методологическую основу интерактивных методов и форм работы с детьми при обучении игре на музыкальных инструментах и организации детского оркестра в ДОО

2. Создать и апробировать образовательную модель интерактивной работы с детьми при обучении игре на музыкальных инструментах и организации детского оркестра в контексте проекта «Музыка для всех»

 3. Разработать УМК по интерактивной работе с детьми при обучении игре на музыкальных инструментах и организации детского оркестра в ДОО в контексте проекта «Музыка для всех» и ФГОС ДО

Сроки реализации

09.2015- 12.2017сс

Новизна

  • В контексте проекта «Музыка для всех» будет создана концепция приобщения детей дошкольного возраста к инструментальной музыке
  • Будет разработана и апробирована обучение каждого ребенка ДОО игре на музыкальном инструменте, и игре в оркестре
  • Будет создано сетевое взимодействие образовательных и культурных учреждений для дальнейшего музыкального развития ребенка.

Ожидаемые результаты

1. В  разработки и внедрения интерактивных методов и форм работы с детьми при обучении игре на музыкальных инструментах и организации детского оркестра в ДОО в контексте ФГОС ДО и проекта «Музыка для всех» ожидается

  • приобщение детей к инструментальной музыке, классическим музыкальным произведениям
  • обогащение музыкального опыта детей
  • овладение каждым ребенком игрой на музыкальном инструменте
  • расширения граней общения детей, их духовное сближение с друг другом
  • обеспечение музыкальных руководителей инновационной технологией при  организации детского оркестра в ДОО

2. Разработка, подготовка к изданию УМК интерактивных методов и форм работы с детьми при обучении игре на музыкальных инструментах и организации детского оркестра в ДОО в контексте ФГОС ДО

3. Распространение в других ДОО опыта обучения игре на музыкальных инструментах и организации детского оркестра в ДОО

Финансовое обеспечение проекта

Выполнение проекта обеспечивается за счет различных источников финансирования: бюджета ДОО и привлеченных средств (спонсорские средства, Гранты).

Контроль

Контроль реализации проекта осуществляется управлением образования администрации Нюрбинского района. Формы контроля: предоставление отчетов, организация и проведение районного фестиваля детского оркестра, работа музыкального салона для родителей, УМК.

Структура проекта

В Проекте представлены основные разделы:

  • паспорт проекта
  • анализ состояния образовательной деятельности ДОО
  • методологическое обоснование проекта
  • цель и задачи, этапы реализации проекта
  • управленческие механизмы реализации.

Данный  проект является руководством для деятельности педагогов ДОО в работе с детьми по музыкальному воспитанию на период

с IIIкв.2015г. по IVкв.2017г.

Разработчики программы

Васильева С.В., воспитатель МБДОУ ЦРР-д/с  им. А.Г. Габышева с.Антоновка Нюрбинского района

ЧУГДААР

Тобул сана (идея)

«Музыка для всех» барыл чэрчитинэн музыка кэрэ дорҕоонун оҕоҕо тиэрдии, кини иэйиитин, айар дьоҕурун уһугуннарыы, оркестрга оонньуурга оҕону уhуйуу

Тобул санаа төрүөтэ (актуальность)

Киһи олоххо дьулуурун түстээһиӊӊэ, кини кыра оҕо сааһыттан кэрэ эйгэҕэ уһуйуллан иитииллиитэ улаханнык сабыдыаллыыр. Сайдыы биир төрүөтүнэн музыка буоларын үгүс чинчийээччилэр бигэргэтэллэр. Ол курдук, философтар, антропологтар, культурологтар сабаҕалааhыннарынан аан маӊнай дьон кэрэ дорҕоон көмөтүнэн кэпсэтэр, ис туруктарын ырыа-үӊкүү көмөтүнэн арыйан биллэрэр буолбуттар. Кэрэ доҕоон музыкаҕа эрэ буолбакка, биһиги тулалыыр эйгэбитигэр, айылҕаҕа баар. Музыка кэрэ дорҕооно киһи уйулҕатын, ис туругун тупсарар.

Музыканы өйдүүр, ылынар, кыаҕынан толорор, айа холонор киһи олоҕун ордук астына олорор. Олох үгүс көстүүтүн бэлиэтии көрөн элбэх иэйиини, дуоһуйууну, кэрэни эрэ бэйэтигэр ылынар, иӊэринэр. Музыка киһи күннээҕи олоҕун олус тупсарар, киэргэтэр, байытар.

Оҕону кэрэ эйгэҕэ иитиигэ музыканы истии, ырыа ыллааhын, үӊкүү киэӊник киирбит буоллаҕына, оркестр тэринэн оҕону оонньотуу саӊа тарҕанан эрэр. Итиннэ олуктаах түгэннэр үөскээн таҕыстылар. Ол курдук, музыкальнай салайааччыны бэлэмниир үөрэх кыhатыгар бу хайысханнан үөрэтии ситэтэ суоҕа мэhэйдиир.  Музыкальнай салайааччы оҕону инструмеӊӊа оонньуурга үөрэтиитэ, детсадка оркестр тэрийиитэ бэйэтэ  хайдах өйдүүрүнэн, онтон-мантан  ылынарынан барар, бэйэтэ саныырынан, билэринэн оҕолору эрчийэр, үөрэтэр. Билии-көрүү татыма, сатабыл-үөрүйэх ситэтэ суоҕа оҕо оркестрга оонньуур таhыма үрдээhинин, үлэ сайдыытын харгыстыыр. Ол иhин ити харгыстары (противоречие) туоратаары бу барыл оӊоhулунна.

Сүрүн сорук (цель)

Оҕону музыкаҕа сыһыаран бөлөҕүнэн (ансамбльга, оркестрга) музыкальнай инструменнарга оонньуур үөрүйэхтэрин сайыннарыы.

Сылыктааһын (гипотеза)

Өскө

  • оҕо музыкальнай инструмеӊӊа биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн оонньуу үөрэннэҕинэ
  • музыкальнай студия оркестрга анал тэрээһинэ тосхоллонон ыытыллыннаҕына
  • оркестр тэрээһинин эйгэтэ ситтэҕинэ-хототтоҕуна

оччоҕуна

оҕо бөлөҕүнэн музыкальнай инстумеӊӊа оркестрга оонньуур дьоҕура сайдан, кэӊээн, кини кэрэни кэрэхсиир, айар дьоҕура күүһүрэн музыканы оонньуур баҕата хаӊаан биэрэр.

Самалык сорук (задачи)

  1. музыкальнай студия үлэлиир эйгэтин ситэ-хото оӊостуу
  2. охсон оонньонор музыкальнай инструмеӊӊа оҕону үөрэтии
  3. музыканы оонньуу үөрэммит оҕолорунан оркестр тэрийии
  4. төрөппүтү бу үлэҕэ кытыарыы
  5. инструментальнай музыканы өйдөөн-дьүүллээн ылыныытын ситиhии
  6. классическай музыкаттан иэйиитин уһугуннарыы
  7. кэрэ эйгэттэн дуоhуйуутун ситиhии
  8. айар дьоҕурун арыйыы.

Тирэхтэр (ресурсы)

  1. Музыкальнай тыаһыыр-ууһуур анал тэрил, мал-сал
  2. Анал студийнай тэрээһин
  3. Төрөппүт көхтөөх кыттыыта
  4. Анал литература, технологияны арыйар видео-материал, диискэлэр.
  5. Иитээччи оҕолуун үлэтигэр музыканы киэӊник киллэриитэ

Сэрэйиллэр харгыстар (угрозы)

  1. Сахалыы тылынан анал литература, ыйынньык суоҕа
  2. Музыкальнай салайааччы ситэ идэтийиитэ суоҕа
  3. Дьиэ-кэргэӊӊэ музыкальнай тэрил татыма, төрөппүт оҕолуун алтыһар кэмэ кэмчитэ

Харгыстары туоратыы (устранение угроз)

  1. Тустаах эйгэни дьиэҕэ, оҕо тэрилтэтигэр тэрийии
  2. Анал литератураны булунуу, ырытыы, үөрэтии
  3. Төрөппүтү тардыыга музыкальнай салон тэрийэн төрөппүтү оҕотунаан кытыарыы

Методологическай т³рүттэр (обоснование)

Музыканы истииттэн саҕалаан оҕо ыллыыр-туойар, үӊкүүлүүр, музыкальнай инструмеӊӊа охсон оонньуур буолар. Музыкальнай инструмеӊӊа охсон  музыканы оонньуурга үөрэтии үлэ  уустук көрүӊүнэн биллэр. Чинчийээччилэр этиилэринэн (Т.Э. Тютюнникова, К.В.Тарасова, О.П. Радынова, Э.П. Костина, Н.А. Ветлугина уо.да) оҕону 4 сааһыттан музыкальнай инструмеӊӊа оонньото үөрэтиэххэ сөп.

     Бу хайысханнан үлэлииргэ көрүк-барылы (концепцияны) оӊостууга Карл Орф, Э.Жак-Далькроз  этилэригэр сүрүннээн олоҕурдубут - оҕону музыкаҕа уhуйууга кини хамсаныытыгар, оонньуутугар тирэҕириигэ. Итини таһынан, Т.Э. Тютюнникова, К.В.Тарасова, О.П. Радынова, Э. П. Костина, Н.А. Ветлугина үлэлэрин туһанныбыт.

 Онон тутаах төрүттэрбит маннык буоллулар:

  1. Оҕону музыкальнай инструмеӊӊа оонньуурга кини хамсаныытыгар, саӊатыгар тирэҕирии (К.Орф)
  2. Музыканы оонньуурга оҕону үөрэтиигэ кини сүрүн дьарыктарын дьүөрэлээhин (үӊкүү, урамньы, ырыа, ийэ тыл, оонньуу)
  3. Үөрэтии-иитии, сайыннарыы сүрүн төрүттэригэр олоҕуруу

4. Кыра оҕону оонньууннан сайыннарыы, кини уйулҕатыгар тирэҕирии

5. Гуманистическай педагогика уонна психология этиилэригэр олоҕуруу.

Барыл сонун-саҥа өрүттэрэ (новизна)

Барыл саҥа-сонун хабаана

  • «Музыка для всех» барыл чэрчитинэн хас биирдии оҕону музыкаҕа сыhыарыыга интерактивнай ньыманы булуу
  • Оҕону музыкальнай инструмеҥҥа оонньуурга үөрэтиигэ суолу-ииhи тобулуу
  • Детсадтан саҕалаан оҕону оркестрга оонньотууга бастакы хардыыны төрүттээhиҥҥэ тосхоллонуу
  • Оҕо музыкальнай эйгэҕэ сайдыытын ситимэ быстыбакка салҕанарыгар иитэр-үөрэтэр, сырдатар-сайыннарар тэрилтэлэри кытта сетевой алтыhыыны олохтооhун көрүҥүн булуу

Үлэ түһүмэхтэрэ

I. Тэрээһин түһүмэх 09-12.2015

  1. Анал литератураны сүүмэрдээһин, ырытыы, көрүк-барылы (концепцияны) оӊостуу
  2. Оҕо музыканы ылыныытын, баҕатын, кыаҕын туругутан көрүү
  3. Төрөппүт музыкаҕа сыһыанын,  билиитин, сатабылын чинчийии
  4. Тургутуу түмүгүнэн үлэни торумнаныы – оҕо, төрөппүт, иитээччи кыаҕын, сатабылын аахсан туран, бары бииргэ кыттыhан, сүбэлэhэн торуму оӊоруу

II. Сүрүн түһүмэх 12.2015 – 05.2017

  1. Торумнаммыт үлэ хаамыытынан барылы (проегы) көннөрүү, ситэрии, тупсарыы
  2. Оҕо музыкальнай дьоҕура сайдарыгар эйгэни ситэ-хото тэринэн оҕолуун үлэлээhин
  3. Оҕону музыкальнай инструмеӊӊа оонньото үөрэтиигэ анал тэрээһиннэри (НОД) сүүмэрдээн ыытыы (биирдиилээн оҕолуун, бөлөҕүнэн мунньан)
  4. Специалистары, иитээччилэри музыка эйгэтигэр кытыаран үлэлээһин
  5. Төрөппүтү оҕотунаан музыканнан дьарыктаныыга көҕүтүү
  6. Төрөппүтү сайыннарар эйгэни тэрийиигэ кытыарыы, дьиэ-кэргэӊӊэ тыаһыыр-ууһуур малларынан-салларынан оҕо тыаһата оонньуурун ситиһии.

III. Түмүк түһүмэх 05-12.2017

  1. Оҕо музыканы истиитин, хамсаныытын,  инструмеӊӊа оонньуур сатабылын түмүктээн тургутан көрүү
  2. Оҕо көргө-нарга, детсад, нэһилиэк бырааһынньыгар оркестрынан оонньоон көрдөрүүтэ-иһитиннэриитэ
  3. Ыстатыйа бэлэмнээн хаhыакка, арадьыйаҕа тахсыы
  4. Үлэ опытын түмүктээн УМК бэлэмнээhин

Күүтүллэр түмүктэр

  1. Музыка хараактарын оҕо өйдөөhүнэ, ылыныыта
  2. Музыка тэтиминэн оҕо таба хамсаныыта, туттуута-хаптыыта
  3. Тыас таhааран музыкальнай тэрилгэ, малга-салга музыка ритмическай уруһуйун, тэтимин таба оонньооһуна
  4. Оҕо сөбүлүүрүнэн бэйэтин уонна саастыылаахтарын ырыатын-тойугун, үӊкүүтүн доҕуһуолунан оонньооһуна
  5. Музыкальнай инструменынан ансамбылга, оркестрга оонньооһуна,
  6. Инструментальнай музыканы өйдөөн-дьүүллээн истээhинэ
  7. Музыкальнай тэрээһиннэргэ оҕо көхтөөхттүк кыттыыта
  8. Оҕо классическай, народнай музыкаттан дуоhуйуута,
  9. Оҕо музыканы бэйэтэ айа холонуута
  10. Музыкальнай инструмеӊӊа оонньуур оҕо толкуйдуур-ыраӊалыыр сатабыла, тулуура, бэйэ саастыылааҕыгар үтүө сыһыаннаһыыта түстэнэрэ.
  11. Оҕо сытыы-хотуу, иллээх-эйэлээх, сомоҕолоhуулаах киhи буола улаатара.

Бизнес-план

  1. Музыкальнай инструменнары сакаастаан атыылаhыы, саӊардыы
  2. Оҕону оркестрга уhуйууга анал литература булунуу
  3. Конкурстарга кытыы (оҕолорго көстүүм сакаастаан  тиктэрии)
  4. Оҕолорго, төрөппүттэргэ «Музыка дьикти алыба» дьиэ кэргэнинэн музыкальнай инструменнарга оонньуурга көрүү күрэх ыытыы (Грамота, сертификат таhаартарыыта, анал бириис атыылаhыы)
  5. Үлэ түмүгүнэн иитээччилэргэ аналлаах брошюра таhаартарыы

      Барыл үбэ-харчыта детсад бюджетынан, спонсорствоннан, Гранынан хааччыллар. Быhа барыллаан 100000 т.с. ( сүүс тыhыынча солкуобай).

Барыл практическай туhата:

- «Музыка для всех» проект олоххо киириитигэр бастакы хардыыны оӊорууга көмө тирэх буолуон сөп.

- Бу барылынан ханнык баҕарар музыкальнай салайаачы үлэлиэн сөп.

- Хас биирдии оҕону музыкальнай инструмеӊӊа ооньуур маӊнайгы үөрүйэхтэрин сайыннарыыга тирэх буолуон сөп.

Инники хардыыны барыллааhын

Детсадка ылыммыт сатабыллара салгыы сайдарын туhугар оскуоланы, музыкальнай оскуоланы кытта ситимнээх улэни торумнааhын. Инники кэмӊэ ити тосхолунан үлэлииргэ тэрилтэлэр ыккардыгар сетевой алтыhыыны олохтооhун.

Туһаныллыбыт литература

  1. Виноградов Л.В. «Коллективное музицирование. Музыкальные занятия с детьми от пяти до десяти лет» «НИИ школьных технологий», Москва 2008.
  2. Виноградов Л.В. «Коллективное музицирование с детьми до трех лет. С родителями или педагогами» «НИИ школьных технологий», Москва 2008.
  3. Выродова И.А. «Музыка в системе ранней помощи: новые педагогические технологии»  изд. «Карапуз» г. Москва, 2012г.
  4. Гогоберидзе А.Г., Деркунская В.А. «Образовательная область. Музыка. Методический комплект программы «Детство»» изд. «Детство-Пресс», 2012г.
  5. Гуринова А.Н. «Оҕону кэрэ эйгэҕэ уһуйуу» Сунтаар 2001 .
  6. Зимина А.Н. «Основы музыкального воспитания и развития детей младшего возраста» изд. «Владос» 2000г.
  7. Костина Э.П. Программа музыкального образования детей раннего и дошкольного возраста «Камертон» «Линка-Пресс» г. Москва 2008
  8. Тютюнникова Т.Э. «Элементарное музицирование с дошкольниками» журнал «Музыкальный руководитель» №2  изд «Воспитание дошкольника» 2004г. (Март-Апрель).
  9. Интернет ресурсы:
  • Maam.ru/detskijsad/
  • festival. 1 september.ru
  • meta-music.ru
  • nsportal.ru/ detskij-sad/
  • baby music.jimbo. com

Оҕолуун үлэ тосхоло

(программа)

4-5 саастаах оҕо музыкальнай инструмеӊӊа оонньооһуна

  • Музыкальнай инструмент тыаһын-тембрын араарарыгар, музыкальнай инструмеӊӊа кылгас музыкальнай айымньы ритмическай уруһуйун оонньоон көрдөрөрүгэр үөрэтии
  • Металофоӊӊа, клавишалаах музыкальнай инструмеӊӊа сатаан оонньууллар, кылгас музыкальнай аймньылары тыаhаталлар.
  • Музыкальнай айымньы омоонун хараахтарыгар ойуулаан музыкальнай инструмеӊӊа оонньуу холоноллор.

5-6саастаах оҕо музыкальнай инструмеӊӊа оонньооһуна

  • Охсон оонньонор музыкальнай инструмент арааhын билсэр: тыастаах дүӊүр, күпсүр, барабан, табык, металлофон, бубен, дьаҕа, хобо, румба, маракас, погремушка диэн араарар.
  • Музыка тиэмпэтин, ритмическай уруһуйун, тэтимин билэн;
  • Музыкальнай инструмеӊӊа оонньуур
  • Бөлөҕүнэн оонньуурга үөрэнэр
  • Бэйэлэрэ истэллэринэн, сатыылларынан кылгас музыкальнай айымньыны оонньооһуннара
  • Музыкальнай айымньы айа холонуулара
  • Музыкальнай инструмеӊӊа оркестрга оонньуур сатабылын ситэри сайыннарыы
  • Оҕо музыканы айа холонуута

№ 5

Самоанализ

Мин 2015-2016 үөрэх сылыгар иннибэр туруоруммут сыалбын-сорукпун ситтим дии саныыбын. Оҕолуун сүрүннээн үс хайысханнан дьарыктанным: ыллатыыга, музыканы истиигэ, ылыныыга, оркестрга оонньотууга.  

Сыл саҥатыгар 5-6 саастаах оҕолорго “Оҕо тылын сайыннарыыга потешкалары, скороговоркалары туһаныы” барыл оҥостон үлэлээбитим. Тэрээһин аайы тыл эрчиллиитигэр  потешкалары, скороговоркалары туһаммытым,  оҕолор маҥнай соччо-бачча тыллара өҕүллүбэт этэ, сыл бүтэһигэр бары саҥарар буоллулар.

Музыканы истиигэ сүрүннээн П.И.Чайковскай, Э.Григ, А.Вивальди, С.Рахманинов, Ф. Шопен, П.Булез, И.Бах айымньыларын иһитиннэрдим. Бу үлэбэр бастаан оҕолор истибиттэрин бэйэлэрин тылларынан кэпсииллэригэр ыарырҕатар этилэр, сыл бүтэһигэр бары кэриэтэ кэпсиир буоллулар диэххэ сөп онтон орто бөлөх оҕолоро ыарырҕаталлар. Музыканы иһитиннэриигэ элбэхтик көрдөрөр ойуулары, хартыынаны туһанным. Онно интерактивнай дуоскаҕа, дьыл кэминэн, айылҕа көстүүлэринэн ойуулары интернет нөҥүө ылан араас хамсыыр, хамсаабат ойуулары туһанным.  Группаларга классическай айымньылары оҕо күннээҕи олоҕор, иллэҥ кэмигэр иитээччи иһитиннэрэ сылдьарыгар музыканнан группалары хааччыйа сатаатым, диискэннэн уонна флешканнан биэртэлээтим. Ырыаны ылыныыга, үөрэтиигэ оҕолор саастарыгар сөп түбэһиннэрэн ырыаларым бааллар, өссө эбии саҥардан биэриэххэ наада. Программа ирдэбилинэн оҕо музыка тэтимин, тиэмпэтин тутуһан ансамбылынан да, бары бииргэ да, соҕотоҕун да ыллыыллар, группаҕа биирдиилээн ырыа киириитин таба тутуспат оҕолор бааллар, быйыл ол оҕолору кытары күүскэ үлэлиэм. Группа иһигэр иллэҥ кэмҥэ иитээччи тэрээһиҥҥэ үөрэтиллибит ырыаны, хороводу  хатылыыллара буоллар, (оҕону кэрэ эйгэҕэ сыһыарыыга) миэхэ улахан көмө буолуо этэ.  Ырыаҕа быйыл орто, улахан, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро буолан араас күрэхтэргэ кыттан ситиһиилэрдээхпит. Улахан, бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун кытары шумовой оркестрга детсад иһинэн көргө-нарга, күрэхтэргэ куһаҕана суохтук кытынныбыт. Музыкальнай саала иһигэр шумовой инструменнар араастара бааллар, аны хас группа аайы бааллара буоллар оҕо күннээҕи олоҕор тутан-хабан, тыаһатан-ууһатан оонньуо этэ. Эбэтэр группа иһигэр бэйэ оҥоһук шумовой инструменнары төрөппүтү көҕүтэн оҥосторбут буоллар оҕоҕо олус үчүгэй буолуо этэ. Сарсыардааҥҥы эрчиллиигэ музыка наада буоллаҕына ыйан-кэрдэн, булан-талан көмөлөһөн биэриэхпин сөп.

    Музыкальнай дьарыктарга ФГОС ДО эйгэтин ситимниирбэр оҕо тылын байытыыга болҕомтобун туһаайдым. Ырыаҕа, ордук народнай дэгэрэҥ ырыаҕа умнуллан эрэр ийэ тылы быһааран, оҕо билиитин чиҥэтэн биэрдим. Оҕолорго араас тыл-уос эрчиллиитин, скороговоркалары, потешкалары үөрэттим. Скороговоркалары олус сэргээн ылыннылар.

ФГОС эйгэтиттэн өссө оҕо этин-сиинин сайыннарыыга эйгэни кытта ситимнэһэн үлэлээтим. Ол курдук, оҕо тыынын сайыннарыыга хас дьарык аайы анал эрчиллии, имэринии оҥоттордум. Музыкальнай дидактическай оонньууларга оҕолор музыканнан сөбүлээн хамсаннылар.

        Тематическай нэдиэлэннэн сирдэтэн үлэбин торумнанаммын иитээччилиин биир ситимнээх үлэлээтибит. Онно иитээччи билии-көрүү эйгэтигэр биэрбит матырыйаала мин дьарыкпар киирсэн эбии чиҥэтиллэн, хатыланан биэрэн истэ. Онон, ФГОС ДО эйгэлэрэ барыта музыкальнай дьарыктарга хабыллан истилэр.

       Быйылгы үөрэх дьылыгар төрөппүттү кытта клубнай үлэм соччо табыллыбата. Түмүккэ, оҕолор сэмэй ситиһиилэрин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол курдук, быйылгы үөрэх сылыгар

  1. «Ыллаа-туой, уол оҕо» - районнай ырыа күрэҕэ «Саамай кыра ырыаһыттар» номинация
  2. XII Районный смотр-конкурс детских хоровых коллективов «Песня-душа народа. Лауреат I степени
  3. IV республиканский конкурс «Первые шаги» в рамках международного фестиваля «Бриллиантовые нотки»
  • Детский шумовой оркестр «Калинка» Лауреат I степени
  • Дуэт Сайаана, Күннэй Егоровалар «Тииҥчээннэрэ» Лауреат I степени
  • Ансамбль «Кустукчаана» «Мои цыплятки» Лауреат III степени
  1. IV международного фестиваля «Бриллиантовые нотки»
  • Детский шумовой оркестр «Калинка» Дипломант III степени
  • Дуэт Сайаана, Күннэй Егоровалар «Тииҥчээннэрэ» Лауреат III степени
  • Ансамбль «Кустукчаана» «Мои цыплятки»  Дипломант  III степени
  • Соло Регина Пайдютова Өрөспүүбүлүкэтээҕи ДТРА НВК «Саха» «Полярная звезда- 2016» сертификат кыттыытын иһин.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

РАБОЧАЯ ПРОГРАММА музыкального руководителя по образовательной области «Художественно-эстетическое развитие» направление «Музыкальное развитие» на 2015 – 2016 учебный год

Рабочая программа музыкального руководителя разработана для детей от 2-х до 8-ми лет и определяет обязательную  часть  основной общеобразовательной программы дошкольного образования детей от...

Рабочая программа музыкального руководителя для работы с детьми 3-5 лет по музыкальному развитию и воспитанию в детском саду

Программа стставлена для младших (первой второй) и средней групп, представлена разделами Целевой, Содержательный, Организационный....

Рабочая программа музыкального руководителя по музыкальному развитию с детьми от 1 года до 3 лет

Настоящая рабочая программа по музыкальному развитию детей с 1 до 3 лет разработана в соответствии с ООП МБДОУ ДС №10 на основе Федерального государственного образовательного стандарта дошкольного обр...

Рабочая программа музыкального руководителя по освоению образовательной области "Художественно-эстетическое развитие" (музыкальная деятельность для детей 2-7 лет разработанная на основе основной общеобразовательной программы дошкольного образования

Рабочая программа музыкального руководителя по освоению образовательной области "Художественно-эстетическое развитие" (музыкальная деятельность для детей 2-7 лет разработанная на основ...

Рабочая программа музыкального руководителя по ОО «Художественно-эстетическое развитие» в части музыкального образования Предназначена для образовательной деятельности с детьми 2-7 лет

Основная идея рабочей программы – гуманизация, приоритет воспитания общечеловеческих ценностей: добра, красоты, истины, самоценности дошкольного детства. Музыкальное воспитание в ДОУ осуществляе...

Рабочая программа музыкального руководителя по ОО «Художественно-эстетическое развитие» в части музыкального образования (Предназначена для образовательной деятельности с группами детей 4-7 лет с ТНР, приложение к АООП ДОУ)

Данная программа разработана с учётом концептуального положения используемой в ДОУ комплексной программы «От рождения до школы» под ред. Н.Е. Вераксы, Т.С.Комаровой, М.А.Васильевой и адапт...