"Сайдыс" проект
проект
Саха терут оонньуулара омук эт-хаан, ей-санаа еттунэн сайдыытын туоьута буолаллар. Саха киьитин куннээ5и оло5ун дьарыгын оонньуунан кердерере. Былыр сымса туттуу-хаптыы, кыра5ы харах, холку быьыы-майгы, инникини ырыналыыр дьо5ур сыаналаналлара.
Билинни куйаар ситимэ мунутуурдук сайдан турар уйэтигэр о5о бэрт кэмчитик хамсанар, уксугэр толкуйдаабат да буолар. Бу кыьал5аны туоратар туьугар оонньуур уонна оонньуу, о5о кыра сааьыттан, ейе-санаата, билиитэ-керуутэ, тыла-еье, уйул5ата, иэйиитэ, этэ-сиинэ сайдарыгар, дьону кытта бодоруьа, алтыьа уерэнэригэр дидактическай оонньуу оруола улахан суолталаах.
Бу дидактическай оонньуулар бэрт кэбэ5эстик оноьуллар буоланнар эдэр, саастаах, элбэх да о5олоох ыалларга оностоллоругар тургэнинэн, судургутунан табыгастаах.
Оонньуу бу керуннэригэр иккиэ, онтон элбэх да буолан о5олор хамаанда5а арахсан курэхтэстэхтэринэ кыра саастарыттан бэйэ дьонун туьугар кыьаллар буола уерэнэллэригэр уеруйэхтэр уескууллэр. Аныгы о5олор маннык оонньууларга иккиэ эбэтэр элбэх буолан кэпсэтэр буоланнар тыллара, тобулла5ас толкуйдара сайдар, араас боппуруостары быьаарса уерэнэллэр
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
saydys.pdf | 2.07 МБ |