«Эбээм сандалыта». БЫРАЙЫАК.
проект (старшая группа)
Бырайыагым сыала: Саха терут астарын (эбээ сандалытын) оҕоҕо билиһиннэрии уонна астыыр сатабылга уһуйуу буолар.
Соруктар:
• Саха төрүт аһын о5о5о билиһиннэрии;
• Астанар ньыматын, кистэлэҥин көрдөрөн үөрэтии;
• Астааһын бастакы үөрүйэхтэрин иҥэрии;
• Төрүт аспыт доруобуйаҕа туһатын өйдөтүү;
- Саха аьын сиэргэ-туомца тутталларын билиьиннэрии;
• Өбүгэлэрбит аска туттар иһиттэрин-хомуостарын, тэриллэрин аатын билэн күннээҕи олохторугар тутталларын ситиһии.
Ситиһиэхтээх түмүгүм:
• Оҕону кыра сааһыттан төрүт аска сыһыарыы;
• Астыыр сатабылга уһуйуу;
• Саха терут аьыгар ытыктабылы, тапталы иҥэрии, интэриэьи уескэтии.
Кимиэхэ ананара: Бырайыак уьуйаан үрдүкү, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар ананар.
Ыытыллар болдьоҕо: Уһун кэмнээх бырайыак, сылы супту барар. Бэлиэ күннэргэ, ыйдарга сөп түбэһиннэрэн ыытыллар. Холобур, (күһүнү атаарыы, сааһы көрсуу, ыһыах бырааһынньыктарыгар, байанай ыйыгар, төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр уонна да атын күннэргэ).
Бырайыак туьумэхтэрэ:
- Алаадьы араастара.
Сыала: Алаадьы арааьын билиьиннэрии, астанар ньыматын уерэтии, саха омугар алаадьы суолтатын билиьиннэрии, сиэргэ-туомца туттуллар ейдебулун быьаарыы
- Баахыла.
Сыала: Сахалыы баахыла астанар ырысыабын билиьиннэрии, уерэтии. Саха5а аныгы ас буоларын быьаарыы.
- Күөрчэх.
Сыала: Куерчэх ебугэлэрбит илдьэ кэлбит кунду астара буоларын билиьиннэрии, оцоьуллар ньыматын уерэтии, ытыгы тутта уерэнии, куерчэх туьатын, арааьын билиьиннэрии.
- Суорат.
- Мне нравится (1)