новогодний утренник для старшей группы "Волшебные часы"
план-конспект занятия (старшая группа)
сценарий новогоднего утренника для старшей группы "Волшебные часы"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
сценарий новый год | 22.82 КБ |
Предварительный просмотр:
«Аптаах чаһы» Тугутчаан улахан бөлөх оҕолоругар
саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарийа.
Оруоллар:
Ыытааччы – Татьяна Николаевна
Часовщик – Мария Ивановна
Хаар киһи – Сардаана Аркадьевна
Колдунья – Надежда Семеновна
Лесная фея – Татьяна Леонидовна
Баба яга – Полина Васильевна
Снежная королева – Татьяна Николаевна
Оҕолор: уолаттар – часики, кыргыттар – феечки.
Атрибуты – часы, стрелка, 2 конверт, метелка для БЯ
Киэргэммит заалга оҕолор музыканан киирэллэр, полукругом тураллар.
Ыыт:
Аптаах түгэн үүннэ
Саҥа дьылбыт кэллэ,
Көрүҥ эрэ, кэрэтиин
Киэргэммитэ үчүгэйиин
Араас уоттаах харыйа
Барыбытын хомуйда!
Хоһооннор
Лаглайан ыраахтан
Көҕөрөн көстөрө
Сайыны санатан
Харыйа үүнэрэ
Көрөргө кэрэтин
Маҥан хаар үрдүгэр
Киэргэнэн турара
Кэрэчээн харыйа
Кыһыҥҥы тымныыга
Кэхтэри билбэккэ
Чэлгийэ үүнэрэ
Чээлэй күөх харыйа
Саҥа дьыл үөрүүтүгэр
Саҥа дьыл бэлиэтигэр
Чээлэй күөх харыйаны
Лаглаччы киэргэппиттэр
Элбэх араас мааскалар
Елка тула мустаннар
Ырыа-тойук тартылар
Үҥкүүлээн тэйдилэр
Саҥа дьыл дьоро киэһээтэ
Дьолу соргуну аҕалла
Оҕо-аймах үөрдэ – көттө
Харыйа тула ыллаата
Ытык мааны эһэбит
Тымныы кыһын оҕонньор
Кэһиилэрин түҥэтэр
Үөрүүнү бэлэхтиир
Тиийэн кэллин биһиэхэ
Түннүкпүтүн кырыалаан
Дыссааппытын киэргэтэн
Көрү-нары тэрийэн
Оҕолору үөрдэҥҥин
Бэлэхтэргин биэрбиккин
Саҥа дьылы аһаҥҥын
Сиэҥҥин сиэтэн киирбиккин
Ырыа «Зимний гость»
Ыыт: Саҥа дьылы оннооҕор Парижка, Москваҕа оҕолуун-уруулуун күүтэллэр. Онтон бүгүн биьиэхэ кэтэһиилээх бырааһынньыкпыт тиийэн кэллэ, күлүҥ-үөрүҥ, ыллааҥ, үҥкүүлээн, остуоруйабыт саҕаланна!
Музыка тыаһыыр, Часовщик киирэр.
Ч: Тик – так барабын, бириэмэни билэбин...(ыллыыр, ыйанан турар чаһыга чугаһыыр, проверкалыыр, быылын тэбиир).
Дьэ, сотору саҕаланыа, Саҥа дьылбыт буолара олох кыра хаалла. Бу аптаах чаһы аттыгар бары доҕотторум кэлиэхтэрээээ, бэлэхтэрин биэриэхтэрэээ, баҕа санааларын этиэхтэрээ....һок, ким эрэ иһэр (иһиллиир, көрдүү сатыыр).
Музыка. Хаар киһи уонна Колдунья киирэллэр. Часовщигы кытта дорооболоһоллор.
Ч: Оо, дорооболоруҥ, хата оруобуна кэллигит дии, сотору чаһыбыт 12 көрдөрүө уонна дьээ, Саҥа дьылбыт үүнүө!
Х.К: (үөрэр) оо, оччоҕо сотору Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана кэлиэхтэрэ, кэрэ бэлэхтэрин түҥэтиэхтэрэ!
Ч: Оннууук, Тымныы оҕонньор миэхэ бу суругар суруйбута, чаһы хайдах 12 тиийиэ да мин эһиэхэ кэлиэм диэбитэ.
Х.К.: Тымныы оҕонньор миигин кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээбит суругун туппутум.
(Колдунья төттөрү-таары хааматалыыр иккиэннэрин көрүтэлиир, кэтэҕин тарбанар).
Колдунья: Таак – так таак, ити аата хайдах хайдаҕый эээ, эһигини эҕэрдэлээн сурук бичик бөҕөтүн ыыппыт, онтон миэхэ (ытыһын көрдөрөр) туга да суох дуу? Оччотугар буоллаххытына олох да Саҥа дьыллаамаҥ, аптаах чаһыгытын ким да хаһан да истибэт гына тохтотуом. Уҥуох-тирии, уот харах, ахалай махалай, мин диэки көр, тохтооо, тохтоооо, ахахахахаааа (чаһы стрелкатын тоҕо тардан ылар, сүүрэн, төгүрүйэн баран тахсан барар).
Ч: Оо, иэдээн буолла, саҥа дьылбыт буолбат буолла! (ытыыр)
Х.К: Ытаама, бастаан бэрэбиэркэлээн көрүөххэ. (проверяют)
Ч: Пахаай, кырдьык даҕаны тохтообут уонна стрелката суох сатаан да барбат буоллаҕа дии. Оччо5уна, саҥа дьыла суох хаалаабыт дуо, Тымныы оҕонньор кэһиитин аҕалбат дуо?
Х.К.: Часовщик, хайдах Ведьма эппит тылларын устабытый.?!
Ч: Аптаах тыллары этиэххэ наада буолуо.
Х.К.: Ээ, мин биири билэбин, Крибли – Крабли – Бумс диэн!
Ч: Ити аптаах тыллар арааһа, биһиэхэ сөп түбэспэттэрэ буолуо (толкуйдуур, төбөтүн туттар). Ээ, биһиэхэ ким көмөлөһүөн билэбин, кини ол (ыйар) тыаҕа олорор, ырыа ыллыырын истээччибин, кини биһиэхэ сөптөөх тыллары этиэн сөп.
Х.К.: Оччоҕо, түргэнник бара охсуохха. (бары тахсан бараллар).
Музыка тыаһыыр Фея киирэн кэлэр, моонньутугар шарфиктаах, сөтөллөр.
(Геройдар бары киирэллэр, дорооболоһоллор).
Ф: Хайа, бу то5о Саҥа дьыл саҕана дьиэҕитигэр олорбоккут, бырааһынньык буолара чугаһаата дии?
Ч: Дьэ, үтүө санаалаах Фея биһиэхэ иэдээн буолла, Колдунья кыыһыран баран чаһыбытын аптаах тыллары саҥаран тохтотон кэбистэ уонна стрелкатын туура тардан илдьэ барда. Онтон ол чаһыта суох Саҥа дьылбыт буолбат буоллаҕа дии. Биһиэхэ көмөлөһүөн дуо?
Ф: Оо, көмөлөһөн бөҕө буоллаҕа дии, хайдах бу кырачаан оҕолорбун Саҥа дьыла суох хаалларыахпыный, ол гынан баран, мин биир көрдөһүүлээхпин, мин ырыаны наһаа таптыыбын, миэхэ анаан биир эмэ Саҥа дьыл туһунан ырыата ыллыаххыт дуо?
Ч: Оҕолоор, ырыа ыллыыбыт дуо?
Ырыа: «Харыйа»
(хай5ыыллар)
Х.К.: О5олор маладьыастар, эн көрдөһүүгүн толордулар, аны эн биһиэхэ көмөлөс, аптаах тыллары эт.
Ф: Болҕойон истин: 1,2,3….(толкуйдуур мммм….ааааа….)
Ч: Бүттэ дуо? Оттон сороҕо?
Ф: Бүттэ! Мин биирдэ эрэ истибитим ити аптаах тыллары, тугу өйдөөн хаалбыппын эһиэхэ эттим.
Х.К.: Оччоҕо сорох тылларын кимтэн, хантан ыйытабыт?
Ф: Колдунья эдьийдэриттэн Дьэгэ бабаттан уонна Тымныы королеваттыттан ыйытын, кинилэр билэллэр.
Х.К.: Көмөҥ иһин махтанабыт. Чэйиҥ, барыаҕыҥ, оол тыа саҕатыгар Дьэгэ баба дьиэтэ баар, Тымныы королева да киниттэн ырааҕа суох олорор.
Ч: Оо, дьэ, билбэтиим, ол Дьэгэ баба биһиэхэ көмөлөһөр үһү дуо. Кини наар кусаҕаны эрэ оҥоро сылдьар дии!!!
Х.К.: Санааҕын түһэримэ, көмөлөһүннэриэхпит, наада буоллаҕына киитэрэйдээн да көрүөхпүт. (тахсан бараллар).
Дьэгэ баба киирэр, сиппиирин уурар, елка диэки эрэ тугу эрэ көрдөөбүтэ буолар.
Дь.Б: Ити баар ди, кыһын буолла да накаас, биир да отон да суох, тэллэй да суох. Барыта тоҥон хаалбыт. Ыччоо ычча уҥуохтарым кытта тоҥнулар, айа, чэ, дьиэлиир эбиппин. (метелкатын ыла сатыыр да тоҥон хаалбыт). Тууйсэ, аны мантыкайым сыстан хаалбыт буотта. Хайдах аны дьиэлиибин дьэ, аны тыал бөҕө түһэн эрэр, хаар бөҕө ытыйан эрэр. (Халлааны көрөр, тоҥон ыстаҥалыы турар).
Бу кэмҥэ геройдар киирэллэр, дорооболоһоллор.
Дь.Б: Здрааасьте!
Х.К.: Хайа, бу хара тыаҕа соҕотоҕун тугу гына сылдьаҕын?
Дь.Б: Хайдах тугу гына сылдьаҕын диэн, көрбөккүн да сир астыы сылдьабын дии.
Ч: (күлэр) һа, оттон тыа барыта хаар дии.
Дь.Б: Чэ буоллун, чөҥөчөк үрдүнэн игин син булааччыбын, миэхэ Саҥа дьыллааҕы отвар оҥорорбор тэллэй наада, саатар бу тыал түһэн арааһа, көмөн кэбистэ быһылаах, биири да булбатым, ырдьыччы тоҥнум, саатар бу көтөр миинниьигим эмиэ тоҥон сиргэ сыстан хаалбыт.
Х.К.: Ээ, Дьэгэ баба, мин наһаа үчүгэй бэһиэлэй оонньууну билэбин, ирэ таарыйа оҕолору кытта оонньуубут дуо?
Оонньуу «Построй замок»
Ч: Хайа, Дьэгэ баба тоҥмутуҥ ааста дуо?
Дь.Б: Абытууй абытай, хата дөлбү бустум дии (сапсынар). Ээ, онтон миинникпииин, хайдах ылабын.
Х.К.: Чэйиҥ, кэлиҥ, бары тардыаҕыҥ! Биир, икки, үс ( по сигналу тардан ылаллар).
Дь.Б: Оо, слава богу, үөрдэхпиин, мантыката суох олох атаҕа суох курдук сананабын. (үөрэрэ) онтон эһиги бачча тымныыга тугу гына сылдьаҕыт тыаҕа?
Ч: эйиэхэ Фея сирдээн ыытта. Эн эдьийиҥ, Колдунья кыыһыран баран чаһыбытын аптаах тыллары саҥаран тохтотон кэбистэ уонна стрелкатын туура тардан илдьэ барда. Онтон ол чаһыта суох Саҥа дьылбыт буолбат буоллаҕа дии. Биһиэхэ көмөлөһүөн дуо?
Х.К.: Фея аптаах тылтан сороҕун эрэ эппитэ, эйигин билэр диэбитэ.
Дь.Б: Бээ, эрэ, көрдөххө үчүгэй санаалаах курдуккут, чэ, көмөлөһүүм даҕаны. Ол гынан баран мин эмиэ ити аптаах тыллары барытын билбэппин. Миэнэ барыта дьиибэ-дьээбэ (күлэр). Дьэ, буот, истиҥ... хотугу сулус сандаар....(заклинание сороҕун этэр).
дьэгэ баба эргийэн баран тахсар.
Тыал тыаһыыыр. Х.К., Ч. ( тоҥмуттар)
Ч: Ыччуу, тыала күүһүрдэҕиин.
Х.К.: Ол аата үчүгэй, Тымныы королева замогар чугаһаатыбыт.
Музыканан Тымныы королева киирэр.
Т.К: Тохтооҥ, бу кимнээхтэргитий, тоҕо ыйытыга суох мин замокпар кэллигит, билигин эһигини муус оҥортуом! (кыыһырар).
Х.К.: Дорообо Тымныы королева, бырастыы гын, эйигин аймаабыппытыгар, ол эрэн биһиги улахан көрдөһүүлээх кэллибит.
Т.К: Туохха наадыйдыгыт?
Х.К.: Колдунья кыыһыран баран чаһыбытын аптаах тыллары саҥаран тохтотон кэбистэ уонна стрелкатын туура тардан илдьэ барда. Онтон ол чаһыта суох Саҥа дьылбыт буолбат буоллаҕа дии. Фея уонна Дьэгэ баба аптаах тыллар сороҕун эрэ эттилэр уонна эйиэхэ сирдээн ыыттылар. Биһиэхэ көмөлөһүөн дуо?
Т.К.: Тоҕо мин эһиэхэ көмөлөһүөхтээхпиний!? Үчүгэй дии, Саҥа дьыл буолбатын, оччоҕо наар кыһын туруо этэ, тыалы, буурҕаны кытта манна баһылаан олоруом этэ буоллаҕа дии.
Ч: Хайдах оннук буолуоҕай, оччоҕо оҕолор Тымнны оҕонньору көрсүбэттэр дуо, кэһиилэрин туппаттар дуо?
Т.К: Тугун бырааһынньыгай, мин хаһан да Саҥа дьыллаабаппын, онон тугу да билбэппин!
Ч: Оо, Саҥа дьыл диэн саамай үөрүүлээх, кэтэһиилээх бырааһынньык. Саамай тутаах киэргэлэ бу, харыйа буолар (көрдөрөр). Манна оҕолуун улаханныын ырыа ыллыыллар, үҥкүүлүүллэр, хоһоон ааҕаллар. Билигин эйиэхэ анаан оҕолор үҥкүүлээн көрдөрүөхтэрэ.
Үҥкүү «Феечки» (ытыстарын таһыналлар, хай5ыыллар)
Ч: Уонна, Саҥа дьыл саамай кэтэһиилээх ыалдьыта Тымныы оҕонньор буолар.
Т.К: Дьэ, кырдьык итэҕэйдим, олус бэһиэлэй бырааһынньык эбит, онон мин эһиэхэ көмөлөһүөм! Өйдөөн истиҥ: саҥа дьылы бэлэхтээ!!! (заклинаниены этэр).
Х.К.: Оо, улахан улахан баһыыба. Оттон эн биһигини кытта саҥа дьыллыы барыс ээ!
Т.К: Быһыыбаларыҥ, үөрүүнү кытта!
(бары тахсан бараллар, Колдунья киирэр, чаһыыга чугаһыыр).
Колдунья: Оо, туох иэдээнин оҥорбуппунууй, аны кэлэн хайдах барытын көннөрөбүнүй!?
(геройдар бары киирэллэр).
Ч: Хайа, бу, чаһыыны аптаан бараҥҥын өссө туох кусаҕаны оҥороору манна кэллин?
Колдунья: Суох, суох ону баара Тымныы оҕонньор миэхэ эмиэ эҕэрдэ суругун ыыппыт эбит, бу тыал, хаар дөлбү түһэн бүөлээн кэбиспитин буллум (буруйун билинэр, кыбыстар). Миигин бырастыы гыныҥ.
Х.К.: Чэ, ытаама, бырастыы гынар буоллахпыт дии.
Колдунья: Хайдах ытыам суоҕай, чаһыны хайдах барабат оҥорор тылларын өйдүүбүн, онтон хайдах уһулар тыллары өйдөөбөппүн. (ытыыр).
Х.К.: Биһиги оҕолор көмөлөрүнэн, ырыаларынан-үҥкүүлэринэн аптаах тыллары биллибит, онтон эн чаһы стрелкатын аҕаллыҥ дуо?
(Колдунья сиэбиттэн хостоон биэрэр, Часовщик иилэр).
Ч: Билигин бары бииргэ бу тыллары этиэххэйиҥ, оччоҕо эрэ чаһыбыт үлэлиэ!
(Бары хатылыыллар)
Х.К: Чэйиҥ, чаһы уолаттар туруҥ, үҥкүүлүөххэ!
Үҥкүү «Часики»
Т.К: О5олоор, маладьыастар, бары көмөлөөн Саҥа дьылы быыһаатыбыт, Тымныы оҕонньору көрсөр кэммит үүннэ, ыҥырыахайыҥ!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
"Новогодние часы"-новогодний утренник в старшей группе
Путешествие детей по сказкам в поисках новогодних часов....
Сценарий новогоднего утренника в старшей группе "Волшебные часы".
Сказочные приключения с участием Деда Мороза и Старого года....
Сценарий новогоднего утренника в старшей группе "Волшебные часы"
Цель:Обогащение музыкального опыта детейПробуждение творческой активностиДоставление детям радости и эстетических переживанийЗадачи :• Создать у ребенка радостное настроение,• Вызв...
Новогодний утренник в старшей группе «Волшебные часы»
Новогодний утренник в старшей группе «Волшебные часы» Действующие лица: Дед Мороз, Снегурочка, Баба Яга, Кощей. Дети входят зал под музыкальное сопровождение &l...
Новогодний утренник для старшей и подготовительной к школе групп Волшебные часы
Новогодний утренник для старшей и подготовительной к школе группВолшебные часы...
Сценарий новогоднего утренника в старшей группе "Сказочные часы"
Данный материал расчитан для детей старшей группы детского сада....
Сценарий новогоднего утренника для старшей группы "Волшебные часы"
Сценарий может быть полезен для воспитателей и музыкальных руководителей детских садов. Сценарий содержит в себе стихи, песни, танцы, игры для детей старшей группы детского сада....