Эриэппэ луугу дьиэҕэ үүннэрии
презентация по окружающему миру

Копырина Лидия Васильевна

Эриэппэ луугу  дьиэҕэ үүннэрии

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл prezentatsiya_archyn.pptx2.19 МБ

Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

Фокинов Арчын , 5 лет, гр. « Күөрэгэй » Тема: Эриэппэ луугу дьиэ ҕ э үүннэрии МБДОУ №89 г.Якутска «Парус»

Слайд 2

Былаана : Киириитэ Сыала , соруга Луугу дьиэҕэ үүннэрии Түмүк

Слайд 3

Киириитэ Луук киьи доруобуйатыгар туьалаах. Луугу кыһын түннүккэ буора суох үүннэриэххэ сөп. Мин ону кэтээн көрдүм уонна ол туһунан эһиэхэ кэпсиэм.

Слайд 4

Сыала : Луук дьиэҕэ үүнэригэр туох усулуобуйа көмөлөьөрүн үөрэтии Соруктара : Күөх луук үүнэрин кэтээн көрүү Луук ханнык усулуобуйага үүнэрин үөрэтии

Слайд 5

Луугу дьиэ5э үүннэрии Мин 2 луугу ууга уган үүннэрдим. Кыһын буолан буорбут суох. Сырдык түннүккэ уонна хараҥа сиргэ муостаҕа уурдум. Хайдах үүнэллэрин кэтээн көрдүм.

Слайд 6

Сырдык түннүккэ уурдум Хараҥа сиргэ уурдум

Слайд 7

5 хонон баран түннүккэ турар луугум элбэх силистэннэ, хараҥаҕа турбутум силиһэ аҕыйах.

Слайд 8

1 1 хонон баран түннүккэ турар луугум үүннэ , оттон хараҥаҕа турар луугум үүнэ илик .

Слайд 9

Күн аайы луугум үүнэрин көрөбүн, линейканан кээмэйдиибин

Слайд 10

14 хонугунан күөх луугум 10 см буолла. Оттон хараҥаҕа турбут луугум олох да үүммэтэ.

Слайд 11

Түмүк : Кыһын даҕаны луугу үүннэрэн күөхтүү сиэххэ сөп эбит . Луук үчүгэйдик үүнэригэр уу уонна сырдык наадатын биллим . Луук доруобуйага туһалаах , онон оҕолор луукта үүннэрэн сиэҥ . Ыалдьыаххыт суоҕа .

Слайд 12

Болҕомтоҕут иһин махтал !


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

"Эриэппэ" - остуоруйа.

quot;Эриэппэ" https://youtu.be/VRs0z3IGbgQ?si=aYMAFI0yq9zQ2J2G...

Сценарий "Бэлиэ күннэр оҕолорго"

Араас бөлөх оҕолоругар бэлиэ күннэр аралдьытыыларын хомуурунньуга...