Конспект занятия по технологии сотрудничества на якутском языке
план-конспект занятия (младшая группа)
Кыра бөлөх оҕолорун
педагогическай дьарык былаан-конспега
«Хаар киhи до5отторо»
Оҥордо: Николаева Анна Владимировна
Дуоhунаc: Иитээччи
Дьокуускай куорат 2018 с.
Үлэ көрүҥэ: комплекснай дьарык
Тиэмэтэ: «Хаар киhи до5отторо»
Үөрэх сүрүннүүр бырагырааматыгар үөрэх уобалаһа: оҕо уопсастыбаҕа сылдьарын-бодоруһарын сайыннарыы, оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы, оҕо тылын-өһүн сайыннарыы, оҕо кэрэни өйдүүр дьоҕурун сайыннарыы, оҕо-этин сиининсайыннарыы.
Анала: 3-тэр
Сурун сыала уонна соруктара:
Оҕолорго кыhын туhунан уонна кыhын ураты бэлиэтин, өйдөбүлүн бигэтии.
Үөрэтэр:
Оҕолорго айылҕа уларыйыытын чиҥэтии, үөрэтии. Оҕолорго хаар свойстватын туһунан билиилэрин кэҥэтии. Оҕолор өйдөрүгэр өҥнөр араастарын быһааран биэрии (маҕан, хара, оранжевай) уонна формаларын быһыытын-таһаатын быһаарыы (улахан, орто, кыра). Оҕолорго 2-3 чаастартан турар эттиктэри, бэйэ-бэйэлэрин сыһыаран холбуурга үөрэтии.
Сайыннарар:
Оҕолор тарбахтарын дьоҕурун сайыннарар туһугар, тарбахтарын көмөтүнэн сыбаан тутааһыны, хам тутууну сайыннарыы. Оҕолор тылларын саппааhын сайыннарыы: кыһынҥы тымныы, хаар туһүүтэ, буурҕа, хаар, туман көстүүлэрэ.
Иитэр:
Оҕолор аһынар, көмөлөһөр баҕа санааларын, киһиэхэ эйэҕэстик сыһыаннаһыытын иитии; бэйэ-бэйэлэригэр үтүө сыһыаннаһыы, тэҥ, саастыылаахтарын кытта оонньуурдарын үллэстии.
Туттуллар матырыйаал: быласталыын, оҕуруо, тимэх, илии буоларга туттуллар хаппыт лабаа, салфеткалар, кыһынҥы көстүү ураты бэлиэтин хартыыналара, хаар, хаар киһи уруһуйа. Оҕо ахсаанынан оҥоһуллубут кумаахы хаардар (улахан уонна кыра), хаар киһи сымнаҕас оонньуура, кыһынҥы айылҕа тыаһын ууһун фонограммата.
Эрдэтээҥҥи үлэ: оҕолору кытта кэпсэтии кыһынҥы дьыл кэмин туһунан. Хаар түһэрин түннүк нөҥүө көрөөһүн, тымныы тыалы, айылҕа уларыйыытын кэтээн көрүү. Кыһын туһунан художественнай кинигэрэли ааҕыы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
nod_sahalyy.docx | 24.69 КБ |
Предварительный просмотр:
Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение
Центр развития ребенка детский сад №89 «Парус»
Кыра бөлөх оҕолорун
педагогическай дьарык былаан-конспега
«Хаар киhи до5отторо»
Оҥордо: Николаева Анна Владимировна
Дуоhунаc: Иитээччи
Дьокуускай куорат 2018 с.
Үлэ көрүҥэ: комплекснай дьарык
Тиэмэтэ: «Хаар киhи до5отторо»
Үөрэх сүрүннүүр бырагырааматыгар үөрэх уобалаһа: оҕо уопсастыбаҕа сылдьарын-бодоруһарын сайыннарыы, оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы, оҕо тылын-өһүн сайыннарыы, оҕо кэрэни өйдүүр дьоҕурун сайыннарыы, оҕо-этин сиининсайыннарыы.
Анала: 3-тэр
Сурун сыала уонна соруктара:
Оҕолорго кыhын туhунан уонна кыhын ураты бэлиэтин, өйдөбүлүн бигэтии.
Үөрэтэр:
Оҕолорго айылҕа уларыйыытын чиҥэтии, үөрэтии. Оҕолорго хаар свойстватын туһунан билиилэрин кэҥэтии. Оҕолор өйдөрүгэр өҥнөр араастарын быһааран биэрии (маҕан, хара, оранжевай) уонна формаларын быһыытын-таһаатын быһаарыы (улахан, орто, кыра). Оҕолорго 2-3 чаастартан турар эттиктэри, бэйэ-бэйэлэрин сыһыаран холбуурга үөрэтии.
Сайыннарар:
Оҕолор тарбахтарын дьоҕурун сайыннарар туһугар, тарбахтарын көмөтүнэн сыбаан тутааһыны, хам тутууну сайыннарыы. Оҕолор тылларын саппааhын сайыннарыы: кыһынҥы тымныы, хаар туһүүтэ, буурҕа, хаар, туман көстүүлэрэ.
Иитэр:
Оҕолор аһынар, көмөлөһөр баҕа санааларын, киһиэхэ эйэҕэстик сыһыаннаһыытын иитии; бэйэ-бэйэлэригэр үтүө сыһыаннаһыы, тэҥ, саастыылаахтарын кытта оонньуурдарын үллэстии.
Туттуллар матырыйаал: быласталыын, оҕуруо, тимэх, илии буоларга туттуллар хаппыт лабаа, салфеткалар, кыһынҥы көстүү ураты бэлиэтин хартыыналара, хаар, хаар киһи уруһуйа. Оҕо ахсаанынан оҥоһуллубут кумаахы хаардар (улахан уонна кыра), хаар киһи сымнаҕас оонньуура, кыһынҥы айылҕа тыаһын ууһун фонограммата.
Эрдэтээҥҥи үлэ: оҕолору кытта кэпсэтии кыһынҥы дьыл кэмин туһунан. Хаар түһэрин түннүк нөҥүө көрөөһүн, тымныы тыалы, айылҕа уларыйыытын кэтээн көрүү. Кыһын туһунан художественнай кинигэрэли ааҕыы.
Дьарыктаныы барыыта:
I. Дьарыктаныы саҕаланыыта
«Кыhынҥы ойуур тыаһа» (тыал уонна хаарынан хаамар тыас иһиллэр) фонограмматын туттуу. Оонньуу быһыыта «Кыһынҥы ойуурга кэллибит». Оҕолоор, болҕойун эрэ, кыһынҥы ойуур быыһынан хаама сылдьарбытын санаан көрүөххэйин. Хаар бөҕө, күүстээх тыал түстэ, хаарынан хаамар атахпыт тыаһа иһиллэр. Итээччи оҕолортон ыйытар: Ханнык дьыл кэмэ кэллэ? Таһырдьа халлааммыт хайдагый оҕолоор? Кыһын халлаантан туох туһэрий? Хаарбыт хайдах өҥнөөгүй?
II. Үөрэтэр чинчийэр кэрдиис
Хаар киһи куукулатын көрдөрүү. Оонньооһун түгэнэ: Ким эрэ тоҥсуйар тыаһа иһилиннэ, тук-тук-тук!!! Иитээччи Хаар киһи сымнаҕас оонньуурун группаҕа киллэрэр. Көрүн эрэ оҕолоор, ким биһиэхэ кэлбитий? Кини хаарынан оҥоһуллубут, төкүнүк быһыылаах, маҕан дьүһүннээх, араанжевай муннулаах уонна төбөтүгэр хара сэлээппэлээх. Иитээччи Хаар киһини кытта кэпсэтэр, проблемнай соруктарын ыйытар:
- Хаар киһи, эн тоҕо хомойдун?
- Мин наһаа үөрбүтүм кыһын кэлбитигэр, элбэх хаар түспүтүгэр. Ол эрэн, мин бииргэ оонньуур доҕотторум суохтар эбит. Ол иһин хомойдум.
Оҕолору аһынар, көмөлөһөр баҕа санааларын иитии. Проблемнай ситуацияны оҥоруу, хайдах көмөлөһөргө толкуйдааһын. Ыйытыы: Оҕолоор, хайдах биһиги хаар киһиэхэ көмөлөһүөхпүтүн сөбүй? Хаар киhи, эн бу чөҥөчөккө олор, биһигини эйиэхэ доҕотторбутун кытта иллээхтик оонньуурбутун көрдөрүөхпүт. Тэтимнээх, хамсаныылаах тохтобул «Хаар киьи»:
Биһиги тыһырдьа таҕыстыбыт Миэстэбитигэр хаамабыт
Хаар устун хаамтыбыт
Хаары илиибитигэр ыллыбыт Төнкуйэбит ытыспытыгар хаары ылабыт
Хаарынан кыра төкүнүк оҥордубут Ытыспытынан хаар онорон көрдөрөбүт
Ону бу курдук төкүнүтэбит Уҥа, хаҥас диэкки хайыһан көрөбүт
Ол диэкки, бу диэкки Илиибитинэн төкүнүгү көрдөрөбүт
Хаарбыт дэлби улаатан хаалла салгынҥҥа
Хаар киһи буолла
Кини моркуоп муннулаах Тарбахпытынан муннубутун ыйабыт
Икки харахтаах Тарбахпытынан харахпытын ыйабыт
Кыра айахтаах Тарбахпытынан айахпытын ыйабыт
Хаар киһи биһигини кэтэс
Дьиэбитигэр барар кэммит кэллэ Миэстэбитигэр сүүрэбит
III. Тэҥҥэ үлэлээhин. Билиини чиҥэтии
Хаар свойстватын туһунан дириҥэтэн ырытыы. Иитээччи оҕолорго хаарынан эксперимент оҥоруоххайын диэн болҕомтолорун тардар. Оҕолоор арай биһи хаары сылаас дьиэ иһигэр киллэрдэхпитинэ хаарбыт хайдах буолуой? Боруобалаан көрөбүт дуо? Иитээччи группаҕа хаары киллэрэр, оҕолор ытыстарыгар кып-кыратык хаары уурар. Оҕолор ытыстарыгар хаары туталлар. Иитээччи оҕолортон ыйытар: Хаарбыт хайдах буолла? Тоҕо хаарбыт ытыспытыгар ууллан хааллааный? Биһиги ытыспыт сылаас, ол иһин хаарбыт ууллан хаалла. Ол иһин группабытыгар хаарынан Хаар киһи доҕотторун онордохпутуна, ууллан хаалыа. Онон биһиги Хаар киһибит доҕотторун пластилинынан оҥоруохпут. Икки группаҕа арахсыы, иитээчи араас кээмэйдээх кумаахы хаардары түҥэтэр. Кимиэхэ улахан кээмэйдээх хаар түбэспиккэ, улахан хаар ойуулаах остуолга олороллор. Онтон кимиэхэ кыра кээмэйдээх хаар түбэспит буоллаҕына, ол оҕолор кыра кээмэйдээх хаар ойуулаах остуолга олороллор. Иитээччи быһаарар, көрдөрөр.
IV. Самостоятельнай үлэ
Иитээччи оҕолортон ыйытар: Хаар киһибитигэр хайдах көмөлөһөбүтүй? Оҕолоор хайдах буолуой, бары бииргэ оҥордохпутуна түргэн буолуо дуу, эбэтэр тус туһунан дуу? Ол эрэн оноруохпутун иннинэ, тарбахтарбытын имитиэхэйин, тарбахтары эрчийии “Хаар киһи”:
Биир, икки, үс, түөрт, биэс
(тарбахтарын бук туталлар)
Биһиги хаар киһи оҥордубут
(ытыс иһигэр төкүнүтэбит)
Төкүнүк, кытаанах, наһаа сымнагас
(төкүнүк көрдөрөбүт, ытыспытын холбуу тутабыт уонна биир ытыспытын эмирийэбит)
Ол эрэн минньигэс буотах
(тарбах сөмүйэтин көрдөрөллөр)
Биир, үөһээ бырахтыбыт хаарбытын
(үөһээ көрөллөр хаар баарын курдук)
Икки, хаптыбыт
(чөхчөйөн баран хабан ылабыт хаарбытын)
Үс хаарбытын туһэрдибит
(турабыт, хаары сиргэ туһэрэн кээһэллэр)
Уонна алдьатабыт
(атахпытынан тэпсэбит)
Хаар киһиэхэ доҕотторун сыбаан оҥоруу. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытары бииргэ улэлээһиннэрэ. Иитээччи быһаарар: Көрүн эрэ, ити остуолларга бэлэм, араас пластилиннар чаастара бааллар. Биһиги ити чаастары холбуохпутун наада. Хаар киһини көрд өрөр. Билэрбитин курдук, Хаар киһи үс төкүнүктэн оҥоһуллар, төбөтүгэр хара сэлээппэлээх, араанжевай муннулаах, икки харахтаах, кыра айахтаах уонна тимэхтэрдээх. Бу оноһукпутун барытын холбуубут. Бары сүбэлэһиэххэйин эрэ, ким тугу гынарын. Ким эрэ, бастаан төкүнүктэри холбуохтаах, ким эрэ сэлээппэ кэтэрдэр, ким эрэ мунну, айах, харах сыһыарар онтон кураанах лабааттан илии оҥорор. Оҕолор бэйэлэрэ дьарыктаналлар. Иитээччи оҕолорго сүбэлиир, быһаарар уонна дэтээллэрин сыһыараҕыт диэн өйдөтөн биэрэр онтон ким эмит өйдөөбөтөх, көмөҕө наадыйар буоллаҕына иитээччи сүбэлиир, ыйан кэрдэн биэрэр. Эйэҕэс санааларын иитэргэ оҕолорго этэр. Бэйэ-бэйэгитигэр көмөлөһүн, үллэстин. Инник гынан, оҕолор кыра эрдэхтэриттэн, бэйэ-бэйэлэрин кытта бииргэ үлэлииллэригэр, үөрэнэллэригэр ыйан-кэрдэн биэрэр.
V. Түмүгү ырытыы:
Уопсай ырытыы оҕолору кытта: Оҕолоор, биһиги бүгүн Хаар киһиэхэ саҥа доҕоттору оҥорон биэрдибит. Мантан ыла кини соҕотох буолбат. Саамай сүрүнэ бука-бары бииргэ, көхтөөхтүк оҥордубут. Хаар киһибит наһаа үөрдэ, киниэхэ анаан биһиги “Саҥа дьыл” туһунан ырыа ыллыаххайын.
Ыйытыы: Ким бүгүн биһиэхэ ыалдьыттаата? Тоҕо кини хомойбут этэй? Хайдах көмөлөстүбүтүй? Туох дии саныыгыт оҕолоор, тоҕо түргэн баҕайытык хаар киһиэхэ доҕотторун оҥоро оҕустубутуй?
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конспект занятия "Беседа о балете" (на татарском языке)
Знакомство детей с различными жанрами музыки и их эстетическое воспитание...
Конспект занятия по театрализованной деятельности(на татарском языке)
Здесь представлены театрализованные занятия для детей средней группы на татарском языке по темам: "В стране кукол", "Навстречу Универсиаде", "Радуга", "Репка"....
конспект занятия по развитию лексика-грамматических средств языка
Животные жарких стран. Конспект занятия в подготовительной группе....
Конспект занятия по развитию лексика-грамматических средств языка
"Животные жарких стран". Подготовительная группа....
Конспект занятия по разновозрастному сотрудничеству детских коллективов «Мы помощники» Участники: дети средней и старшей групп ДОУ
Цель: Организация разновозрастного сотрудничества дошкольников на основе коммуникативного общения.Задачи:1. Развивать у младших дошкольников эмоциональную отзывчивость, интерес к совмес...
Конспект занятия по технологии сотрудничества во второй младшей группе
Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждениеЦентр развития ребенка детский сад №89 «Парус»...
Конспект занятия "Украшение "сумочки" и "пояса" якутскими национальными "узорами".
Художественно - эстетическое развитие по рисованию в нетрадиционной технике, печать по трафарету с использованием поролона....