Компьютер киһи доруобуйатыгар буортута
учебно-методический материал по теме

Компьютер киһидоруобуйатыгарбуортута

 

    Киһи-аймах сайдыытын хас биирдии кэрдиис кэмэ дьон ордук оҕо уонна саастарын ситэ илик ыччат доруобуйатыгар араастаан дьайар.Ол дойду экономиката, дьон аһылыга, олоҕо-дьаһаҕа уларыйыытыттан уонна сайдыы тэтимэ түргэниттэн тутулуктаах.

    Билигин Россия оҕолоро 79%араас ньиэрбэ уонна өй санаа өттүнэн кэһиллиилээх диэн этэллэр (“медицинская газета” 28№ 29.12.1996 с.) Итинник оҕолор үксүгэр курдук кыһалҕалаах, туохха эрэ баттата, онтон куттана дьиксинэ тыҥаан сылдьар, эттэрэ-сииннэрэ, кубаххай, сүрэхтэрэ эппэҥнэс буолаллар. Оҕолор ити бастакы суолу үксүгэр кыайан быһаарбаттар. Куотуу биир көрүҥүнэн бэйэҕэ тиийиини буолуон сөп. Маннык алдьархай кэлин элбээтэ. Үксүгэр куотуу суолунан киһи өйүн-санаатын уларытар араас төттөрү буортулаах үлүһүйүүлэр буолаллар. Ити курдук дьон арыгыга, наркотикка ылларар. Маннык буортулаах дьаллыкка кэлин саастарын ситэ илик ыччат оҕоҕо ордук кутталлаах.Аны араас сүүйсүүлээх, имэҥнээх оонньуулар, содур быһыынан үлүһүйүүуо.д.а. дэлэйэллэр. Музыканан кулгаахха кэтэ сылдьан кэмэ-кэрдиитэ суох истиинэн үлүһүйүү (работоголики)туох үчүгэйдээх буолуой?

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kompyuter_kihi_doruobuyatygar_buortuta.docx15.57 КБ

Предварительный просмотр:

Саха республикатын үөрэ5ириитин министерствота

Тааттаулууьунүөрэ5ириитин салаата

Баайа5атаа5ы «Ньургуьун» о5о саада

«БИГЭРГЭТЭБИН»:

ст. иитээччи

______________ /Неустроева А.А./

“____” _______________ 20___ с.

Компьютер киһи доруобуйатыгар буортута

Автор: Белолюбская Вера Васильевна –

Баайа5атаа5ы «Ньургуьун» о5о саадыниитээччитэ

Томтор с.

Компьютер киһидоруобуйатыгарбуортута

Киһи-аймах сайдыытын хас биирдии кэрдиис кэмэ дьон ордук оҕо уонна саастарын ситэ илик ыччат доруобуйатыгар араастаан дьайар.Ол дойду экономиката, дьон аһылыга, олоҕо-дьаһаҕа уларыйыытыттан уонна сайдыы тэтимэ түргэниттэн тутулуктаах.

Билигин Россия оҕолоро 79%араас ньиэрбэ уонна өй санаа өттүнэн кэһиллиилээх диэн этэллэр (“медицинская газета” 28№ 29.12.1996 с.) Итинник оҕолор үксүгэр курдук кыһалҕалаах, туохха эрэ баттата, онтон куттана дьиксинэ тыҥаан сылдьар, эттэрэ-сииннэрэ, кубаххай, сүрэхтэрэ эппэҥнэс буолаллар. Оҕолор ити бастакы суолу үксүгэр кыайан быһаарбаттар. Куотуу биир көрүҥүнэн бэйэҕэ тиийиини буолуон сөп. Маннык алдьархай кэлин элбээтэ. Үксүгэр куотуу суолунан киһи өйүн-санаатын уларытар араас төттөрү буортулаах үлүһүйүүлэр буолаллар. Ити курдук дьон арыгыга, наркотикка ылларар. Маннык буортулаах дьаллыкка кэлин саастарын ситэ илик ыччат оҕоҕо ордук кутталлаах.Аны араас сүүйсүүлээх, имэҥнээх оонньуулар, содур быһыынан үлүһүйүүуо.д.а. дэлэйэллэр. Музыканан кулгаахха кэтэ сылдьан кэмэ-кэрдиитэ суох истиинэн үлүһүйүү (работоголики)туох үчүгэйдээх буолуой?

Кэлин кэмҥэ олохпут аргыһа буолбут аныгы тэриллэрбит – телевизорынан, компьютерынан олус үлүһүйүү доруобуйаҕа буортулааҕа көһүннэ.Онтон сатааан кэминэн – кэрдиитинэн туһанар буоллахха, оҕо билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр суолталаах улахан күөх экрантан саҥаны-үчүгэйи билэргэ оҕо үөрэтэр уонна инники олоҕор элбэҕи туһаныан сөп.

Онтон бу үлүһүйүүбүт биир чахчытынан күөх экраҥҥа наһаа үлүһүйүү доруобуйаҕа кутталын учуонайдар бэл ядернай сэрии, арыгылааһын уонна наркомания алдьархайдарын кытта тэҥнииллэр. Итинник үлүһүйүү ордук кыра оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдыыларын сарбыйар, ыарыыны утарсар дьоҕурдарын (иммунитеттарын) мөлтөтөр.

Бастакытынан экраны уһуннук одуулааһын харахха буортулаах. Харах ырааҕы-чугаһы көрөргө түргэнник уларыйар дьоҕура мөлтүүр. Аны уһуннук бүк-тах түһэн олорон компьютеры кыҥастаһыы оҕо ситэ бөҕөргүү илик тоноҕоһугар охсуулаах. Ол тиһэҕэр кини нүксүгүр эбэтэр кынньаҕар (сколиоз, лордоз) буолуон сөп.

Оҕо өйүгэр-санаатыгар тулалыыр эйгэтэ (ордук видик дойдутун курдук тыйыс айылҕалаах, мөлтөх сайдыылаах) быдан ордук эйгэни (виртуальная реальность) үөскэтэр. Тулалыыр дьонун кытта да кэпсэппэт, бэйэтин сиэр-майгы, туттуу-хаптыы өттүнэн кыайан көрүммэт буолар.Салгыы аһыырын, сынньанарын, утуйарын да умнан аҥардас компьютерга, интернетка ”хатанар”.

О5ону иитиигэ режим суолтатын чинчийбит учуонайдар компьютер көрүүнү хонтуруоллуур наадатын тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Педагогтар уонна физиологтар оҕо телевизор көрүүтүн күннээҕи кээмэйэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕоҕо - 15 мүнүүтэгэн, алын кылаас оҕотугар – 25 мүнүүтэнэн, орто сүһүөх кылаас үөрэнээччитигэр – 46 мүнүүтэнэн быспыттар. Ити кыалларынан тутуһулла сатыахтаах. Онон кыра эрдэҕиттэн күөх экраны дуоспуруннаахтык, үлэни үөрэҕи уонна туһалаах дьарыгы кытта дьүөрэлээн көрөрүгэр такайыахха.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Как нам помогает компьютер в детском саду и дома» Правила пользование компьютером для детей.

Правила пользование компьютером для детей.Цель: Ознакомить детей с вредными последствиями компьютерных игр, донести представление о компьютере, о правило пользования компьютера о его п...

Консультация для родителей: «Дошкольник и компьютер» О пользе и вреде телевидения, видео, компьютера.

Современные дети очень много общаются с телевидением, видео и компьютером. Если предыдущее поколение было поколением книг, то современное получает информацию через видео ряд....

Можно ли с помощью компьютера воспитать гения? Дети и компьютер: вред и польза умной машины.

Можно ли с помощью компьютера воспитать гения? Дети и компьютер: вред и польза умной машины....

Презентация на тему "Сакалаат киьиэхэ туьата уонна буортута"

Научно практическая конференция. Яковлева Даша средняя группа "Куерэгэй". Тема работы: "Скакалаат буортута уонна туьата"...

«Ребёнок и интернет. Плюсы и минусы» «Компьютер: за и против » "Компьютер в жизни ребёнка"

Консультации для родителей. Материал из просторов интернета....

Консультация для родителей Дети и компьютер. Вся правда о компьютере

Консультация для родителейДети и компьютер. Вся правда о компьютере...