«ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ-КЭРЭТЭ»
статья (старшая группа)
“Соторутааҕыта Турцияҕа тыл үөрэхтээхтэрин мунньаҕар бэлиэтээбиттэринэн, Саха тыла тылын баайынан аан дойдуга бастакы миэстэҕэ сылдьар эбит. Бары тюрк омуктар тылларын Аал Луук мастара Турцияҕа турбут. Манна мас саамай төрдүгэр тюрк омук тыла саха тылыттан силистэммит диэн “Якутский язык” диэн суруллубут. Салгыы Азия норуоттарын ааттара үөһэ тахсан иһэллэр эбит. Онон, Саха тылынан киэҥ туттуҥ!” – диэн ыҥырыыны уонна солуну истэн сүрдээҕин үөрэ-сэргии иһиттим. Бу солунтан үөрэбит эрээри билигин, аныгы үйэ сахата тылга сыһыана, тыла-өһө төһө баайа киһини толкуйдатар.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
statya_mdv_toroobut_tyl_kerete.doc | 50 КБ |
Предварительный просмотр:
«ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ-КЭРЭТЭ»
Монастырева Дария Васильевна
Иитээччи
Таатта улууһа, Тыараһа “Сардаана” о5о саада
“Соторутааҕыта Турцияҕа тыл үөрэхтээхтэрин мунньаҕар бэлиэтээбиттэринэн, Саха тыла тылын баайынан аан дойдуга бастакы миэстэҕэ сылдьар эбит. Бары тюрк омуктар тылларын Аал Луук мастара Турцияҕа турбут. Манна мас саамай төрдүгэр тюрк омук тыла саха тылыттан силистэммит диэн “Якутский язык” диэн суруллубут. Салгыы Азия норуоттарын ааттара үөһэ тахсан иһэллэр эбит. Онон, Саха тылынан киэҥ туттуҥ!” – диэн ыҥырыыны уонна солуну истэн сүрдээҕин үөрэ-сэргии иһиттим. Бу солунтан үөрэбит эрээри билигин, аныгы үйэ сахата тылга сыһыана, тыла-өһө төһө баайа киһини толкуйдатар. Ол, кэнники сылларга төрөөбүт тылбыт толору кыаҕа туһаныллыбат эбэтэр “нууччатытан” саҥарыллар буолла. Оҕо саадыгар кырачааннарбыт бэйэлэрин икки ардыгар нууччалыы саҥарар, кэпсэтэр буолбуттара солун да буолбут буолла. Аҕыйах сыллааҕыта оҕо барыта сахалыы саҥарара. Билигин оҕо саадыгар нууччалыы саҥарар уонна нууччалыы тылы кыбытан саҥарар оҕо ахсаана баһыйар элбэх. Улахан да дьон төрөөбүт төрүт тылы суолталаабат, күннээҕи олоххо алтыһыыга эрэ туттуллар тылларынан муҥурданан тылбыт саппааһа биллэ дьадайда. Бу барыта оҕолорбутугар дьайан, төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэһинэ иҥмэккэ улаатар кэмнэрэ буолла.
Онтон, статистика көрдөрөрүнэн, хас төрдүс саха оҕото ийэ тылын билбэт эбит. Хаһыакка, сурунаалга “Куорат сахалара нууччалыы толкуйдуу үөрэнэн хаалбыттар. Үлэ кэмигэр үксүн нууччалыы саҥараллар. Сахалыы хайдах эрэ тылбаас курдук олуттаҕастык саҥараллар. Ол төрүөтүнэн сахалыы толкуйдуу сатаабаттара буолар. Дьиэтээҕи да олохторугар булкуйа-тэккийэ саҥара үөрэммиттэр. Уран тыл туһунан этэ да барыллыбат. Куорат да улуус киинин оҕолоро сахалыы саҥараллара омук тылын курдук уустук буолла. ...Тыла суох омук тыыннаах да сылдьан уһаабатыгар тиийэр. Ол иһин тылга уһуйуу өлбөт мэҥэ уутунуу солбуллубат суолталаах – диэн суруйаллар.
Бу кыһалҕа төрөппүттэн тутулуктааҕа саарбахтаммат. Тоҕо диэтэххэ, оҕо ийэ иһигэр сылдьыаҕыттан төрөөбүт төрүт тылыгар кута-сүрэ бэлэм сылдьар, онон оҕо тылланыытыгар саамай улахан оруолу төрөппүт ылар. Анал үөрэхтээхтэр суруйалларынан, оҕо балтараатыттан үһүгэр диэри дорҕооннору сатаан этэр уонна киһи саҥатын болҕойон истэр дьоҕура саамай күүскэ сайдар кэмэ диэн бэлиэтииллэр. Бу кэмҥэ төрөппүт мэлдьи чуолкайдык саҥарарын истэр буоллаҕына оҕоҕо тыл дорҕооннорун сөптөөх уобраһа үөскүүр. Ол, оҕо бэйэтэ кыайан эппэтэҕин да иһин, улахан киһи саҥатын хонтуруоллууругар уонна инникитин чуолкайдык саҥара үөрэнэригэр төрүт буолар. Онон, оҕо истэн ылынарыгар тирэнэн төрөппүт (ийэ, аҕа) оҕо төрүөҕүттэн уу сахалыы, уустаан-ураннаан саҥаран оҕотун кытта алтыһара наада. Төрөппүккэ көмө буолар “Олоҥхо тыла ... Саха омук бастыҥ баайа. Кэрэ киэргэлэ. Өйүн-сүрэҕин үгүс үйэлээх албан айымньыта. Тахсар дабаана, хоройор чыпчаала. Олоҥхо тылын уйан оҕо төһө эрдэттэн истэр, үөрэнэр да, соччонон үтүмэн үрдүүр. Оҕо уран тылга эрдэ сыстан, умсугуйан дьарыктаннаҕына дэгиттэр билиилэнэр, сатабыллаах саҥаланар. Саха тыла баай Тыл – киһи тыынын кэнниттэн тилэх баттаһар албан айылҕа дьиктитэ быһыылаах...”.
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону тылга уһуйуу иитэр үлэҕэ урут турар. Кыра оҕо биир сааһыгар “ийээ”, “аҕаа” диир. Үс сааһыгар дьиэ кэргэттэрин кытта иҥнибэккэ кэпсэтэр. Сэттэ сааһыгар улахан киһини кытта толору өйдөһөн сэһэргэһэр. Уонча сааһыттан уран тылга уһуйуллубутунан барар. Улуу олоҥхоһуттар, улахан ойууттар ити кэмҥэ умсугуйан барбыттарын ахталлар эбит. Олоҥхо тыллара оҕо тылын саппааһа байарыгар, чуолкайдык истэр, саҥарар, ырытар дьоҕура сайдарыгар, ситимнээхтик кэпсиир кыаҕар сабыдыаллаахтар. Биһиги оҕо саада “СЭДИП технология: олоҥхо оонньуутунан оҕону иитии, сайыннарыы” тиэмэнэн үлэлиибит. Иитээччилэр бары тус бырайыактаахтар. Биһиги бырайыакпыт 2 – 3 саастаах оҕону кытта төрөөбүт төрүт тылы күннээҕи тылларыгар, алтыһыыга тутталларын көҕүлүүр үлэҕэ ананар. Бырайыакпыт сүрүн уратыта, ийэ тыл уус-уран күүһүн, тыл илбиһин, хомуһунун оҕоҕо кыра сааһыттар иҥэрии. Ыытыллар улэ детсад саамай кыра бөлөҕө, 2 – 3 саастаах оҕолорун сааһын учуоттаан, үлэ ис хоһоонун табатык талыллар. Бастакынан, оҕо ньирэй сааһыттан сахалыы ыраас саҥаны ыраас истэр усулуобуйата тэриллиэхтээх. Ол аата, оҕо дьиэ кэргэҥҥэ төрөөтүн кытта сахалыы ыраас саҥаны төрөппүт саҥарыахтаах, күннээҕи олоҕор оҕотугар тылын сайыннарыыга холобур буолуохтаах. Бу салаа үлэтэ бириэмэтэ ааһан хаалбытынан ыытар үлэбитигэр ыарахаттары үөскэттэ. Сыалбытын ситэр инниттэн бөлөхпүт оҕолорун ырытан көрбүппүт, үлэбит саҕаланыытыгар 17 оҕоттон биир эрэ оҕо төрөппүттэрин “Ийээ”, “Аҕаа” диирэ биллибитэ. Төрөппүтү кытта кэпсэтииттэн, өбүгэ үтүө үгэһэ аҕа ууһун өттүттэн салҕанан кэлбит эбит. Онон, ыал аҕата иитиллибит үтүө үгэһин, бэйэтин дьиэ кэргэнигэр салҕаабыт. Бу элбэх оҕолоох ыал оҕолоро бары төрөппүттэрин “Ийээ”, “Аҕаа” диэн ыҥыраллар.
Төрөөбүт төрүт тылбыт хас биирдии саха ыалыгар күннээҕи олоххо туттуллара буоллар, оҕо этигэр-сиинигэр, өйүгэр-санаатыгар иҥэринэ улаатыа эбит.
Бырайыак сүнньүнэн, ыытыллыбыт үлэни ырытан көрүөҕүҥ. Кырачаан оҕолорбутун кытта кэпсэтии түмүгэр оҕолор “Ийэ”, “Аҕа” диэн Милана маамата диэн быһаарбыттара. Онтон, оҕолорго “Эһиги эмиэ ийэлээххит, аҕалааххыт” диэн этиини соччо өйдөөбөтөхтөрө. Милана “Мин аҕам, мин ийэм” диэн сөбүлээбэтин биллэрбитэ. Оҕолорго төрөөбүт төрүт тыл суолтатын быһааран биэрдибит. Аҥардас бэсиэдэ кыра оҕолорго татымын билэрбитинэн, салгыы иитээччилэр “Ийэ”, “Аҕа” диэн тыллары, кэлин оҕо таба туһанарын курдук, күннээҕи олоххо тоҕоостоох кэмҥэ түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн туттан барбыппыт. Бу ньыма оҕо истэн ылынарыгар, өйдүүрүгэр олоҕурар. Уус-уран олоҥхо тыла иитээччи тылыгар баар буолуохтаах. Холобур, “Дайаана, ийэҥ кэллэ”, “Айаал, аҕаҥ кэллэ”. Оҕолор бастаан инньэ диэтэхпитинэ өйдөөбөттөр этэ. Эбэтэр оҕолор “Милана ийэтэ ээ” эрэ диэн өйдөбүллээхтэрэ. Маннык үлэбитин ситимин быспакка ыытыллыбыта. Икки ый кэнниттэн кэтээн көрүүбүтүнэн, оҕолор ити этиини тутаны өйдүүллэрин ааһан “Айаал, аҕан кэлбит үһү” диэн туттар буоллулар. “Ийэ”, “Аҕа” диэн тыл суолтатын, кимнээҕи итинник ааттыахтаахтарын билэллэр. Ол эрэн, биир да оҕо төрөппүтүн “Ийээ”, “Аҕаа” диэн ыҥырбаттар. Арай биир оҕо “Ким эрэ ийэтэ кэллээ” – диэн биллэриигэ, “Мин ийэм кэллэ” диэбитэ. Маны таһынан күннэтэ туттуллар тыллары: “Үтүө күнүнэн”, “Көрсүөххэ диэри”, “Аламай күн”, “Боотур”, “Куо”.
Сыала: 2-3 саастаах оҕо төрөөбүт төрүт тылын күннээҕи олоҕор, алтыһыыга тутталларын көҕүлээһин.
Соруктара:
- Оҕо сааһын учуоттаан, үлэ ис хоһоонун табатык талыы;
- Үлэ былаанын оҥоруу;
- Сөптөөх усулуобуйаны тэрийии;
- Бөлөх оҕотун ырытан көрүү;
- Төрөппүтү үөрэхтээһин, ыытыллар үлэҕэ кытыннарыы.
Чинчийии объега: Саха оҕото күннээҕи олоҕор төрөөбүт төрүт тылынан саҥарарыгар иитэр-үөрэтэр эйгэ.
Чинчийии предметэ: Оҕо төрөөбүт төрүт тылыгар иитии-үөрэтии.
Бырайыак идеята: Оҕо төрөөбүт төрүт тылын күннээҕи олоҕор, алтыһыыга туттуута.
Туһуланар группа: Тыараһа нэһилиэгин «Сардаана» оҕо саадын 2-3 саастаах кыра бөлөҕүн иитиллээччилэрэ.
Мээрэйдээһин кэтээн көрүү нөҥүө сылга иккитэ ыытыллар.
Киритерийдэрим:
Үрдүк – бу оҕо саҥа тылы куруук туттар (3 балл);
Орто – сороҕор эрэ улахан киһини үтүктэн саҥарар (2 балл);
Намыһах – олох туттубат (1).
Инники көрүүлэрим:
- Оҕо уус-уран саҥаҕа уһуйуллан төрөөбүт төрүт тылын таптыыр, этэр тыл эгэлгэтиттэн дуоһуйууну ылар буола улаатар.
- Олоҥхо тыла иҥэриллэн тылын саппааһа баай, уустаан-ураннаан саҥарар.
Онон, үлэни ситимин быспакка күннэтэ туттуллар буоллаҕына түмүктээҕэ биллэн эрэр.
Бырайыакпыт түмүгүттэн таһааран салгыы иккис түһүмэххэ киирдибит. Маннык төрөөбүт төрүт тыллары күннээҕи олоххо киллэрэн саҕалаатыбыт:
- Суһуох,
- Дьүөгэ,
- Сандалы,
- Иэхэйбиин,
- Чэчиктэр,
- Сэбэрэ.
Олоҥхо тылларын иитээччи күннээҕи олоххо туттарын таһынан бу тыллары кэпсээҥҥэ, остуоруйаҕа, хоһооҥҥо ааҕан иһитиннэрэр, оҕо болҕомтотун ол тылга уурар, быһаарар.
Түмүктээн эттэххэ, олоҥхо тылын иҥэрии оҕо төрөөбүт тылын таптыырыгар, тыла сайдарыгар уонна уустаан-ураннаан саҥара үөрэнэригэр туһалаах. Оҕо уус-уран саҥаҕа уһуйуллар, тылын саппааһа байар, төрөөбүт тылын таптыыр буола улаатар, этэр тыл эгэлгэтиттэн дуоһуйууну ыларга үөрэнэллэр. Бу барыта улахан үлэттэн ситиһиллэр.
ЛИТЕРАТУРА
- Васильев П. К., Охлопков М. К. Сахалыы оонньуулар: Детсад иитээччилэригэр уонна учууталларга аналлаах пособие. Дьокуускай: Якутполиграфиздат, 1992.- 80с.
- Олонхо дойдута – Земля олонхо: [хомуйан оҥордо Е. П. Чехордуна; тылбаастаата М. К. Попова; Н. Е. Ябловская ойуулара]. – Дьокуускай: Бичик, 2006с. Тиражка эбии көннөрөн таһаарыы. – 64с.
- Олоҥхо тыла-өһө: Кыра саастаах оскуола оҕолоругар. /Хомуйан оҥордо Е. П. Чехордуна. И. И. Попов, В. Ф. Ноева ойуулара. – Дьокуускай: Бичик, 1999. - 96с.
- Олоҥхо в игровой деятельности детей / [сост.: Ю. В. Андросова, Н. П. Александрова].-Якутск: Бичик, 2013.- 64с. – (Педагогика олонхо).
- Олоҥхо дойдутун оонньуурдара: төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ аналлаах хомуурунньук/[хомуйан оҥордулар: М. П. Аммосова, Е. К. Охотина, И. М. Тихонова]. – Ытык Күөл: «Таатта» хаһыат редакцията, 2017. – 40с.
- Слепцова Э. В. Олоҥхо эйгэтэ: Орто дойду. Үөһээ дойду. Аллараа дойду: Уһуйаан иитээччитигэр көмө.-Дьокуускай: Саха гос-тын изд-та, 2009.- 16с.