Уол-о5о инники кэскилбит
материал (средняя группа) на тему

Жукова Павлина Михайловна

Уол о5о - инники кэскилбит

 

О5о аймах норуот кэскилэ. О5ону хайдах иитэртэн омук инники кэскилэ тутулуктаах. Хас биирдии омук о5о иитиитигэр туспа суоллаах – иистээх буолар. Норуот муудараһа, үйэлэргэ муспут баай үгэһэ, айар дьо5ура, талаана үгэс нөңүө көлүөнэттэн көлүөнэ5э бэриллэн иһэр. Кэрэ көстүүлээх, дириң  ис хоһоонноох араас сиэр – туом, күннээ5и оло5у, үлэни кытта ыкса сибээстээх, хас биирдии киһи оло5ун кэрдиис кэмин эрэ буолбакка, бүтүн норуот оло5ун, культуратын барытын наардыыр, ситимниир, салайар аналлаах.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл uol_o5o_-_inniki_keskilbit.docx37.9 КБ

Предварительный просмотр:

Уол о5о - инники кэскилбит

О5о аймах норуот кэскилэ. О5ону хайдах иитэртэн омук инники кэскилэ тутулуктаах. Хас биирдии омук о5о иитиитигэр туспа суоллаах – иистээх буолар. Норуот муудараһа, үйэлэргэ муспут баай үгэһэ, айар дьо5ура, талаана үгэс нөңүө көлүөнэттэн көлүөнэ5э бэриллэн иһэр. Кэрэ көстүүлээх, дириң  ис хоһоонноох араас сиэр – туом, күннээ5и оло5у, үлэни кытта ыкса сибээстээх, хас биирдии киһи оло5ун кэрдиис кэмин эрэ буолбакка, бүтүн норуот оло5ун, культуратын барытын наардыыр, ситимниир, салайар аналлаах.

        Сахалар ѳйдѳругэр – санааларыгар, итэ5эллэригэр угэстэригэр уол о5о5о сурун суолта биэрэллэрэ. Уол о5о Орто дойдуга олох олороору, удьуорун уьатаары кэлэр, кини анала утуму сал5ааьын, ситими ситэрии, кѳмускээьин, харыстааьын, араначчылааьын.

        Сана уйэ са5аланыытыгар утуѳ сыьыан общество5а бэрт сэдэх кѳстуу буолбутун тумугэр уол о5о итиллиитигэр олус уустук проблемалар тиийэн кэллилэр. Онон, хайдах гынан киьилии сыьыан эйгэтин общество оло5ор баар гынарбыт барыбыт кыьал5абыт буолла.

О5ону киһилии сиэргэ-майгыга иитэр олус ыарахан уонна эппиэтинэстээх. О5о биэс сааһыгар эрэ диэри киһи быһыытынан чочуллан тахсар, сүнньэ ууруллар: айыл5а5а, дьоңңо сыһыанын барыла, хайысхата үөскүүр. Бу кэми тутуһан иитээччилэр төрөппүттэри үөрэтэр - иитэр үлэ5э сыһыаран, түмэн, төрөппүт дьо5урун, кыа5ын туһаналлара улахан суолталаах. О5о саадыгар өбүгэлэр үгэстэрин, сиэри-туому билиһиннэрии о5о күннээ5и оло5ор, дьарыкка, дьарыгы таһынан үлэ5э ситимин быспакка ыытыллыахтаах диэн маннык сыалы, соруктары туруоруннубут.

Сыала:  θбугэлэрбит угэстэрин туьанан  уол о5ону кыра сааьыттан ѳй-санаа, эт-хаан ѳттунэн сайыннарыы, уѳрэтии.

Соруктара:

  • Уол о5о айыл5аттан аналын таба кѳрѳн, тус уратытын аахсан, онтуката сѳптѳѳх хайысханан сайдарыгар кѳмѳлѳьуу;
  • Тѳруттэрин – уустарын билиьиннэрии, ытыктатыы, удьуору салгыыр иэстээ5ин ѳйдѳтуу;
  • О5о тѳрѳѳбут тылын учугэйдик билэрин ситиьии;
  • Айыл5аны, уонна айыл5а о5отун -  киhини харыстааhынна араас улэ кѳрунун  ыытыы;
  • Доруобай туруктаах буоларга спорт суолтатын ѳйдѳтуу, чѳл оло5у тутуьарга иитии.

Биьиги детсадпытыгар уол о5ону иитиигэ, сана уйэ5э саналыы дьаьанан, о5о сылдьар, сайдар эйгэтигэр элбэх ѳруттээх улэ барар.  Уолаттарга  анаан  араас оруоллаах  оонньуулар тэрилиннилэр. Ол курдук, «Бааьынай хаьаайыстыба», «Аты иитэр завод», «ГБДД», «Автосервис», «Автозаправка», «Автогонка», «Кинолог», «Оскуола». Маны таьынан ус авторскай программа оноьуллубута.

Бастакынан, Наумова Пелагея Ивановна «θбугэлэрбит угэстэрин, сиэрин-туомун тутуьан о5ону иитии» программата буолар. Программа ѳбүгэлэрбит олохторун - дьаһахтарын кытта билсиһииттэн са5аланар.  О5о дьиэ кэргэнин оло5ун күн аайы көрө-билэ сылдьар, онон кини өйдүүрүгэр чэпчэки уонна чугас буолар. О5ону кытта үлэ араас ньыманан ыытыллар: бэсиэдэлэр, дьарыктар, оонньуулар, конкурстар о.д.а. Холобур, «Өбүгэлэрбит иһиттэрэ», «Былыргы таңастар», «Мин төрдүм - ууһум» о д а. Ийэлэр күннэригэр анаан «Мин ийэм төрөөбүт күнэ» диэн оруоллаах оонньууну, быыстапканы тэрийиэххэ сѳп. Бу барыта ийэ5э ытыктабылы иитэр, ийэни иитэр-үөрэтэр үлэ5э кө5үлүүр. Оттон «Ыалдьыттары көрсөбүт» диэн дьарык өбүгэлэрбит сиэри-туому тутуһан, о5олорун эйэ5эс, ыалдьытымсах буоларга иитэллэрин көрдөрөр.

Биhиги о5о сааппытыгар «Мин а5абыныын бултуу барабын», «Айыл5а киһини аһатар, таңыннарар», «Айыл5аны харыстаа» диэн дьарыктары, таабырыннары, өс хоһооннорун үөрэтии, кэпсээһин тиһигин быспакка ыытыллар. Айыл5а5а сылдьан өйү сайыннарар дидактическай, хамсаныылаах сахалыы оонньуулары тэрийэбит.

Иккис программа  “Олонхонон о5ону уран тылга уьуйуу”. Бу программанан о5ону кыра сааьыттан ситимнээхтик урэтэ-такайа сылдьар иитээччи  Атласова Лариса Петровна.

 Төрөөбүт тыл киһи үөрэ5и, билиини кэбэ5эстик ылынарыгар, өйө-санаата туругурарыгар, майгыта-сигилитэ ситэригэр, иһирэх иэйиитэ уһуктарыгар, өлбөт үйэлээ5и айарыгар, дьо5ура тобулларыгар айыл5аттан бэриллибит эйгэ буоларын таба ойдѳѳн, утумнаах улэ барар. Сахабыт тылын бар5а баайын, кэрэтин оо5ой-со5ой көрбүт кырачааннарбытыгар оонньуу көмөтүнэн үөрэтэн тиэрдэр.

Детсад о5олоругар олонхо хомо5ой, уус – уран тылынан о5о тылын саппааһын байытарга сөптөөх үлэ барар. Манна ыйдарынан аттаран, олонхо дойдутун сирин-уотун, дьонун-сэргэтин, бухатыыр сэбин-сэбиргэлин, ат, сылгы, сүөһү өйдөбүлүн, тэрилин, саха танаһын-сабын, иһитин-хомуоһун билиһиннэрэр, быһааран биэрэр. Улахан бол5омто о5о билбэт тылыгар эбэтэр умнуллубут, туттуллубат буолбут тылы быһаарыыга ууруллар. Дьарык оонньуу быһыытынан барара ордук көдьүүстээх диэн санаа5а кэллибит. Ол быһыытынан араас остуол эбэтэр тыл оонньуута о5о интэриэһин көтө5өр. Ону сэргэ ойуулаан-уруһуйдаан билбиттэрин-истибиттэрин чинэтэр ордук.

Олонхо ис хоһоонугар сөп тубэһиннэрэн, «Боотурдар», «Дьөһөгөй» диэн уол о5о5о сөптөөх үнкүүлэри туруоран, араас конкурска биллэр ситиһиилэрдээхпит.

Бөлөхтөрүнэн ыытыллар  “Үрүн Уолан” арылдьытыы-конкурстар үгэскэ кубулуйдулар. О5олор төрөөбүт тылларынан уустаан-ураннаан санара, кэпсии үөрэнэллэр, тупса5ай тигиилээх сахалыы танаһы таннан дуоһуйуу ылаллар, уолаттар сахалыы атах оонньуутун  оонньоон үөрэллэр-көтөллөр. Манна төһөнөн араас тыас-уус, музыка, кыыл-көтөр саната, уот-күөс туттуллар да, о5о дьарыктанар ба5ата соччонон күүһүрэр, олонхо иһигэр киирбит курдук сананар.

Сыл устата ыытыллыбыт сыралаах үлэ түмүгэ риторика конкурсугар арылхайдык көстөр. Манна толоруу ис хоһооно, туттара-хаптара, кэпсиир дьо5ура, дьон бол5омтотун тардара, ыйытыыга толору эппиэти биэрэрэ барыта сыаналанар.  Хоһоон эбэтэр кэпсээн киэбинэн суруллубут тиэкистэри өйтөн аа5ан, кэпсээн биэрэр олус ыарахан буолааччы. Ол гынан баран маны төрөөбүт тылын сүмэтин, баай айыл5атын өйдүүр, билэр о5о түргэнник ылынар, чэпчэкитик үөрэтэр. Биһиги о5олорбут улууска мэлдьи инники күөннэ сылдьаллар, кыайыы өрөгөйүн билэн астынан-дуоһуйан кэлэллэр. Кэлин оскуола5а бардахтарына, араас аа5ыыларга, конкурстарга кыттан ситиһиилэрэ элбиир.

Усуьунэн, “θктѳм кэскилэ” диэн оскуола5а киириэн саастаах о5ону патриотическай  иитиигэ Атласова Лариса Петровна анал программата.

Саха киьитигэр торѳѳбут дойдутугар  таптал. тѳрѳѳбут –ускээбит алааьыгар, дьонугар – сэргэтигэр тапталтан са5аланар.

О5о саас – киьи  буолуутун кэрэьэлиир кэмэ. Ол курдук бу кэмнэ кини торѳѳбут тѳрут тылыгар, айыл5а5а, дьонно, культура эйгэтигэр, торѳѳбут сиригэр-уотугар сыьыанын барыла, хайысхата уѳскуур.

 Онон программа актуальноьа о5о кыра эрдэ5иттэн тѳрѳѳобут ийэ тыл сумэтин инэринэн, омук быьыытынан уратытын ѳйдѳѳн, норуотун куннээ5и оло5ун –дьаьа5ын, улэтин – хамнаьын кытта быьаччы ситимнээх улаатарын учуоттаан, норуоппут муудараьа, мунньуллубут баай угэьэ, культурата о5ону иитэр, уѳрэтэр, сайыннарар улэ5э сурун тѳрут буоларын умнубакка утумнаах, дьаныардаах, сыралаах улэни ыытыы былааннаныахтаа5ыттан тахсар.

Сыала: Норуот мунньуллубут баай угэьин, культуратын номнуо о5о5о патриотическай ѳйу-санааны инэрии сурун соруктарын ойдѳѳн, тѳрѳѳбут дойдуга тапталы иитии.

Соруктара:

  • О5о5о саха омук уратытын ѳйдѳтуу, бэйэтин омугун таптыы, убаастыы, сахабын диэн киэн тутта уорэтии;
  • Нэьилиэк историятын, тэрилтэ арааьын, кэрэ кѳстуулээх сирдэрин, уулуссаларын билиьиннэрии;
  • Киьи улэтин тумугун кѳрѳр билэр, ѳйдуур буоларга иитии, нэьилиэк улэьит, киэн туттар дьонун убаастыы уѳрэтии;
  • Улуус, куорат туьунан ѳйдѳбуллэрин кэнэтии;
  • Тулалыыр айыл5а туьунан билиилэрин дьиринэтии, тѳрѳѳбут дойдуну таптыы, сѳ5ѳ-махтайа, киэн тутта уѳрэтии;
  • Тулалыыр эйгэни харыстыырга иитии, ыраас, тупса5ай буоларыгар кыьана уѳрэтии;
  • О5о бэйэтэ толкуйдаан тумук онорор сатабылын сайыннарыы.

Маны таьынан  «Киhи - киhитэ буоларга уѳруйэхтэр»  диэн Жукова Павлина Михайловна онорбут программата апробациялана сылдьар.

 Саха киһитэ айыл5а о5отобун диэн бигэ санаанан салайтарар. Айыл5а уонна киһи икки ардыгар быстыспат ситим баарын, дьон оло5о айыл5а туругуттан тутулуктаа5ын биһиги өбүгэлэрбит бэркэ билэллэрэ. Ол иһин айыл5аны ытыктыыр, айыл5а5а сүгүрүйэр, айыл5аны тыыннаах курдук көрөр, кини иччилэригэр үңэр-сүктэр этилэр. Кыра о5о5о айыл5аны тыыннаа5ымсытан көрдөрдөххүнэ, кэпсээтэххинэ ордук өйдүүр. Туох барыта куттаах-сүрдээх, иччилээх диэн үөрэтэр. Айыл5а5а тутта-хапта сылдьыы культуратын иитииттэн, сиэр-майгы ситиитэ-хотуута сибээстээх. «Киһи айыл5а о5ото» диэн өйдөбүлү олохтуурга, о5о аһыныгас, тулуурдаах, дьулуурдаах, чиэһинэй, «аньыы» диэн тылы өйдүүр, үтүө сиэргэ-майгыта иитиллэн тахсыахтаах.

Саха о5отун киhи-киhитэ буолууга иитии норуот философиятыгар, культуратыгар,педагогикатыгар тирэ5ириэхтээх диэн санааннан салайтаран ѳс хоhооно, таабырына, тыл номо5ор кистэнэ сытар ѳбугэрэрбит уѳрэтэр-такайар,сэрэтэр уѳруйэхтэрин булан, ырытан улэ5э туhанарга сыал-сорук турда.

Сыала:

- Киhилии сыhыаны олохтоон, киэн, холку дууhалаах,амарах сурэхтээх,утуѳ майгылаах улэhит киhи буола иитии.

Соруктара:

- Доруобай, чѳл турук туhунан бастатан туран киhи бэйэтэ турунуохтаа5ын ѳйдѳтуу.

- Дьонно, о5олорго, бэйэ5э ирдэбиллээх буолуу ѳйдѳбуллэрин инэрии.

- Дьон ыарахан кэмигэр олохторугар сѳптѳѳх кѳмѳну онорорго турунуу.

- Айыл5аны,таптааhынна уонна айыл5а о5отун киhини харыстааhынна улэлэри ыытыы.

-Уулусса5а, общественнай миэстэлэргэ, дьиэ5э-уокка бэйэни сатаан тутта сылдьыы уѳруйэхтэрин уѳскэтии.

Бигиги детсааппытыгар уолаттарбыт анаан сѳбулээн дьарыктанар куруьуоктара “Эрэл”- вокальнай ансамбль, дуобат уонна “ырыа уонна хаамыы”- кѳруутэ буолаллар. Бу куруьуоктарбытыгар биьиэхэ музыкальнай руководительбыт, эьэлэрбит куус кѳмѳ буолан ыытыьаллар уонна о5олорбут араас таьымнаах конкурстарга кыттан  ылбыт ситиьиилэриттэн уѳрэллэр.

О5о инники дьыл5атыгар дьиэ кэргэн суолтатын, оруолун урдэтии сурун соругунан буолар. Чѳл туруктаах ыал – о5о ситэн-хотон, буьан-хатан тахсар бигэ эйгэтэ, дэгиттэрдик сайдар кыьата, олоххо оскуолата.

Уол о5о иитиитигэр а5а киьи оруола сурдээх улахан, тугунан да, киминэн да солбуллубат куустээх. Онон эр киьи “о5о иитиитигэр – анардас ийэ кыьал5ата диэбэккэ, биир тэннэ иитиьэрэ кѳрѳрѳ, субэ-ама, куус- кѳмѳ буолара олус улахан суолталаах, ол иьин биьиги а5аларбытыгар анаан “Уол о5о иитиитигэр – а5а оруола”, “А5а аата арчылана турдун” –диэн урдук хабааннаах семинардары ыыппыппыт, онно а5аларбыт кѳхтѳѳхтук кыттыбыттара.

        Дьиэ кэргэн о5ону иитиитигэр, сайдыытыгар улахан суолталаа5ын билиэтээн туран, элбэх угэстэрдээх, чѳл олохтоох ыаллары кытта тѳгурук остуол тэрийбиппит.

        Билигин олох уларыйан, о5ону иитии, уѳрэтии ыараан, уустугуран иьэр. Ол иьин о5о бар5атын кѳрѳн, о5олор иитиллэр усулуобуйаларын билсиьэн, тупсаран, олох сайдыытыгар сыьыаран, инникилэрин ѳтѳ кѳрѳн, кѳмѳлѳьѳн, уол о5олорбут ийэ дойдуларыгар бэриниилээх, тѳрѳѳбут тылларын-ѳстѳрун билэр, норуот утуѳ  угэстэрин, культуратын, сиэрин-туомун тутуьар уонна ѳрѳ тутар дьон буолан тахсалларыгар кууспутун харыстаабакка улэлиэхтээхпит уонна сатабылбытын, билиибитин-кѳруубутун ууруохтаахпыт, олохпут сайдарын туьугар кууспутун тумуѳхтээхпит.