Туобуйа оскуолата
«Кыьыл комус куорсуну анньыммыт Туобуйам оскуолата барахсан»
Маннайгы учууталым Татьяна Спиридоновна суолун батыьан 1979 сыллаахха Булуутээ5и педучилишены бутэрбитим, 1986 сыллаахха дьокуускайдаа5ы государственнай универститетын нуучча тылын уонна литературатын факультетын бутэрбитим. Туобуйаттан куорсун анньынан тахсаммын быйыл о5ону уорэтиигэ-такайыыга 31 сылбын ситиьиилээхтик улэлии сылдьабын дии саныыбын. Туобуйа5а биьиги мин о5о сааьым ааспыта. Маннайгы кылааска 1967 сыллаахха киирбитим. Учууталым Татьяна Спиридоновна Сидорова олус эдэр, урдук коно унуохтаах кыыс о5о этэ. Кини Булуутээ5и педучилищены бутэрэн кэлбитэ. Учууталым Татьяна Спиридоновна биьиэхэ олус кыьанар этэ. Хас уруок аайы араас дьэрэкээн нагляднай пособиелары онорон а5алара. Уруоктара олус интэриэинэй этилэр. Татьяна Спиридоновна бары уруоктарын байаанна до5уьуоллатан ыытара, наар ырыанан, хоьоонунан уорэтэн 1 кылаастан кинигэни хас кун аайы умсугуйан аа5ар буолбутум. 1 кылааска саамай ойдоон хаалбын тугэним букубаар бырааьынньыга этэ. Кылааьым иьэ сыттыын учугэй буолара.
Бары уорэнэрбитин туохтаа5ар да ордорорбут. Оскуола биьиэхэ саамай интэриэьинэй, ба5алаах сирбит этэ. А5ам ууну-хаары кэмигэр таспатаххынан оскуола5а ыыппатынан куттуур буолара. Биирдэ эрэ оннук 4 кылааска сылдьан накаастанан турабын. Сарсыарда оскуола5а ааьан иьэр о5олор «Паа, Уойка хаарын таспатах ол иьин хаар таьа сылдьар, оскуола5а хойутуур буолбут»,-дии-дии ааьаллара олус кыбыстыылаах этэ. Дьэ онтон хаарбын тургэнник таьан баран оскуола5а туох баар кууспунэн суурбутум. Санаабар уруок бутэн хаалыа диэн олус куттанарым .Кылааска а5ылаан- мэнилээн, тиритэн а5ай ккирбитим. .Учууталым Малгина Татьяна Семёновна саната суох кылааска аьарбыта. Суурэн тириппит сирэйбин соппута уонна арбайан хаалбыт баттахпын тараан, орон биэрбитэ. Бииргэ уорэнэр о5олорбун Костяны, Линаны, Зояны, Луканы кытта олус иллээхтик сылдьарбыт. Дьуогэм Петрова Лина буолааччы. 60 сылларга учууталлар нэьилиэнньэ5э уонна о5олорго олус аптарытыаттаах этилэр. Учуутал иннин, кэннин быьа ааьыллыбат этэ. 5 кылааска саха тылыгар уонна литературатар Михайлов Николай Саввич уорэппитэ. Кини эмиэ Татьяна Спиридоновна курдук хоьоонунан, байаан до5уьуоллаах ырыанан уруогун ыыытара. Уруоктара олус сэргэх, умсугутуулаах этилэр. Кырдьа5ас учуутал, Абрамов Алексей Гаврильевич эрчиллии тэтэрээтин хас да хос-хос уьултарара, буочарын тупсуор диэри.
Онон о5о сааспар ойбор-сурэхпэр киллэрбит Туобуйа учууталларын иэйиилээх уруоктарыгар бигэнэн улэлиибин. О5олору уорэтэрбэр этнокультура, этнопедагогика ньымаларын 31 сыл тухары тутуьан улэлиибин. Улэбин государство урдуктук сыаналаан Россия уопсай уорэ5ин бочуоттаах улэьитэ, Саха Республикатын уорэ5ин туйгуна, 2011 сылга ПНПО-5а курэхтэьэн «Россия бастын учуутала» буолбутум.
2002 сыллаахтан 17 оскуола5а улэлээн, уьус тогуллээн кылаас таьааран эрэбин. Уорэтэр о5олорум эмиэ мин о5о эрдэ5инээ5им курдук уорэнэллэрин олус собулууллэр. Мин кинилэр умсугуйан туран оскуола5а кэлэллэрин араас ньыманан ситиьэбин. Уорэнээччилэрим араас Всероссийскай, международнай дистанционнай конкурстара кыайаллар, республиканскай, куорат бары олимпиадатыгар, курэ5эр, НПК ситиьиилэрэ элбэх. 4 кылаас кэнниттэн Шамаев И.И физико-математическай лицейигэр, Ларионов аатынан физико-техническай лицейга киирэн олус учугэйдик уорэнэллэр. 2013 сылга мин о5олорум 11 бутэрдилэр. Кинилэр ситиьиилэрин аа5ан сиппэппин. Онон Дьокуускай куоракка уорэппит о5олорбунан киэн туттабын. Кинилэр эмиэ Туобуйам учууталлара иитиэхтээбит учууталларын иэйиилэригэр куустаран уорэннэхтэрэ.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
tuobuyabyt_barahsan.doc | 68.5 КБ |
Предварительный просмотр:
«Кыьыл комус куорсуну анньыммыт Туобуйам оскуолата барахсан»
Маннайгы учууталым Татьяна Спиридоновна суолун батыьан 1979 сыллаахха Булуутээ5и педучилишены бутэрбитим, 1986 сыллаахха дьокуускайдаа5ы государственнай универститетын нуучча тылын уонна литературатын факультетын бутэрбитим. Туобуйаттан куорсун анньынан тахсаммын быйыл о5ону уорэтиигэ-такайыыга 31 сылбын ситиьиилээхтик улэлии сылдьабын дии саныыбын. Туобуйа5а биьиги мин о5о сааьым ааспыта. Маннайгы кылааска 1967 сыллаахха киирбитим. Учууталым Татьяна Спиридоновна Сидорова олус эдэр, урдук коно унуохтаах кыыс о5о этэ. Кини Булуутээ5и педучилищены бутэрэн кэлбитэ. Учууталым Татьяна Спиридоновна биьиэхэ олус кыьанар этэ. Хас уруок аайы араас дьэрэкээн нагляднай пособиелары онорон а5алара. Уруоктара олус интэриэинэй этилэр. Татьяна Спиридоновна бары уруоктарын байаанна до5уьуоллатан ыытара, наар ырыанан, хоьоонунан уорэтэн 1 кылаастан кинигэни хас кун аайы умсугуйан аа5ар буолбутум. 1 кылааска саамай ойдоон хаалбын тугэним букубаар бырааьынньыга этэ. Кылааьым иьэ сыттыын учугэй буолара.
Бары уорэнэрбитин туохтаа5ар да ордорорбут. Оскуола биьиэхэ саамай интэриэьинэй, ба5алаах сирбит этэ. А5ам ууну-хаары кэмигэр таспатаххынан оскуола5а ыыппатынан куттуур буолара. Биирдэ эрэ оннук 4 кылааска сылдьан накаастанан турабын. Сарсыарда оскуола5а ааьан иьэр о5олор «Паа, Уойка хаарын таспатах ол иьин хаара таьа сылдьар, оскуола5а хойутуур буолбут»,-дии-дии ааьаллара олус кыбыстыылаах этэ. Дьэ онтон хаарбын тургэнник таьан баран оскуола5а туох баар кууспунэн суурбутум. Санаабар уруок бутэн хаалыа диэн олус куттанарым .Кылааска а5ылаан- мэнилээн, тиритэн а5ай ккирбитим. .Учууталым Малгина Татьяна Семёновна саната суох кылааска аьарбыта. Суурэн тириппит сирэйбин соппута уонна арбайан хаалбыт баттахпын тараан, орон биэрбитэ. Бииргэ уорэнэр о5олорбун Костяны, Линаны, Зояны, Луканы кытта олус иллээхтик сылдьарбыт. Дьуогэм Петрова Лина буолааччы. 60 сылларга учууталлар нэьилиэнньэ5э уонна о5олорго олус аптарытыаттаах этилэр. Учуутал иннин, кэннин быьа ааьыллыбат этэ. 5 кылааска саха тылыгар уонна литературатар Михайлов Николай Саввич уорэппитэ. Кини эмиэ Татьяна Спиридоновна курдук хоьоонунан, байаан до5уьуоллаах ырыанан уруогун ыыытара. Уруоктара олус сэргэх, умсугутуулаах этилэр. Кырдьа5ас учуутал, Абрамов Алексецй Гаврильевич эрчиллии тэтэрээтин хас да хос-хос уьултарара, буочарын тупсуор диэри.