календарно - тематическое планирование родной язык 8 класс
календарно-тематическое планирование
Орто сүһүөх оскуолаҕа саха тылын предметин суолтата.
Саха тыла 1992 сыллаахха судаарыстыбалыы ыстаатыстанан, суолтата биллэрдик үрдээтэ. Төрөөбүт тыл – хайа да норуот көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах култууратын сүдү сыаннастарыттан биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл – оҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕытык билэр – көрөр, чугас дьонун – сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө – санаата сайдар, өбүгэтин өүрэҕин утумнуур сүрүн сириэстибэтэ. Төрөөбүт тылынан өүрэҕи – билиини кэбҕэстик ылынар, айар – тутар дьоҕура уһуктар. Идэни талыыга, араас эйгэҕэ, түгэҥҥэ дьону кытта бодоруһуута, аныгы уопсастыбаҕа бэйэ миэстэтин булууга, өтөү – сиэргэ – майгыга төрөөбүт тылын үөрэтэн ылбыт билиитэ туһалыыр. Ийэ тыллаах киьи омук дьонун кытта тэҥнээҕин билинэн, дьиҥ интэринэлиистии тыыҥҥа иитиллэр.
Билигин төрөөбүт тыл, бэдэрээссийэ үөрэххэ судаарыстыбалыы ыстандаартын (СБүөЫ - ФГОС) ирдэбилинэн, уопсай үөрэхтээһин булгуччулаах чааһыгар киирэн, үөрэх төрүт бэдэрээссийэлии былааныгар миэстэтэ, үөрэтиллэр чааһа чопчу ыйыллан, суолтата үрдээтэ.
Оскуолаҕа төрөөбүт ттылы үөрэтии биридимиэтэ үөрэнээччи тылын – өһүн, өйүн – санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан атын биридимиэттэрдээҕэр бас – көс балаһыанньаны ылар. Онон төрөөбүт тылы үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар үөрэхтээһин уопсай туруга тутулуктаах.
Орто сүһүөх оскуолаҕа саха тылын үөрэтии сыала – соруга
- төрөөбүт тылы ис сүрэҕиттэн ытыктыырга; араас эйгэҕэ, түгэҥҥэ бодоруһуу үөрүйэҕэр, аныгы уопсастыбаҕа сиэри – майгыны тутуһууга иитии; төрөөбүт тыл кэрэтин иҥэрии;
- үөрэххэ, күннээҕи олоххо төрөөбүт тылы олохтоохтук туттарга үөрэтии; бодоруһар үөрүйэҕин сайыннарыы, тылын – өһүн сайыннарар баҕатын үөскэтии; үөрэх дэгиттэр дьайыыларын (туох сыал – сорук туруорунан үөрэнэрэ, былаанныыра, тылын – өһүн хонтуруолланара, көннөрүнэрэ; билиини араас тылдьыттан, литэрэтиирэттэн БИЭ – ни (биллэрэр – иһитиннэрэ эйгэни), интэриниэти киллэрэн туран сатаан ылара);
- тылы үөрэтмм систиэмэтин, туттуллуутун туһунан билиини, тыл истилиистикэтин уратыларын иҥэрии; тыл саппааһын байытыы; литэрэтиирэлии нуорманы тутуһарга уһуйуу.
Үөрэх биридимиэтин сүрүн ис хоһооно
Орто сүһүөх оскуолаҕа саха тылын үөрэтии ис хоһооно үөрэх хаамыытыгар сатабылы – үөрүйэҕи олохсутууга (метапредмет) уонна бары биридимиэккэ туох сыал – сорук турарыгар тирэҕирэр. Маныаха бодоруһууга, тыл үөрэҕэр (лингвистика) уонна ытык өйдөбүллэргэ (культуроведческая компетенция) кэмпитиэнсийэлээх сыһыан сайдыахтаах.
Бодоруһуу кэмпитиэнсийэтигэр тылынан уонна суругунан кэпсэтии култуурата, оҕо сааһыгар дьүөрэлээн күннээҕи олоҕор араас эйгэҕэ тылы таба туттуу үөрүйэҕэ киирэр. Оҕо туох соруктаах бодоруһара, кэпсэтии кэмигэр үөскээбит мбыһыыны – майгыны сөпкө сыаналыыра, кэпсэтэр киһитин тылын – өһүн өйдүүрэ, онно сөптөөх сыһыаны булан кэпсэтэрэ көстүөхтээх.
Тыл уонна тыл үөрэҕин кэмпитиэнсийэтигэр үөрэнээччи тыл үөрэҕин туһунан билиитэ, тыл хайдах сайдарын, туттулларын өйдөөн көрүүтэ; сүрүн литэрэтиирэлии нуорманы тутуһуута; тыл баайын хаҥатыыта; араас тылдьыты сатаан туһаныыта киирэр.
Ытык өйдөбүл (культуроведческая) кэмпитиэнсийэтигэр төрөөбүт тыл төрүт култуураны көрдөрүүбиир көрүҥэ буолара, тыл норуот устуоруйатын кытта ыкса сибээһэ; саха тылын дьикти уратыта; тыл суолтатын төрүт култуураҕа даҕатан быһаарыы киирэр.
Бырагыраамаҕа үөрэнээччи тугу билиэхтээҕэ эрэ буолбакка, тугу сатыахтааҕа – оҥоруохтааҕа (коммуникативно – деятельностный подход) ыйыллар. Тиэмэ аайы анал бэлиэ баар. I- тыл үөрэҕиттэн туох үөрэтиллэрэ, II – үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ, тугу сатыахтааҕа – оҥоруохтааҕа. III – ситимнээх саҥа.
Саха тылын үөрэтиигэ үөрэнээччи тугу сатыахтааҕар – оҥоруохтааҕар (коммуникативно – деятельностный подход) ордук болҕойуу, үөрэх сатабылларын иҥэрэр (метапредметные результаты) хайысханы тутуһуу, тылы – өһү күннээҕи олоххо дьүөрэлээн туттуутылы таба туттарга (функциональная грамотность) сүҥкэн суолталаах.
Төрөөбүт тылы орто сүһүөх оскуолаҕа үөрэтии ис хоһоонун сүрүн хайысхалара:
- бодоруһуу култуурата;
- тыл үөрэҕин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүл: саҥа дорҕооно, лиэксикэ, морполуогуйа, сиинтэксис;
- сурук култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ;
- ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ktp_rodnoy_yazyk_gai.docx | 1.84 МБ |
Предварительный просмотр:
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Рабочая программа и календарно-тематическое планирование для 2 класса (УМК "Звездный английский")
Рабочая программа с указанием критериев оценки основных видов речевой деятельности и календарно-тематическое планирование с указанием основных видов деятельности учащихся для 2 класса (УМК "Звез...
Календарно-тематическое планирование. Технология 5 класс.
Календарно-тематическое планирование. Технология 5 класс....
Календарно-тематическое планирование. Технология 6 класс.
Календарно-тематическое планирование. Технология 6 класс....
Календарно-тематическое планирование Spotlight 7 класс
Учебно-методический комплект: Spotlight 7(Английский в фокусе. 7 класс). Ваулина Ю.Е., Дули Дж. и др....
Календарно-тематическое планирование "Русский язык и культура речи"
Календарно-тематическое планирование...
Календарно-тематическое планирование 5 " а" класс ( особый ребенок)
планы 5"А" класс ( особый ребенок)...
Календарно – тематическое планирование 4-8 класс Музыка Алеев ФГОС
Муниципальное автономное общеобразовательное учреждение«Центр образования № 42» «Согласовано»Руководитель МО_____________/...