Открытые уроки

Еримеева Саргылана Семеновна

Предварительный просмотр:

 Төрөөбүт литературабыт 6 кылаас.

Темата

Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ

Сыала

Үөрэтэр: Хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын үөрэтии;

Сайыннарар: Санаабыт санааны сааһылаан этэри сайыннарыы, ырытар дьоҕуру сайыннарыы;

Иитэр: Төрөөбүт дойду, тыл киһи олоҕун ситимэ буоларын тиэрдии. Олоҕу сыаналыырга, харыстыырга, ситиһиилээхтик олорорго дьулуһары өйдөтүү.

Уруок тиибэ

 Саҥа тема

Тγмγк ситиhии:

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:  Ийэни, Ийэ дойдуну, Ийэ тылы билии, убаастааһын, үтүө киһи арахсыспат аргыстара буоларын иҥэрии.

Үѳрэх сатабылларын иҥэрии тγмγгэ:

 Билэр-кѳрѳр сатабыл: Бэриллибит тема5а тугу билэрин кэпсиир. Бэлиэни символы туһанар үөрүйэҕи сайыннарар. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.   Тылдьытынан сатаан туһанар, тылдьыт туһунан билэр билиитигэр тирэҕирэр;

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Соругун таба туруорунар, γлэтин былаанныыр. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Итэ5эhин, ал5аhын быhаарар, кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳhγгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар. Тылын-ѳhγн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар. Ал5аhа суох саӊарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыhаллар. Бириэмэтин аттарынар.

 Бодоруһар сатабыл:  

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Атын о5о санаатын истэр, бэйэтин санаатын этэр. Алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонуур5атар, кѳ5γлγγр сатабылы табан туhанарга дьулуhар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ кѳрбγтγн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир.

Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ:

- Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ салааҕа тугу үөрэтиэхтээҕин быһа холоон билэр;

- Хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын (эпитет, метафора, хатылааһын, инверсия, тэҥнээһин, риторикалаах ыйытыы) билии.  

Туттуллар матырыйаал: Кинигэ, үлэлиир тэтэрээт, компьютер, проектор, презентация.

Үлэ кѳрүӊнэрэ:  бэйэ γлэтэ.

Уруок хаамыыта:

Уруок тγhγмэхтэрэ, сыала

Үлэ көрγӊнэрэ

Үѳрэнээччи γлэтэ

Учуутал γлэтэ

Тγмγк ситиhии

Тэрээhин тγhγмэ5э.

Сыала: о5ону γлэлиир турукка киллэрии.

Уруокка бэлэмнэнэллэр.

Уруокка бэлэмнэрин кѳрѳр, тэрийэр.

Бэйэни салайынар-дьаhанар: γлэлиир турукка киирэр.

Уруок тематын, сыалын туруоруу.

Сыала: Үѳрэнээччи сыалын-соругун туруорунар.

 Сыалы торумнууллар.

Уруок тематын этэр, сыалын чуолкайдыыр.

Бэйэни салайынар-дьаhанар: сыал-сорук туруорунар.

Саҥа теманы үөрэтэр түһүмэх.

Сыала: саҥа теманы билэллэригэр усулуобуйа тэрийии.

-Үлэлиир тэтэрээт 1 сорудаҕын толороллор. Тѳрѳѳбγт сир, киhи, ийэ тыл - олох ситимэ.  Бу этиини схема5а киллэрэн суруйуу. Биир хаалбыкка тугу суруйуоххунуй?   Стрелкаларын бэйэӊ хайдах саныыргынан тардан биэр.

 

- Толкуйдааннар этиини схемаҕа киллэрэллэр.  Биир хаалбыт ячейкаҕа бэйэлэрэ тыл суруйаллар. Стрелкаларын тардаллар. Үлэлэрин көмүскүүллэр.

- Быһаарар, көмүскүүр  үлэни тэрийэр.

Тустаах үөрэх сатабыла: Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ салааҕа тугу үөрэтиэхтээҕин быһа холоон билэр.

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: бириэмэтин аттарынар.

 Тыл нуорматын тутуһан саҥарарга дьулуһар.

Бодоруһар сатабыл: атын оҕону истэр, ырытыыга кыттыһар, алтыһар, кэпсэтии сиэрин тутуһар.

Билэр-көрөр сатабыл: бэлиэни символы туһанар үөрүйэҕи сайыннарар. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:  Ийэни, Ийэ дойдуну, Ийэ тылы билии, убаастааһын, үтүө киһи арахсыспат аргыстара буоларын иҥэрии.

Аа5ыы

Аа5аллар. Тэӊнээн кѳрѳллѳр.

Тустаах γѳрэх сатабыла: сѳпкѳ аа5ыы.

Бодоруhар сатабыл: кэпсэтиигэ кыттар, бэйэтин санаатын тиэрдэн этэр.

Үлэлиир тэтэрээт 2 сорудаҕа:

Учебник кэннигэр баар литература тѳрγт ѳйдѳбγллэрин кылгас тылдьытыттан хоhоон ойуулуур-дьγhγннγγр ньымаларын булан  устуу.

- Учебник кэннигэр баар тылдьыттан хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын усталлар.

Соруда5ы быhаарар.

Тустаах γѳрэх сатабыла: хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын билии;

Билэр-кѳрѳр сатабыл: тылдьытынан сатаан туһанар; тылдьыт туһунан билэр билиитигэр тирэҕирэр;

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: бириэмэтин аттарынар.

Бодоруhар  сатабыл: кэпсэтиигэ кыттар.

Физкультминутка

Учуутал этэрин оҥороллор.

Харах эрчиллиилэрин оҥоруу:

Харахпытын түргэнник чыпчылыҥнатабыт, сабабыт,  5 дылы ааҕабыт.(иккитэ)

Харахпытын күүскэ сабабыт, 3 дылы ааҕабыт, аһабыт ырааҕы көрөбүт. (иккитэ).

 Хоһоонтон быһа тардыыларга ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары булуу.

-Бэриллибит быһа тардыылары ырытарга холонор

Үлэни тэрийэр, быhаарар.

Тустаах γѳрэх сатабыла: билбитигэр тирэҕирэн ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары булан быһаарар.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: бириэмэтин аттарынар, былааннанар.

Рефлексия.

Сыала: уруок тγмγгэ.

-уруок уруокка тугу биллигит?

- тугу  ыарыр5аттыгыт?

-Уруокка тугу, хайдах γлэлээбиттэрин тэтэрээттэригэр сыаналаналлар.

-сыана туруорар.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: бэйэни сыаналаныы.

Дьиэ5э γлэ.

Ырытыыны ситэрии

-Дьиэ5э γлэни суруналлар.

-Дьиэ5э γлэни быhаарар.



Предварительный просмотр:

Төрөөбүт литературабыт 8 кылаас.

Темата

Н. А. Лугинов “Айгылла” кэпсээнигэр дойду ахтылҕана

Сыала

Үөрэнээччилэр айымньы туһунан бэйэлэрин тус санааларын ситимнээн этэ, айымньыны ырыта үөрэнэллэригэр усулуобуйа тэрийии.

1.Үөрэнээччи айымньыны киэҥник анааран өйдүүрүгэр уһуйуу, дьиҥ оло5у кытта  дьүөрэлээн көрүүтүн ситиһии.

2. Үөрэнээччи айымньыны чинчийэр, аахпыты анаарар, киэҥник толкуйдуур, санаатын этэр дьо5урун сайыннарыы.

 3. Төрөөбүт дойдуга тапталы, киэҥ туттууну уһугуннарыы.

Уруок тиибэ

Ырытыы

Тγмγк ситиhии:

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:  Төрөөбүт дойдуну таптааһын, киэҥ туттуу.

 

Үѳрэх сатабылларын иҥэрии тγмγгэ:

Билэр-кѳрѳр сатабыл: Бэриллибит тема5а тугу билэрин кэпсиир. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.  

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Сыалын таба туруорунар. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Итэ5эhин, ал5аhын кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳhγгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар. Тылын-ѳhγн тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар. Ал5аhа суох саӊарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыhаллар. Бириэмэтин аттарынар. 

 Бодоруһар сатабыл:  

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Атын о5о санаатын истэр, бэйэтин санаатын этэр. Алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонуур5атар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ кѳрбγтγн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. 

Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ:

        Үөрэнээччи айымньыны, уус-уран уобараһы ырытар. 

Туттуллар матырыйаал: Кинигэ, үлэлиир тэтэрээт,  проектор, презентация.

Үлэ кѳрүӊнэрэ:  бэйэ γлэтэ, пааранан.

Уруок хаамыыта:

Үлэ көрүҥэ

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

Тэрээһин түһүмэҕэ

Уруокка бэлэмнэрин кѳрѳр, тэрийэр.

Уруокка бэлэмнэнэллэр.

Уруок тематын, сыалын туруоруу

Синквейн ньыматынан уруок тематын, сыалын туруоруу.

1 слайда.

Төрөөбүт дойду

2 даҕааһын аат суруйуу

3 туохтуур суруйуу

4 тылынан иэйиигин суруй

1 анал аат

Быһаарар.

Теманы чопчулуур.

Оҕолор көрөннөр толкуйдууллар, суруйаллар. Суруйбуттарын ааҕаллар. Уруок тематын таһаараллар. Сыалларын туруоруналлар. Анал илиискэ суруналлар.

Ырытыы

Уобараһы ырытыы.

Айгылла уобараһын ырытыы.

Талларар.

Оҕолор талан ыланнар Айгыллаҕа дьоннор сыһыаннарын суруйаллар. Кини хайдах киһи буоларын быһаараллар.

Ромашка Блума ньыматынан айымньыны ырытыы

2 слайд.

  1. Ханнык историческай кэм ойууланарый?
  2. Кини доруобуйата мөлтөҕүн, ыарахан туруктааҕын туохтан билэбитий?
  3. Хайдах киһи Айгылла курдук дойдутугар курдаттыы таттарыан сөбүй?
  4. Эн санааҕар Айгылла үтүөрүө дуо? Киниэхэ туох көмөлөһүөн сөбүй?
  5. Төрөөбүт дойду ахтылҕана туохха көстөрүй? Тиэкистэн холобурдаа.
  6. Дьиэҕэ үлэ сорудаҕа. Өрүүнэттэн сурук. Кэпсээни ситэрии.

Быһаарар. Үлэни тэрийэр.

Оҕолор ыйытыыларга тылынан толору  эппиэттииллэр. Тиэкиһинэн үлэлииллэр. Санааларын  көмүскүүллэр.

Айымньыны тэҥнээн көрүү.

Софрон Данилов “Кии сыта” кэпсээнин кытта тугунан алтыһалларын кэпсэтиһии.

Кэпсэтиини саҕалыыр, тэрийэр, салайар.

Пааранан үлэ. Кэпсээни тэҥнээн көрөллөр. Ис хоһооннорун кэпсииллэр. Тугунан алтыһалларын быһаараллар.

Ырытыыны түмүү

Төрөөбүт дойду ахтылҕана санааларын сааһылаан этэллэр.

                                                                                                               Рефлексия

Саныыбын төрөөбүт алааспын,

Онно саас сандааран эрдэҕэ,

Күн көмүс толбоно сылаастык

Түннүккэ дьиримнээн түстэҕэ.

Аҕынным даҕаны тыа сытын,

Айылҕа уһуктар силигин.

Ырааҕыан төрөөбүт алааһым,

Онно тиийдэрбиэн билигин!

                Леонид Попов

Уруокка хайдах үлэлээбиттэрин, сыалларын сиппиттэрин-сиппэтэхтэрин сыаналаналлар. Уруок түмүгүн оҥороллор.

  1. Ханнык историческай кэм ойууланарый? (простой вопрос)
  2. Кини доруобуйата мөлтөҕүн, ыарахан туруктааҕын туохтан билэбитий? (Уточняющий вопрос)
  3. Хайдах киһи Айгылла курдук дойдутугар курдаттыы таттарыан сөбүй? (объясняющий вопрос)
  4. Эн санааҕар Айгылла үтүөрүө дуо? Киниэхэ туох көмөлөһүөн сөбүй? (Оценочные вопросы)
  5. Төрөөбүт дойду ахтылҕана туохха көстөрүй? Тиэкистэн холобурдаа.(Практический вопрос)
  6. Дьиэҕэ үлэ сорудаҕа. Өрүүнэттэн сурук. Кэпсээни ситэрии. (Творческий вопрос)

   А5а дойду сэриитин кэмэ ойууланар. Айымньы сурун геройа Айгылла  ыараханнык бааhыран, балыыhа5а сытар. Ол сытан, торообут дойдутун, Элиэнэ эбэтин  ахтар. Сэрии са5аламмыт сайыныттан ыла ус тогурук сыл дойду ахтыл5ана диэни этинэн-хаанынан билэр. Айгылла ахтыбыт санаатыгар дойдута барахсан кэрэтин эриэхсит! Кырдьык да, биhиги Сахабыт сирин айыл5ата, дьылын араас кэмэ барыта уратылаах, тус кэрэлээх буолла5а дии! Ону Айгылла курдук чараас дууhалаах, нарын уйа5ас сурэхтээх, утуо ойдоох-санаалаах киhи ойдоон корор дьо5урдаа5ын, ахтар айылгылаа5ын о5олор ойдууллэр.  

Айымньы Элиэнэ на5ыл долгуннара долгулдьуhа бигииллэринэн, сууругэ соп-соруунунэн уоскутардыы сайа охсорунан, Айгылла этигэр-хааныгар сып-сылаас дырылыы тар5анарынан тумуктэнэр. Манан Айгылла утуорэригэр дойдутугар тардыhыыта, торообут сирин ахтыл5ана комолоhоругэр  о5олор эрэнэллэр.

Дойдутугар сылдьар кэмэ                                    Доҕорун Иван

Сергей                                                Сиэстэрэ кыыс

“Төрөөбүт буор”                           “Кии сыта”


Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

Хо h оон суруйуу Төрөөбүт дойду 2 даҕааһын аат суруйуу 3 туохтуур суруйуу 4 тылынан иэйиигин суруй 1 анал аат

Слайд 2

Николай Алексеевич Лугинов “Айгылла” кэпсээнигэр дойду ахтылҕана

Слайд 3

Уобара h ы ырытыы

Слайд 4

Бэйэ санаатын к ѳмүскүүр ыйытыы Практическай сорудахтаах ыйытыы Чуолкайдыыр ыйытыы Быьаарар ыйытыы ы7а Боростуой ыйытыы Айар сорудахтаах ыйытыы

Слайд 5

Саныыбын төрөөбүт алааспын, Онно саас сандааран эрдэҕэ, Күн көмүс толбоно сылаастык Түннүккэ дьиримнээн түстэҕэ. Аҕынным даҕаны тыа сытын, Айылҕа уһуктар силигин. Ырааҕыан төрөөбүт алааһым, Онно тиийдэрбиэн билигин! Леонид Попов “Саныыбын т ѳрѳѳбүт алааспын ”

Слайд 6

Ханнык историческай кэм ойууланарый?

Слайд 7

Кини доруобуйата мөлтөҕүн, ыарахан туруктааҕын туохтан билэбитий?

Слайд 8

Хайдах киһи Айгылла курдук дойдутугар курдаттыы таттарыан сөбүй?

Слайд 9

Дьиэҕэ үлэ сорудаҕа. Өрүүнэттэн сурук. Кэпсээни ситэрии

Слайд 10

Төрөөбүт дойду ахтылҕана туохха көстөрүй? Тиэкистэн холобурдаа

Слайд 11

Эн санааҕар Айгылла үтүөрүө дуо? Киниэхэ туох көмөлөһүөн сөбүй?



Предварительный просмотр:

Саха тыла 7 кылаас.

Темата

Сыһыат

Сыала

1. Сыһыат саҥа чааһа туох суолталааҕын, этиигэ ханнык чилиэн буоларын холобурдарынан сирдэтэн, бэйэҕэ саҥаны арыйыы.

2. Сөпкө саҥарар, суруйар, сааһылыыр, тэҥниир, түмэр дьоҕурдарын сайыннарыы.

3. Ылбыт билиитигэр, тылын баайыгар тирэҕирэн саныыр санаатын холкутук тиэрдэри ситиһии, “Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар” өс хоһоонунан сирдэтэн инникигэ былаан, сыал туруорунуу оҥостуу.

Уруок тиибэ

 Саҥа теманы барыы

Тγмγк ситиhии:

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:   Тѳрѳѳбγт тылы дириӊэтэн билии. Тѳрѳѳбγт тылын сайыннарар, кэлэр кѳлγѳнэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин ѳйдγγр, сыаналыыр.

“Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар” өс хоһоон ис хоһоонун өйдөөн инники олоҕор сыалын туруорунар, ситиһиитэ бэйэтиттэн тутулуктааҕын өйдүүр.

Үѳрэх сатабылларын иҥэрии тγмγгэ:

Билэр-кѳрѳр сатабыл: Бэриллибит тема5а тугу билэрин кэпсиир. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.   Тэҥнээн көрөр. Инники билбит билиитигэр олоҕуран теманы өйдүүр.

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Сыалын таба туруорунар. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Итэ5эhин, ал5аhын кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳhγгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар. Тылын-ѳhγн тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар. Ал5аhа суох саӊарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыhаллар. Бириэмэтин аттарынар. 

 Бодоруһар сатабыл:  

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Атын о5о санаатын истэр, бэйэтин санаатын этэр. Алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонуур5атар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ кѳрбγтγн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. 

Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ:

 Сыһыат суолтатын өйдүүр, сатаан туттар. Быраабыланы тутуһан таба суруйар.  

Туттуллар матырыйаал: Кинигэ, үлэлиир тэтэрээт, карточка

Үлэ кѳрүӊнэрэ:  бэйэ γлэтэ

Уруок хаамыыта:

Түһүмэхтэр

Учуутал үлэтин көрүҥнэрэ

Үөрэнээччи үлэтин көрүҥнэрэ

Түһүмэхтэр

түмүктэрэ

Билэр-көрөр сатабыл

Бодоруһар сатабыл

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл

Теманы таһаарыы, сыал туруорунуу  

  • Уруокка киирии дорооболоһуу.

Дуоскаҕа суруллубут өс хоһоонун аахтарыы, ис хоһоону кэпсэтиһии. Этии чилиэнинэн ырыттарыы, саҥа чааһын суруйтарыы.

Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар.

Ханнык тылга саҥа чааһын суруйбатыгыт? Ханнык ыйытыыга эппиэттиирий? Ханнык саҥа чааһын кытта ситимнэһэрий?

Бүгүн уруокка тугу барар эбиппитий?

“Билэбин, биллим” таблицаны тылынан оҥотторуу.

Өс хоһоонун ис хоһоонун быһаарыы. Эрдэ ылбыт билиигэ олоҕуран этиини ырытыы.

Ыйытыыга хоруй

Эрдэ ылбыт билиигэ олоҕуран уруок тематын таһаарыы.

  • Дорооболоһуу.

Бэйэ-бэйэни истии. Санаа үллэстии.  

Ыйытыыга хоруй. Бэйэ-бэйэни ситэрсэн биэрии.

Тылы сөпкө туттуу. Бириэмэни аттарыныы.  

Уруокка сыал туруорунуу

Уруок тематын таһаараллар. Сыал-сорук туруоруналлар.

Саҥа тема. Сыһыат өйдөбүлэ.

Саҥа теманы өйдүүр үлэни тэрийии.

Эрдэ – сирэйинэн, ахсаанынан, падеьынан уларытан көрүү

 Быраабыланы ааҕан схема, таблица көмөтүнэн тэтэрээккэ суруналлар.

Үлэлэрин көмүскүүллэр, оҕо көмүскүүрүн өйдөөн истэллэр.

Бириэмэлэрин аттарыналлар.  Сыалларын тутуһаллар.

Сыһыат туһунан өйдөбүл ылаллар.  

Сыһыаты атын саҥа чааһыттан араарыы

Тыл ситимин ырытыы.

Этиини ырыталлар

Көмөлөһөллөр.

Сыыһатын көннөрүнэр.

Сыһыаты атын саҥа чааһыттан араараллар.

Сыһыаты таба суруйуу быраабылата

Таблицаны наардаа

Аллараа (ханннааҕы?) сыҥаах

Аллара (ханна?) түс

Киэһээ (хаһааҥҥы?) чэйбин истим

Киэһэ (хаһан?) чэй истим.  

Аллар... сытар, үөһ.... дойду, киэһ... аһылык, аллар... диэки

Уруокка  ылбыт билиилэригэр олоҕуран, сыһыат таба суруллуутун наардыыллар.

Наардаабыттарын быһаараллар. Оҕону өйдөөн истэллэр.

Сыыһаларын анализтаналлар

Сыыһатын көннөрүнэр. Сөбүн бэлиэтэнэр.

Сыһыаты таба суруйууну даҕааһын ааты таба суруйууттан араараллар.

Сыһыат үөскээһинэ

Сыһыат ханнык саҥа чааһыттан үөскээбитин быһаарыы.

Таблицаны толор

Аат тыл

Даҕ. аат

Ахсаан аат

Туохтуур

Сыьыат

Сахалыы, нарыннык, сэттэтэ, умсарыта, тобулу, сылаастык, буулдьалыы, хаптаччы, куруутун, үсүһүн

Ханнык саҥа чааһыттан үөскээбитин быһаараллар

Ким туохха сыыспытын анализтаналлар.

Хардарыта бэрэбиэркэлэнии

Сыһыат үөскээһинин билэллэр

Чиҥэтэр үлэ. Проект оҥоруу.

“Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар” өс хоһоонунан сирдэтэн инникигэ былаан, сыал туруорунуу оҥостуу.

Сорудаҕы быһаарар.

Уруокка

билбитин сатаан туһанар. Инники олоҕор ханнык сыал туруорары билэр.

Ыарырҕаппытын ыйытар

Бириэмэлэрин аттарынар. Ылыммыт былаанынан үлэлиир, былаанын коррекциялыыр.

Ылбыт билиини туһанар

Физкультминутка

Бириэмэлэрин аттарынан физкульминутка оҥоруу.

Ким эрчиллиини бүтэрбитинэн физкультминутка оҥоруу. Харах, илии, сис эрчиллиилэрэ.

Дьиэҕэ үлэ

Проегын ситэрэн кырааскалаан, хаартыска сыһыаран, уруһуйдаан кэлэр.

Рефлексия

Рефлексияны тэрийии

“Билэбин, биллим” таблицаны тылынан оҥотторуу.

Уруокка тугу эбии билибитин кэпсиир.

Санаатын сааһылаан этэр.

Уруокка тугу билбиттэрин, сыалларын сиппиттэрин, сиппэтэхтэрин анализтаныы.

Сыһыат уларыйбат саҥа чааһа буоларын билии

   



Предварительный просмотр:

Саха тыла 6 кылаас.

Темата

Киирии да5ааһыннар

Сыала

1. Киирии даҕааһыннары таба суруйуу.

2. Сөпкө саҥарар, суруйар, сааһылыыр, тэҥниир дьоҕурдарын сайыннарыы.

3. Ылбыт билиитигэр, тылын баайыгар тирэҕирэн саныыр санаатын холкутук тиэрдэри ситиһии.

Уруок тиибэ

 Саҥа теманы барыы

Тγмγк ситиhии:

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:   Тѳрѳѳбγт тылы дириӊэтэн билии. Тѳрѳѳбγт тылын сайыннарар, кэлэр кѳлγѳнэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин ѳйдγγр, сыаналыыр.

Үѳрэх сатабылларын иҥэрии тγмγгэ:

Билэр-кѳрѳр сатабыл: Бэриллибит тема5а тугу билэрин кэпсиир. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.   Тылдьытынан сатаан үлэлиир.

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Сыалын таба туруорунар. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Итэ5эhин, ал5аhын кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳhγгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар. Тылын-ѳhγн тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар. Ал5аhа суох саӊарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыhаллар. Бириэмэтин аттарынар. 

 Бодоруһар сатабыл:  

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Атын о5о санаатын истэр, бэйэтин санаатын этэр. Алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонуур5атар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ кѳрбγтγн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. 

Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ:

 Киирии да5ааһыннары билии, таба суруйуу.  

Туттуллар матырыйаал: Кинигэ, үлэлиир тэтэрээт, тылдьыт.

Үлэ кѳрүӊнэрэ:  бэйэ γлэтэ

Уруок хаамыыта:

Үлэ көрүҥэ

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

Тэрээһин түһүмэҕэ

Уруокка бэлэмнэрин кѳрѳр, тэрийэр.

Уруокка бэлэмнэнэллэр.

Уруок тематын, сыалын туруоруу

Аат тылга даҕааһын аат суруйуу.

Быһаарар.

Теманы чопчулуур.

Аат тыл этэллэр. Даҕааһын аат эбэллэр. Эрдэ барбыт темаларыттан таһааран төрүт, үөскээбит, киирии даҕааһыннарга араараллар. Уруок тематын таһаараллар.

Сыалларын туруоруналлар.

Саҥа тема

Саҥаны билии. Быраабыланы ааҕыы. Учуутал этэринэн сурунуу.

Аахтарар, суруйтарар.

Абзаһынан ааҕыы. Учуутал этэринэн сурунуу. Бэрэбиэркэлэнии, сыыһалаах буоллахтарына анализтаныы.

Чиҥэтии

195 эрч. Бэриллибит тыллары сахатытан ааҕыы.

Быһаарар. Үлэни тэрийэр.

Бэриллибит тыллары сахатытан ааҕыы. Сыһыарыытыгар болҕомто ууруу.

Нууччалыы суруллар даҕааһын ааты таба суруйуу.

  • Аһаҕас дорҕоон наарданыытын санатыһыы.

Дорҕооннору этэр.

Карточкаҕа аһаҕас дорҕооннор наарданыыларын суруйуу.

  • Нууччалыы суруллар даҕааһын ааты таба суруйуу таблицатын көрүү

Ааҕар, тэҥниир үлэни тэрийии.

Ааҕаллар, тэҥнээн көрөллөр.

  • Даҕааһын ааттары суруйуу, тылдьыттан көрөн бэрэбиэркэлэнии.

Быһаарар.

Киирии даҕааһын ааттары таба суруйуу. Тылдьыт көмөтүнэн бэрэбиэркэлэнии.

  • Ситимнээх саҥа. Биир дойдулаахпыт Николай Николаевич Рязанскай хартыыналарынан үлэ.

Худуоһунньук туһунан кылгастык сырдатыы.

Хартыынаны талан төрүт, үөскээбит, киирии даҕааһын ааттары туттан хартыына ис хоһоонун кэпсээһин.

Физкультминутка.  

Уруок ортотугар көрөн  харах, илии эрчиллиилэрин оҥорторуу.

Харах,  илии эрчиллиилэрин оҥоруу.

                                                                                                               Рефлексия

Уруок түмүгүн оҥорор.

Уруокка хайдах үлэлээбиттэрин, сыалларын сиппиттэрин-сиппэтэхтэрин сыаналаналлар.

Дьиэҕэ үлэ.

Учуутал быһаарар.

Дневниккэ суруналлар.

Сыана туруоруу.

   



Предварительный просмотр:

Саха тыла 6 кылаас.

Темата

Тойоннооһун                                                                                              

Сыала

1. Толкуйдуу, саҥара, бэйэлэрин санааларын дакаастыы үөрэнэллэр.

2. Сөпкө саҥарар, суруйар, сааһылыыр, тэҥниир, түмэр дьоҕурдарын сайыннарыы.

3. Ылбыт билиитигэр, тылын баайыгар тирэҕирэн саныыр санаатын холкутук тиэрдэри ситиһии, атын оҕо санаатын сатаан истэ үөрэнии.

Уруок тиибэ

 Саҥа теманы барыы

Тγмγк ситиhии:

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:   Тѳрѳѳбγт тылы дириӊэтэн билии. Тѳрѳѳбγт тылын сайыннарар.

Үѳрэх сатабылларын иҥэрии тγмγгэ:

Билэр-кѳрѳр сатабыл: Бэриллибит тема5а тугу билэрин кэпсиир. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.   Тэҥнээн көрөр. Инники билбит билиитигэр олоҕуран теманы өйдүүр.

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Сыалын таба туруорунар. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Итэ5эhин, ал5аhын кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳhγгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар. Тылын-ѳhγн тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар. Ал5аhа суох саӊарарга кыhаллар. Бириэмэтин аттарынар. 

 Бодоруһар сатабыл:  

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Атын о5о санаатын истэр, бэйэтин санаатын этэр. Алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонуур5атар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ кѳрбγтγн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. 

Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ:

 Тойоннооһун тиэкис өйдөбүлүн кэҥэтэн билэр. Тойоннооһун тиэкис тутулунан тиэкис суруйар.    

Туттуллар матырыйаал: Кинигэ, үлэлиир тэтэрээт, карточка, презентация

Үлэ кѳрүӊнэрэ:  бэйэ γлэтэ, пааранан үлэ

Уруок хаамыыта:

Түһүмэхтэр

Учуутал үлэтин көрүҥнэрэ

Үөрэнээччи үлэтин көрүҥнэрэ

Түһүмэхтэр

түмүктэрэ

Билэр-көрөр сатабыл

Бодоруһар сатабыл

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл

Теманы таһаарыы, сыал туруорунуу  

  • Уруокка киирии дорооболоһуу.

Тиэкис түҥэтэр. Сорудах. Тиэкиһи аах. абзацтарын тиипкэ араар.

Сайын биһиги тиэргэммитигэр саһаан быыһыгар сылгы чыычааҕа уйа туттубут этэ. Дьулус биирдэ мас хайыта турбута. Оттон мин киниэхэ чуурка ылан биэрэ туран, чыычаах уйата баарын көрбүтүм. Онно алта сымыыт сытара. Чыычаах бэйэтэ суох этэ.

Биһиги Дьулустуун күн аайы кэлэн чыычаах уйатын сэрэнэн көрөр буолбуппут. Атын кимиэхэ да эппэтэхпит. Эттэхпитинэ, уолаттар субу-субу кэлэ туруохтара. Чыычаах куттанан уйатыттан көтөн барар. Оччоҕо сымыыт сойон, оҕолоро өлөн хаалыахтарын сөп.

        Сотору чыычаах оҕолоро тахсыбыттара. Наһаа саллайбыт төбөлөөх, улахан харахтаах этилэр. Чыычаах оҕото бастаан атаҕар уйуттубат, түүтэ сыста сылдьар, дьүдьэх баҕайы буолар эбит. Онтон сотору кып-кыра түү мээчик курдук буолбутттара. Ийэлэрэ суоҕуна айахтарын киэҥ баҕайытык ата-ата, чыыбырҕаа да чыыбырҕаа буолаллар.

1 абзац. Сэһэргээһин

2 абзац. Тойоннооһун

3 абзац. Ойуулааһын

Бүгүн уруокка тугу барар эбиппитий?

“Билэбин, биллим” таблицаны тылынан оҥотторуу.

Тиэкис тииптэрин хатылааһын.

Тиэкиһи ааҕыы. Абзацтарын тиипкэ араарыы.

(презентация)

Ыйытыыга хоруй

Эрдэ ылбыт билиигэ олоҕуран уруок тематын таһаарыы.

  • Дорооболоһуу.

Бэйэ санаатын этии

Ыйытыыга хоруй. Бэйэ-бэйэни ситэрсэн биэрии.

Тиэкиһи сөпкө ааҕыы. Ис хоһоонун өйдөөһүн. Бириэмэни аттарыныы.

Уруокка сыал туруорунуу

Уруок тематын таһаараллар. Сыал-сорук туруоруналлар.

Саҥа тема. Тойоннооһун тиэкис тутула

Саҥа теманы өйдүүр үлэни тэрийии.

        Биһиги Дьулустуун күн аайы кэлэн чыычаах уйатын сэрэнэн көрөр буолбуппут. Атын кимиэхэ да эппэтэхпит. Эттэхпитинэ, уолаттар субу-субу кэлэ туруохтара. Чыычаах куттанан уйатыттан көтөн барар. Оччоҕо сымыыт сойон, оҕолоро өлөн хаалыахтарын сөп.

 Быраабыланы ааҕыы.

Абзаһы тойоннооһун тиэкис тутулунан ырытыы.

Ыйытыыга хоруй. Бэйэ-бэйэни ситэрсэн биэрии.

Бириэмэлэрин аттарыналлар.  Сыалларын тутуһаллар. Сыыһаларын көннөрөллөр.

Тойоннооһун тиэкис тутулун өйдөөһүн

Чиҥэтэр үлэ.

“Талааҥҥытын, дьоҕургутун сайыннарыҥ” тиэкиһи ырытыы

Ылбыт билиилэригэр олоҕуран тиэкиһи ырыталлар.

Бэйэ-бэйэни ситэрсэн биэрии.

Тиэкиһи сөпкө ааҕар

Тойоннооһун тиэкиһи ырыта үөрэнэр.

Тылынан үлэ. Пааранан үлэ.

Үөрэх дьылын бүтүүтэ кылаас мунньаҕа буолбут. Походтуу барарга быһаарыммыппыт. Ханна барабыт?

Бу сорудаҕы толорорго туох сыал туруорунабыт?

Уруокка

билбитин сатаан туһанар. Тезиһин дакаастыыр.

Бииргэ үлэлиир оҕотун санаатын истэр. Биир түмүккэ кэлэллэр.

Бириэмэлэрин аттарынар. Ылыммыт былаанынан үлэлиир, былаанын коррекциялыыр.

Ылбыт билиини туһанар. Санаатын толору дакаастыыр.

Физкультминутка

Бириэмэлэрин аттарынан физкульминутка оҥоруу.

Ким эрчиллиини бүтэрбитинэн физкультминутка оҥоруу. Харах, илии, сис эрчиллиилэрэ.

Дьиэҕэ үлэ

162 эрч. Суругунан үлэ

Рефлексия

Рефлексияны тэрийии

“Билэбин, биллим” таблицаны тылынан оҥотторуу.

Уруокка тугу эбии билибитин кэпсиир.

Санаатын сааһылаан этэр.

Уруокка тугу билбиттэрин, сыалларын сиппиттэрин, сиппэтэхтэрин анализтаныы.

Тойоннооһун тиэкис тутулун билэр. Санаатын сатаан этэр.

   



Предварительный просмотр:

                      МКУ «Амма улууҺунааҕы үөрэх управлениета»

П. А. Ойуунускай 125 сылыгар аналлаах

 Улуустааҕы гуманитарнай ааҕыылар

 «КэриэҺим-кэннибэр  хааларым… »

Кылаас таһынан уруок технологическай картата

«Платон Алексеевич Ойуунускай “ Сүүс сыллаах Улуу былаан” айымньытыгар  олоҕуран инникини анааран көрүү»

Оҥордо: саха тылын, литературатын учуутала

Еримеева Саргылана Семеновна

Сэргэ-Бэс сүрүн  оскуолата

2018 с.

Платон Алексеевич Ойуунускай “ Сүүс сыллаах Улуу былаан” айымньытыгар  олоҕуран инникини анааран көрүү.

Кылааһа: 6 кылаас

Сыала: П.А. Ойуунускай саха норуотун чулуу уола, кэрэ киһитэ диэн өйдөбүлү иҥэрии; П.А. Ойуунускай айымньытын нөҥүө үөрэнээччи анаарар, толкуйдуур, түмүк өйдөбүлгэ кэлэр  дьоҕурун сайыннарыы,  П.А. Ойуунускайынан киэҥ туттуу.

Уруок тэрилэ: П.А.Ойуунускай  “Сүүс сыллаах Улуу былаан” айымньыта, П.А. Ойуунускай туһунан слайд, компьютер, проектор, экран.

Уруок цитата:  Платон Алексеевич Ойуунускай – норуот чулуу уола, кэрэ киһитэ.                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                

Учуутал үлэтин көрүҥнэрэ

Үөрэнээччи үлэтин көрүҥнэрэ

Түһүмэхтэр

түмүктэрэ

Билэр-көрөр сатабыл

Бодоруһар сатабыл

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл

Турукка киирии, киллэрии. Уруок  темата

Сыал-сорук туруорунуу

Платон Алексеевич Ойуунускай – норуот чулуу уола, кэрэ киһитэ.   – цитата тула кэпсэттэрии.

П.А. Ойуунускай туһунан тугу билэллэрин кэпсииллэр.

Бэйэлэрин санааларын этэллэр, атын оҕо санаатын истэллэр.

Уруокка үлэлииргэ сыал-сорук туруорунуу.

Уруокка сыал-сорук туруоруналлар.

Ис хоһоонун илдьиритиһии

Дьиэҕэ үлэни кэпсэттэрии.

“Сүүс сыллаах Улуу былаан”:

-үөрэх

-балыыһа

-кооперация

-суут-сокуон

-дьиэ-уот

Айымньыттан дьиэҕэ ааҕан кэлбит кэрчиктэрин  оҕолорго кэпсииллэр.

Бэйэ-бэйэни истэллэр. Ыйытыы биэрэллэр.

Бириэмэни аттарыныы, кэпсииргэ сыыс тылы туттубакка, истээччини кэрэхсэтэр гына кэпсээһин.

Айымньы ис хоһоонун билэллэр.

Дириҥэтэн ырытыы

Кластер ньыматынан айымньыны ырытыы.

Истибитигэр олоҕуран компьютерга кластер ньыматынан “Сүүс сыллаах Улуу былаан” айымньыга суруллубут хайысхалары наардаан киллэрии. Хайысхаларга туох уларыйыы буоларын суруйан биэрии

Бэйэ-бэйэни истии, бэйэ санаатын этии. Бөлөҕүнэн үлэлиир дьоҕуру сайыннарыы. Быһаарсыы, ырытыһыы.

Бириэмэни аттарыныы, бэрэбиэркэлэнии.

П.А. Ойуунускай “Сүүс сыллаах Улуу былаанын” моделын оҥорон таһаараллар. Айымньы сүрүн санаатын быһаараллар. Ис хоһоонун ырыталлар.

П. А. Ойуунускай норуотун туһугар кыһалларын, норуотун инники дьылҕатыгар ыалдьарын билэллэр. Бөлүһүөктээбитэ туолбутун быһаараллар.

Практическай үлэ. Анааран көрүү.

Бырайыактыыр үлэ.

Оҥорбут кластердарыгар олоҕуран, аны 100 сылынан Саха сирэ хайдах буолуой диэн бырайыактыыр үлэ оҥоруу.

Бэйэ-бэйэни истии, бэйэ санаатын этии. Бөлөҕүнэн үлэлиир дьоҕуру сайыннарыы. Быһаарсыы, ырытыһыы. Анаарыы.

Бириэмэни аттарыныы, бэрэбиэркэлэнии. Тугу эбиэххэ сөбүн толкуйдааһын, ситэрэн биэрии. Хонтуруолланыы.

“Мин дойдум аны 100 сылынан” бырайыак оҥорон таһаарыы.

Уруок түмүгэ.

Рефлексия

Уруок устата иҥэриммит билиитин быһаарыы

Уруок түмүгүнэн санаатын сааһылаан тиэрдии.

Тугу ситиспитин, туох кыаллыбатаҕын сыаналаныы

Платон Алексеевич Ойуунускай – норуот чулуу уола, кэрэ киһитэ, норуоппут инники  дьылҕатыгар мин эмиэ кыттыгастаахпын диэн санааҕа кэлэр.                                                                                                                                                                                                                                                                                                                            

П.А. Ойуунускай “100 сыллаах Улуу былаан” айымньыта

        

        

2017 сылга коммунизм олоҕо олохсуйан, сир үрдүгэр эрэй-буруй диэн, аас-туор, ытыыр-ынчык диэн, сор-муҥ диэн суох буолуоҕа, сүтүөҕэ.

        

“Мин дойдум аны 100 сылынан” бырайыак

Бөһүөлэгим Сэргэ-Бэс

Саха сирэ

Үөрэх

Балыыһа

Суут-сокуон

Бүһүөлэкпэр саҥа таас дьиэлэр

Компьютер нөҥүө үөрэх

Саҥа таас балыыһа

Сокуону кэһэр киһи диэн суох.

Кинотеатр, парк, аквапарк

Лабораториялар

Дьону аппарат эмтиир буолуо

Бары эйэлээхтик олороллор.

Фабрика, завод

Роботтар үөрэтэллэр

Биир эми биэрдэхтэринэ хаһан да ыалдьыбат гына үтүөрэллэр

Асфальт суол, көтөр массыыналар, светофор