Сценарии мероприятий

Еримеева Саргылана Семеновна

Предварительный просмотр:

  А.И. Софронов – Алампа 125 сааьыгар аналлаах инсценировка курэ5э

                             

                                     Баарбын барытын бар дьоммор…

(Сэргэ-Бэс оскуолата)

2011

                                                   

Оонньуур дьоно:

Алампа – Елисеев Стас 7 кыл.

1 санаа- Олесова Оксана Ивановна – алын кылаас учуутала

2 санаа – Никифорова Розалия Ивановна - библиотекарь

3 санаа- Ефимова Валерия Валериевна - психолог

Ийэтэ –Максимова Саина 8 кыл.

А5ата –Тарасов Миша  9 кыл.

Уол – Филиппов Ньургун 4 кыл.

Убайдара: Арамаан- Слепцов Сеня – 8 кыл.

                   Баьылай-Удин Женя – 9 кыл.

Хаайыылаах киьи –Слепцов Сеня – 8 кыл.

Дуня- Удина Мария Михайловна -  музыка учуутала, тѳрѳппγт.

Автор- Конникова Устинья Ивановна – олохтоох библиотекарь

Организатор – Еримеева Саргылана Семеновна – саха тылын, литературатын учуутала.

Сценарийы суруйда: Еримеева С.С., Конникова У.И.

Быыс иннигэр.

(Проекторга пароход кѳстѳр,  сыыйа хараңарар. – Алампа хаамыталыыра кѳстѳр. )

Автор: Даркылаахха киирэн хаарбас хаьан хоннорун кγγтэн, тулуйбакка-тэьийбэккэ,  кытыл  кума5ар тѳттѳру-таары хаамыталыы сылдьыбыта. Кэмниэ-кэнэ5эс эбэлэрин туоруу айаңңа турбуттара.

Тѳрѳѳбγт дойду барахсан… хайдахтаах да килэйбит-халайбыт  дыбарыастардаах куораттарга кγннэри-тγγннэри кγн чѳмчγγгэ таммахтарынан дьалкылла ыьыллар, са5ахтыын силбэьэр бай5алларга, хаьан да хаьың тγьэрин, хаар кыыдамныырын уонна хагдарыйар диэни билбэт оттоох-мастаах ѳрγγ чээл кγѳ5γнэн кγѳгэлдьийэ далбаатанар самаан сайыннаах сирдэргэ да биэрбэккин ээ, хаьан эрэ кγнγ кѳрбγт, сир γрдγгэр тѳрѳѳн, ийэлээх а5а5ын γѳрдэн маңнайгы салыбырас хардыыларгын онорбут чоңкуйа кырыарар ойуурдаах, тугэ5эр тиийэ дѳйѳ тоңор уулаах-хаардаах, кылгас ѳңγрγк куйаас сайыннаах, уьун бытар5ан тымныылаах кγндγттэн кγндγ дойдубун. ОО, Алампа тѳрѳѳбγт алааьыгар тѳннѳр бу кγнγн ѳр да кγγппγтэ. Бγтγн 5 сыл усталаах-туоратыгар!

 (Алампа кγѳх окко умса туьэр имэрийэ-имэрийэ сыппахтыыр, ытыыр). (Проекторга алааьа костор. Айыл5а музыката тыаьыыр).

Алампа:  Дорообо,  дойдум,

                 То5отун тоңоомо,

                Туоьулуу сураама,

                Туората кѳрγмэ…

                Аны халлаан

               Анныттан айаннаан,

               Сылайа сындалыйан,

                Ахта аймаьыйан,

                Эйиэхэ,

               Эргиллэн кэллим…

              Сыттаах сымна5ас

              Кырааска кырыскар,

              Сытан сынньанным.

             Сайа5ас салгыннын,

              Уулуу уймахтаан

             Утахпын ханнардым,

             Ыанньыйбыт былытын

             Саккырыыр самыырынан

             Кѳлѳьγммγн кѳ5γрэттим.

             Дорообо, дойдум.

(Хоьоон  аа5ар кэмигэр маңан таңастаах 3 санаа санарар. Ол бириэмэ5э Алампа кэтэх тардыстан сытар. Кининэйэн ыллыыр ).

1 санаа:  Ыар санаа

Ыга баттаата5ына,

Ыллаан ыраастанар

Ыарыыга ыллардым.

Кулан санаа

Куолайбын бопто5уна,

Кутуран холлотор,

Кубул5акка кучуттардым.

2 санаа.  Иэдээннээх эгэлгэ

Испэр иннэ5инэ,

Энэлийэн чэпчэтинэр

Идэ5э иңинним.

Тγγнγн баттатар,

Кγнγьγн кѳнчγѳлэтэр

Аьа5ас эттэнним,

Аймаьыйар хааннанным,

Тардар тымырданным, тардыс санааланным.

3 санаа: ол да буоллар,

Алампа аатым арахса,

Соппуруонабым сууйулла илик.

«Сылдьыбыт-сыыьы,

Айаннаабыт-аьы,

Υлэлээбит-γбγ,

Υктэллэнэр куолута дии

Ону эн да5аны

Алдьарыйар кγннэр аьыыргын,

Кырдьар сааскар

Кыьал5ата суох кыстыыргын

Кыра уолум,

Кыбытыннын ини,

Идэлээх хабалаах киьи,

Иитинэргин тэриннин ини?»- диэтэргин

Ирдээн иьит,

Оннук толкуйу ончу

Оройдуу иликпин о5онньоор!

1 санаа: Ол да буоллар

Уолум улдьаарда5а диэн

Олус уймана олорума,

Алыс алдьарыйда5а диэн

Ааьа айманыма!

Мин да5аны

Тѳрγѳхпγттэн

Тγьэн биэрбэт тѳлкѳлѳѳх,

Олоруохпуттан

Охтон биэрбэт оңоьуулаах

Уол о5о буолуом!

А5аа!

Тас гынабын,

Лаастыбынньа5ын кулу!...

(Уот умуллар. Кыргыттар, Алампа тахсаллар).

(Быыс аьыллар.)

(Декорация: былыргы мас дьиэ биир эркинэ, туннуктээх. Мас орон, остуол, лампа, кинигэ).

(Алампа тиьэх куннэрэ. Кини саныыр санаата костор).

     Автор: Уйбаан о5онньордооххо айыы айма5ын тѳбѳтγн иирдэн, биьиэхэ улахан ѳьγѳнγ γѳскэтэр кыахтаах, устар ууну сомо5олуур кыахтаах, тыл иччитэ иңмит уол о5о тѳрѳѳтѳ.

1 санаа: Тыгын кырдьа5ас са5аттан

Тымыр сыдьаан тылламмыт

Тырыттыбат дьыл5алаах,

Тыйыс саха аатыран,

Тыыллан-γѳскээн иьиэ5ин!

2 санаа: Тыйыс элбэх γйэлэргэ

Υѳрдγьэн-тардыьан γѳскээбит

Υрγң дьѳьѳгѳй ѳллѳйдѳѳх,

Ѳрѳгѳй-талаан γктэллээх

Ѳбγгэ саха буолабыт!

3 санаа:  Самнан тγспэт саргыга

Салаллан-тэриллэн γѳскээбит

Сайа5ас дьэңкэ санаалаах

Саха урааңхай аатыран,

Сайдан-элбээн иьиэ5ин.

(аа5ар кэмнэригэр о5о ийэтинээн бугул аттыгар сынньана олороллоро костор уонна бииргэ торообуттэрэ, а5ата, Дуня киирэллэр. Хаайыылаах киьи ааьар. Репрессия5а сылдьыбыт кэмнэрин санатар).

Ийэтэ: Тоойуом, сылаас миин иьиэн дуо?

а5ата:  Эн манна олохсуйан хаалан, ойохтоно, о5олонон-урууланан, ѳтѳхпγт уотун умулларбакка кγѳдьутэн, ыал-кγѳс буолан олоруон этэ, ол куьа5ан γьγ дуо?

 

Санаа: Аан дойдуга

Айан тѳрѳппγт

А5ам о5онньор!

Аччыгый уолум,

Акаары буолан,

Алааьыттан арахсан,

Анардас а5атын быра5ан,

Атын сиргэ

Айманна5а диэмэ.

Арамаан: Инибит, дьоңңун γчγгэйдик кѳрѳ-истэ олор, дьиэ5э γлэни кыайар эр киьи эн эрэ хааллын.

Убайдара Баьылай: Алампаа, эн олох санаар5аама, биьиги, γлэьит буоллахпытына, эйигин хайаан да γѳрэттэриэхпит.

А5ата: Бу Алампаны γѳрэттэрэрдии Уйбаан Миитэрэйэбис учууталлыын кэпсэтэн кэллим, сарсын барабыт. Онон эттэ буьарын, о5обут γѳрэхтэнэр суолга киириитэ дьоро киэьэ буоллун.

1 санаа: Бу туох

Моьолой-муодатай?

Билигин кэлэн

Сэбиэскэй былааска

Сэмэ5э тиксэр

Сэтим-сэлээним

Сγппγт γьγ дии?

Утары турар диэн

Уорба5а угуллан,

Буруйдаа5ынан булуллан,

Тγмэн дьγγлгэ тγбэьэр

Тѳлкѳлѳммγт γьγбγн дии?…

…То5о олуьай,

Омунай олуонатай?

2 санаа: Балыырга батыллар,

Баьаахтаах, батталлаах,

Хопко холбоьор

Кутур5аннаах

Хомолтолоох

Ѳскѳ тγбэьэр,

Ѳлγγлээх, оьохтоох.

Балыыр эрэ барыта

Батталлаах…

3 санаа: Хаамарым харабыллаах,

Сылдьарым сыаптаах,

Олорорум остуруоктаах,

Аьыырым ахсааннаах,

утуйарым уочараттаах,

Туттарым сокуоннаах,

Кэпсэтэрим кэтэбиллээх,

Барыта баьылыктаах.

Холбуу тутан холобурдаатахха,

Кэнним – кэтит кэпсээн,

Инним – им-балай….

Дуня: Бачча тухары биир бас билэр дьиэбит суох. Хаьааңңа диэри?!

(Эмискэччи часкыйар) Хаьааңңа диэри ыаллар муннуктарын кэрийэбит, эн, ыал а5ата ааттаах киьи, дьиэ-уот булунар туьунан толкуйдуугун дуу , суох дуу? (ытамньыйан).

(Дуня кохсунэн турар, сирэйин саба туттубут).

Автор: Кинилэр оночолоро тγңнэри эргийиитэ Булунна кыстыы барбыт кγьγннэриттэн са5аламмыт эбит. Оччоттон сэрэтэр дьоннор бааллара эрээри, чугас киьититтэн, оло5ум кунду аргыьа диириттэн ѳрγγ γчγгэйи, ырааьы, сырдыгы эрэ кэтэьэрэ, онтон атынын барытын сымыйа, ордук санаан γѳхсγγ, чиэьинэй кэргэнин баьаа5ырдыы, хараардыы эрэ курдук ылынара.

(Урун туллук эрэ молбостуур иьиллэр)

1 Санаа: Дуунньа барахсан баай-дуол, дуоьунастаах , харчылаах эдэр киьиэхэ барбытын туох диэн баарай…  Ол эрээри, бу тыына быстаары сытта5ына, саатар биирдэ кѳрсѳн барыа эбит….

2 Санаа: ама оннук хаан ѳстѳѳх буолуохха айылаах тугу онорбута баарай, бииргэ олорбуттарын тухары ата5аастаабыта, бэйэтин ѳттγттэн хомоппута диэн суо5а.

 

3 Санаа: ама да ааспытын иьин, 13 сыл бииргэ олордохторо, бары γѳрγγлэрин-хомолтолорун тэңңэ γллэьиннэхтэрэ, ол барыта умнулунна5а… киьи да кытаанах буолар эбит! Со5отох чугас киьитин кѳрсγбэккэ ѳлѳр хара соро тирээтэ5э.

(бутэьигэр бары салама баайаллар. Кыра  о5о суурэн киирэн Алампаны туруоран батыьыннаран илдьэ барар) .

Автор: Билигин санаатахха, алааьыгар хаалбыта буоллар, олох холоруга маннык тγң-таң сѳрѳѳьγнγгэр тγбэспэккэ о5о-уруу, сγѳьу-ас ортотугар кимтэн быр-бааччы олоруо эбитэ дуу?! Оччо5о хай5ахтаах хара быара хамныар диэри хай5аан таптаабыт ойох атын киьиэхэ иирэн барыытын ата5астаыбылын, ѳстѳѳххѳ да ба5арыыллыбат ынырыктаах балыырга тубэьэн, хайыы харахтанан хайда5ын билиэ суо5а эбитэ дуу?...

        

Бары тахсаллар «Ыччат сахаларга» ырыаны ыллыыллар

Саргылардаах сахаларбыт

Салаьыннаах санааларын

Саналыыра тойугунан

Санаран-санардан иьиэ5ин.

Ытык- кырдьа5ас дьоннорбут

Ыллаабыт ырыаларын

Ыллам-дьэллэм ырыанан

Ыллаан-туойан иьиэ5ин.

             Уруккулуур удьуордарбыт

             Уруйдаабыт олохторун

             Умнубакка сылдьаммыт

             Уьатан-кэнэтэн иьиэ5ин

(Алампа хаартыската тахсар. Автор: Баарбын барытын бар дьоммор).

Ийэттэн-а5аттан айыллыбыт

Элэ-была тыллары

Ирдээн –тордоон тураммыт

Этэн-санаран иьиэ5ин.

Киьи- саха аатырбыт

Кэриэс-хомуруос тыллары

Кичэйэн-хачайан тураммыт,

Кэнэтэн –уьатан иьиэ5ин.

            Уруккулуур удьуордарбыт

             Уруйдаабыт олохторун

             Умнубакка сылдьаммыт

             Уьатан-кэнэтэн иьиэ5ин

 Автор:Анемподист Иванович Софронов – Алампа сырдык аата бар дьонугар 1963 сыллаахха тиллибитэ. Норуотун туьугар бэйэтин харыстаммакка γлэлээбит, айбыт-туппут улуу киьибит Алампа аата умнуллубакка γйэлэртэн γйэлэргэ бар дьонун кытта бииргэ сылдьыа.

Киис тыьыгар кэккэлээх

Кэрэ- билэ до5оттоор

Кэлэн-баран иьэммит

Кэскиллэ тэрийэн иьиэ5ин.

Саргылардаах сахаларбыт

Салаьыннаах санааларын

Саналыыра тойугунан

Санаран-санардан иьиэ5ин.

               

                                           (быыс сабыллар).



Предварительный просмотр:

Номердар:

  1. Ункуу “Вальс цветов”
  2. Младшая группа “Бэһиэлэй музыканнар”
  3.  Младшая группа хоьоон.
  4. Младшая группа. Танец гномов.
  5. Соло Айтал Поскачин “Кыракый суоппар”
  6. Ункуу “Чунга-чанга”
  7. Начальные классы. “Домисолька”
  8. Нарыйа Попова хоьоон “Теремок”
  9. Игнатьева Маша “Күөрэгэй”
  10. Старшая группа . “Саас иьэр” ырыа
  11. Попурри. П. Анжела, Е. Арсений, И Валя, С. Айаал, Б. Ньургуйаана
  12. Абрамов Давид “А что у вас?”
  13. Дуэт Павлова А.П., И. Валя
  14. Оригинальный жанр. Мыльный пузырь
  15. Старшая группа “Парный танец”
  16. Платонова Илмира хоьоон “Федорино горе”
  17. Соло Мичийэ Александрова
  18. Попурри Норуот ырыалара. С. Айаал, И. Валя, П. Роберт, Б. Ньургуйаана
  19.  Старшая группа мальчики “Шляпалаах ункуу”
  20. Мода
  21. Ансамбль мальчиков “Уолан” “Дьоьогой оҕото”
  22. Кыргыттар. Танец тучка
  23. Ансамбль “Сайдам” Е. Арсений, С. Айаал, П. Роберт, Б. Ньургуйаана, И. Валя, Н. Галя, Х. Айыына.

Сценарий 2017-2018 үөрэх сыла.

                     ( Үҥкүү “Вальс цветов”)

1 вед.       Күлэр – оонньуур о5о саас

                 Күндү көмүс күннэрэ

                 Хаалыахтара өрүүтүн

                 Чараас уйан сүрэххэ

 

2 вед.       О5о сааһым сарсыардата –

                 Буспут отон саһар5ата,

                 Күөх долгуҥҥа күөлэһийэр

                 Күн төгүрүк алаадьыта.

1 вед.  Үтүө күнүнэн,  күндү амарах санаалаах төрөппүттэрбит, кэрэ5э-сырдыкка угуйар учууталларбыт, Сэргэ- Бэс олохтоохторо!

2 вед.  Быйыл бөһүөлэкпит, тапталлаах дойдубут, Сэргэ-Бэспит, тэриллибитэ 35 сыла. Бу үбүлүөйдээх сылбытыгар үгүс элбэх ситиһиилэннибит.

1 вед. Араас таһымнаах конкурстарга, күрэхтэргэ, олимпиадаларга,  научнай аа5ыыларга кыттыыбытын, ситиһиибитин презентация5а, быыстапка5а көрүҥ.

2 вед. Детсад оҕолорун, оскуола үөрэнээччилэрин 2017-2018 үөрэх сылын  отчуоттуур концерын са5алыырбытын көҥүллээҥ.

1 вед. Кыра-кыра кып-кыра, мааны-мааны мап-мааны бу кимнээх иһэллэрий? Ханналарый илиичээннэрэ? Көрсүөҕүҥ кыра бөлөх оҕолорун толоруутугар “Бэһиэлэй музыканнар”.

2 вед. Кыра бөлөх оҕолорун толоруутугар хоһоон.

  1. вед. Арсений, эн детсадка сылдьан саамай өйдөөн хаалбыт маскарадын туох этэй?
  2. Вед. Мин детсадка сылдьан элбэх буолан саҥа дьылга гномик буолбуппутун наһаа өйдөөн хаалбыппын. Наһаа үчүгэйдик үҥкүүлээбиппит.

1 вед. Көрүөҕүҥ көрдөөх гномиктар толорууларыгар үҥкүү.

1 вед. Кырачаан суоппар

           Көнө суолунан

           Ыраах да айанныыр – көрсүҥ Поскачин Айтал толоруутугар “Кыракый суоппар”.

Үҥкүү “Чунга-чанга”

1 вед. Бүгүн о5олоор, туох күнэй?      

2 вед. (Эппиэттээбиттэрин кэннэ) Сөп. Бүгүн Саха Республикатын күнэ.

1 вед.  26 сыл анараа өттүгэр муус устар 27 күнүгэр Саха Республикатын Конституцията үлэ5э киирбитэ. 

2 вед. Бу үөрүүлээх күнүнэн эһигини барыгытын итиитик-истинник э5эрдэлиибит.

1 вед.  Арсений, эн ханнык инструмеҥҥа сатаан оонньуугунуй?

2 вед. Фортепьяна5а

1 вед. Онтон эн сатаан оонньуугун дуу?

2 вед. Гитара5а кыратык оонньуубун.

1 вед. Эйиигин ким үөрэппиттэй?

2 вед. Мин оскуолаҕа киирэммин Мария Михайловнаҕа ырыа уруогар уонна “Домисолька” дьарыкка үөрэммитим.

1 вед. Ээ наһаа үчүгэй дии. Билигин истиэҕиҥ алын кылаас оҕолоро музыкальнай инструменнарга оонньуулларын.

1 вед. Улуустааҕы “Чуопчаарар оҕо саас” конкурс кыттыылааҕа Попова Нарыйа толоруутугар хоһоон “Теремок”

2 вед. Сыанаҕа көрсүөҕүҥ Маша Игатьеваны “Күөрэгэй”.

1 вед. Саас саамай үчүгэй кэм. Уһун кыһын кэнниттэн таһырдьа сылыйар, күммүт уһуур, туох барыта уһуктар. Наһаа үчүгэй кэм дии?

  1. вед. Оннук. Сааһы киһи барыта кэтэһэр, сөбүлүүр. Улахан группа оҕолорун толоруутугар “Саас иһэр”.

ПОПУРРИ ТУТА КИИРЭР (П. Анжела, Е. Арсений, И Валя, С. Айаал, Б. Ньургуйаана)

1 вед. Көрсүҥ улуустааҕы “Чуопчаарар оҕо саас” конкурс дипломанын Абрамов Давиды. Хоһоон “А что у вас?”

2 вед. Быйыл ыытыллыбыт “Баҕа санаа” дуэттар күрэхтэрин кыттыылаахтара Валя Игнатьева уонна Айыына Павловна толорууларыгар “Чэмэлиинэ”.

(Музыка тыаһыыр. Оригинальный жанр. Мыльный пузырь)

  1. вед. Улахан бөлөх оҕолорун толоруутугар үҥкүү “У меня, у тебя”

  1. вед. Көрсүҥ Улуустааҕы “Чуопчаарар оҕо саас” конкурс лауреатын, “Бастакы хардыы” региональнай фестиваль 1 степеннээх лауреатын Платонова Илмираны. Хоһоон  “Федорино горе”.

1 вед. Көрсүҥ Мичийэ Александрованы “Кэрэчээн сибэкки”

2 вед. Сыанаҕа көрсүҥ республикатааҕы “Дьүрүскэн куолас” күрэх кыттыылаахтара Сутаков Айаал, Игнатьева  Валя, Попов Роберт, Борисова Ньургуйаана

“ШЛЯПАЛААХ ҮҤКҮҮ”  УОЛАТТАР ҮНКҮҮ

1 вед.       Сааскы күн барахсан

                 Сандаарыччы тыкта5ыан

                 Туругурдун саҥа күн

                 Туругурдун сандал саас. – муода “Сааскы саҕахтар” .

1 вед. “Уолан” уолаттар ансамблларын толоруутугар “Дьөһөгөй оҕото”

ҮҤКҮҮ “Тучка”

1 вед. Үҥкүүлээтилэр улуустааҕы “Чуопчаарар оҕо саас” күрэх дипломаннара

Ансамбль “Сайдам”

1 вед. Күндү көрөөччүлэр! Манан биһиги 2017-2018 үөрэх дьылын отчуоттуур концерпытын түмүктүүбүт.

2 вед.  Бол5омто5ут иһин баһыыбаларын. Ба5арабыт үөрэх дьылын ситиһиилээхтик түмүктүүргүтүгэр.

1 вед.   Эһиги дьиэ5итин ыарыы тумнан аастын, үлэ5итигэр үрдүк ситиһиилэри. Дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну!

2 вед. Ырыалары бэлэмнээтэ Мария Михайловна Удина

1 вед. Үҥкүүлэри туруордулар Матрена Аркадьевна Платонова, Мария Михайловна Удина

2 вед. Муоданы, быыстапканы бэлэмнээтэ Анисия Юрьевна Игнатьева

1 вед. Оригинальный жанры бэлэмнээтэ Мария Вячеславовна Устинова

2 вед.  хоһоон аа5ыытын бэлэмнээтилэр Матрена Аркадьевна Платонова, Людмила Николаевна Пестрякова, Татьяна Прокопьевна Сутакова, Ирина Васильевна Данилова.

           (Иккиэн )   Көрсүөххэ диэри!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!!

 

           

         

номердар Для Марии Михайловны.

  1. Ункуу “Вальс цветов”
  2.  Младшая группа хоьоон.
  3. Соло Айтал Поскачин “Кыракый суоппар”
  4. Младшая группа “Бэһиэлэй музыканнар”
  5. Ункуу “Чунга-чанга”
  6. Начальные классы. “Домисолька”
  7. Нарыйа Попова хоьоон “Теремок”
  8. Младшая группа. Танец гномов.
  9. Старшая группа . “Саас иьэр” ырыа
  10. Игнатьева Маша “Күөрэгэй”
  11. Попурри. П. Анжела, Е. Арсений, И Валя, С. Айаал, Б. Ньургуйаана
  12. Абрамов Давид “А что у вас?”
  13. Дуэт Павлова А.П., И. Валя
  14. Оригинальный жанр. Мыльный пузырь
  15. Старшая группа “Парный танец”
  16. Платонова Илмира хоьоон “Федорино горе”
  17. Соло Мичийэ Александрова
  18. Попурри Норуот ырыалара. С. Айаал, И. Валя, П. Роберт, Б. Ньургуйаана
  19.  Старшая группа мальчики “Шляпалаах ункуу”
  20. Мода
  21. Ансамбль мальчиков “Уолан” “Дьоьогой оҕото”
  22. Кыргыттар. Танец тучка
  23. Ансамбль “Сайдам” Е. Арсений, С. Айаал, П. Роберт, Б. Ньургуйаана, И. Валя, Н. Галя, Х. Айыына.

Н



Предварительный просмотр:

Сценарий «Тиһэх чуораан - 2016»

1 ыыт: Кыракый сааспар

            Эн ааҥҥын аһаммын,

           Аан бастаан ааҕаммын

            Долгуйа үөрбүтүм!

2 ыыт: Ханна да буолларбын

            Умнубат буолуо5ум,

            Олох киэҥ аартыгын

            Арыйбыт оскуолам!

1 ыыт: Үтүө күнүнэн күндү о5олор, учууталлар уонна төрөппүттэр! Эһигини бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.

(Музыка тыаһыыр).

2 ыыт: Ытыс тыаһынан кѳрсγѳ5үҥ быйылгы сыл выпускниктарын:

  • Анисимов Игорь, Бүтүн Россиятааҕы кэтэхтэн  конкурстар, викториналар активнай кыттыылааҕа, улуустааҕы “Шаг в будущее” научнай-практическай конференция хас да төгүллээх кыттыылааҕа, араас таһымнаах хоһоон ааҕыытын күрэҕин дипломана, лауреата, Константин Николаевич Дьячковскай – Туйаарыскай аатынан стипендия хаһаайына, 2015 сыллаах Президенскэй елка кыттыылаа5а  .

  • Борисов Петя, Бүтүн Россиятааҕы кэтэхтэн  конкурстар активнай кыттыылааҕа, улуустааҕы “Өбүгэ оонньуута” спортивнай күрэххэ тутум эргиир, үс төгүл үс  күрэҕэр 3 миэстэлээх, республикатааҕы Бөҕө Тоҥус аатынан атах оонньуутун күрэҕэр 3 миэстэлээх, “Подающий надежду” анал аат хаһаайына уонна да атын спортивнай, айар күрэхтэр, оҥоһук выстапкатын кыттыылааҕа, “Талант года – 2010” номинация, Спортка ситиһиилэрин иһин Лаврентий Игнатьевич Александров аатынан стипендия хаһаайына.

  • Заборовская Аида, Бүтүн Россиятааҕы кэтэхтэн  конкурстар активнай кыттыылааҕа, улуустааҕы “Шаг в будущее” научнай-практическай конференция, краеведческай ааҕыылар кыттыылааҕа, дипломана, араас таһымнаах хоһоон ааҕыытын күрэҕин дипломана, лауреата, Константин Николаевич Дьячковскай – Туйаарыскай аатынан стипендия хаһаайына.

  • Михайлова Анюта, Бүтүн Россиятааҕы кэтэхтэн  конкурстар активнай кыттыылааҕа,  араас таһымнаах хоһоон ааҕыытын күрэҕин дипломана, лауреата, оскуола иһинэн ыытыллар “Аман өс” араатартар күрэхтэрин кыайыылааҕа,  улууска ыытыллар викторина кыттыылааҕа, дипломана.

1 ыыт: Ону сэргэ алын  сүһүөҕү бүтэрэр  оҕолорбутун:

  • Иванова Айнагуль – VIII краеведческэй конференция, Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах «Мин үтүө аатым» форум кыттыылаа5а, Айыл5а матырыйаалыттан оноьуктар курэхтэрин хас да тэгуллэх кыттыылаа5а, дипломана, «Забавные отпечатки»  диэн VII Всероссийский о5о уруьуйун курэ5ин, Саха  тылын олимпиадатын кыттыылаа5а. «Куэх харыйа» диэн экологическай курэх хас да тэгуллээх кыттыылаа5а, диплома, «Техноград»  диэн 1 улуустаа5ы техническэй проектардар курэхтэригэр дипломана.
  • Попов Роберт – улуустаа5ы хапса5ай, мас тардыьыы, сууруу курэхтэрин хас да тэгуллээх кыттыылаа5а, кыайыылаа5а. Айыл5а матырыйаалыттан оноьуктар курэхтэрин хас да тэгуллэх кыттыылаа5а, дипломана.Саха  тылын олимпиадатын кыттыылаа5а.

2 ыыт: Күндү Выпускниктар, бүгүн эһиэхэ долгутуулаах, үөрүүлээх күн. Бүгүн тоҕус сыл үөрэммит оскуолаҕытын бүтэрэн салгыы атын оскуолаҕа үөрэниэххит. Выпускник лентатын кэтэрдэргэ ыҥырабыт кылаас салайааччытын Саргылана Семеновнаны. (Лента кэтэрдэргэ музыка).

1 ыыт: Күндү 4 кылааһы бүтэрэр оҕолорбут. Эһиги үөрэх бастакы үктэлин бүтэрдигит, иннигитигэр өссө киэҥ билии аана арыллар. Лента кэтэрдэргэ ыҥырабыт учууталларын Екатерина Алексеевнаны. (Лента кэтэрдэргэ музыка)

2 ыыт: Квартет толоруутугар “ Оскуолам сыдьаайа”

(Муз. Номер.)

1 ыыт:  Күндү оҕолор, төрөппүттэр, ыалдьыттар бастакы эҕэрдэ тыл барар

2 ыыт: Тыл барар “Сул5аччы нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччытыгар Попов Виталий Спиридоновичка.

1 ыыт: Эҕэрдэ тылы этэригэр уонна экзамеҥҥа киирии көҥүлүн ааҕарыгар ыҥырабыт оскуола директорын Борохина Мария Эдуардовнаны.

2 ыыт: Игнатьева Валя толоруутугар “Туос табалар” (Муз номер)

1 ыыт: Алын кылаас выпускниктара аны аҕыйах кэминэн, сайыҥҥы үс ыйынан эмиэ Билии кирилиэһин устун салгыы айанныаххыт. Орто суьуоххэ тахсыаххыт. Э5эрдэ тыл бэриллэр кылаас салайааччытыгар Христофорова Екатерина Алексеевна5а. (хоьоон, клятва).

2 ыытааччы: э5эрдэлэрин тириэрдэллэр 1 кылаас уорэнээччилэрэ. (хоьоон ааҕаллар, ырыа ыллыыллар).

1 ыыт: кунду оҕолор, бүгүн эһиги выпускник эрэ буолбатаххыт, бүгүн эһиги киинэ артыыстараҕыт. 9 сыл устата “ Оскуола” диэн ааттаах киинэ5э сүрүн оруолга уьуллан кэллигит. Бу киинэ тумуктэнэрэ тиийэн кэллэ.

2 ыыт: Экзаменнаргытын ситиһиилээхтик туттараргытыгар оскуола оҕолорун аатыттан эҕэрдэлииллэр 5 кылаас үөрэнээччилэрэ.

             (эҕэрдэ, открытка туттараллар, Марина Попова сразу ыллыыр).

1 ыыт:   Чугдаарара чуорааным

               Уруоктарга ыныра,

               Кинигэлээх, тэтэрээттээх

               Кэлэрэ  учууталым. – тыл барар 9 кылаастар маҥнайгы учууталларыгар Максимова Агнесса Дмитриевна5а.

2 ыыт: Сутаков Айаал толоруутугар “Оо, билиэхпин баҕардым”

1 ыыт: Тыл бэриллэр кылаас салайаачытыгар Саргылана Семеновнаҕа.

2 ыыт: Сылтан сыл аайы эһигини кытта тэбис-тэҥҥэ кылаастан кылааска тахсыһан, үөрүүгүтүн-хомолто5утун бииргэ үллэстибит, эһиги аттыгытыгар өрүү бааллар төрөппүттэргит. Э5эрдэ тылы биэрэбит Михайлова Анастасия Николаевна5а.

1 ыыт:  Киинэбит уһулларыгар сүрүн күүс, оруол  учууталларбыт буоллулар. “Золотая указка” номинация туттарыытын саҕалыырбытын көҥүллээн. Ыҥырабыт выпускниктарбытын. (Тахсаллар, аахтаххыт аайы туттараллар).

1 ыыт. Ансамбль толоруутугар “Оскуола”

2 ыыт: Күндү выпускниктар!  9 сыл үөрэммит-иитиллибит оскуола5ыттан кынат анньынан бараары тура5ыт. Хаһан да, ханна да буолларгын умнуман оскуола5ытын, кини үтүө үгэстэрин, до5отторгутун. Хаһан ба5арар оскуола5ыт сырдык аана – эьиги иннигэр аһа5ас.

        

Омуннаах, тѳлѳннѳѳх о5о саас

Тохсуһу бүтэрэр дьикти саас

Олох киэҥ аартыгар атаарар

Күүтүүлээх чуорааммыт чугдаарда – 2016 сыл выпускниктарын тиһэх чуораана чугдаарар. (Чуораан тыаһаталлар, эргийэллэр).

1 вед: выпускниктарбыт э5эрдэ ырыаларын аныыллар. (Ырыа “Бутэьик чуораан”)

2 вед: Алтан чуораан аргыстаах,

Үөрүү –көтүү көтөллөөх,

Ойор күннээх о5о саас,

Оскуолабыт, быраһаай!

Ба5арабыт эйиэхэ, күндү выпускниктарбыт экзаменнаргытын ситиһиилээхтик туттараргытыгар, үөрэн-көтөн сайыны атаарараргытыгар.

1 вед: Инники туруоруммут сыалгытын ситиһэн, төрөөбүт нэһилиэккит, улуускут, республика5ыт сайдыытыгар кылааккытын киллэрэр туһалаах үлэһит буоларгытыгар эрэнэбит.

2 вед: Манан тиһэх чуорааҥҥа аналлаах торжественнай линейкабыт түмүктэнэр. Учууталлары, кылаастары уопсай хаартыскаҕа түһүүгэ ыҥырабыт.

  1. В номинации “За чуткое сердце”  побеждает директор школы Мария Эдуардовна!

  1. В номинации «За доброту и любовь» побеждают  учителя начальных классов

  1. В номинации «За обаяние и красоту» побеждает учитель музыки Мария Михайловна.

  1. В номинации  «За моральную поддержку» побеждают учитель технологии Ньюргустана Прокопьевна.

  1. В номинации  «За оптимизм и жизнелюбие» побеждают учитель физической культуры Степан Поликарпович и ОБЖ Антон Николаевич.

  1. В номинации «За неординарность мышления» побеждают учитель математики Прокопий Николаевич, физики Мария Вячеславовна и информатики Иннокентий Ефимович

  1. В номинации «За принципиальность и требовательность» побеждают учитель химии и биологии Рея Николаевна, учитель истории, географии, обществознании Татьяна Анатольевна.

  1. В номинации «за преданность своему делу» побеждают учитель русского языка и литературы Марина Александровна и иностранного языка Алена Федотовна.

  1. В номинации «Надежное плечо»  побеждают психолог Ульяна Реворьевна, пеагог – библиотекарь Розалия Ивановна.

  1. В номинации “Моя вторая мама” побеждают первый учитель Агнесса Дмитриевна, классный руководитель Саргылана Семеновна.

  1. (интригалаан ааҕар)      “Золотая указка” вручается...........................



Предварительный просмотр:

Платон Алексеевич Ойуунскай торообутэ 120 сыллаах юбилейыгар аналлаах литературнай бырааьынньык сценарийа.

Ыытыллар сирэ: Сэргэ-Бэс

Ыытааччы: Ус саха торуо5эр

                     Уоруулээх кунугэр,

                    Мин  ырыам ылланыа,

                    Мин аатым ааттаныа. –  саха норуотун чулуу уола, государственнай деятель, саха советскай литературатын торуттээччи, ученай-лингвист Платон Алексеевич Ойуунускай бу айбыт строкаларынан «Мин утуо аатым» диэн улуу суруйааччы торообутэ 120 сылыгар аналлаах литературнай бырааьынньыкпытын са5алыыбыт.

        Платон Алексеевич Ойуунускай оло5ун, айар улэтин сырдаталларыгар ынырабыт боьуолэкпит библиотекарын Устинья Ивановнаны уонна оскуола библиотекарын Розалия Ивановнаны.  (кэпсииллэр).

Бугунну курэх дьууллуур субэтин кытта билиьиннэрэрбин. Жюри председателэ Конникова Устинья Ивановна, Христофорова Екатерина Алексеевна, Слепцова Сардана Анатольевна

 Ыытааччы: Ус саха / ус саха торуо5эр …. Хас биирдии киьи торуттээх-уустаах. Тордун –ууьун билбэт киьи инникитэ суох диэн этэллэр.

Эьиги иннигитигэр дпакылаатын аа5ар Попов Борис «Эбэбинэн киэн туттабын».

Ыытааччы: Мин ырыам ылланыа. Платон Алексеевич Ойуунускай, эппиттэрин курдук, саха советскай литературатын торуттээбит суруйааччы, биьиги норуот героическай эпоспытын Олонхону сурукка киллэрбит суду киьибит буолар.

Дор5оонноох тылым хоьооно

Долгутар алгыстаах,

Этэр-тыынар эгэлгэтэ

Эрэтэр илбистээх  - Ойуунускай «Алгыс» хоьоонунан  аа5ыы курэ5ин са5алыыбыт.

  1. Пахомов Алеша
  2. Иннокентьев Максим
  3. Другина Диодора
  4. Попова Ангелина
  5. Платонова Илмира
  6. Софронеев Ренат

  1. 2 кылаас «О5о куйуурдуу турара».

  1. 6 кылаас уолаттара «Оруол кэриэьэ»

  1. Павлова Сайаана «Ожидание»

  1.  Сотникова Уйгу «Мимоза»

  1.  Михайлова Анюта «Крым»

  1. Анисимов Игорь «Уруйа улааттын».

Ыытааччы: Саха омук оркон ойун, талба талаанын урдук орогойо – олонхо.

Олонхоттон быьа тардыы:

  1. Иннокентьев Максим
  2. Пахомов Алеша
  3. Софронеев Ренат
  4. Игнатьева Валя
  5. Александрова Лена
  6. Алексеев Айсен

Эьигини э5эрдэлиир Александрова Лена.

Ыытааччы: Куннэр-дьыллар ааьыахтара

                   Сыллар-сыллары солбуйуохтара

                   Уйэттэн-уйэлэр уунуохтэрэ

                   Биир олон сутуо5э,

                   Биир уоскээн торуо5э,

                   Ол эрэн –оруу эдэр, кырдьыбат,

                   Хорсун хоодуот Саха Саарына,

                   Киьи кэрэмэьэ Ойуунускай

                   Туьунан олонхо олохтонуо,

                   Остуоруйа айыллыа!

Дьууллуур субэ тумугу таьаарыар диэри «О5о куйуурдуу турара» киинэни коруохпут.

Награждение

Номердар:

  1. Попов Борис
  2. Пахомов Алеша
  3. Иннокентьев Максим
  4. Другина Диодора
  5. Попова Ангелина
  6. Платонова Илмира
  7. Софронеев Ренат

  1. 2 кылаас «О5о куйуурдуу турара».

  1. 6 кылаас уолаттара «Оруол кэриэьэ»

  1. Павлова Сайаана «Ожидание»

  1.  Сотникова Уйгу «Мимоза»

  1.  Михайлова Анюта «Крым»

  1. Анисимов Игорь «Уруйа улааттын».

Олонхо

  1. Иннокентьев Максим
  2. Пахомов Алеша
  3. Софронеев Ренат
  4. Игнатьева Валя
  5. Александрова Лена
  6. Алексеев Айсен
  7. Александрова Лена – ырыа.

Ю

                   


Предварительный просмотр: