Работы учащихся

Еримеева Саргылана Семеновна

Предварительный просмотр:

                   Үтүө күнүнэн дьүүллүүр сүбэ мин аатым Христофорова Айыына Сэргэ-Бэс оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэбин.    Мин эһиэхэ “Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап уонна Семен Петрович Данилов поэзияларыгар дьыл  кэмин хоһуйуу уратылара” диэн дакылааппын ааҕыам.

Сыала: Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап, Семен Петрович Данилов  дьыл кэмин туһунан хоһооннорун уратыларын сырдатыы, ырытыы.

Соруга: 

  1. Суруйааччылар туһунан матырыйаал булуу, үөрэтии;
  2. Владимир Новиков – Күннүк Уурастыырап “Күөх нуоҕай мутукча” уонна Семен Данилов “Айыы сыдьаайа” хоһооннорун хомуурунньугуттан дьыл кэмин хоһуйбут хоһооннорун булуу, түмүү, наардааһын, майгыннаһар уонна уратыларын өрүттэрин булуу.

Суолтата: хоһооннорун  нөҥүө айылҕа кэрэтин таптыырга, харыстыырга ыҥырыы. Үөрэтэргэ наадалаах.

Үлэ саҥата: айар үлэлэригэр дьыл кэмин хоһуйуулара тэҥнэниллэ илик.

Үлэ предметэ: Күннүк Уурастыырап, Семен Данилов хоһооннорун сборнига.

Үөрэтии метода: чинчийии, тэҥнээн көрүү, ырытыы

Мин Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап “Күөх нуоҕай мутукча” уонна Семен Петрович Данилов “Айыы сыдьаайа” хоһооннорун хомуурунньугуттан дьыл кэмин хоһуйбут хоһооннорун буллум.         

Дьыл кэмнэрэ

Күннүк Уурастыырап

Семен Данилов

Кыһын

“Кыһыҥҥы суол” (А.С. Пушкинтан)

“Кыһыҥҥы киэһэ” (А.С.Пушкинтан)

“Хаар”

“Саҥа хаар”

“Кыһыҥҥы тыа”

“Кыһыҥҥы күн”

Саас

“Сааскыга”

“Сааскы күөх сарсыарда”

“Саас”

“Саас иһэр”

“Саас”

“Сааскы күн кыстык хаары”

“Сааскы хоһооннор”

“Сандал сааһы үөрэ көрсүү”

“Сааскы солко халлааным аннынан”

“Сааскы ырыа”

“Сааскы түүл”

“Сахам сирэ сааскыта”

Сайын

“Сырдык күммүт тыкпыт”

“Саха сайына”

“Сайын буһук куйааска”

“Сайын”

“Сайылык”

“Саха сайына”

“Сайыңңы гимн”

“Сайыңңы сарсыарда”

“Сайыңңы түгэн”

“Сайыҥҥы”

“Сайылыкка”

Күһүн

“Күһүн Сэргэлээххэ”

“Күһүн”

“Күһүнү көрсө”

“Күһүн”

“Күһүҥҥү хоһоон”

“Күһүн көмүһэ”

“Көмүс күһүн”

“Күһүҥҥү суол сиидэс курдук”

“Күһүҥҥү түүн”

Суруйааччылар дьыл кэмин ойуулуурга туттар уобарастара:

Дьыл кэмэ

Күннүк Уурастыырап

Семен Данилов

Кыһын

“Кыһыҥҥы суол”

Туман – долгун, будул

Ый – чомполонор, санааргыы уотун кутар

Хонуу – санньы-курус

Суол – кыһыыҥҥы хобдох

Тыа да хаар

“Кыһыҥҥы киэһэ”

Хараҥа

Буурҕа – ытыйар, ытыыр, улуйар, сахсыйар, тоҥсуйар

“Саҥа хаар”

Саҥа хаар – тула сырдык, чэпчээтим, сырдаатым.

Кус, хаас – итии дойдуга күрэммит

Чооруос – кыһаммат

Куобах, хабдьы – үөрэллэр, куттамматтар

Хот дойду оҕолоро – куттамматтар

“Кыһыҥҥы күн”

Хаар – кыркаҕа суох маҕан хаар

Дьыбар – иэдэскин чэбдик дьыбар

Тыйыс күн – кыһыҥҥы тыйыс күнүн

Кырыа – чараҥ кыра симэҕин

Сынньалаҥы билиммэт – күүтүмэ

Чэбдик дьол – үлэһит эрэ билэр.

Маҥан – кырса, кырынаас, хабдьы

Дьон – дууһалара ыраас маҥан хаар курдук

Тымныы – Тымныы күн чэбдик дьолун

Саас

“Сааскыга”

Күн – уһуур, сүрэҕи үөрүүнэн уоттуур

Киэҥ халлаан – киэлитэ тунаарда

Сааскы күн – көмүстээх сырдыга

Элиэнэ – эҥсиллэ дьалкыйыа

Солотуу куорсуннаах – соҕурууттан суугунуо

Кэҕэ – чоргуйа “кукууктуо”

Мыраан – күөх торҕо

Салгын – көр-тойук уоҕунан сатарыа

Бурдук ыһыыта

“ Сааскы күөх сарсыарда”

Сарсыарда – сүрэхпэр минньигэс

Күн – сүрдээх ичигэс

Амма өрүс – умсаахтар усталлар

Күөрэгэй – тырымныыр, ыллыыр

Ыһыы – хотуутук, күргүөмнүк турбуттар

“Саас”

Үрэх уута – тэптэ

Кынаттаах бииһэ – кыырайан кэллэ

Күөх унаар төлөннөр

Өй-санаа – үрдүккэ тардыста

Сүрэх-быар – тапталга баҕарда

Эдэр кыыс – доҕорун сэрииттэн кэтэһэр.

“Саас”

Сардаҥа – Көмүс сардаҥам  түһэн сатыылаата

Ача – саҥа тыллар ачам салаата

Сааскы ыһыы – этиҥ тыаһынан эҥсэн сонуоктарга трактордар

Сайаҕас тыал – саһыл сыһыыларга

Чыычаах – ыллыыр

Күннээх халлаан

Үтүө да күн

“Сааскы хоһооннор”

Үөрүү – сандал сааһы үөрэ көрсүҥ, сир Ийэ үөрдэ, буор Ийэ үөрдэ

Үүнүү – күүтүҥ үүнүү өлгөмүн

Кэскил – сырдык, кэрэ

Өрүстэр – Бүлүү, Амма, Өлүөнэ

Тыал – оҕолор

Булчут – кусчут

Үрэх – тыаһыы, ууһуу уһунна

Чыычаах – чыып-чаап саҥата

Көҕүтэллэр – баҕа санаабын

“Сааскы ырыа”

Чыычаах – сааскы ырыа чыычаахтар

Лыахтар – мэнээхтээтилэр көй лыахтар

Олох – ордук тупсар

Дьон санаата – сайдам буолар.

Күн сылааһа – үчүгэйиэн сыламныыр

Кыһыны – умнар

Ырыа – сэмээр кыттар.

Сайын

“Саха сайына”

Саха сайына – сандал саастан салҕанан, сырдык түүн, нуһараҥ чуумпу, кэрэ  

Күн – күлүм-чаҕыл

Уоттаах куйаас

Аалай солко суугунан

Ача, сирэм

Күөрэгэй – күйгүөрэн

Быйаҥ

“Сайын буһук куйааска”

Алаастар – солко күөххэ сууланан сыталлар

Чараҥ – суугунун тыаһа

Туорах, дьэдьэн сыта

Толуу систэр, сыһыылар – салгыннарын иһэбин.

Сахам тыатын таптыыбын

Үлэһит дьон – хоһуйа ыллыыбын

Дьол

“Сайыҥҥы”

Күн – Саймаарыйар күнүм тахсан

Сыһыы – саймаарыччы тарааннылар

Сибэккилэр – сиигинэн симэриҥнииллэр

Үрүмэччи – хойдо тэлээрбиттэр

Чыычаахтар – куоталаһа чугдаарбыттар

Көҥүл санаа – күн көрүгэр көҕүйдүм

Күһүн

“Күһүн Сэргэлээххэ”

Сэргэлээх күһүнэ – сиэдэрэй

Айыҕатын дьүһүнэ – баай, кэрэ

Хатыҥ – кыһыл көмүс, таптыыбын

Халлаан – ыраас, сырдык, өстүөкүлэ өҥүн курдук

Силбик, кыыдаан

Хаас- саҥатынан куту аймыы

Чыычаах – тоҥмут даачы чыычаахтара

Ынах

Бадыа киэһэ

Чуҥкук

Тыал

От-мас – сырдыы күлэр

“Күһүн”

Күһүҥҥү тыа – чуумпу, долгутар, көтөҕөтө түспүт

Көтөҕө – көбүөр

Дьогдьоот салгын – сүргэни көтөҕөр

Чыычаах – сайыҥҥылыы чуопчаара ыллаабат

“Күһүн көмүһэ”

Кыһыл көмүс төлөн – биир түүнүнэн эмискэ саба биэрбит, дэлэччи тиийбит.

Өлбөөркөй өҥү – сөбүлээбэт

Ардах

Тымныы

Тыынар тыыннаах – сылааска талаһар, букунайар

Ырыаһыт күһүҥҥү ырыата – сайыҥҥылыы сылаастык, сырдыы чаҕыйар.

Күннүк Уурастыырап сайын, саас туһунан хоһоонноро элбэх. Семен Данилов күһүнү, сааһы үгүстүк хоһуйбут.

Самаан сайын туһунан хоһоонноругар күн, сибэкки, үрүмэччи, чыычаах, үөрүү-көтүү, тымныыттан сынньаныыны хоһуйбуттар. Киһи сайыҥҥы сылаас күҥҥэ сылдьар курдук сананар.

Сандал сааска кэ5э этэрин, харалдьыкка бастакы ньургуһун тахсарын, тулабыт барыта сырдаан, кѳ5ѳрѳн барара, сааскы сарсыарда, күн сылаас сардаҥалара, уһуктуу, сэргэхсийии, сааскы ыһыы үлэтин үгэнэ ойууламмыттар.

Кѳмүс күһүҥҥэ аналлаах хоһоонноругар көмүс сэбирдэхтэр, былыттаах халлаан, соҕуруу көтөөрү айманар көтөрдөр, тымныынан илгийэр тыал, кыһыҥҥыга бэлэмнэнии үлэтэ-хамнаһа көстөр.

Кырыа кыһыҥҥа саҥа хаар, дьыбар, түүҥҥү хараҥа, ыйдаҥа, туман, маҥан, кыһыҥҥы күүстээх үлэ хоһуйуллар.

            Күннүк Уурастыырап дьыл кэмин туойар хоһоонноругар саҥа дьоллоох кэм социализм күнүн, советскай илгэни туойуу, колхозтар үүнүүлэрин, тыа сирэ сайдыыта үгүстүк көстөр.  Хоһоонноругар  күн үгүс миэстэни ылар.

           Семен Данилов дьыл   кэмнэриттэн күһүнү ордорор. Суруйааччы дьыл ханнык баҕарар кэмин хоһуйарыгар чыычаахтары ойуулуур.

         Күннүк Уурастыырап дьыл кэмин туойар хоһоонноругар саҥа дьоллоох кэм социализм күнүн, советскай илгэни туойуу, колхозтар үүнүүлэрин, тыа сирэ сайдыыта үгүстүк көстөр.  Хоһоонноругар  күн үгүс миэстэни ылар.

          Семен Данилов дьыл   кэмнэриттэн күһүнү ордорор. Суруйааччы дьыл ханнык баҕарар кэмин хоһуйарыгар чыычаахтары ойуулуур.



Предварительный просмотр:

Күннүүн сырсар хоһооннорум

(Константин Николаевич Дьячковскай – Туйаарыскай

кыра о5олорго аналлаах хоһоонноро)

Павлова Сайаана, Амма улууһун Сэргэ-Бэс оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ

Салайааччы Еримеева Саргылана Семеновна, саха тылын, литературатын учуутала.

О5о-аймах тапталлаах суруйааччыта, “Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ” Константин Николаевич Дьячковскай – Туйаарыскай быйыл төрөөбүтэ 100 сааһын туолла. “Күннүүн сырсар Көстөкүүн Туйаарыскай” диэн ааттаах аһаҕас улуустааҕы күрэх ааста.

   Биир дойдулаахпыт, оҕо суруйааччыта Константин Николаевич Туйаарыскай хоһооннорун үөрэтэргэ көмөлөөх буолуо диэммин хоһооннорун ырытан, кыра оҕолорго анаан кырааскалыыр альбом оҥордум.  

Туһата: Оҕо саадын иитиллээччитэ, алын кылаас оҕото хоһоону интэриэһиргииригэр, үөрэтэригэр, кырааскалыыр дьоҕура сайдарыгар  көмөлөөх.                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                               Сыала: Биир дойдулаахпыт, оҕо суруйааччыта Константин Николаевич Дьячковскай – Туйаарыскай  хоһооннорун ырытыы, үөрэтэргэ, интэриэһиргэтэргэ анаан кырааскалыыр альбом оҥоруу.

             Соруктара:

  1. К.Н. Дьячковскай – Туйаарыскай олоҕун, айар үлэтин үөрэтии;
  2.  Хоһооннорун наардаан ырытыы.
  3. Детсад иитилээччилэригэр, алын сүһүөх кылаас оҕолоругар аналлаах 14 хоһоону талыы;
  4. Хоһоон ис хоһоонунан ойуу оҥоруу;
  5. Альбом оӊоруу.

        Константин Николаевич Дьячковскай – Туйаарыскай “А5а алгыһа” диэн кинигэтэ 1986 сыллаахха тахсыбыта. Бу кинигэни  табаарыһа, поэт Семен Руфов хомуйан оҥорбута.

“Бу хоһоон кыра, орто уонна улахан саастаах оҕолор ааҕалларыгар ананан оҥоһулунна. Поэт бары айымньылара кыайан киирбэтилэр гынан баран, саамай үчүгэйэ сүнньүнэн үксэ хомулунна. Бастакы раздел хоһоонноро – түннүгүнэн-аанынан өҥөҥнөөн, тиэргэҥҥэ, детсадка лэппэрдээн, оскуола боруогун атыллаан – аан дойдуну саҥа арыйан эрэр кыра оҕолорго ананаллар. Ол арыйа сылдьан, улам улаатан иһэн хамсыыр харамай эйгэтин кытта билсэллэр – ити иккис раздел. Оҕо өссө үүнэн-сайдан, ону-маны өйдүүр, улахан дьон кэпсэтиитин, сэһэнин истэр-билэр, киэҥ олоххо киирээри улаҕанан толкуйдуур буолар – ол үһүс разделга киирэр. Бүтэһиккэ – сорохторо кылгас, сорохторо балачча уһун поэмалар” – диэн Семен Руфов кинигэ киирии тылыгар суруйар.

        Бастакы салаа “Току-току ньээм-ньээм” хоһоонноро детсад, алын кылаас оҕолоро аан дойдуну арыйалларыгар аналлаах хоһооннорун киллэрбит. Тематынан наардаатахха: кыра оҕо туһунан 28 хоһоон, оонньуур туһунан 7 хоһоон, хамсыыр- харамай туһунан 2, айылҕа көстүүтэ 5, уонна атын 8 хоһоон киирбит.

           Иккис салаа “Тэллэбиэй” хоһоонноро хамсыыр-харамай эйгэтигэр сыһыаннаах хоһооннор 32 хоһоон баар. Онтон дьиэ кыыла 14, тыа кыыла 6, көтөр 6, үөн-көйүүр туһунан 1 хоһоон киирбит.

        Үһүс салаа “Бүтэйдээххэ” үүнэн-сайдан, ону-маны өйдүүр буолбут кэмнэрэ. Манна  колхоз, көҥүл олох туһунан хоһооннор киирбиттэр.

        Түөрдүс салааҕа поэмалара киирбиттэр.

Константин Николаевич Дьячковскай – Туйаарыскай хоһоонноро биир тэҥ ритмнээх, рифмалаах, хатылааһыннаах, ыйытыы, хоруй ньыматынан суруллубут буолан, оҕо өйүгэр  түргэнник киирэллэр. Тулалыыр эйгэбитин барытын хаппыт буолан,  элбэххэ үөрэтэллэр.

          Константин Николаевич Дьячковскай – Туйаарыскай хоһооннорун сэҥээрэммин, элбэҕи билэммин, ырытаммын уонна кыра балтылардаах буоламмын, кырааскалыыр альбом оҥордум. Хоһоонноруттан  детсад оҕолоругар, алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах 14 хоһоону: “Саҥа хаарынан”, “Буруйун билиммэт”, “Куукалкаҕа”, “Чыычаах оҕото”, “Сыллыый”, “Оҕус уу баспыта”, “Үлэһит дьон”, “Туохтан үөрдэ”, “Талах ат”, “Току-току, ньээм-ньээм”, “Балыксыттар”, “Ньирэйдэргэ”, “Тоҥсоҕой тоҕо ытыырый?”, “Детсадка кэллим”  таллым.

Бу альбому оҥорорбор Paint программаны туһанным. Бастаан уруһуйдаан баран, хоһооннорун киллэрэн биэрдим.

Үлэм туһата:

  1. Суруйааччы Константин Туйаарыскай туһунан билэргэ туһалаах;
  2. Ис хоһоонун өйдүүргэ, үөрэтэргэ, ааҕарга чэпчэки буолар;
  3. Уруһуйдарбынан хоһооннору чугастык ылыныахтара;
  4. Кыра о5о иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарар;
  5. Дьүһүнү дьүөрэлии үөрэнэр;
  6. Иитээччилэр, учууталлар туһаныахтара, көмөлөөх буолуо дии саныыбын.        

Константин Николаевич Дячковскай – Туйаарыскай хоһоонноро оҕо сааһынан көрөн, кинилэр өйдүүр эйгэлэринэн, судургу тылынан суруллубуттар. Бу кини оҕо өйүн-санаатын, тылын-өһүн үчүгэйдик билэригэр, сатаан туттарыгар сытар.

        Хоһоонноро оҕо улаатарын батыһа, күннүүн сырса улаатар хоһооннор.

“Константин хоһоонноро уонна поэмалара, көлбөҕүрэн-сылбаҕыран хаалбакка, күүстэрэ-күдэхтэрэ эстэн санньылыйан түспэккэ, күнү-дьылы курдары эргэрбэккэ көтөн иһэллэр. Ити буолар – туттуҥ уонна туһаныҥ диэн кини биһиэхэ хаалларбыт, дьэбиҥҥэ сиэппэт өлбөт үөстээх уонна сыппаабат-сынтарыйбат саамай сытыы, саамай күндү бэлэҕэ! Дьиҥнээхтик, үйэлээхтик, дириҥник уонна киэҥник бэйэтин аатын ааттатар – төрөөбүт норуотугар поэт бэлэҕэ...” – диэн суруйбута табаарыһа, поэт Семен Руфов.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Кириллин Д.В., Павлова В.Н., Шевков С.Д. Писатели Земли Олонхо: Биобиблиографический справочник. – Якутск: Бичик, 2000. – 448 с.
  2. Ксенофонтова К. Хоһоонноруттан сылаас илгийэр.// Чолбон №6, 2015. – 95 с.
  3. Павлова В.Н., Захарова Г.И., С.Е. Макарова. Ийэм күөрчэ5э: Кыра саастаах оскуола о5олоругар хоһооннор. – Дьокуускай, 2000. – 46 с.
  4. Попов И.К. Саха суруйааччыларын псевдонимнара. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 48 с.
  5. Сосин И.М. «Мутукчаттан» тыллан.//Чолбон № 6, 2015. – 89 с.
  6. Сосин И. М. Күннүк доҕоро Туйаарыскай. // Чолбон №7, 2010. – 95 с.
  7. Туйаарыйскай К. А5а алгыһа: оҕолорго хоһооннор, поэмалар. – Якутскай: Кинигэ издательствота, 1986. – 176 с.
  8. Туйарский К.Н. Сказки, стихи, сатира, перевод: Для детей среднего школьного возраста. – Якутск: Бичик, 2005. – 144 с.  



Предварительный просмотр:

Холобур буолар спортсменнарбыт.

Спорт уонна чөл олох киһини киэргэтэр, доруобуйаны тупсарар. Билигин спорт уонна чөл олох инники миэстэҕэ турар буолла.

Биһиги бөһүөлэкпитСэргэ-Бэс төһө да кыра буоллар, холобур оҥостор спортсменнардаахпыт. Оскуолабытыгар оҕолор кыра эрдэхтэриттэн мас тардыһыытынан дьарыктаналлар. Салҕыы атын оскуолаҕа үөрэнэ бардахтарына даҕаны дьарыктарын бырахпаттар.  Улуус, республика, Россия, Аан дойду таһымыгар ситиһиилээхтик кытталлар.

Холобур, Борохин Максим Максимович мас тардыһыытыгар Саха сирин спордун маастара, улууска, республикаҕа, Россияҕа ыытыллыбыт чемпионаттар призердара.Борохин Афанасий Максимович пауэрлифтиҥҥэ Россия спордун маастарыгар кандидат.

Мас тардыһыытыгар спорт маастарын кандидата, 5-борьеҕа Саха сирин бастакы чемпиона Сутаков Альберт Поликарпович дьарыктаабыт оҕолоро Слепцов Сергей Анатольевич  улуус, республика призера, чемпиона, V Аан дойдутааҕы “Азия оҕолоро” күрэххэ 2 миэстэни  ылбыта. Абужаров Эрсултан Кулатай Уолы улуус, республика, Россия чемпиона, национальнай ыстаныыларга республика чемпиона.Удин Евгений Филиппович улуус,  республика, Россия Аан дойду чемпиона. Саха сирин, Россия спордун маастара. Иванов Иван Васильевич улуус, республика призера, тренер.

Мас тардыһыытыгар улуус, республика призера Сутаков Степан Поликарпович үөрэммит оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлии сылдьар. Былырыын, 2018 сылга, “ГТО” нуорматын 9 кылаас үөрэнээччилэрэ Попов Игорь  кыһыл көмүскэ, Попов Борис бронзаҕа туттарбыттара. Попов Игорь Саха Республикатын хамаандатыгар киирэн Бүтүн Россиятааҕы күрэххэ кыттан кэлбитэ.

Биһиги, оскуола оҕолоро, спортсменнарбытыттан холобур ылабыт. Араас күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт. Саха Республикатыгар спорт оонньуулара, Манчаары оонньуута, Аан дойдутааҕы “Азия оҕолоро” күрэх буолара чөл олохтоох, спортка ситиһиилээх дьон буолан тахсарбытыгар көмөлөөх.

Христофорова Айыына, Сэргэ-Бэс оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.

.



Предварительный просмотр:

Киэнтуттарспортсмеммыт – Евгений Удин

        Биһиги бөһүөлэкпитигэр биир киэн туттар спортсмеммыт Саха сирин, Россия, Европа, Аан дойду чемпиона  Евгений Удин  буолар.C:\Users\Школа\Documents\ЕСС\статьи\чемпиону чиэстээтибит\SAM_7596.JPG

Евгений Амма улууһун Сэргэ-Бэс бөһүөлэгэр Удиннар дьиэ кэргэннэригэр 1997 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн спорт араас көрүҥэр дьарыктаммыта. Онтон Сэргэ-Бэс оскуолатыгар Сутаков Альберт Поликарпович үлэлии кэлбитигэр, уолаттар мас тардыһыытынанумсугуйан туран дьарыктаммыттара. Араас таһымнаах күрэххэ баран ситиһиилээхтик кытталлара. Мантан ыла Женя күүскэ ылсан, сөбүлээн туран дьарыктаммыта.

Сэргэ-Бэс оскуолата тоҕус кылаастаах буолан, 10-11кылааска Амма 1№-дээх оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. ДЮСШ-ҕа мас тардыһыытынанАфанасий Владимировка дьарыктаммыта. Улууска, республикаҕа ыытыллыбыт күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттара.

Оскуоланы бүтэрэн, ХИФУ физическэй культура уонна спорт институтугар үөрэнэ киирбитэ. 2016 сыллаахха Россия сборнайын састаабыгар киирбитэ, Арменияҕа Батуми куоракка буолбут  мас тардыһыыга Европа чемпионатыгар кыттыбыта. 60 киилэ ыйааһыҥҥа чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта. Бу күрэхтэһиигэ сылдьан Аан дойду чемпионатыгар кыттарга сыал туруоруммута.

Евгений бу сыалын ситиһэн, 2018 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Аандойду чемпионатыгар 60 киилэ ыйааһыҥҥа чаҕылхай кыайыытынан бар дьонун үөрдүбүтэ. Саха сирин, Россия спордун маастара буолбута. Тохсунньу ыйга Сэргэ-Бэскэ Евгенийбытын чиэстээбиппит.

Чөл  олоҕу тутуһан, спордунан дьарыктанан элбэҕи ситиспит убай тэҥэ саныыр киһибитинэн киэн туттабыт, холобур оҥостобут.  

Валя Игнатьева, Сэргэ-Бэс оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ.