Мои разработки и публикации
Занятия по гендерному воспитанию
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
"Кырачаан уолан бэртэр" - методическая разработка | 43.4 КБ |
Уран тыл сумэтэ - доклад | 33.1 КБ |
Предварительный просмотр:
Кырачаан уолан бэртэргэ уонна кэрэчээнэ куоларга- айылгыларын туhаайыытын анаарарга кѳмѳ-тирэх дьарыктар.
Киирии тыл
Кыра саастаах оҕону кѳрүүгэ- харайыыга иитии эйгэтэ, ис хоhооно, ньымалара бу оҕо инники сайдыытыгар, киhи буола иитиллэн тахсарыгар улахан суолталаахтара биллэр. Психологтар оҕону биэhигэр диэри кѳрүү, иитии кинини киhи быhыытынан ис эйгэтин тѳрүттэниититтэн тутулуктааҕа ѳйдѳнѳр.
Улуу педагогтар, психологтар К.Д.Ушницкай, И.Г.Песталоцце о.д.а., уонна бу педагогика классиктарыниитиигэ үѳрэтиигэ «нэhилиэстибэлэрин» ылыммыт айымньылаах этнопедагог К.С.Чиряев бириинсиптэринэн: ѳбүгэ саҕаттан бэриллэн кэлбит омук ураты суолун ииhин, муудараhын, ньымаларын оҕону иитиигэ-үѳрэтиигэ туттуу кѳдьүүстээҕин суруйаллар. Киhи-аймах баарын тухары оҕону иитии-такайыы баар. Онтон оҕону иитиигэ уолу-кыыhы аналларын анаарыыга туhаайан иитии-бу кэнчээри ыччаппыт киhи быhыытынан кииллийэн тахсыытын солбуллубат сорҕото буоллаҕа эбээт.
Пед институкка үѳрэнэр сылларбар, уолу-кыыhы аналларынан уратыларын учуоттаан иитиигэ үлэлиир санаалаахпын билэн, педагогическай үлэ кандидата, дошкольнай кафедра доцена Мария Ивановна Баишева уол-кыыс сыhыаннаhыыларын сыаннастарыгар болҕомто уурарга сүбэлээбитэ. Олох-дьаhах сыаннастарыгар сыhыаны олох кѳстүүлэригэр, дьайыыларыгар, тылга-ѳскѳ, малга-салга, дьон-сэргэ сыhыаннаhыыларыгар булуохха сѳп. Ол иhин оҕо эрдэхтэн толкуйдаан, ырыҥалатан кѳрѳр дьоҕуру сайыннарыы-оҕоҕо баар чахчыттан олох кѳстүүтүн, ол кѳстүү сиэрдээх ѳттүн, сиэрдээх ѳттүттэн киhи-аймах олоҕун сүрүнүн анааран билэригэр кѳҕүлээhин буолуоҕа. Ити инниттэн оҕону кытта олох-дьаhах туhунан судургутук, киниэхэ тиийимтиэтик уонна ону тэҥэ эмиэ даҕаны диринник кэпсэтэри сатыахха наада, ол оҕо айылгытын суолун чиэстээхтик тутуhарыгар туhуланыаҕа. Уолаттары, күүстээх аҥардары кинилэр кэрэ аҥардарыгар үтүѳ сыанабыллаах сыhыаҥҥа иитии урут даҕаны долгутар, толкуйга киллэрэр. Бу хайысхаҕа үлэлэспит үлэбиттэн 5-6 саастаах улахан уонна бэлэмнэнии бѳлѳх оҕолоругар сѳптѳѳх дьарыктаныылары биир идэлээхтэрим үлэлэригэр туhанаайаллар диэн, дьүүлгүтүгэр таhаардым.
1 дьарык. Темата: Дьиҥнээх эр дьоннор кистэлэҥ мунньахтара.
Сыала: Эр киhи оруолун, аналын ѳйдүүргэ кѳҕүлээhин. Тулалыыр дьоҥҥо убаастабылы, харыстабыллаах сыhыаны, эр санаалаах буолууга иитии.
Туттуллар матырыйаал: кыраhыабайдык киэргэтиллибит тэтэрээт, уруучука.
Дьарык барыыта:
- Тарбах эрчиллиитэ (билэр эрчиллиилэрин хатылааhын).
- Иитээччи: Оҕолоор, бүгүн биhиги бэйэбит эрэ, ол аата кыргыттартан кистээн, мунньахтыыр буоллубут. Бу мунньахпытыгар эhиги уолаттар буоларгыт быhыытынан – дьиҥнээх эр киhи диэн кимин, хайдах буолуохтааҕын, майгытын – сигилитин, сатабылын, күүhүн уоҕун туhунан аhаҕастык, ким тугу, тѳhѳнү билэринэн сэhэргэhиэхтээхпит. Сѳбүлэhэр инигит? Дьэ оччогуна сэhэргэhиибитин саҕалыаҕын.
- Сэhэргэhиини кѳҕүлүүр ыйытыктар:
- Дьиҥнээх эр дьоннор диэн кимнээхтэрий? Кими, тугу кѳмүскүүллэрий? Ханнык эбээhинэстэри толороллоруй? Дьиҥнээх эр дьоннор кыыска, дьахтарга, кырдьҕастарга сыhыаннара хайдаҕый? Тугу оҥордоххуна эйиигин дьоннор хайгыахтарай, үчүгэйдик сыhыаннаhыахтарай? Уолаттарга ханнык ханнык хаачыстыбалар наадаларый? Эр сана диэн тугуй? Ону хайдах иитиэххэ сѳбүй?
3. – Оҕолоор, бүгүн эhиги кырачаан уолаттаргыт, онтон улааттаххытына эр дьон, эр хоhууттар буоларгытын бары даганы бэркэ билэр эбиккит. Аны билигин дьиҥнээх эр санаа, кѳмѳлѳhүү, убаастабыл, тулуур, күүс кѳстѳр түгэннэрин бэйэҕит толкуйдааҥҥыт эбэтэр олоххо билбиккититтэн, эбэтэр сѳбүлүүр остуоруйаҕытыттан, мультиктан быhа тардан кэпсээн эрэ.
- Түгэннэри толкуйдуурга кѳҕүлээhин.
- – Ити дьэ истибиккит курдук араас тугэннэрэ эр сана кѳстѳн кэлэр эбит. Уолаттар, билигин кэпсээбит түгэннэргититтэн оруолларга үллэстэн оонньоон кѳрѳбүт дуо?
- Кэпсэниллибит түгэннэртэн 1-2 талабыт.
- Димабыт кэпсээнин кырдьык, бары даҕаны олус биhирээбит эбиппит, онон дьэ оонньоон кѳрүѳҕүн.
5. Билигин бары кѳхтѳѳхтүк анны тыл оонньуутун оонньуоҕун. Оонньуубут аата «Этиини ситэр». Оонньуу быраабылата маннык: мин этиини саҕалыыбын эhиги ону ситэрэҕит.
- Улааттахпына мин…
- Саамай интириэhинэй диэн буолар…
- Мин самый таптыыр дьарыгым…
- Ийэм кыыhырыа ѳскѳтүн…
- Мин саамай таптыыр доҕорум…
- Ийэм миигин хайгыыр…
- Мин үѳрэбин…
- Эйэҕэс буолуу диэн, ол аата…
- Эр санааланыы диэн…
Түмүк: - Бүгүн бүѳмнээн мунньустан сэhэргэстибит, элбэх билиибитин- кѳрүүбүтун бэйэ-бэйэбитигэр бэристибит-ылсыстыбыт, оонньоотубут даганы. Кистэлэҥ мунньагы тѳhѳ сѳбүлээтигит, оҕолоор? θссѳ даҕаны бу курдук кыргыттарга эппэккэ мустуохпутун сѳп дуо? Сѳп, дьэ оччого бу мунньахха билбиппитин-кѳрбүппүтүн үчүгэйин хайаан даганы бэйэбитигэр туhаныахпыт диэн уураах ылыннахпытына эрэ аныгыскы мунньахпыт буолуох тустаах. Уурааҕы маннык оҥоробут: мин суруйан иhиэҕим эhиги тугу ѳйдѳѳн хаалбыккытын этин.
Эhиги уолаттар-эр дьон буола улаатаҕыт, хайдах дьону дьиҥнээх эр дьон диэххэ сѳп эбитий?
- Оҕолор этиилэрин суруйан «уураах» ылынан баран, ааҕан иhитиннэрэн оонньоон илии баттатан бигэргэттэриэххэ сѳп.
2 дьарык. Темата: Уол оҕо- мындыр уус (куруhуок муннугар үлэ).
Сыала: Уhаныы умсулганыгар уhуйуу. Υлэҕэ, сатабылга, ѳтүйэнэн туттарга, тоhоҕону саайарга, сэрэхтээх, ыраас туттунуулаах буоларга үѳрэтии.
Туттуллар матырыйаал: бытархай тоhоҕо, кыра дуоскалар, брусоктар, алдьаммыт оонньуурдар, шуруптар, буолталар.
Дьарык барыыта:
- Тарбах эрчиллиилэрэ:
- «Рубанок» - ытыhы остуолга уран иннин-кэннин диэки түргэнник сууралыыбыт, кэннин диэки барарга ытыспытын остуол сирэйиттэн арааран, таарыйбакка илдьэбит.
Хатырыгы хаптаhынтан
Халтарыта ыраастыырга,
Устуруустаан биэриэҕин
Харбыл бѳҕүн ыhыаҕын.
- «θтүйэ»- сутуруктуу тутан остуолу тоҥсуйуу.
Бэйэтэ синньигэс,
Тѳбѳтѳ саллаҕар
Тоҥсуйар, баалкылыыр
Бу курдук «тук-тук-тук».
- «Отвертка»- сѳмүйэни остуол сирэйигэр эргичитии.
- – Оҕолоор, дьэ бүгүн эмиэ биhиги дьиҥнээх эр дьоннор буоларга бэлэмнэнэн, бүѳмнээн дьарыкпытын саҕалыыбыт. Ити оҥорбут тарбах эрчиллиилэрэ туохха туттуллар малларый?
- Саамай сѳп, ол курдук биhиги бүгүн «Мындыр уус» куруhуок муннугар бараммыт, уhанарга холонуохпут. Онуоха эhигини уhаныы уустуктарыгар үѳрэтээри ким эрэ кэтэhэр.
- Эрдэттэн уус аҕаны кэпсэтэн, дьарыкка кѳмѳҕѳ аҕалабыт.
- Бүгүн биhиэхэ кѳмѳлѳhѳ Вася аҕата кэлбит, кини аата Василий Дмитриевич диэн (дорооболоhобут).
- Аҕа эрдэттэн бэлэмнээн аҕалбыт оҥоhугу кѳрдѳрѳр, уhаныы туhунан кылгастык кэпсиир, быhаарар, сэрэтэр.
- Оҥоhугу оҥоруу үлэтэ (туттуллар эттиктэри эрдэттэн бэлэмнэниллэр).
- – Дьэ тиритэ-хорута үлэлээн уус даҕаны эбиккит, бэлиэр оҥоhук бэлэм. Уhанарга туттуллар матырыйааллар үксүлэрэ туохтан бэлэмнэниллэр эбиттэрий?
Саамай сѳп, мастан. Билигин тыаҕа үүнэн турар мастар буола түhэбит, тыалга.
Хоҥкуhан ылабыт: «Физминутка»
- Ветер дерево качает (илиибит үѳhээ, кыратык хоҥкулдьуhабыт)
Вправо, влево наклоняет (уҥа-хаҥас иҥнэҥниибит)
Раз наклон, два наклон,
Зашумел листвою клен (тарбахтарбытын түргэнник илибирэтэбит).
- Тыл оонньуута.
- билигин анны ким, тѳhѳ түргэнник эппиэттиирин билэ таарыйа, тыл оонньуутун оонньуоҕун. Оонньуубут «Кимиэхэ туох нааданый». Мин идэлэри ааттыаҕым эhиги ааттаммыт үлэhит үс туттар тэрилин этэ охсуохтааххыт.
Түмүк. – Бүгүҥҥү уhаныыны тѳhѳ сѳбүлээтигит? Уол оҕоҕо уhанар тоҕо нааданый эhиги санааҕытыгар?
- Сѳп, билигин Василий Дмитриевич эhиги оҥоhуктаргытын кѳрдѳрѳн ким, хайдах уhаммытын этиэҕэ (анализтааhын).
- Инники дьарыкка курдук, уураах ылыныыта.
3. Дьарык. Темата: Уолаттар – кыра бухатыырдар.
Сыала: Бэйэ бэйэҕэ убаастабыллаах сыһыаны, олоххо бэйэ суолтатын, хатыламмат бэйэ уратытын бигэргэтинэргэ иитии. Олоӊхо орто дойдутун олохтоохторо-Айыы бухатыырдарын ханыылара буолабыт диэн өйдөбүлү иӊэрии.
Туттуллар матырыйаал: остуол, олоппостор, фломастердар, альбом илиистэрэ олоӊхо уобарастарын слайда, проектор, уолаттар ахсааннарынан бухатыырдар бэргэһэлэрэ-атрибуттар.
Дьарык барыыта:
- Тарбах эрчиллиитэ.
- «Ат»- хаӊас ытыһы эрбэҕин өрө тутан, тарбах сытыары, уӊа ытыһы хаӊас ытыска сыһыары эрбэҕин өрө «иккис кулгаах» курдук, түөрт тарбаҕы ытыс көхсүнэн сиэл курдук түһэрэбит.
Үс үүт күрүөнү
Үрдүнэн көстөөхтүүр,
Үрүмэччи маӊан аттаах
Үрүӊ Уолан бухатыыр (таӊалайы таӊсыйтаран туйах тыаһын үтүктэбит).
2. Сэһэргэһии:
- Оҕолоор, бүгүн биһиги анны олоӊхо дойдутун Айыы бухатыырдарын кистэлэӊ түмсүүлэрин саҕалыыбыт. Онон ох курдук оӊостобут хас биирдиигит-бухатыыр бэргэһэтин кэтэҕит (атрибуттары кэтэллэр).
- Ноо, бу эһиги курдук бухатыырдары олоӊхо тылынан хоһуйан этиэххэ сөп:
Бу олорор дьоннору,
Быһыыгытын-таһааҕытын
Одуулаан көрдөххө
Хаан-чаҕыл сэбэрэҕитин
Хабааннаан көрдөххө:
Суллаабыт тиит курдук
Дьөрөһөркөөн сотолордоох,
Хастаабыт тиит курдук
Хапсаҕайкаан харылардаах,
Быстыбыт тиит курдук
Быыппастаҕас былчыӊнардаах,
Уолан хаан бэртэрэ
Кэккэлэспит эбиккит.
Уоланнарга-бухатыырдарга нөрүөн-нөргүй буолуохтун!
(Нөрүѳн нѳргүй эҕэрдэлэhии).
3. - Бүгүн үтүѳ санаалаах бухатыырдара диэн кимнээҕий, туох ханнык дьонноруй диэн ыйытыкка хоруйдуур сэhэргэhиини саҕалыыбыт. Истибит, кѳрбүт олоҥхолорбутун, остуоруйаларбытын саныыбыт, кими-тугу тѳhѳ ѳйдѳѳн хаалбыт эбиккитин билиэхпит.
- Сэhэргэhиини кѳҕүлүүр ыйытыктар:
- Дьиҥнээх бухатыыр диэн кимий, билэҕит дуо? Кинини хана кѳрсүѳххэ сѳбүй?
- Ким эмэ кыыс табаарыстаах дуо, киниэхэ хайдах сыhыаннаhаҕыт? Биирдэ эмит кыыhы хомоппут, атаҕастаабыт түгэннэрдээххит дуо, ол туохтан саҕаламмытай? (Түгэннэри ырытыы). Сѳбүлүүр кыыскытыгар хайдах тыллары этиэххит этэй?
Остуоруйа геройдарын ѳйдѳѳн кэлэбит, ханнык үтүѳ быhыыны оҥорбуттарай?
(Ыарырҕаттахтарына, билсибит остуоруйаларын аатын санатан биэриэххэ син).
- Олоҥхоҕо, остуоруйаҕа түмүккэ хайалара кыайарый куhаҕан дуу, үчүгэй дуу, онуоха ким кѳмѳлѳhѳрүй? Онтон дьиҥнээх олоххо кѳмүскүүр-харыстыыр бухатыырдарбыт- эhиги уолаттар буолаҕыт. Оннук оҕолоор?
4. Уруhуйдааhын.
- Проекторынан олоҥхо уобарастарын тыктаран, кѳрѳ олорорго, холбуубут.
- Билигин ити кэпсэтиhиибититтэн кэрэ кыыhы ѳрѳhүйүүнү уруhуйдуоҕун.
- Остуол тула олороннор оҕолор үлэлииллэр.
5. Хамсаныылаах оонньуу «Ат суурдуутэ».
- Бары даҕаны бэртээхэй уруhуйдары оҥордугут. Билигин эппитин- хааммытын эрчийэ таарыйа, хамсанан-имсэнэн оонньоон ылыаҕын.
- Быраабыланы билиhиннэрэн, оонньуу барыыта.
Түмүк:
- Бүгүҥҥү бухатыырдар түмсүүлэрин тѳhѳ кэрэхсээтигит?
Маннык дьарык уолаттарга туох туhалаах буолуон сѳп эбитий, тугу биллибит-кѳрдүбүт? (Анализтааhын).
- Эhиги уолаттар, бухатыырдар аналгыт тугуй, хайдах дьон буолуохтааххытый?
Эппиэттэри тиhэн уураахпытын ылынабыт, кытаатын биирдиилээн этин.
- Эппиэттэри тиhэн уураах ылыныыта.
4. Дьарык. Темата: кыргыттар-кыра хаһаайкалар.
Сыала: кыргыттар-кэрэ эйгэни тэрийээччилэр, дьиэ-кэргэни араначчылыыр аналлаахпыт, ийэ кэриэтэ истиӊ иэйиини ииттинэ улаатыахтаахпыт диэн өйдөбүлү иӊэрии.
Туттуллар матырыйаал: дьиэ хаһаайката күннээҕи олоҕор туттар тэрилин, малын ойуулуур, сайыӊӊы айылҕаны көрдөрөр слайдалар, проектор.
Дьарык барыыта:
1. Тарбах эрчиллиитэ «Чаанньык».
- Уой, даа оҕолоор, туохпут будулуйар, бу туохпут бургучуйар?
Сылаас салгыны төлө биэрэн,
Оргуйдум, оргуйдум.
Хаппаҕым лабырҕаата:
«Чэйдэ иһин, уу оргуйда» - диир баар үһү. Таабырыны таайаллар, хаӊас ытыһы – тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр сыһыары тутан баран оӊхой гына токуччу тутабыт «чааскы», уӊа ытыһы сутуруктуу тутан, эрбэҕи көнөтүк «тумус» оӊорторон чаанньык тумсуттан чааскыга чээй куттарабыт. «С-С-С» дорҕоону таһаартарабыт, онтон ытыстарын атастаһыннаран эрчиллиини хатылыыбыт.
2. Сэһэргэһии.
- Кыргыттаар, мин бүгүн эһигини уолаттартан бүөмнээн, кыра хаһаайкалар кистэлэӊ мунньахтарыгар ыӊырдым. Бу мунньахпытыгар биһиги хаһаайка, дьиэ-кэргэн ийэтэ кимин, хайдаҕын туһунан кэпсэтиһиэхтээхпит.
- дьэ эһиги кыра хаһаайкалар буоларгыт быһыытынан, сэһэргэһиигэ кыттыһан, билэргитин кэпсээн иһиэхтээххит.
- Сэһэргэһиини көҕүлүүр ыйытыктар:
- Дьиэ кэргэн диэн тугуй?
- Ийэ, аҕа эһиэхэ кимнээхтэрий?
- Хомотооччугун дуо?
- Дьиэҕэр туох эбээһинэстээххиний, туһалааххыный?
- Хаһаайка тугу сатыыр буолуохтааҕый?
- Кыра бырааттаах, балтылаах оҕолор кэпсээнэрэ, эһиги кинилэргэ тугу көмөлөһөҕүт?
- Ханнык остуоруйа геройдара биһиэхэ үлэни таптыырга, кыыллары, дьоннору таптыырга, кыһалларга, эйэҕэс, нарын-намчы буоларга көмөлөһөллөрүй?
3. «Тирэхтээх кэпсээннэр» - дьиэ хаһаайкатын оруолун арыйарга тирэх буолар хартыыналар слайдаларын 8-10 устууканы проекторга холбуубут. Холобур: коляскалаах оҕо, иһит – хомуос, таӊас – сап, сибэкки, пылесос, сууйар – суунар тэриллэр, оҕуруот, дьиэ кыыллара, дьиэ – уот о.д.а.
- Оо дьэ, хаһан улаатаммын, ийэ саҕа буолабын – диэн ырыаны бары билэҕит, сөбүлээн ыллыыгыт. Бу көстөр маллар, тэриллэр кимиэхэ ордук наадалаахтарый, ону хайдах, туохха туттуохха сөбүй? Дьэ арай эһиги бары улаатан, дьиэ хаһаайкалара буолбуккут ол туһунан «Арай мин улааттахпына» диэн өйтөн айар кэпсээммитин саҕалыыбыт, бу хартыыналары көмөлөһүннэриэххэ сөп.
- Оҕолор өйтөн айан кэпсииргэ холонуулара.
- – Бары даҕаны мааны хаһаайкалар сатабыллаах үчүгэй ийэлэр буолууһугут. Бу курдук үчүгэйи йэлээх дьиэ кэргэни дьоллоох ыаллар дииллэр эбээт. Билигин биhиги кыргыттаар, оонньуу түhүѳхпүт, оонньуубут сүрдээх дьикти:
- Дьол дьүhүнэ хайдаҕый? – сана ѳрѳ кѳтѳҕүллүүтүн (настроение) дьүhүнүн сатаан биэриини чопчулааhын уонна ону туттан-хаптан (мимикалаан) биэриини кѳҕүлээhин. Оҕолорго дьолу мимиканан кѳрдѳрүҥ диэн сорудах биэрэбит, ол кэннэ сѳп түбэhэр дьүhүнү булан кырааскалыылларыгар сорудахтыыбыт («Улыбка» музыкатын фон гына холбонор).
- Физминутка. («Сайыҥҥыга» ырыа музыката холбонор)
- Оҕолоор, сайыны ким барыта кэтэhэр таптыыр онтон эhиги?
- Ийэлэрбит сайын тугу кыhыҥҥыга хаhааналларый? (оҕуруот аhа, сир аhа).
- Дьэ билигин биhиги муузыканан сѳп түбэhиннэрэн сир астыы ойуурга барыахпыт (дьиэрэҥкэй, чохчоҥнооhун, атах тэпсии) бу бириэмэҕэ слайдаҕа сайыҥҥы айылҕа кѳстѳр.
Түмүк: Хайа дьэ кыргыттаар бүгүн тѳhѳ үчүгэй, туох туhалаах мунньах буолла? Маннык кистэлэҥ түмсүү ѳссѳ буолуон баҕараҕыт дуо?
5.Дьарык. Темата: Уус тарбахтаах кыргыттар («Кѳмүс сап» куруhуок муннугар дьарык).
Сыала: Айар дьоҕуру сайыннарыы, ѳҥнѳрү дьүѳрэлээн аттара үѳрэнэргэ уhуйуу, самостоятельноска, бэйэ-бэйэҕэ кѳмѳлѳсүhүүгэ, кэрэ эйгэтигэр иитии.
Туттуллар матырыйаал: Маҥан, араҕас, от күѳҕэ таҥас (материал), кыптый, клей, таҥас салфеткалар, харандаастар, фон музыката.
Дьарык барыыта:
- Тарбах эрчиллиитэ «Тиэстэлэрбин тэниттим»- харандааhы остуол сирэйигэр тарбахпыт тѳбѳлѳрүттэн саҕалаан бэгэччэккэ диэри тѳкүнүтэбит, онтон тѳттѳрү. Ити курдук икки ытыспытыгар хардарыта оҥоробут. «Күѳрчэхпин ытыйдым» - харандааспытын икки ытыспыт икки ардыгар туруору тутан «ытыйан лабырҕатабыт».
- – Оҕолоор, дьэ бүгүн сатабыллаах үчүгэй хаhаайкаларга ананар, кэрэчээнэ кыргыттар иистэнэргэ, оҕуруону тиhэргэ үѳрэнэр «Кѳмүс сап» куруhуок муннугар бүѳмнээн дьарыктана кэллибит.
- Куруhуок салайааччытын эбэтэр уус тарбахтаах ийэни эрдэттэн бэлэмниибит.
- Оҕолоор, бүгүн биhиэхэ мындыр уус тарбахтаах, элбэх оҕолоох ийэ, үчүгэй хаhаайка, куруhуок салайааччыта Мария Лаврентьевна эhигини таҥаhы сабы кырыйарга, ѳҥнѳрү дьүѳрэлээн, аттаран тупсаҕай оҥоhугу оҥорорго үѳрэтээри кэлбит.
- Мария Лаврентьевна бүгүҥҥү үлэни быhаарар, кѳрдѳрѳр, сүбэлиир.
- Оҥоhугу оҥоруу үлэтэ. Холобур: Эрдэттэн сибэкки эминньэхтэрин, сэбирдэх быhыытын таҥаска уруhуйдаммыт эттиктэри кырыйтаран аппликация сыhыартарыы.
- Физминутка (айылҕа тыаhа фон холбонор).
- Уой, оҕолоор, тула ѳттүбүт араас сиэдэрэй сибэкки, күп күѳх хону, сып сылаастык күн тыгар ханнык дьыл кэмигэр баар буоллум мин?
- Саамай сѳп сайын. Сиэдэрэй сибэккилэри оҥорбут дьон буоларбыт быhыытынан, бэйэбит эмиэ сибэкки буолан тырымнаан ылыаҕыҥ.
- Халдьаайы сыырыгар
Харалдьык сыыhыгар
Силистэрин анньынан
Сир сиигин үллэстэн
Барылара биир кэмҥэ
Киэргэнэн, симэнэн
Ньургуhун элбэҕиэн,
Кѳрѳргѳ кэрэтиэн.
- Оонньуу «Ателье».
- Сибэкки бѳҕѳтѳ тыллыбыт, сайын буолбут. Кыргыттаар, эhиги эмиэ сибэккилэргит дии, киэргэниэҕиҥ. Билигин оонньуубут «Ателье». Хас биирдиибит билигин Мария Лаврентьевнаҕа кэлэн сайыҥҥы таҥас тиктэрэргэ сакаас биэрэр, таҥаhын талар (дьүhүнүн, чараас дуу, халыҥ дуу).
Түмүк: Хайа дьэ хаhаайкалар, бүгүҥҥү күҥҥүт тѳhѳ туhалаахтык ааста? Ким хайдах үлэлээтэ? Туохха үѳрэннигит, тугу биллигит?
- Дьарык. Темата: «Кыра куолар кулууптара».
Сыала: Олоҥхоҕо интириэстэрин тардыы. Айыы кыыhын кэрэ майгытын - сигилитин туhунан оҕоҕо ѳйдѳбүлү үѳскэтии уонна киhи кэрэтэ иhигэр буоларын быhаарыы.
Туттуллар матырыйаал: Проектор, олоҥхо хартыыналарын слайдалара, сирэй кѳстѳр хайаҕастаах тантомареска (120 см үрдуктээх, 60 см. туоралаах), обручка тиhиллибит уhун быалар эбэтэр сиэл, остуол, Туйаарыма Куо, кыыс Кыскыйдаан, араас кѳтѳр, кыыл, үүнээйи, айылҕа кѳстүүтэ хартыыналар, бастыҥалар.
Дьарык барыыта:
- Тарбах эрчиллиитэ «Υрүмэччи»- ытыстарбытын сыhыарабыт, бэгээччэктэрбитин араарбакка эрэ ытыстарбытын икки аҥыы саратабыт – кынаттар сапсыналлар: үѳрэн-кѳтѳн тэлимнээччи, үрүҥ- үрүҥ үрүмэччи. «Сибэкки» - тарбахтар тѳбѳлѳрүнэн сыhыары тутан турабыт, сыыйа араартаан тэнитэн барабыт, арыллан сибэккини санатар гына бэгэччэктэри, тойон эрбэхтэри, ылгын чыҥыйалары сыhыартаан баран араарбакка эрэ тарбахтарбытын саратабыт – сибэкки тылынна.
- (Проекторга олоҥхо дойдута кѳстѳр)
- Оҕолоор, кѳрүҥ эрэ бу туох ойуутай? Олоҥхо үс дойдулаах биhиги үс дойдуттан хайатыгар олоробутуй? Ол аата эhиги, кыргыттар, удаҕаттаргыт дуу, айыы кыргыттараҕыт дуу, абааhы аймахтараҕыт дуу?
Саамай сѳп. Дьэ ол иhин бүгун мин эhигини, аhыныгас санаалаах айыы кыргыттарын, кыра куолар кулууптарын дьарыгар ыҥырдым. Айыы Куолар киэргэлгитин, симэххитин кэтэн кэбиhиҥ уонна истиҥ:
Υс күн үмүѳрүспүт курдук
Үтүѳкэн дьүhүннээх,
Тоҕус күн тоҕуоруспутун курдук
Толомоонноох ньуурдаах
Чараас-чараастык чыпчылыспыт.
Минньигэс-минньигэстик мичилиспит
Икки кииhи атахтаhыннарбыт курдук
Хар-хара хаастардаах,
Чоҕул сулус харахтаах
Уулаах отон уостардаах,
Дьэдьэн курдук имнэрдээх
Кыталык курдук кынтаспыт
Саха нарыҥ кыргыттара
Симэнэн киэргэнэн олорор эбиккит.
- Айыы аймахтара олоҥхо дойдутун куолара буоламмыт кэрэ, үтүѳ майгы уонна мѳкү, түктэри кэмэлдьилэри ырытыhан сэhэргэhэ түhүѳхпүт.
- Сэhэргэhиини кѳҕүлүүр ыйытыктар. Оҕолоор, биhиги кими Айыы кыыhа диэн ааттыыбыт? Олоҥхоттон холобурдаан ааттаталаан. Айыы кыыhын дьүhүнэ олоҥхоҕо хайдах хоhуйулларый? Онтон майгыта-сигилитэ хайдаҕый? Ол туохтан кѳстѳрүй? Айыы кыыhа туохтан дьоллоноруй? Ханнык абааhы кыргыттарын олоҥхоттон билэҕит? Дьүhүннэрэ хайдах ойууланарый, майгылара-сигилилэрэ хайдаҕый? Тоҕо Уот Уhутаакы биир эмэ абааhы кыыhын кэргэн ылбакка, Туйаарыма Куону уорарый?
- Ол аата Айыы кыыhа – мындыр ѳйдѳѳх, нарын-намчы кѳстүүлээх, дьоhун мааны майгылаах буолар эбит.
3. Оонньуу «Мин олоҥхоттон кэллим»- оҕо абааhы кыыhын эбэтэр Туйаарыма Куо тантомарескаларыгар сирэйин кѳрдѳрѳр уонна уобараhы толорор, эбэтэр ойуулаан-дьhүннээн бу уобарас туhунан кэпсиир.
4. Схема оонньуу.
- кыргыттаар, дьэ бу орто дойду оҕото Айыы кыыhа уонна аллараа дойду кыыhа Кыыс Кыскыйдаан иккиэн да кыргыттар, ол эрэн майгыннаспат майгылаахтар, дьүhүннээхтэр. Киhи кѳстѳр дьүhүнэ майгыттан – сигилиттэн тутулуктаныан сѳп эбит дуо? Бу икки уобарастарга сѳп түбэhэр хартыыналары туруортаан биэриэҕин эрэ.
- Остуолга Туйаарыма Куо, Кыыс Кыскыйдаан уруhуйдарын тула талбыт хартыыналарын быhааран уура-уура оҕолор уобарастары арыйыы схема оонньуутун саҕалыыллар.
5.Оонньуу «тоҕус былас суhуоҕу ѳрүү».
- Кыргыттаар, уобарастарбыт дьэҥкэрдилэр. Онтон кыыс оҕону саамай кэрэ оҥорор кини баттаҕа, суhуоҕа буолар. Онон билигин тоҕус былас суhуохтаах Туйаарыма Куо балыстара суhуох ѳрѳргѳ күрэхтэhиэхпит.
- Обуручка намылыччы ыйаммыт быалары ѳрүү.
Түмүк: Бүгүҥҥү кыра куолар кулууптарын кыттыылаахтара кэрэчээн кыргыттар тугу биллигит кѳрдүгүт? Тѳhѳ үчүгэй түмсүү буолла? Инникитин эhиги хайдах буоларга кыhаллыахтаах эбиккитий?
- Дьарык. Темата: «Таайбараҥ дьарык»
Сыала: Уол уонна кыыс оруоллары, аналларын туhунан ѳйдѳбүлү чиҥэтии. Уратыларыгар сѳп түбэhэр хаачыстыбаларга иитии. Киhи кэрэтин ѳйдѳѳн кѳрүүгэ, такайыы. Бэйэ-бэйэни кытта бодороhууттан астынааhыны, үѳрүүнү ыларга үѳрэтии.
Туттуллар матырыйаал: магнитнай дуоска, буукубалар, икки ѳттүгэр мас палочкалаах 40 см уhуннаах быалар, сүрэх сымнаҕас оонньуур.
Дьарык барыыта:
- Тарбахтары эрчийэр оонньуу «Бардыбыт» - уолаттары кыргыттары кытта пара гынан утары туруортуубут, икки ѳттүгэр палочкалаах быалары туттартыыбыт. «Бардыбыт» диэн хамаанданан тарбахтарын араарбакка эрэ палочкаларын эргичиҥнэтэн, быаларын утарыта эрийэн барыахтаахтар. Бастакынан палочкалара тиксиспит пара ол кыайар.
- Таайбараҥ таайыыта- магнитнай доскага таайбараҥ (кроссворд) уруhуйдаммыт, магнитнай буукубалары бэлэмниибит.
- Оҕолоор бүгүн таайбараҥнаhан бэйэбит билиибитин кѳрүүбүтүн тургутуhан кѳрүѳхпүт. Ким тѳhѳ элбэҕи ѳйдѳѳн хаалбытын таайыахпыт.
- Уолаттар тустарынан таайбараҥ:
Киhилии саҥарар уол аата Хаардьыт….?
Бу уол «күн куоратыгар» олорор. Кини оннооҕор ыйга кѳппүтэ.
Бу уол эдьиийин тылын истибэккэ хоhуолчааҥҥа кубулуйбута.
Бу уол азбукатын атыылаан манньыаттаммыта.
- Кыргыттар тустарынан таайбараҥ:
Бу кыыс быраатын Иванушканы баба-яга хаастарыттан быыhаабыт.
Бу кыыс мээчигин үрэххэ түhэрэн улаханнык ытыыр.
Бу үлэhит кыыhы 12 чааска диэри кѳҥүллээн баалга ыыппыттар.
Бу күѳх баттахтаах кыыс масс уолу үѳрэтэ сатыыра.
Биэс салаалаах бэрдьигэс от буолан орто дойдуга кэлбитэ.
- Сэhэргэhии- ырытыы – бу таайбараҥҥа ааттара таарыйсыылара ити атын атын остуоруйалар геройдарын корсүhүүлэрэ. Туох буолуо этэй ѳскѳтүн кинилэр дьиҥнээхтик кѳрсѳллѳрѳ буоллар?
- Оҕолор айан кэпсиир дьоҕурдарын кѳҕүлээhин.
- Эрчиллии «Лосковушки» - дьэ кырдьык, дьэ дьикти кѳрсүhүү буолбут, онтон оҕолоор ити олох атын-атын остуоруйалартан кѳрсүспүт геройдар бэйэ-бэйэлэригэр хайдах сыhыаннаhаннар доҕордоспуттарый? Саамай сѳп эйэҕэстик. Билигин биhиги эйэҕэс сыhыаммыт таhымын билэ таарыйа оонньуоххайын.
- Уол кыыс буолан тѳгүрүччү олорон, уочаратынан бу үчүгэйкээн сүрэҕи бэрсэ-бэрсэ аттыгар олорор киhиэхэ анаан бу сѳрэхтэн тахсар истиҥ, үчүгэй тыллары этии.
- Оонньуу «Мин биэhи билэбин» - бу оонньууга уолаттарга сыhыаннааҕы кыргыттар, кыргыттарга сыhыаннааҕы уолаттар түргэнник ааттыы охсуохтаахтар.
- Варианнар:
Уолаттар сѳбүлүүр оонньуурдара.
Кыргыттар сѳбүлүүр оонньуурдара.
Уолаттар ырыалара.
Кыргыттар ырыалара.
Сахалыы уол оҕо ааттара.
Сахалыы кыыс оҕо ааттара. Уо.д.а.
Түмүк. – Таайбараҥ дьарыкпытын «Араас ѳҥнѳѳх дьѳрбѳ» диэн түмүктүүбүт. Манна хас биирдиигит бэйэтин сибэккинэн ааттанар уонна пааратын атын сибэккини талар, тоҕо талбытын быhаарар. Түмүкпүтүгэр бары биир «Сибэкки дьѳрбѳтүгэр» холбоhоллор, оhуохай саҕаланар.
Түмүккэ
Оҕо бэйэтин аналын анааран, ѳй-санаа, сиэр-майгы ѳттүнэн сѳптѳѳх суолу тутарыгар бигэ тирэҕинэн, тэбинэр тэхтэринэн Ийэ тыла буолар. Кыра сааhыттан тыла-ѳhѳ имигэстик сайдыбыт оҕо саныыр санаатын сатаан этинэ, бодоруhа үѳрэнэр, дэгиттэр сайдыытыгар да сүҥкэн сүүйүүлээх буолар. Ийэ тылын, омугун култууратын этигэр-хааныгар иҥэринэн улааппыт оҕо – итэҕэли ииттинэн хамсаабат сүнньүѳхтэнэн, ѳhүллүбэт үѳстэнэн ыараҥалатар толкуйдаах, бигэ кѳрүүлэрдээх, олоххо бэйэтин миэстэтин буларга бэлэмнээх буолуон сѳп. Саха омук тылын-ѳhүн култууратын, үтүѳ-мѳкү утаралаhыытын, фольклорун түмэн сылдьар айымньыбытынан олоҥхо буолар. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго олоҥхону билиhиннэрии сѳптѳѳхтүк киирэн эрэр. Онуоха араастаан аттаран туhаныахха оҕолору интириэhиргэтэн элбэҕи болҕомтолоругар киллэриэххэ сѳп.
Мин бу үлэбэр уол оҕо олоҥхо тылынан кыыс оҕону хоhуйуутун туhанным.
- Олоҥхо үс дойдутун билиhиннэрии.
- Υтүѳ-мѳкү ѳрүттэри толкуйдатыы.
- Олоҥхо тылын- ѳhүн ырытыhыы.
- Кыыс оҕону хоhуйар тыллары сыымайдааhын.
Предварительный просмотр:
Соморсуннаа5ы «Чэчир» уһуйаан
Тема: «Төрөөбүт тыл сүмэтэ,
уран тыл алыба – норуот кэскилэ, о5ону иитии тутула».
Толордо: Данилова Саргылана Николаевна
1 категориялаах иитээччи.
Киирии тыл.
«…Төрөөбүт тылынан саҥарар о5о тыл хайдах уларыйарын, ситимнэһэрин эрэ буолбакка, ону кытта тэҥҥэ ахсаана биллибэт элбэх өйдөбүлү, араас көрүүнү – сыһыаны, үгүс өйү – санааны, иэйиини, уус –уран уобараһы, тыл тутулун, мандарын барытын 2-3 сыл иһигэр олус чэпчэкитик, түргэнник ылынар. Онтон кэлин 20 да сыл кыһанан – муһэнэн үөрэнэн, ол анаарын да ылара саарбах. Норуот улуу уһуйаатыта – төрөөбут тыл, хор оннук!» - диэн К.Д.Ушинскай суруйбуттаах.
Норуот тылынан уус-уран айымньытыттан о5о төрөөбүт норуотун былыргытын, кини үгэстэрин, сиэрин-туомун, кутун-сүрүн, итэ5элин, айыытын-алгыһын, таабырыннарын, чабыр5ахтарын, өһүн хоһоонун, остуоруйатын, оһуохайын, олоҥхотун тустарынан өйдөбүлү ылар, төрөөбүт норуотун культуратын таба көрөргө үөрэнэр, киниэхэ сүдү тапталы иҥэринэр.
Норуппут баай-талым тыллаах уус-уран айымньытын сөргүтэн, саха о5отун сахалыы куттаах-сүрдээх иитии уолдьаспытын кэм-кэрдии көрдөрдө. Ол ыччаппытыгар өй-санаа сатарыйыытыттан, сыала-соруга, итэ5элэ суох мунан хаалыыттан быыһанар ыллыгынан буолуон сөп.
Ийэ тылын эгэлгэтин этигэр-хааныгар иҥэринэн, дууһатыгар ылына улааппыт о5о, уус-уран тыла эрэ сайдарынан муҥурдаммакка, сиэр-майгы өттүнэн иитиилээх, үчүгэй-куһа5ан өрүттэри сыаналыыр, анааран көрөр, ыраа5ы толкуйдуур, бол5омтолоох, кэтээн көрөр дьо5урдаах, тулалыыр айыл5атын, эйгэтин убаастыыр киһи буола улаатар.
Саха тылын –өһүн
Саха сиэрин –туомун
Саха бары ыччатыгар,
Саха кыра о5отугар
Саҥа хаамар эрдэхтэн
Сайыннарбат буоллахха
Сарбыллыахпыт диэтилэр.
(Мария Герасимова - Сэнээрэ)
Саха о5ото бэйэтин «Олоҥхо дойдутун о5отобун!» диэн билинэ улаатта5ына дэлэнээх бэрт буолуо этэ дуо? Итинник санааттан бу үлэни са5алаан эрэбин.
Үс үтүрүһэр дойдулаах Олоҥхо дойдутун олохтоохторо – Саха норуота буоллахпыт. Бу өйдөбүлү хас төрүүр о5о, ийэтин уутун кытта тэҥҥэ, этигэр-хааныгар иҥэринэн улаатарыгар төһүү буоллахпытына, саха – саха буолан сандаарыа, киһи буолан кииллиийиэ.
Саха норуота былыр – былыргаттан баай ис хоһоонноох тылынан уус-уран айымньылаах. Саха норуотун айымньыта уус-уран өттүнэн кэрэтинэн, үчүгэйинэн уонна ис хоһооно, биэрэр өйө – санаата, идеята дириҥинэн, киэҥинэн да5аны бэрт үрдүк кэрдиискэ турар. Саха фольклоругар маннык сыананы Ястремскай, Пекарскай, Азадовскай уонна да атын биллиилээх үөрэхтээхтэр биэрэн тураллар. Хайа да омук улуу суруйааччылара фольклор сюжетыгар оло5уран дьоһуннаах айымньылары биэрэллэр. Саха да литературатын бастыҥ холобурдара сюжеттарынан, эбэтэр поэтическай ньымаларынан фольклору кытта ыкса ситимнээхтэр.
Дьэ маныаха сүдү кылааттаах дьоммутунан: А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, П.А.Ойуунускай, С.Р.Кулаачыков-Эллэй, С.Омоллоон уо.д.а., буолаллар.
Фольклор айымньыларын күүһэ - кинилэр историческай суолларыгар баар. Кинилэр сүүһүнэн кэмнээх сыллар аннараа өттүлэригэр айыллан бараннар, дьал5ааннаах-уларыйыылаах дьыллары, араас айаннары туораан, киһиттэн-киһиэхэ, көлүөнэттэн-көлүөнэ5э, үйэттэн-үйэ5э бэриллэннэр өлбөөдүйбэккэ, иитэр-үөрэтэр, толкуйдатар күүстэрин сүтэрбэккэ тиийэн, тиксэн кэллэхтэрэ.
Норут айымньытын биир суол уратытынан кини сиэрэ суох киэҥ далааһыннаах фантазията буолар. Олоҥхо бухатыыра «суллаабыт тиит сотолоох, хастаабыт тиит харылаах, үс былас бүөкэйэр өттүктээх, биэс былас биэкэйэр бииллээх» буолар; дьиэтэ-уота улаханын, киэҥин эмиэ көтөргө-сүүрэргэ холобурдаан дарбатыллан суруллар, эбэтэр «Ырыаһыт ыскаамыйалаах, кылыһыт кытыйалаах, хаһыытыыр хамыйахтаах» буолар. Оттон бухатыырдар айаннара, охсуһуулара киһи этэ салаһар дьүһүн кубулуйуулаах, сүрдээх – киэптээх буолар. Фольклор образтара фантастичнай буолуулара былыргы өбүгэлэрбит айыл5аны уонна оло5у өйдөөһүннэригэр, бэйэлэринэн охсон, барытын тыынна5ымсытан көрөллөрүттэн, оннук ылыналларыттан тахсыбыт. Бу өйдөбүлтэн да5аны киһи оло5ун, айыл5аны баһылыыр, салайар туспа иччилэр, айыыһыттар, иэйэхситтэр бааллар – диэн өйдөбүл саха5а үөскээн барбыт эбит. Норуот айымньытын өссө биир уратынан кини бэйэтигэр идеология араас көрүҥнэрин иҥэринэн сылдьарыгар буолар. Онон биһиги мындыр өбүгэлэрбит, о5ону иитиигэ саамай сүрүннүүр туттар ньымалара тылга – өскө, фольклор көрүҥнэригэр оло5урбута, күн-бүгүн да5аны, үтүө холобур буолуон буолар.
Чөмчүүк саастаах о5ону көрүү-харайыы, иитии эйгэтэ, ис хоһооно, ньымалара кини инники сайдыытыгар, киһи буолан тахсыытыгар улахан суолталаахтара биллэр. Психологтар о5ону 5-гэр диэри көрүү, иитии кинини киһи быһыытынан ис эйгэтин ол5урдар диэн бэлиэтээһиннэрэ оруннаах. Туох барыта са5аланыытыттан, төрүт-тэниититтэн тутулуктаа5а өйдөнөр. Ылан көрүө5үн, биһиги норуоппут киэҥ туттар дьонун о5о саастарын холобурдарын. А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, П.А.Слепцов-Ойуунускай, В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап, С.С.Яковлев-Эрилик Эристиин олоҥхоһут сыҥаа5ын анныттан, кини тылын, буппэт сэһэнин, ырыатын ис хоһоонун, дирин ис номо5ун толору быһааран өйдөөбөтөллөр да, бэрт кыраларыттан (холумтаҥҥа турар буолуохтарыттан) үтүктэн ыллаан – туойан, олоҥхо тэтимигэр киирэн, хоһоонунан хобдьоорон, ырыанан ыпсаран, сэһэнинэн киэргэтэн улааппыттарын туһунан ахтыылара элбэ5и этэр. Бу кинилэргэ төрөөбүт дойдуга тапталлара, ийэ тыл абынан-ураты талааннара тыллар сиэмэтэ, ө5үлдьүйбэт сүрүннээх дьон, саха саарыннара буолан тахсалларыгар төһүү, төрүөт буолла5а. Онон биһиги кэммитигэр, олоҥхобут, онтон сиэттэрэн фольклорбут бары көрүҥэ, иккис тыынын ылбыт кэмин мүччү туппакка саха о5отун өйө, толкуйа, иэйиитэ иитиллиитэ, оло5уруута норуот мындырын, сиэрин иһинэн барыахтаа5ар сүрүн бол5омтону ууруохтаахпыт. Ол эбэтэр сахалыы тыыннаах, сиэрдээх, норуотун ураты ис кэрэтин тута сылдьар, айыл5аттан бэриллибит кыа5ын таба туһанар дьону иитэн таһаарарга дьулуһуохтаахпыт.
Чөмчүүк саастаах о5ону иитэр-үөрэтэр, өйүн-санаатын сайыннарар, этин сиинин чэбдигирдэр үлэ үгүс өрүттээх.
Итинтэн сиэттэрэн о5о саныыр санаатын сайа5астык, сааһылаан саҥарар, толкуйдуур толкуйун толору этэр уонна ойуулаан дьүһүннээн, уобарастаан көрөр дьо5урун сайыннарар, сиэр-майгы үтүө өрүттэрин иҥэрэн иитэн-үөрэтэн таһаарар сыалтан бу үлэ сурулунна. Ол эрэн сүрүн бол5омто, бу кэрдиис кэмҥэ, о5о5о төрөөбүт тылын сайыннарыыга ууруллуох тустаах. Саҥарар саҥатын сайдыытын таһымыттан – о5о дэгиттэр сайдыыта сүдү тутулуктаах. Ийэ тылынан саныыр санаатын сайа этэр, уран тыл ула5ата көстүбэт баайынан толкуйдуур, анаарар буола улаатта5ына этэргэ дылы:
Саха тылын эҥин-эгэлгэ
Бар5а баайын баһылыан –
Киһи курдук сананыан,
Көрбөт хара5ын аһыллыа,
Өйүн-санааҥ кынаттаныа.
(И.Г.Баишев)
Ол эбэтэр саба5аланар түмүгүнэн: о5о өйө чочуллуутугар, толкуйдуу үөрэнэригэр, уйул5ата сырдыкка, айыы суолугар тардыстыылаах буолуутугар, айар дьо5урун айылгыта оло5уруутугар тыла-өһө тобуллуутугар төрөөбүт тыл тулхатыйбат төрүтү ууруута буолар. Онон чөмчүүк саастан са5алаан саха о5отун, фольклор араас көрүҥүн кытта билиһиннэрэн, бол5омтотугар киллэрэн, доло5ойугар тохтотон төрөөбүт тыл көмөтүнэн иитиигэ туһуламмыт уһуйааммыт «Сэрбэкэ» куруһуогун ыытыллыбыт үлэтин сырдатан ылыахпын ба5арабын.
Манна ыйдарынан араарыллан, тус-туһунан темаларынан улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх о5олоро хабыллаллар.
Сэтинньи ый: «Өс хоьооно – норуот муудараьа».
- Иитээччи өс хоһооннорунан саҥаран-иҥэрэн, араас театр көмөтүнэн билсиһиннэрии дьарыга.
- «Үчүгэй майгын – көтөр кынатын»: үтүө, бастыҥ быһыыны – майгыны ойуулуур өс хоһооннору билсии.
- «Сутуругар сокуоннаах, ытыһыгар ыйаахтаах»: куһа5ан, мөкү, барбах быһыыны-майгыны ойуулуур өс хоһооннору билсии.
- «Уот харахха»: билсибит өс хоһооннорун тулалыыр эйгэ5э, күннээ5и олоххо араас ситуация5а таба көрөн, дьүөрэлээн, тэҥник этэ үөрэниилэрин кө5үлээһин.
Ахсынньы ый: «Сээркээн сэhэнньиттэр»
- Иитээччи толкуйдааhынынан остуоруйа ыйан аhар дьарыга.
- Оруоллаах оонньуу остуоруйа дойдутугар.
- «Остуоруйа геройун ойуулаан оноруом» (холобур, күлүк театрын персонажтарын оҥоруу - сэhэргэhии).
- Кырачааннарга ыалдьыттыыр – «Остуоруйа киэhээтэ» (остуоруйалааhын, оонньоон кордоруу – бэйэлэрэ эбэтэр ханнык эрэ театры туhанан).
Тохсунньу ый: «Чабыр5ахсыт тыына уhун – буолуох тустаах до5оттоор».
-Холобур: П. Тобуроукап чабыр5ахтарын кытта билсии, үөрэтии.
- Чабыр5а5ы этэ үөрэниигэ эрчиллии.
- Ахсаан чабыр5ах (уруhуй)
- Субур5а чабыр5ах (чиҥэтии).
Олунньу ый: «Үс үтүрүhүүлээх дойдулаах олоҥхо дойдутун о5отобун» сэhэргэhии.
- Олонхо сүрүн уобарастарын тойуктарын истии, ырытыhыы.
- Олоҥхо эйгэтин муннугар оонньуу.
- Айарга дьүhүйэргэ холонуу (схема – уруhуйдар туттуллаллар).
Кулун тутар ый: «Оhуокай – сахалыы уран тыл аллаахпын».
-Оhуокай тылын үөрэтии.
- Дьиэрэччи ыллыыбыт, сэгэччи хаамабыт.
- Оhуокай киэhээтэ.
Муус устар ый: «Тойук саха омук ырыата»
- «Кылыhахтаах кыргыттар, тойуксут уолаттар» (кылыhа5ы оҥоруу дьарык, үтүктүү).
- Тойук тылын тардабыт (өйгө үөрэтии, этэргэ холонуу).
- Оhуокай киэhээтэ.
Ыам ыйа: (аралдьытыы чэрчитинэн буолуон сөп).
Өс хоhоон – норуот муудараhа.
« Иирбэ – таарба эриллэ5эс, истэн – тастан бүгүллэ5эс».
- «Олоҥхо – оруннаах тылынан»
- Оhуокай киэhээтэ.
Хас биирдии дьарык иннигэр оҥоhуллар:
Сирэй, мурун, моой, күөмэй гимнастиката (имэрийии, төбөнү хоҥкуҥнатыы)
Тыыныыга дьарык. (салгыны уhуннук э5эрийэн, уhуннук төттөрү таhаарыы, кылгас – кылгастык тыыныы)
Дор5оон оҥорууга дьарык. (Аhа5ас дор5ооннор бутэhигин диэки – «h» дор5оон эбиллэр)
Уhуйааммытыгар иитиллээччилэрбит олоҥхону толорорго, оонньоон туойан иhитиннэрэргэ, айан холонорго сөп тубэhэр эйгэлээхтэр.
Олоҥхо уобарастарын туойууларын толорорго үөрэтэргэ кылыhа5ы оҥоруу дьарык буолар:
- Тыыныыга дьарык
- Дор5оонно дьарык
- Кылыhахха дьарык – манна дор5оону оҥорор дьарыкка дьүөрэлии, саастарыгар да сөп түбэhэринэн, айыл5а тыаhын – ууhун ол эбэтэр хамсыыр харамай көтөр – сүүрэр санатын үтүгүннэрии ордук көдьүүстээх буолуон сөп.
Айарга холонуу:
- Манна кыыс о5о кэрэтин олоҥхо тылынан хоhуйан этэргэ кө5үлүүр маанылаах мас, кэрэ көтөрдөр, улуукан кыыллар, сир симэхтэрэ, айыл5а кэрэ көстүүлэрэ ойууламмыт уруhуй схемаларын көмөлөрө көдьүүсттээх буолуон сөп.
- Уол о5о сындалыйбат сындааhынын, күүhүн – уо5ун, хорсунун – хоодуотун хоhуйан этэргэ холонууга эмиэ уруhуй схемалары туттуохха соп.
Төрөөбүт тыл сүөгэйэ сүмэтэ, саха норуотун фольклора иитэр – сайыннарар өрүттэрэ киэҥ дэлэгэй.
- Таабырын – киhи өйүн санаатын, фантазиятын сайыннарар, дьүhүннээн, баай уобарастаан толкуйдуурга эрчийэр, мындыр, сылык, булугас – тылыгас, өйдөөх оҥорор.
- Өс хоhоонноро - үөрэтэр, биллэрэр, киhини үчүгэйгэ, итэ5эhи ал5аhы, буруйу сэмэлииргэ, көннөрөргө үөрэтэр.
- Оhуокай, тойук – дор5оон, тыл уйул5атыгар киириини, өйгө оҥорон көрөр кыа5ы, тэтими тутууну сайыннарар уратылаах.
- Чабыр5ах – о5о тылын өhүн имитэр, сөпкө тыыныытын сайыннарар, билэр -көрөр ба5аларын көбүтэр, бэргэн этэр санаата субу харахха көрөр гына ойуулааhына, көрө көрүдьүөhэ, сытыы тыллара улахан интэриэhи тардар.
- Остуоруйа – о5о саас умсул5ана, омуннаах курдук ол эрэн оруннаах. Өйгө оҥорон көрөргө, ыраҥалаан – ыараҥнатан толкуйдатар, түмүк оҥорон талан ыларга үөрэтэр – такайар уратылаах.
- Олоҥхо – дириҥ билиини, мындыр өйү биэрэр, олох ыарахаттарын уйарга үөрэтэр, киэҥ кө5үстээх, сымна5ас – сайа5ас буоларга, үтүөнү – мөкүнү арааран өйдүүргэ үөрэтэр.
- Онтон о5ону айарга холонон көрөргө сайыннарыы, кө5үлээhин туох түмүгү биэриэн сөбүй диэҥҥэ П.А.Ойуунускай суруйуутуттан эппиэт а5алабын: «Айар тыл абыгар ылларбыт, этигэр – хааныгар илбистээх хомуhун иҥэрбит киhи бу сир үрдүгэр бэйэтин дьоллоо5унан аа5ыныах тустаах… Саха тыла сайдыан ба5арабын, сайдыа диэн эрэнэбин».
Түмүкпэр этиилэрим: о5о5о кыра сааhыттан сөптөөх, табыгастаах эйгэни тэрийэн, төрөөбүт тылыгар тапталы иитиэйэхтээн, норуотун үтүө үгэстэрин, өркөн өйүн, баар суох сыаннастарын көлүөнэттэн – көлүөнэ5э тириэрдэр дьон буолууларыгар төhүү буолуох тустаахппыт. Ол эбэтэр чөмчүүк саастаах о5о киhи этэрин санаа хоту толоро, үтүктэ, биэрэргин ылына сылдьар кэмин мүччү туппакка, муударай өбүгэлэрбит үтүө үгэстэринэн уhуйаммыт сиэр – майгы, өй- санаа өттүнэн ситэри ыччаттары иитэн таhаардарбыт диэн сыаллаах – соруктаах үлэбитин торумнуохтаахпыт.
Туттуллубут литература:
- Саха таабырыннара, ос хоhоонноро, чабыр5ахтара – И.К. Попов.
- Мунха олонхото – Г. С. Попова – Санаайа.
- Олонхо педагогиката – Е.П. Чехордуна, Н.И. Филиппова.
- О5о уонна олонхо - Н.И. Филиппова
- Олонхо эйгэтэ – Е.П. Чехордуна, Е.П. Иванова.
- Оскуола5а киириэн иннинээ5и о5олорго олонхону билиhиннэрии оонньуулара – А.П. Маркова.
- Конул дохсун куннэргэ- И.Г. Спиридонов.
- Былатыан Ойуунускай 1,2 том – М.Н. Дьячковская, С. П. Ойуунуская.
- Этнопедагог К.С. Чиряев - И.С. Портнягин
- Саха фольклора – Суорун Омоллоон.