Кружковая работа
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Салайааччы - Данилова Саргылана Николаевна
Саха омук кута-сүрэ , Сайдан кэлбит суола-ииһэ, Төрүт тылга иҥэ сылдьар , Төрүүр оҕо тыына буолар .
Сүрүн сыала : Оҕо чөмчүүк сааһыттан саҕалаан омук быһыытынан уратытынан киэн тутта иитиллэн тахсыытын көҕүлээһин; Төрөөбүт тылын – өһүн кэрэтин тыл баайын болҕомтоҕо киллэрэн ону баһылааһыҥҥа көҕүлээһин , чиҥэтии ; Саха норуотун дьиктилээх-алыптаах остуоруйатыгар , таабырыннарыгар , өс хоһоонугар , тойугар , олоҥхотугар олоҕуран ойуулуур-дьүһүннүүр тылга уһуйуу , өйгө оҥорон көрөр , айар дьоҕурдарын , саҥарар саҥаны сайыннарыы .
Ситиһиллиэхтээх: Оҕо оскуолаҕа киирэригэр санаатын сатаан этинэр , тылын саппааһа баай . Уус-уран айымньыны анаарыы , фольклор жанрдарын араастарын туһунан өйдөбүллээх . Төрөөбүт дойдуга , ийэ тылга таптал , сиэр-майгы олохсуйуута .