Конспекты и сценарии
Конспекты занятий и развлечений
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Развлечение "Танха" | 181.09 КБ |
Тулалыыр эйгэ | 16.37 КБ |
тулалыыр эйгэ | 14.41 КБ |
Аралдьытыы - "Тыл сайдыыта" | 33.71 КБ |
Предварительный просмотр:
Бэлэмнэнии бөлөххө тулалыыр эйгэ дьарыга.
Тема: «Тохсунньу ый-таӊха ыйа»
Соруктар:
-Иитии: Харыстабыллаах сыhыаӊӊа; иhирэх иэйиигэ, сиэр- майгы өттүнэн иитии.
-Үөрэтии: Саха норуотун сиэрин- туомун билиhиннэрии, ый сахалыы суолтатын өйдөтүү.
-Сайыннарыы: Сир-халлаан турар тутулун, айыл5а дьиктитин билэ-көрө сатааhынын сайыннарыы, тулалыыр эйгэ5э билиитин- көрүүтүн кэӊэтии.
Сыала: Таӊха ыйын суолтатын, өбүгэ са5аттан олохсуйбут үгэhи о5о5о иӊэрии.
Туттуллар матырыйааллар: Сахалыы музыка, дэйбиир, чуораан, интерактивнай дуоска, остуо лоонньуута «Аттар сырсыылара», макет «Таӊха», ый сахалыы бэлиэлэрэ, олоӊхо дойдутун макета.
Туттуллубут литература: Саха базовай программата «Тосхол»,
«Күн-дьыл- эргииринэн кыра о5ону иитии-үөрэтии» Сорокоумова А.И., Ефремова Н.М.,
«Урааӊхай саха киhитэ» саха төрүт культуратын үөрэтии программата, «Сиэрдээх буолуу» Л.А. Афанасьев,
«Сиэр – туом алгыстара» И.М. Сосин, Д.И. Захарова,
«О5ону төрүт культуураны тилиннэриинэн уонна салгыы сайыннарыынан уhуйан иитии-сайыннарыы эркээйитэ»,
«Сайыннарыылаах оонньууларга көрдөрөн үөрэтэр матырыйааллары онорууга көмө пособие» 2006 сыл Нам.
Дьарык барыыта
- (Сахалыы музыканан заала5а киирэллэр, иитээччи дэйбиирдээх туран о5олору көрсөр, киирэр ааӊӊа чуорааны охсо-охсо ааhаллар, олбохторго олороллор)
-Аламай күн сырдыгынан.
- Сырдык аламай күнүнэн (о5олорго э5эрдэлэhиини үтүгүннэрии)
- О5олоор, мин аатым Саргылаана Николаевна диэн, эhиэхэ «Чэчир» уhуйааныттан кэрэхсэнэр кэпсээннээх, солуннаах ыалдьыттыы кэллим.
Бүгүн мин эhиэхэ а5албыт кэпсээним, солунум мээнэ күннээ5и көстүүттэн арыый ураты, алыптаах буолуо5а. Дьэ ол кэпсиирбэр миэхэ көмөлөhүө5э саха омуккутун-сүрүн инэринэ сылдьар ураты тыыннаах мин дэйбиирим. О5олоор, бол5ойон истиӊ эрэ туох тыаhыыр? (дэйбииринэн далбаатыыр, ат кистиир,туйах тобугуруур)
-Ат (о5олор эппиэттэрэ)
-Кырдьык да5аны, туйа5а тобугураан, кистээн дьырылатан тиийэн кэллэ быйыл туох сыла?
(о5олор эппиэттэрэ)
-Саамай сөп ,Дьөhөгөй Айыы сыла. Дьэ онон билигин биhиги кыратык тарбахтарбытын, тылбытын-уоспутун дьөhөгөйү хоhуйан эрчийэ түhүөхпүт
- Артикуляция: «Туйах тыаhа», «Ат»
- Остуол оонньуута «Аттар сырсыылара»
- – Дьэ о5олоор, Дьөhөгөй сылын са5алыыр бастакы ыйбыт аатын-суолун билэ5ит дуо?
(о5олор эппиэттэрэ).
- Сахалыы Тохсунньу дэнэр. Дьэ бу ыйбыт биhиэхэ, саха омукка бэйэтэ ураты суолталаах, бэлиэлээх, сиэрдээх- туомнаах Танха ыйа дэнэр. Ол туhунан билиэххитин ба5ара5ыт дуо?
(о5олор эппиэттэрэ).
- Билигин дэйбиирбит көмөтүнэн бу остуолбутун аптаан, алыптаан көмө5ө ыӊырыа5ыӊ. (дэйбииринэн далбаатаан сабыыны ылабыт-таӊха макета арыллар). Дэйбиирбит суолу-ииhи ыраастаан туох көстүүтүн ханнык дьыл кэмин биhиэхэ оонньуур гына уурбутуй?.
(О5олору кытта кэпсэтиhии).
- Тохсунньу ый Танха ыйа дэнэр. Бу кыhын оройо, тымныы мунуутуур чыпчаала- бу кэми биhиги өбүгэлэрбит дьыл оройо аhыллар, сир-куйаар силбэhэр кэмэ диэн бит-билгэ түhэрэргэ сөптөөх ыйынан билинэллэр эбит. О5олоор, «Саха киhитэ айыл5а о5ото» дииллэр ,ол оруннаах. Ол эбэтэр ус дойдулаах олоӊхо дойдутун о5олоро биhиги сахалар- бэйэбит итэ5эллээхпит, сир-дойду иччилэригэр сүгүрүйэбит, сиэрдээхпит-туомнаахпыт. Ону тутуспат, итэ5эйбэт буоллахха аньыыга-хара5а тиксиэххэ сөп диэн өйдөбүллээхпит. Таӊха ыйыгар бу үс дойду үhүөн силбэhэр кэмнэрэ. Ол курдук:
- 14-19 дылы сүлүкүүттэр тахсар кэмнэрэ
- Тас көрүӊэ (барыллаан)
- Бу кэм сиэрэ- туома
- Билгэлэнии, алып тыл (хатылаттарыы)
Таӊха таӊхалаан,
Билгэ билгэлээн,
Ийэ кутум эргичий,
Буор кутум бур5ачый.
- Физминутка «Бөтөрөӊ бэрдин түhэрэн»
- О5олоор,билигин туос түннүк нөнүө өӊөйөн көрүө5үн (дэйбииринэн далбаатыыр, интерактивнай дуоска5а эбээ эмээхсин көстөр).
- Эбээ эмээхсин сэhэнэ «Ый бэлиэлэрэ».
- «Кырдьа5астан сүбэтин, эдэртэн эйэтин» диэн мээнэ5э да эппэттэр, онон тукаларыам, билбиккит истибиккит эhиэхэ туhалаах буолуо5а диэн кылгас кэпсээммин са5алыыбын (Олоӊхо макетынан туhанан кэпсиир). Киhи бу орто дойдуга төрөөтө5унэ,төрөөбүт ыйын бэлиэ суолтатыгар сөп тубэhиннэрэн – киhи таӊхата тустэнэр эбит. Дьэ ол курдук кыhыл о5о төрөөтө5үнэ биhиккэ сытыараллар. Үс хонугар диэри бу о5о инники дьыл5атын үрүн уонна хара суруктара суруллаллар. Үрүн суругу Үрдүк Айыылар суруйаллар, үтүө кэрэ үчүгэй өрүтэ түстэнэр. Хара сурук абааhы айма5ын суруга куhа5ан, түктэри өрүттэрэ түстэнэллэр, куhа5ан тыын иӊсэтэ- обото ама дуо, олус элбэ5и суруйар эбиттэр. Дьэ, ол иhин тукаларыам, куhа5антан, дьайтан харыстаан биhиги муударай өбүгэлэрбит хас биирдии ыйы харысхал бэлиэлээн, алгыстаан арчылаабыт эбиттэр. Ол курдук:
Тохсунньу ый - Таӊха хаан бэлиэлээх
Олунньу – Одун (Хомуhун) бэлиэлээх
Кулун тутар – Дьөhөгөй бэлиэлээх
Муус устар – Айыыhыт бэлиэлээх
Ыам ыйа - Иэйэхсит бэлиэлээх
Бэ сыйа – Үрүн тунах бэлиэлээх
От ыйа – Буор быйан бэлиэлээх
Атырдьах ыйа – Аан Дьааhын бэлиэлээх
Бала5ан ыйа – Улуу Суорун бэлиэлээх
Алтынньы – Хотой Айыы бэлиэлээх
Сэтинньи – Баай Байанай бэлиэлээх
Ахсынньы – Сэhэн билгэ ыйа
Онон тукаларыам, эhиги күн сирин көрбүт ыйгыт харысхал бэлиэтэ эhигини араӊаччылыы, көмүскүү сылдьарын туhугар эhиги төрөөбүт ыйгыт бэлиэтин, аатын, суолтатын билэргит ордук.
Эhиги төрөөбут ыйгыт бэлиэтин, алгыhын анаан-минээн ыыттым ону хайаан да билиӊ.
(Эбээ көстүүтэ сүтэр).
- О5олор төрөөбүт ыйдарын бэлиэтин илиилэригэр ылаллар, интерактивнай дуоска5а булаллар, оччо5о ый алгыhа арыллар.
(иитээччи о5о оройугар чуорааны тыаhата-тыаhата алгыhы аныыр).
3). -О5олоор, тохсунньу ыйбыт бэлиэтин ортобутугар уурунаммыт, бу ый алгыhын бэйэ бэйэбитигэр аныаххайын (хатылаттарыы «Туску» диэн тылынан бэйэ- бэйэлэригэр туhаайтарыы).
Түмүк: Төрөөбүт ыйдарын бэлиэтин о5олорго бэлэх биэрии, түөрэх быра5ан ба5а санаа туолуутун билгэлэнэн көрөбүт .Дьарыкка сөбүлээбит түгэннэрин ыйыталаһыы.
Соморсуннаа5ы «Чэчир» уhуйаан
Тулалыыр эйгэни билиhиннэриигэ
аhа5ас дьарык конспега
Темата: «Тохсунньу ый – таӊха ыйа»
Толордо: Данилова С.Н.
1 категориялаах иитээччи
Предварительный просмотр:
Тулалыыр эйгэ дьарыга.
Тема: «Дьыл кэмнэрэ»
Тулалыыр эйгэ дьарыга.
Тема: «Дьыл кэмнэрэ»
Туттуллар матырыйааллар: дьыл кэмнэрин туьунан хартыынкалар, светильник, глобус.
Сыала: Дьыл кэмнэрин уратыларын арааран билиини чинэтии, кэнэтии. Хоьоон уус-уран тылларыгар хоьуйуллубут костууну хартыына5а корон дьуорэлиир дьо5уру сайыннарыы.
- – О5олоор, хас дьыл кэмнэрин билэ5ит? Ааттаталаан эрэ. Кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат туруктарын билэ5ит дуо? То5о саас кэнниттэн сайын, сайын кэнниттэн куьун, онтон кыьын буоларый? То5о маннык сыл аайы хатыланан иьэрий?
То5о диэтэххэ биьиги планетабыт аата да5аны Сир шара. Кини куну тула эргийэр, котор эбит.
Биир кругу эргийэн кэллэ5инэ – биир сыл бутэр. Онтон санаттан эмиэ эргийэ котор оччо5о сана сыл са5аланар. Сыл аайы которугэр сирбит тогурук буолан кун сарданатыгар ойо5ос оруттэрин тоьуйар эбит. Кыьын кун уота ардыгар Сир устун таах таарыйан эрэ ааьар – сылыппат, онтон сайын кун сарданалара сиргэ уоьээттэн конотук туьэллэр эбит, ол иьин сайын сырдык уонна сылаас.
Д/О «Времена года».
Хартыыналары тунэтиэм. Дьэ уонна бол5ойон истин, билигин мин аа5ар хоьооммор ханнык дьыл кэмэ кэпсэнэрий да ол дьыл кэмин хартыынатын булан кордоро уунуохтааххыт.
Хаьын туьэн сарсыарда
Сэбирдэхтэр туруттан
Сиргэ дайан тустулэр.
Хаарбыт ууллара,
Хара буолара,
Чалбах тахсара,
Чалым аллара- кэрэтиэн!
Ко5ороллор хонуулар,
Куорэгэйдэр ыллыыллар,
Кэрээбэккэ кукууктуу
Кэрэ кэми кэпсиир дуу?
Кыыдаан тымныы эрийэр.
Силлиэ-буур5а сэтэрэр.
А5ыс ыйдаах аан туман
Аргыара кууьурэн туьэр.
Физминутка.
- Д/и «Бу хаьан буоларый?»
О5олорго хартыынкалар (дьыл кэмнэрэ) тунэтиллэр. Остуолга стрелка сытар. Ол стрелка кими ыйар да, ол о5о хартыынатын кордорбокко эрэ кэпсиэхтээх. Онтон стрелка аны таайыахтаах о5ону ыйар. Эппиэт кэнниттэн, собун эбэтэр сыыьатын бэрибиэркэлииргэ хартыынка кордоруллэр.
- Тумук.
Предварительный просмотр:
Комплекснай дьарык:
Саас иһэр. Саас кэллэ.
Комплекснай дьарык: уус-уран айымньы + уруһуй.
Тема: Поэт Г.данилов “Саас иһэр” хоһооно. “Саас кэллэ” уруһуй.
Туттуллар материаллар: магнитофон, музыка, диск, мольберт, акварель, кисточка, альбом, уу.
Сыала: уус –уран айымньы көмөтүнэн айылҕаҕа истиҥ сыһыаны иитии, айылҕа уларыйыытын болҕойон көрөн ону уруһуйдарыгар түһэрэргэ үөрэтии. Кэрэни кэрэхсээһини, кэтээн корор дьоҕуру, болҕомтону сайыннарыы.
(Таһырдьа ыытыллар)
- – Оҕолоор, истиҥ эрэ дьикти музыка тыаһыыр (Музыка пробуждение природы “Апрель” Чайковский.
- Тугу иһиттигит? Туох туһунан кэпсээтэ музыка? (Беседа).
Уус-уран айымньы
Ааһар тыаллыын аргыстаһан,
Халыҥ хаары чарааһатар,
От-мас быыһынан ардын ааҕан,
Сылааһынан сайа тыынан-
Саас иһэр,
Саас иһэр!
Хара тыа саҕынньаҕын
Хастыы тардан, сахсыйан,
Ирэн эрэр лабаанан
Эҕэрдэлии сапсыйан –
Саас иһэр,
Саас иһэр!
Көмүс күнүн күллэрэн,
Көрү-нары күөдьүтэн,
Чараас танас кэтэрдэн
Иэдэс имин тэтэрдэн-
Саас иһэр,
Саас иһэр!
Беседа: Ханнык тылларынан саас туһунан кэпсэннэ айымньыга? Сааскы тыал туһунан тугу иһиттигит? “Көмүс күнүн күллэрэн, Көрү-нары күөдьүтэн” диэн этиини эһиги хайдах өйдөөтүгүт? Тоҕо итинник эппитий?
- Өссө хатылаан ааҕыы.
- Бу хоһоон эһиэхэ хайдах санааны үөскэтэрий?
- Тулаҕытын өйдөөн көрүҥ эрэ, хоһооммут тылыгар сөп түбэһэр көстүүнү ким булан көрөр эбитий?
- Физ.минутка.
- Оҕолоор, тоҕо бу ый муус устар ый дэнэрий?
- Дьэ, билигин биһиги художниктар буолабыт уонна саас туһунан хартыынаны уруһуйдуохпут.
Тоҕо таһырдьа? Тоҕо диэтэххэ мольберпытын хайа баҕарар диэки ууран уруһуйдуур кыахтаахпыт уонна үтүгүннэрэбит. “Саас” хартыына тула өттүбүтүгэр баар эбит.
Предварительный просмотр:
Тыл сайдыытыгар бэлэмнэнии бөлөххө аралдьытыы.
Темата: Дорҕоон дыбарыаҺыгар айан
Сыала: Тылга дорҕоону чопчу арааран истиини чиҥэтии
Соруктара:
Үөрэтэр: Тыл сайдыытыгар, грамотаҕа үөрэппит П.Н. Тобуруокап хоһооннорун хатылааһын. Дорҕоону арааран истэн, чопчу ааттыыр үөрүйэҕи чиҥэтии. Дорҕоон бэлиэтэ буукубалары сөпкө ааттыыры ситиһии.
Сайыннарар: О5о ыйытыктарга таба хоруйдуур үөрүйэҕин, болҕомтону, тобуллаҕас өйү, сайдам санааны, ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
Иитэр: Суруйааччы П.Н.Тобуруокап айымньыларынан оҕоҕо сөптөөх гына аттаран, болҕомтону туһулаан, уус- уран айымньыга интэриэһи тардыы.
Тылга үлэ: Айымньылартан оҕоҕо ылынарыгар, өйдүүрүгэр арыый аҕай уустук тыл- өс киирэр
Көрдөрүллэр- туттуллар тэриллэр: Суруйааччы портрета, аан, дыбарыас декорациялара, мааскалар, остуол, ыскамыайка, өҥнөөх палочкалар, дорҕоон бэлиэтэ фишкалар, фонограмма.
- Оҕолоор, биһиги бүгүн П.Н.Тобуруокап диэн оҕолору олус таптыыр, оҕолорго анаан элбэх да элбэх хоһооннору, остуоруйалары, чабырҕахтары суруйбут суруйааччы айымньыларын көмөтүнэн дорҕоон дыбарыаһыгар ыалдьыттыахпыт. Оҕолоор, бүгүн мин эһигини оонньуу айанна ыҥырабын. Ол эбэтэр билигин саалаҕа киирдэхпитинэ биһиги оонньоон диэн остуоруйа курдук дьиктилээх дойуга баар буолан хаалыахтаахпыт уонна оонньоон диэн айаҥҥа турунуохтаахпыт. Сөбүлэһэҕ ит? Дьэ оччо5о, ырыалаах- тойуктаах айаммыт аанын аһабыт.
/Саалаҕа киирэбит. П.Н. Тобуруокап тылыгар «Куну кытта оонньуубут» ырыаны ыллыыбыт. Саала биир өттүгэр буукубалартан оҥоһуллубут замок ойуута көстөр/.
- Көрүҥ эрэ оҕолоор, оол ыраах көстөр дор5оон дыбарыаһыгар биһиги бу суол устун айаннаан тиийиэхтээхпит, онуоха суолбутугар биһигини араас моһоллор көрсөллөр. Биһиги билиибитин- көрүүбүтүн барытын түмэн, үчүгэйдик толкуйдаан, бары бииргэ бэрээдэктээхтик айаннаатахпытына хайыахпытый?
/О5олор эппиэттэрэ. Айан са5аланыытыгар аан ойуута турар, икки өттүгэр «А» буукуба часовойдар тураллар/
- Эһиги биһигини билэҕит:
Үөһээ өттө уһуктаах
Алын өттө атахтаах
Ортотунан туорайдаах.
- Хайа дьэ, ким этиэҕэй,
Ханнык буукуба эбиппитий?
/ оҕолор эппиэттэрэ «А»/
- Хайаа, ааммыт күлүүстээх эбит дии. Күлүүспүт кистэлэҥ кодынан хатаммыт, туох ойуулааҕый оҕолоор. Саамай сөп, дорҕоон бэлиэтэ фишкалар. Ол аата ханнык эрэ тыл дорҕооннорун сөпкө бэлиэтээн фишканан таһаардахпытына ааммыт арыллар эбит. Ханнык тыл буоллагай?
Часовой таабырын таайтарар:
- Мин таабырыммын таайдаххытына кистэлэҥ тылы билиэххит:
Иннинэн – кэннинэн тэбиэлэнэр баар уһү?
/ Оҕолор эппиэттэрэ/.
- ААН- хас дорҕоон иьиллэрий /ырытыһыы, фишканан үлэ, аан арыллар. Арай киирбиппит иннибитигэр « оҕус» сылдьар, күрдьүөтүүр, мөҥүрүүр/.
- Тыый оҕолоор, киммит кэлэн суолбутун бүөлээн турар?
/Оҕолор эппиэттэрэ/
Оҕус: Мин аатым са5аланар
Бастакы дор5оонун билэ5ит
О5уруо курдук төкүнүк,
Оҕурсу курдук бөкүнүк,
Уобуруччу курдук төгүрүк.
/Оҕус диэн тыл бастакы дорҕоонун арааран истэн, этэллэр/
Оҕус: Маладьыас да о5олоор
Көрүҥ эрэ бу кыыһырбыт төрүөтүм
Ааммыт ааныттан аһыллыбат
Абатын даа,
Абыраан, көмөлөһүҥ аһлыкпар киирэрбэр.
/Аан кодыгар “Оҕус» диэн тыл дорҕоонун бэлиэтин туруоруу. Аан аһыллар, оҕус барар/.
- Оҕолоор, “Оҕус» диэн тыл хас дорҕоонноох эбитий?
(о5олор эппиэттэрэ)
- Айаммытын сал5ыа5ыҥ.
- Дьэ чугаһаатыбыт. Көрүҥ эрэ, бу муостаны туораатарбыт эрэ дыбарыаспытыгар тиийэбит.
/ Муоста аттыгар «тэллэй» ытыы олорор/
- Бу эн тоҕо ытыыгын?
- Ээ, мин ааппар баар аһаҕас дорҕоону умнан кэбиспиппин, ааппын да билбэппин, ол иһин миигин ити кини оол дыбарыаска ыыппат, ыыый-ыыый.
/Муостаны бүөлүү мэник- тэник «Ы» дорҕоон турар/
- Оҕолоор, этэн биэриҥ эрэ аатын.
- Тэллэй!
- Тэллэй. Дьэ эрэ сүһүөххэ араарыагын эрэ /тэл- лэй/. Бастакы сүһүөҕү ааттыыбыт /ытыстарын охсон араараллар/. Тэл- бастакы сүһүөх, Лэй- иккис сүһүөх. Бастакы сүһүөххэ ханнык аһаҕас дорҕоон иьиллэрий?
/ оҕолор эппиэттэрэ/. Сөп, маладьыастар, иккис сүһүөххэ ханнык аһаҕас дорҕоон иһиллэрий? /оҕолор эппиэттэрэ/.
-Ураа! Биллим , мин тэллэй эбиппин, ааппар «Э» диэн аһаҕас дорҕоон
баар. Иһиттиҥ дуо? / «Ы» дорҕоонтон ыйытар/
«Ы» дорҕоон:
- Ээ дьэ!
Элбэх да эгэлгэ кэпсээннээх
Эриэккэс даҕаны иһилиннэ ээ!
Ээ, итиэннэ тугу этиллиэй?
Ээ итинтэн тугу сириллиэй? Ол гынан баран аны бары «Э» дорҕоону ким хайдах сатыырынан, илиигитинэн, атаххытынан көмөлөһүннэрэн оҥорон көрдөрөргүт өссө бэһиэлэй буолуох эбит.
/ Ким хайдах сатыырынан «Э» дорҕоону оҥорон көрдөрөллөр/.
«Ы» дорҕоон:
- Аата үчүгэй да оҕолор. Эрэллээх табаарыстар эбиттэр. Бээ эрэ, табаарыс туһунан өс хоһооно баара – Атас туһугар..../толкуйдуур, оҕолор ситэрэн биэрэллэрин көҕүлүүр/. Буоо- буоо, саамай сөп /ытыһын таһынар/. Дьэ ити тэллэйгэ этиҥ эрэ – мин дорҕооммуттан саҕаланар хайдах оҕо моряк буолбатый, летчик буолбатый, герой буола улааппатый?
/ оҕолор эппиэттэрэ ырыа «Ытанньах герой буолбат»/.
«Ы» дорҕоон:
- Билигин биир- биир кэлэҥҥит мин дорҕооммуттан саҕаланар тыллары толкуйдаан эттэргит эрэ муостаны туоруугут.
/ «Ы» дорҕоонтон тыллары этэ-этэ муостаны туорууллар/.
- Дыбарыаспытыгар дьэ кэлэр күннээх эбиппит. Мээнэ дыбарыас буолбатах туохтан оҥоьуллубут дыбарыас эбитий оҕолоор? Өйдөөн көрүҥ эрэ. /Оҕолор эппиэттэрэ/.
- Саамай сөп, дорҕоон бэлиэтэ буукубалар. Ханнык буукубалар баалларый, ааттаталаан эрэ. Оҕолоор, ити остуолга сытар палочкаларынан буукубалары оҥоруҥ эрэ.
/ А,С,О оҕолор оҥорор кэмнэригэр дорҕоонно үөрэппит хоһооннорун ааҕыахха син/.
Аа- айанньыт ааттааҕа
Аан дойдуну кэрийэр,
Африканы эргийэр,
Арктикаҕа да тиийэр.
С- сытыы, сымса,
Сүүрүк атамаана,
Саас, сайын да кросска
Оскуола чемпиона.
Оо- биллиилээх оҕуруотчут,
Оҕурсууну, моркуобу
Олордооччу, уу кутааччы
Оҕолору маанылааччы.
- Оҕолоор, бу дыбарыаспыт түннүгүнэн биһиэхээ бүгүҥҥү айаммытыгар көмөлөспүт, оҕолорго анаан бэртээхэй , хоһооннору, айымньылары айан суруйбут, саха норуодунай поэта Петр Николаевич Тобуруокап эһигиттэн үөрэн, эһигини көрөн олорор. Оҕолоор, бу сурук сытар дии / конвердаах суругу булаллар, ааҕаллар/.
- Дорооболорун, күндү оҕолоор, эһиэхэҕэ анаан хоһоон суруйдум
/ «Т» дорҕооҥҥо хоьоон/ . ханнык дорҕоон элбэхтэ иһиллэрий? Дьэ оччоҕо айаннаан кэлэн иһэн көрсүбут аһаҕас дорҕоонноргутугар «Т» дорҕоону эбэн тыллары таһаардаргыт олус да бэрт буолуо эбит.
Өйдөөн истиҥ: / «Т» дор5оону тутан туран/
Кинини «А»-ҕа эптэххинэ
«О»- ҕо эппиккин сиэҕэ,
Оттон «Ы»- га эптэххинэ,
«Э»- ҕэ эппиккин сиэҕэ /Ат, от, ыт, эт. Дорҕооннору холбоон тыл таһаарыы/ .
- Оҕолоор дьэ уонна бүгүҥҥү айаммытын П.Н.Тобуруокап тылыгар
«Биирдэ мэник туохтаабыт».