календарно- тематически план родная литература
календарно-тематическое планирование

Гуляева Алина Ивановна

          Россия үөрэҕин сүрүннүүр Федеральнай государственнай үөрэх стандарта үүнэр көлүөнэни киһилии сиэрдээх, ийэ дойдуга бэриниилээх сомоҕо гражданскай уопсастыбаҕа түмэр сыаллаах. Стандарт Россия норуоттарын ураты култуураларын уонна тылларын чөлүн харыстыыр, сайыннарар суолу тутуһар. Араас норуоттар олохторун сэһэнин, өйдөрүн күүһүн, уйлҕаларын кэрэһитин түмэн, модун күүһүрэр, сайдар судаарыстыба буолуохтааҕа тоһоҕолоон бэлиэтэнэр.

Киһититии, сиэр – майгы кииллээх үөрэх стандарта сайдыы суолун, тускутун, хайысхаларын уонна ньымаларын тобулары, үөрэнээччи толкуйдуур, чинчийэр, айар кыахтарын арыйары эрэйэр. Бу уустук соруктары ситиһии үөрэх предметин ис хоһоонун билии, ылыныы эрэ соругунан муҥурдаммат, оҕо билиини ылар, иҥэринэр ньымаларын бэйэтэ тобулар, баһылыыр эйгэтин үөскэтэри эрэйэр. Күнтэн күн үүнэн иһэр, улаатар киһини суруйааччыны, уус – уран айымньы уобарастарын кытта алтыһыннарыы – сиэрдээх майгы, духуобунас эдэркээн дьон өйүгэр – сүрэҕэр иҥэригэр, дьиҥ киһилии олох ис киилэ кинилэр уйулҕаларыгар олоҕуруутугар тиэрдэр суолларын, ньымаларын эрэ ситиһиллэр кыахтаах.

“Төрөөбүт литература”  бырагыраама Российскай Федерация Үөрэҕин министиэристибэтэ бигэргэппит литература үөрэҕин федеральнай судаарыстыбаннай стандартдын методологиятын төрүттэригэр уонна дидактиикаҕа ирдэбиллэригэр олоҕурар. Бырагыраама саха литературатын учууталларыгар саҥа соруктары туруорар. Оҕону үөрэтэр, иитэр, сайыннарар үлэлэрин саҥалыы тыыннаах өйүнэн – санаанан сонуннук тэриллэрин эрэйэр.

Бүгүн уус – уран литература оҕону иитэр, сайыннарар суолтата ураты болҕомтоҕо ылыллара – кини тугунан да солбуллубат үрдүк аналын, ис дьиҥ айылгытын, тыл уйулҕатын эгэлгэ мындырын күүһүнэн киһи, дьон – сэргэ, олох дириҥ, ураты кэриҥнээх дьүһүлгэннэрин өй – сүрэх күүһүнэн арыйар, ылынар суолунан ыытылларын эрэйэр, онно дьулуһар, ону өрө тутар. Ол аата, уус – уран тыл уйулҕатын, дириҥ ис номоҕун арыйан ылыныы, онно дьулуһуу эрэйиллэр.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл ktp_rodnaya_lit_gai.docx2.83 МБ

Предварительный просмотр:

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Календарно-тематический план по дисциплине "Литература"

Календарно-тематический план по дисциплине "Литература" специальности 01.01.10 Ремонтник горного оборудования...

Календарно-тематическое планирование по литературе 7 класс

Поурочное планирование с пояснительной запиской Курдюмовой...

Календарно-тематический план по дисциплине ОУП.02 Литература

Календарно-тематический план по дисциплине ОУП.02 Литература для 1 курса СПО. Максимальная учебная нагрузка - 117 часов. КТП разработан для специальностей: 15.02.12 Монтаж, техническое обслуживание и ...

Календарно- тематический план по учебной дисциплине "Родная литература"

Календарно-тематическое планирование по учебной дисциплине «РОДНАЯ ЛИТЕРАТУРА»№ урокаНаименование разделов и темКол-во аудиторных  часов по теме, разделуВид занятияСодержание внеаудит...

календарно - тематическое планирование родной язык 8 класс

Орто сүһүөх оскуолаҕа саха тылын предметин суолтата.Саха тыла 1992 сыллаахха судаарыстыбалыы ыстаатыстанан, суолтата биллэрдик үрдээтэ. Төрөөбүт тыл – хайа да норуот көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэрилл...

Календарно – тематический план по общепрофессиональному курсу ОП.08 Детская литература с практикумом по выразительному чтению

Рабочая программа профессионального модуля ОП.08 Детская литература с практикумом по выразительному чтению разработан на основе Федерального государственного образовательного стандарта  по с...