Научно-практическая работа на тему "Ыарыыга ылларбат хортуоппуй суорда"
Вложение | Размер |
---|---|
npk_hortuoppuy_yaryylara.doc | 712.71 КБ |
Саха Республикатын үөрэҕин министерствота
Чурапчы улууһун муниципальнай казеннай үөрэх тэрилтэтэ А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата
VII Республиканскай НПК«Бессоновскай ааҕыылар»
Ыарыыга ылларбат хортуоппуй суорда
оҥордо: 6 кылаас үөрэнээччитэ
салайааччыта: алын сүһүөх учуутала Максимова Прасковья Дмитрьевна
консультант: биология учуутала
Дьячковский Василий Васильевич
Хайахсыт, 2015 сыл.
Иһинээҕитэ
Киириитэ 3
1. Хортуоппуй хантан төрүттээх үүнээйиний. 3 2.Норуот талыытынан хаалбыт хортуоппуй суортара. 4
3.Хортуоппуй ыарыылара уонна сыыс отторо. 5
II. Практическай чааһа.
1.Нэһилиэккэ араас муннуктарыгар олорор ыаллар
хортуоппуйдарын чинчийии түмүгэ. 8
2.Хортуоппуй ыарыыларын утары ыытыллар үлэлэр. 10
Түмүк. 12
Туттуллубут литература. 13
Үтүө күнүнэн убаастабыллаах экспертэр, конференция кыттыылаахтара!
Тыа сирин олохтоохторо кэтэх хаһаайыстыбаларыгар оҕуруот астарыттан чуолаан хортуоппуйу ордорон үүннэрэллэр. Хортуоппуй иккис килиэп буолар.
Хас биирдии ыал оҕуруотуттан үрдүк үүнүүнү ыларга дьулуһар.
Биһиги дойдубутугар хортуоппуйу бастаан кэриэйдэр кэлэн үүннэрбиттэрэ. Сэбиэскэй саҕана кэтэх хаһаайыстыбаҕа хортуоппуйу кыра иэннээх сиргэ олордоллоро. Сүрүннээн оройуоннаммыт суортары олордор этилэр. Биллэринэн, «Вармас», «Полет», «Ранняя роза». Билиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ кэлэрэ-барара үксээн, онтон–мантан араас суортары аҕалан нэһилиэнньэҕэ тарҕатар буоллулар. Аҕыйах сыллааҥҥыта хара эттээх хортуоппуй кытта баар буола сылдьыбыта. Астаатахха аппетитнайа суоҕун иһин, үүннэриитин тохтоппуттара. Бу үлэбитигэр кураайы усулуобуйаҕа нэһилиэнньэ ханнык хортуоппуй суортарын ордорон үүннэрэрин чинчийдибит уонна фитофтороз, парша, сухая гниль, макроспориоз курдук киэҥник тарҕаммыт хортуоппуй ыарыыларгыгар ханнык суортар тулуйалларын үөрэттибит.
Үлэбит соруктарынан буолар:
Актуальноһа: Кэтэх хаһаайыстыба эбии дохуот киллэринэригэр биир хайысханан буолар – олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһэр, ыарыыга ыллырымтыата суох суорду талыы.
Сонун көрүү:Биһиги Чурапчыбыт усулуобуйатыгар фитофтороз, парша, сухая гниль, макроспориоз курдук ыарыылар ханнык суортары хото сутуйууларын үөрэтии.
Объект: Хайахсыкка хортуоппуйунан дьарыгырыы
Предмет: Хортуоппуй суортара уонна кинилэр ыарыылара.
1.Хортуоппуй хантан төрүттээх үүнээйиний?
Хортуоппуй хантан кэлбитэй? Хортуоппуй - Перу, Боливия уонна Чилоэ арыытыттан төрүттээх үүнээйи. Индеецтэр хортуоппуй хас да араас суордун үөскэппиттэрэ биллэр. Хортуоппуйу дьүһүнүнэн, быһыытынан, амтанынан, түргэнник ситэринэн араараллара. Кинилэр 10 тыһыынчаттан тахса сыл аннараа өттүгэр хортуоппуйу олордон саҕалаабыттара. Ол дойдуга климаттара тымныы, хаҕыс, хаһыҥнар түһэллэр. Онтон хортуоппуй итинник усулуобуйаҕа үүнэрэ биллэр. Ол иһин бу култуура биһиги хоту кыраайбытыгар сөп түбэһэн үүнэр.
Россияҕа хортуоппуйу 1765 сыллаахха Петр I амсайбыта, аҕалбыта. Екатерина II дьаһалынан хортуоппуй дойдуга тарҕаммыта. Онтон Саха сиригэр кэлин тарҕаммыт. Профессор Г.П.Башарин үлэлэригэр сигэннэххэ, кини этэринэн 1767 сыллаахха Иркутскай аттыгар олохтоох казактар үүннэрбиттэр.
Хортуоппуйга элбэх витамин, крахмал, иҥэмтэлээх веществолар бааллар.
2.Норуот талыытынан хаалбыт хортуоппуй суортара уонна кинилэр үүнүүнү биэриилэрэ.
Уонунан сылларга биһиги кураан усулуобуйабытыгар норуот талыытынан биһирэммит суортарынан буолаллар: «Вармас», “Розаро”, “Бори-Болли”, “Японскай”. Онтон “Полет”, “Ранняя роза” үчүгэй үүнүүнү биэрбэт буоланнар сириллэн, дьон-сэргэ үүннэрбэт буоллулар.
“Вармас” – хаҕа үрүҥ, улахан, ньолбуһах, харахтара олус дириҥэ суох, иһэ үрүҥ, быстахха хараарбат. Саха сирин усулуобуйатыгар атырдьах ыйын бүтүүтэ 90-93% ситэр, крахмала – 12%, кураанах веществота – 18,8%, С витамина 8,5% буолар. Амтана үчүгэй, үүнүүтэ гектарга 350-450ц. Нуорматынан ууну көрөн ыстахха, үрдүк үүнүүнү биэрэр, курааны тулуйумтуо. Олус элбэхтик ыстардахха көҥдөй буолар.
«Розаро» - Германияттан төрүттээх суорт. Биһиэхэ Хаҥалас улууһуттан тарҕанна. Быһыыта ньолбуһах, хаҕа ньалҕаархай розовайдыҥы, этэ сырдык саһархай. Бытархай аһа аҕыйах. Үүнүүтэ 200-300ц/га.
«Бори-Болли» - Биһиэхэ Дириҥ бөһүөлэгин дьонуттан тарҕанна. Быһыыта өрүс тааһын курдук хаптаҕайдыҥы ньолбуһах. Хаҕа фиолетовайдыҥы, этэ маҥан. Бытархай аһа аҕыйах.
«Японскай» - Сэбиэскэй былаас эстэ илигинэ хайа эрэ киһи Японияттан 1-2 клубены аҕалбытыттан тар5аммыт. Нэһилиэнньэ өлгөм үүнүүнү биэрэрин уонна түргэнник ситэрин иһин павловскайдар сөбүлээн үүннэрэллэр. Ити аата биллибэт суорт, биһиэхэ эмиэ тэнийэн эрэр. Клубеннара төгүрүк, дьүһүнэ розовайдыҥы, араскыта фиолетовайдыҥы кыһыл, этэ маҥан. Аһа биир тэҥ бөдөҥ буолар.
Бу тэллэй ыарыытынан хортуоппуй сэбирдэҕэ, умнаһа, силиһэ уонна аһа сутуллар.Аһыгар кугастыҥы өҥнөөх контурдар тахсаллар.Ону таһынан бөлчөрхөйдөр уонна хайа барыылар баар буолаллар. 1,5 см диаметрдаах, 1 см дириҥҥэ тиийэр хайа барыан сөп. Ыалдьыбыт сирдэрэ кытыытынан хаҕа
хайыта барар.
Сыыс оттор: Биьиэхэ саамай тарҕаммыт сыыс отторунан буолаллар: тарыыһа (горец вьюнковый), үрүҥ эрбэһин (марь белая), ыт тыла (осот полевой), ача от (пырей ползучий).
Тарыыһа (горец вьюнковый) Ача от (пырей ползучий) Ыт тыла(осот полевой)
Ширица запрокинутая Марь белая (үрүҥ эрбэһин)
Кэлиҥҥи сылларга Ширица запрокинутая эбэтэр амарант диэн биир сыллаах сыыс от олус наһаа үүнэр буолла. Бу культураны урут үрдүк үүнүүлээх сиилэс культуратын быһыытынан үүннэрэргэ сүбэлиир этилэр. Климат сылыйыыта бу сыыс от күүскэ тарҕаныытыгар тоҕоостоох усулуобуйаны үөскэттэ. Амарант наһаа элбэх сиэмэлээх ол иһин, саҥа үүнэн истэҕин аайы тээпкэлээн эрэ кыайыллар.
Муус устар саҥатыгар куурусса сымыытын саҕа талыллыбыт хортуоппуйу күн көрөр сиригэр муостаҕа тарҕата кутуллар, температурата 12-150С буолуохтаах. Араскыта 2 см. ордуо суохтаах уонна харана от күөҕэ дьүһүннээх буолуохтаах.
Уоҕурдуу быһыытынан кунус уонна мас күлэ туттуллар. Сибиэһэй ноһуому киллэрэртэн туттунуохтаахпыт, тоҕо диэтэххэ маннык ноҕуомҥа элбэх сыыс от сиэмэтэ, араас бактериялар уонна тэллэйдэр споралара элбэх буолар. Өссө хортуоппуй клубеныгар нитрат элбиэн сөп.
Олордуллар эрээти 70 см. арыттаах гына маркерынан тардан бэлиэтэниллэр. Биһиги дойдубут буора туойдуҥу буолан хортуоппуйу 3-5 см. дириҥҥэ олордуллар.
Сыыс оту хортуоппуй быгыыта быһыта сынньыллар. Хортуоппуй ото 12-15 см. үрдээтэҕинэ бастакы көмүү оҥоһуллар. Иккис көмүү от ыйын бастакы аҥарыгар оҥоһуллар.
Биһиги дэриэбинэбитигэр водопровод суох ол иһин ким хайдах сатыырынан уу кутар, ол курдук ким иһиттэргэ уу хаһаанар, ким эрэ күөлтэн чугас олорор буоллаҕына носуоһунан хачайдыыр.
Нэһилиэккэ араас муннуктарыгар олорор ыаллар хортуоппуйдарын
2013 сыллаах үүнүүтэ
Үүннэрбит киһи аата-суола | хортуоппуйсуорда | Ыһыллыбытсирэ, кв.м | үүнүүтэ | 1ц/га | |
1. | Андреев Степан Степанович | Розаро | 200 | 1000кг | 500 |
2. | Дьячковский Василий Васильевич | Бори-Болли Розаро | 200 | 800кг | 400 |
3. | Кондратьев Николай Прокопьевич | Вармас | 200 | 800кг | 400 |
4. | Монастырев Михаил Максимович | Бори-Болли Полет | 300 | 1000кг | 334 |
5. | Прудецкий Василий Гаврильевич | Бори-Болли Японскай | 300 | 1000кг | 334 |
4600 | 394 |
Биэсыалүүнүүтэортотунан1 га - 394 ц тэҥнэһэр.
Кондратьевтар – күөл үрдүгэр олороллор, ол иһин ууну хото кутар буоланннар, Вармаһы сөбүлээн олордоллор. Атыттар ууттан ыраах олороллор, ол иһин курааны тулуйар суортары талбыттар.
2014 сыллааҕы ыһыы үүнүүтэ уонна ыарыыттан хоромньута.
№ | Үүннэрбит киһи аата-суола | хортуоппуйсуорда | ыһыллыбыт сирэ, кв.м | үүнүүтэ | 1ц/га | Хором- ньута, кг |
1. | Андреев Степан Степанович | Полет | 200 | 1120кг | 500 | 120 |
2. | Дьячковский Василий Васильевич | Бори-Болли Розаро | 200 | 800кг | 400 | 186 |
3. | Кондратьев Николай Прокопьевич | Вармас | 200 | 880кг | 360 | 150 |
4. | Монастырев Михаил Максимович | Бори-Болли Полет | 300 | 2000кг | 670 | 250 |
5. | Прудецкий Василий Гаврильевич | Бори-Болли Японскай | 300 | 1400кг | 334 | 200 |
6200 | 453 | 906 |
Биэс ыал үүнүүтэ ортотунан 1 га - 453 ц тэҥнэһэр. Хортуоппуй үүнүүтэ былырыыҥҥы дьылтан валовайынан ордук курдук эрээри, араас ыарыылартан эмсэҕэлээн алтынньы ый түмүгүнэн15% быраҕылынна.
Кондратьевтар – күөл үрдүгэр олороллор, ол иһин ууну хото кутар буоланннар, Вармаһы сөбүлээн олордоллор. Быйылгы уулаах, ардахтаах дьылга ыарыыга ылларыыта намыһах.
Атыттар ууттан ыраах олороллор, ол иһин курааны тулуйар суортары талбыттар. Фитофторозка улаханнык : Бори-болли сутулунна. Полет сухая гниль уонна парша диэн ыарыылартан эмсэҕэлиир эбит. Японскай суорду макроспориоз сутуйбут.
2013, 2014 сыллаах хортуоппуй үүнүүтэ уонна хоромньута.
Тэллэй ыарыларын утары уопсай ньымалар:
-хортуоппуй үүнүүтүн хомуйуох 5-7 хонук иннинэн отун охсуллуохтаах. Бу ньыма аһын чараас хаҕа бөҕөргүүрүгэр көмөлөһөр. Хомуйарга аһа эчэйии ылара намтыыр.
-хортуоппуйу хомуйан доруобайын талан баран, сиэмэ хортуоппуйун туспа наардыыр ордук Бу ньыма хортуоппуй аһа хомуллар кэмигэр ылбыт механическай эчэйиилэрин, ону таһынан ыарыыны көбүтээччилэри суох оҥорор.- тэллэй споралара хортуоппуйу быһа-быһа олордор буоллахха сыстыһар.
-күһүҥҥү хомуур кэннэ ыалдьыбыт үүнээйи тобохторун, аһын барытын биир да суох гына ыраастаныллыахтаах. Ол кэннэ дириҥ хорутуу оҥоһуллар. -биир улахан көдьүүһү севооборот биэрэр. Ол аата атын култуураны, холобура хаппыыстаны олордор ордук. Бу сиргэ аны 2-3 сылынан эрэ хортуоппуй олордуллар.
-сибиэһэй ноһуомҥа тэллэй споралара баар буолан, ыарыыны көбүтүөхтэрин сөп.
-сиэмэ хортуоппуйу олордуох иннинэ фунгицидынан ыстарар туһалаах. Дьайымтыалаах препараттарынан буолаллар: Фунгазил 100 SL, Ровраль, Аквафло, Максим 025 FS.Макроспориоз.
Калий уоҕурдуута макроспориозка ылларымтыата суох оҥорор. Мас хатырыгын күлүгэр элбэх калий баар, ону туһаныахха наада. Сибиэһэй ноһуомҥа макроспориоз споралара баар буолан, ыарыыны көбүтүөхтэрин сөп.
Фитофтороз.
Өйдүөххэ наада, үксүгэр уу мустар намыһах сирдэртэн фитофтороз тарҕанар. Күһүҥҥү уһун ардахтар фитофтороз ыарыыта тэнийэригэр сөптөөх усулуобуйаны оҥорор кутталлаахтар.
Биһиги дойдубут буора туойдуҥу буолан, парша үөскүүрүгэр тоҕоостоох. Ыарыы споралара сиргэ 5-7 сылга тиийэ сыталлар, ол гынан 3-4 сылынан куттала намырыыр. Сүбүөкүлэ уонна моркуоп олордулла сылдьыбыт сиригэр хортуоппуйу олордор эмиэ кутталлаах. Тоҕо диэтэр, ити култууралар эмиэ бу ыарыынан ыалдьаллар. Паршаны утары биир сүрүн ньыманан – уоҕурдууну туттуу буолар. Суперфосфат, аммоний сульфата парша тарҕаныытын хааччахтыыр.
Түмүк:
1. Розаро үрдүк үүнүүтүнэн уонна ыарыыга ылларымтыата суоҕунан биһиги усулуобуйабытыгар саамай табыгастаах.
2. Вармас уу кутуллар буоллаҕына үүнүүтэ үрдүк. Кини уулаах ардахтаах дьылга ыарыыга ылларымтыата намыһах эбит. Кураан сайын аһа кыра, үүнүүтэ мөлтөх буолар.
3.“Бори-Болли”, “Розаро”, “Японскай” хортуоппуй биһиги кураан усулуобуйабытыгар үрдүк үүнүүнү биэрэр эбиттэр..
4. Биһиэхэ үүннэрэр суортарбытыттан ордук элбэх хоромньуну Бори-болли фитофторозтан ылла. Сухая гниль, парша Полет суорду сутуйар эбит. Японскай суорт макроспориозка ылларарын быйыл бэлиэтээтибит. Хортуоппуй ото тэнийиитин саҕана уһун күүстээх ардахтар түһэннэр ити ыарыылар көптүлэр.
5.Хортуоппуй үүнүүтэ мөлтөөтөҕүнэ, ыарыыта элбээтэҕинэ сортосмена оҥоһуллуохтаах. Сөбүлүүр суоркун хаалларыаххын баҕардаххына, сортообновление оҥорор эмиэ үчүгэй түмүгү биэрэр.
6.Ыарыылаах хортуоппуй отун оҕуруоттан таһааран уоттуур ордук. Кыһынын ыарыылаах клубеннары талан быраҕыллар.
7.Олордуох иннинэ хортуоппуй сиэмэтин фунгицидынан ыстарыллыахтаах. Дьайымтыалаах препараттарынан буолаллар: Фунгазил 100 SL, Ровраль, Аквафло, Максим 025 FS уонна атын да буолуон сөп.
8.Сиэмэ хортуоппуйу быһа-быһа олортоххо ыарыы сыстыан сөп.
9. Хортуоппуй ыарыыта наһаа элбээтэҕинэ севооборот туттуллуон наада, эбэтэр атын сири булан олордуохха наада.
10.Ширица курдук аһара уунэр сыыс оту сана үүнэн эрдэҕинэ суох оҥоһуллуохтаах.
Туттуллубут литература:
1. Сельско-хозяйственный энциклопедический словарь.М.,1989.
2. П.М.Львова. Хортуоппуй, хаппыыста. Бичик. Дьокуускай, 2005с.
3. Сельское хозяйство.Б.А.Писарев, А.Е.Сердюков.
Новое в картофелеводстве. Издательство «Знание» М., 6/1986г.
4. В.Н.Корчагин. Защита растений от вредителей и болезней на садово-огородном участке.М., 1987г.
5. П.П.Охлопкова. Семеноводство и агротехника возделывания картофеля в Якутии.Н.. 1999г.
6. М.К.Хохряков, В.И.Потлайчук. Определитель болезней сельско-хозяйственных культур.Л., 1984г.
7. Система ведения агропромышленного производства Якутской АССР. Земледелие, производство и переработка продуктов растениеводства. Н.,1989г.
Плавает ли канцелярская скрепка?
Хитрость Дидоны
Бабочка
5 зимних аудиосказок
Прыжок (быль). Л.Н.Толстой