Доклад
Вложение | Размер |
---|---|
dakylaat_spiridonova_karina.docx | 20 КБ |
Улусный этап Всероссийского конкурса исследовательских и творческих проектов дошкольников и младших школьников “Я исследователь”
МР “Усть-Алданский улус (район)”
МБОУ Чериктейская средняя общеобразовательная школа
Доклад
“Аар тайҕа маанылаах кыыла - саһыл”
Секция: Гуманитарные знания
Выполнила: Спиридонова Карина
ученица 1 класса
Руководитель: Горохова
Сардаана Дмитрьевна
учитель нач. классов
Чериктей
2017 г.
Иһинээҕитэ.
Киириитэ.
Саха сиригэр араас элбэх кыыл олорор. Олортон саамай мындырдара, кыраһыабайдара саһыл буолар.
Үлэм темата: Аар тайҕа маанылаах кыыла - саһыл.
Актуальноһа:
Кыыллар бары араастаахтар. Дьикти, кэрэ уонна мындыр кыыл - саһыл туһунан информацияны тарҕатыы.
Новизната:
Кыра оҕолорго аналлаах саһыл туһунан сахалыы уруһуйдуур кинигэ.
Гипотезата:
Араас матырыйаалы хомуйан, саһыл туһунан, кыра оҕолорго аналлаах, сахалыы уруһуйдуур кинигэ оҥорорго холонон көрүү.
Сыала: Саһыл туһунан араас матырыйаалы хомуйан оҕолорго аналлаах уруһуйдуур кинигэ оҥоруу.
Соруктара:
Саһыл.
Саһыл – тыа уонна тыалаах туундара кыыла. Күндү түүлээх. Кини кыһыл, хара дьүһүннээх. Сүрдээх хойуу, сымнаҕас, сылаас, уһун көп түүлээх. Хап-хара муруннаах, сытыы чоҕулуспут харахтаах, чуор кулгаахтаах. Хоп-хойуу уһун кутуруктаах. Үксүгэр кутуйаҕынан уонна куобаҕынан аһылыктанар. Уһуна 90-ча см, кутургун уһуна 60-ча см, ыйааһына 6 эбэтэр 10 кг тиийиэн сөп. Айылҕаҕа, көҥүлгэ 6-8 сыл олорор. Онтон дьиэҕэ, килиэккэҕэ иитиллэр саһыл 15 сыл олоруон сөп. Саһыл убаҕас мастаах күөллэр, урэхтэр, өрүстэр аттыларыгар олохсуйар. Сылга биирдэ төрүүр, 2-3 оҕолоох буолар.
Саһыл – тылынан уус-уран айымньыларга.
Саһыл – тылынан уус-уран айымньыларга олус элбэхтэ көстөр. Ол курдук араас норуоттар остуоруйаларыгар, таабырыннарга, өс хоһооннорго, күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ, хоһооннорго, үгэлэргэ саһыл туһунан элбэхтэ көрсүөххэ сөп.
Холобур:
Өс хоһоонорго:
Таабырыннарга:
Все горит как золотая.
Годит в шубке дорогой,
Хвост пушистый и большой...
Күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ:
Саһыл туһунан остуоруйалар.
“Лиса и журавль”, “Лиса и заяц”, “Лиса и тетерев”, “Кот и лиса”, “Лиса и дрозд”, “Петушок Золотой гребешок”, “Лисичка сестричка и серый волк”, “Медведь и лиса”, “Лиса –исповедница”, “Лиса поветуха”, “Лиса, заяц и петух”, “Лиса и рак”, “Саһыллаах эһэ”, “Албын саһыл уонна көтөрдөр” уо.д.а.
Саһылы тоҕо Патрикеевна дииллэрий?
Патрикей латыынны аристократ диэн суолталаах. Ол эрэн 700 сыл аннараа өттүгэр Патрикей Наримунтович диэн сүрдээх киитэрэй уонна албын кинээс олоро сылдьыбыт эбит. Дьон саьһылы кыыллартан саамай киитэрэйин иһин, киниэхэ ити ааты иҥэрбиттэр. Онтон ыла элбэх остуоруйаларга саһылы Патрикеевна диэн ааттыыр буолбуттар.
Түмүк.
Саха сиригэр араас элбэх кыыл баар, олортон саамай мындырдара, кыраһыабайдара саһыл буолар. Кини туһунан олус элбэх хоһуйуулар, норуот тылынан уус-уран айымньылара бааллар. Бу матырыйаалы туһанан, кыра оҕолорго аналлаах сахалыы “Саһыл” туһунан уруһуйдуур кинигэ оҥордум. Кинигэҕэ саһыл туһунан араас матырыйааллары уонна кырааскалыыр ойуулары кииллэрдим.
Бу кинигэни туһанан оҕолор аар тайҕа маанылаах кыылын – саһыл туһунан элбэҕи билиэхтэрин сөп.
Туһаныллыбыт матырыйаал:
В Китае испытали "автобус будущего"
И тут появился изобретатель
Городецкая роспись
Серебряное копытце
Центральная часть Млечного пути приоткрывает свои тайны